Газета Верхневилюйского района "Үөһээ Бүлүү"
3.87K subscribers
22K photos
4.36K videos
9 files
3.86K links
🗞🗞🗞ТГ-канал редакции https://t.iss.one/uoheebuluu
Предлагайте новости @Uohee_buluu14_bot
🔸 *Мы в ВКонтакте:* vk.com/uoheebuluu
🔸 *Одноклассники:* https://ok.ru/profile/603428848914
🔸 *🔸 *Подписывайтесь по ссылке* https://podpiska.pochta.ru/press/ПИ976
Download Telegram
#планерка

Улуустааҕы Олох-дьаһах, коммунальнай хаһаайыстыба тэрилтэтин салайааччыта Альберт Гаврильев тэрилтэ үлэтин билиһиннэрдэ.

339 үлэһиттээх унитарнай тэрилтэ 39 котельнайы тутан үлэлэтэ олорор. Онтон 23 күөх төлөнүнэн, 1 газо- кондесатынан уонна 15 котельнай таас чоҕунан оттуллар.

Уопсайа 56 км уһуннаах ититэр ситими хааччыйан, көрөн-истэн олороллор. Ону тэҥэ чааһынай ыаллар ититэр ситимнэрин хааччыйаллар.

Нэһилиэктэргэ оттук үгүһэ тириэрдиллэн турар. Кыһыҥҥы суол арыллан, бу кэлэр нэдиэлэттэн саҕалаан оттугу тиэйии үлэтэ саҕаланыаҕа. Бастакы сырыы Туобуйа нэһилиэгэр былааннанар. Туобуйаҕа диэри айан суолу бу нэдиэлэ бүтүүтүгэр диэри хаарын ыраастаан, оҥорон бэлэмниэхтэрэ.

Анал байыаннай дьайыыга сулууспалыы сылдьар байыастар дьиэлэрин ититэр ситимҥэ холбооһун бырагырааматыгар олоҕуран 3 ыалы ититэр ситимҥэ холбообуттар.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#планерка

Улууска сокуону, бэрээдэги кэһии туругун туһунан улуустааҕы Ис дьыала отделын бэрээдэги бөҕөргөтөр салаа салайааччыта, подполковник Владислав Поскачин иһитиннэрдэ.

Ааспыт нэдиэлэ устата дьуһуурунай чааска 42 араас ис хоһоонноох иһитиннэрии киирбит. Мантан 11 - эт-хаан эчэйиитэ (3 - охсуһан, онтон атына охтон эчэйии).

7 түөкүннээһин түбэлтэтэ бэлиэтэммит. Кирэдьииттэрин төлөөбөккө сылдьар дьон дьыалалара түөкүннээһиҥҥэ киирэллэр.

1 баһаар, 1 отравление, 2 бытархай уоруу, 1 өлөрүүнэн куттааһын түбэлтэлэрэ бэлиэтэммиттэр.

2 суол саахала тахсыбыт, киһи эчэйиитэ суох.

26 административнай боротокуол толоруллубут.

Дьуһуурунай чааска 2 киһи тутуллан киирэн тахсыбыт.

ГАИ сотрудниктарынан 109 боротокуол оҥоһуллубут.

СӨ Административнай Кодексатын 3.5 ыстатыйатыгар олоҕуран, элбэх квартиралаах уопсай дьиэлэргэ киэһээҥи өттүгэр чуумпу буолуохтаах. Маныаха Үөһээ Бүлүүгэ бу ыстатыйаҕа сыһыаннаан, чуумпуруу бириэмэтигэр айдаараннар, утуйарга мэһэйдээннэр, 11 ый устата 84 киһиттэн үҥсүүлээх сайабылыанньа киирбит. Онтон 44 сайабылыанньаҕа миэрэ көрүллэ илигэ бэлиэтэммит.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#планерка

Бүгүҥҥү улуус дьаһалтатын былаанныыр мунньаҕар саҥа анаммыт салайааччылары билиһиннэрдилэр.

Ол курдук, улууска саҥа үлэтин саҕалаабыт Дьиэ кэргэҥҥэ уонна ыччакка социально-психологическай көмөнү оҥорор киин судаарыстыбаннай бюджетнай тэрилтэтин Үөһээ Бүлүүтээҕи филиалын салайааччытынан Вера Вильгельмовна Миронова ананна.

Саҥа тэрилтэ офиһа Сбербаан дьиэтин иккис этээһигэр 2 хоһунан, 2 үлэһиттээх үлэлиэҕэ.

Ойуур хаһаайыстыбатын судаарыстыбаннай тэрилтэтин Үөһээ Бүлүүтээҕи салаатын салайааччытынан бу тэрилтэҕэ 6 сыл ойуур харыстабылын инженеринэн үлэлээбит Еремей Еремеевич Алексеев ананна.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#планерка

Авиапорт салайааччыта Дмитрий Иванов анал байыаннай дьайыыга бэйэтин тэрилтэтиттэн командировка оҥотторон баран кэлбитин туһунан кэпсээтэ.

"Биир дойдулаах уолаттарбытын кытта көрсө барарбытыгар сүрүнэ диэн үлэтэ эбит. Ол эбэтэр хастыы эмэ туонналаах гуманитарнай көмөнү Дьокуускай авиапордуттан саҕалаан айан устатын тухары хас биирдии опорнай пууҥҥа тиксэриллиэр диэри төттөрү-таары тиэйии, таһыы, сүгүү- көтөҕүү эбит. Уолбун көрсөн астынным. Уолаттар бэйэлэрин нэһилиэктэрин, чугас дьоннорун туһунан сонуннары истиэхтэрин наһаа баҕараллар эбит. Биһиги - улуус дьоно уопсай сонуну эрэ кэпсиир кыахтаах эбиппит. Онон аныгыс сырыыга нэһилиэктэртэн баһылыктар эбэтэр специалист уолаттар барыахтарын наада эбит. Хас биирдии опорнай пууҥҥа, Чурапчылар курдук, бэйэтэ анал тиэхиньикэлээх, анаммыт хамнастаах үлэһиттээх улуус представительствота үлэлиирэ буоллар бэрт буолуох эбит. Оччотугар гуманитарнай көрөбүт, аадырыстаммыт баһыылкаларбыт тиксэриллэллэригэр улахан көмө буолуох этэ", - диэн Дмитрий Дмитриевич санаатын эттэ.

Хомойуох иһин, үгүс уол инники кирбиигэ сытар буолан, хамандыырдара көҥүл биэрбэккэ, кыайан улуус делегациятын кытта көрсүһүүгэ тахсыбатахтар. Ол эрэн 58 уолу сирэй көрсөн, баһыылкалары тиксэрэн, кэпсэтэн-ипсэтэн, санааларын көтөҕөн кэлбиттэр.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#планерка

Улуус дьаһалтатын нэдиэлэтээҕи былаанныыр сүбэ-мунньаҕын улуус баһылыга Валерий Николаев салайан ыытар.

Спорт күрэхтэһиилэрин уонна тэрээһиннэрин туһунан физическэй култуураҕа уонна спортка управление салайааччыта Егор Николаев иһитиннэрдэ.

Мас тардыһыытын өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэҕэр 12 улууһу 2 лигаҕа арааран, 6-лыы улуус күрэхтэстилэр.
10:6 ахсаанынан түмүктээн, Үөһээ Бүлүү сүүмэрдэммит хамаандата 2-с миэстэни ылла.

Нам улууһугар гиирэ спордун күрэҕэр 15 улуус күрэхтэстэ. 7 улуус толору састаабынан. Николай Кардашевскай дьарыктыыр хамаандата бастакы миэстэни ылан кубок хаһаайына буолла.

Манчаары оонньууларыгар бэлэмнэнэр сыаллаах күрэхтэр түмүктэрэ үчүгэй диэн Егор Николаев бэлиэтээтэ.

Хапсаҕай Федерациятын кубогар 2 бөлөҕүнэн 170 спортсмен кытынна. Үөһээ Бүлүү киирбит бөлөҕөр Ньурба, Бүлүү, Үөһээ Дьааҥы, Уус-Алдан киирсибиттэрэ.

Чурапчы уонна Мэҥэ-Хаҥалас улуустарын хамаандалара очукуолара тэҥнэһэн, хаачыстыбаларын көрөн, судьуйалар быһаарыыларынан, Мэҥэ-Хаҥалас бөлөҕөр кыайыылаах буолан финалга киирбитэ. Үөһээ Бүлүү улууһа 11:6 ахсаанынан кыайан, кубок хаһаайынынан буолла. Быйыл иккис төгүл субуруччу кыайыы буолла.

Владимир Степанов, Платон Саввинов, Ньургун Терентьев, Кирилл Мордовской курдук бөҕөстөрбүт биир да хотторуута суох туһуннулар.

Түмүккэ Егор Николаев Ил Түмэн судаарыстыбаннай мунньах дьокутаата, Баһылай Манчаары аатынан национальнай спорт көрүҥнэрин өрөспүүбүлүкэтээҕи киинин дириэктэрэ Геннадий Васильев аатыттан улуус баһылыгар Валерий Николаевка мас тардыһыытын көрүҥүн өйүүрүн иһин анаммыт Махтал суругун туттарда.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#планерка

Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтигэр ыытыллар үлэ туһунан Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтин баһылыга Максим Силигиянов иһитиннэрдэ.

Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтигэр күн бүгүн пропискалаах 6340 киһи олорор. Онтон 6-гар диэри саастаах оҕо ахсаана - 632, 7-17 саастаах улахан оҕолор - 750, 18-29 саастаах ыччат - 759, 30-60 саастаах дьон - 2728, 60-80 саастаахтар - 1382 уонна 80-тан үөһэ саастаах ахсаана 19.

ППМИ бырагырааматынан сэлиэнньэ иһигэр 7 уулусса уота оҥоһуллан, 7 км кэриҥэ уһуннаах уулусса сырдатылынна. Ону тэҥэ 3 компенсатор саҥардылынна.

Суол-иис, транспорт министиэристибэтин үбүнэн Күрдьэҕэлээх сирэ өрөмүөннэннэ. Уопсайа сыл устата 15 уулусса өрөмүөннэннэ. Билигин ирдэбил быһыытынан 51 суол бэлиэтэ сакаастанан турар.

Исиидэр Бараахап аатынан сквер оҥоһуллан аһыллыыта буолла. Ол эрэн аны сааскыга фонтана туруоруллара, асфальт тэлгэниитэ хаалла. Ону тэҥэ көннөрүү, ситэрии-оһоруу үлэтэ барыаҕа.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#планерка

Улуустааҕы үөрэх салаатын үлэтин туһунан салайааччы Юрий Кынатов кэпсээтэ.

"Тарбаахаптыын астаа" өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэххэ Кэнтик орто оскуолатын үөрэнээччитэ Клавдий Егоров 2-с миэстэни уонна Нам орто оскуолатыттан Надя Ван-Пой-Лин 3-с миэстэни ыллылар.

2-с нүөмэрдээх детсадка ыытыллыбыт "Призвание - воспитатель" күрэххэ Евдокия Харлампьевна Платонова, Елена Семеновна Григорьева кыайыылаах аатын ыллылар.

Чурапчы улууһугар предметниктэр күрэхтэригэр история учууталларын икки ардыларыгар ыытыллыбыт күрэххэ Үөһээ Бүлүүттэн өрөспүүбүлүкэтээҕи лиссиэй-интэринээт учуутала "Верность профессии" анал ааты ылары ситистэ.

Ил Дархан харыйатыгар улуустан бастыҥ үөрэхтээх, оскуола уопсастыбаннай олоҕор көхтөөх, өрөспүүбүлүкэ, дойду таһымыгар ситиһиилэрдээх 29 оҕо бараары бэлэмнэнэр.

Үөрэх тэрилтэлэригэр Саҥа дьыллааҕы сынньалаҥ ахсынньы 30 күнүттэн тохсунньу 12 күнүгэр диэри буолар.

Эһиилги сылга оскуолаларга эдэр учууталлары аҕалар үлэ күүскэ ыытыллардыы былааннанар. Манна улуус дьаһалтатын аатыттан улууска үлэлии кэлэр эдэр кадрдарга өйөбүл үп көрүллүөҕэ диэн баһылык мэктиэлээтэ.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#планерка

Үөһээ Бүлүү улууһун ветеринария салалтатын үлэтин туһунан салайааччы Владимир Мачахтыров иһитиннэрдэ.

Улууска бүгүҥҥү күҥҥэ 1402 ыт уонна 413 куоска регистрацияланан олорор. Ол иһигэр Үөһээ Бүлүүгэ - 102, Үөдүгэй нэһилиэгэр - 87.

Бешенствоттан сыл ахсын вакцинация ыытыллар. Тыһы ыты баайыы сыаната - 4268 солк. тэҥнэһэр. Оттон куосканы эпэрээссийэлээһин - 4640 солкуобайдаах. Сылга биирдэ сыанаҕа чэпчэтии көрүллэр.

Полиция сотрудниктарын кытары ветеринария инспектора кыттыгас рейдэлэри оҥороллор. Быйыл 18 рейдэ түмүгүнэн, дьиэ кыылын бэйдиэ ыытыы иһин 19 боротокуол толоруллубут. Манна бастакы сырыыга сэрэтии быһыытынан барар, онтон иккистээн боротокуолланнахтарына харчынан ыстараап ууруллар.

Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтигэр 119 ыт, Үөдүгэй нэһилиэгэр 94 ыт чиптэммит.

Сылгылары чиптээһин үлэтэ бытааннык баран иһэр. Билиҥҥи туругунан 2000 кэриҥэ эрэ сылгы чиптэнэн турар. 1354 төбө бырагыраамаҕа киллэриллибит. 900-тэн тахса төбө интеграцияҕа тахсан турар. Бу уопсай ахсаантан 10-тан эрэ тахса бырыһыанын ылар.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#планерка

Норуот айымньытын киинин тэрээһиннэрин туһунан салайааччы Алена Босикова кэпсээтэ.

Норуот айымньытын киинэ - Олоҥхо дьиэтэ Саха сирин Олоҥхо дьиэтин иһинэн киирбит 11 улуус тэрилтэлэрин ахсааныгар киирэр.

Улууска ыытыллар хас биирдии тэрээһиҥҥэ тэрилтэ үлэһиттэрэ көмөлөөн үлэлии олороллор. Олус элбэх тэрээһин буолар булан, үлэһиттэр култуура эйгэтигэр сыһыаннаан ис кыахтарын толору арыйан, айымньылаах үлэҕэ ылсан үлэлиир бириэмэлэрэ суоҕун Алена Константиновна бэлиэтээтэ.

Норуот тыйаатырын 60 сыллаах, ону тэҥэ улуус кулуубун дириэктэринэн өр сылларга үлэлээбит, норуот тыйаатырын артыыһа, мелодист Семенов Иван Спиридонович төрөөбүтэ 95 сыллаах үбүлүөйдэрин тохсунньу 16-17 күннэригэр бэлиэтиэхпит.

Бу тэрээһин чэрчитинэн тэрилтэлэринэн инсценировка күрэҕэ биллэриллибитэ. Сайаапкалары номнуо тута олороллор. Билиҥҥи туругунан 5 тэрилтэ сайаапкатын киллэрбит. Кыайыылаах тэрилтэ Уйбаан Сэмиэнэп оҕолорун, сиэннэрин аатыттан 60 тыһыынча солкуобайынан наҕараадаланыаҕа.

Ону тэҥэ бииргэ үлэлээн ааспыт доҕотторун, үөлээннээхтэрин, тыйаатырга үлэлээн ааспыт дьон ааттарыттан уу харчынан бирииһи тутуохтара.

Ахсынньы 18 күнүгэр улуус доруобуйаларынан хаарчахтаах дьоно кыттыылаах кэнсиэр Олоҥхо дьиэтигэр киэһэ 18:00 чаастан буолуоҕа. Кэлэн көрүҥ, сэргээҥ, сэҥээриҥ.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#планерка

Улууска сокуону, бэрээдэги кэһии туругун туһунан Ис дьыала отделын бэрээдэги бөҕөргөтөр салаатын салайааччыта, полиция подполковнига Владислав Поскачин иһитиннэрдэ.

Ааспыт нэдиэлэ устата Ис дьыала дьуһуурунай чааһыгар 23 иһитиннэрии киирбит. Ол иннинээҕи нэдиэлэтээҕи көрдөрүүгэ тэҥнээтэххэ, икки төгүл аҕыйаабыт.

Мантан 5 - эт-хаан эчэйиитэ, 5 - түөкүннээһин, 1 - өлөрүүнэн куттааһын.

Административнай эппиэтинэскэ 12 киһи тардыллыбыт.

Дьуһуурунай чааска 2 киһи тутуллан киирэн тахсыбыт.

ГАИ сотрудниктара нэдиэлэ устата 95 боротокуол толорбуттар. Ол иһигэр 1 арыгы испит туруктаах суоппар уруулга олорон тутуллубут.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#планерка

⭐️ Ахсынньы 23 күнүнээҕи улуус дьаһалтатын нэдиэлэтээҕи былаанныыр сүбэ-мунньаҕа үөрүүлээх түгэнтэн саҕаланна.

Ол курдук, анал байыаннай дьайыыга сылдьар биир дойдулаахтарбытыгар өйөбүлү оҥорууга баҕа санааларынан кыттыһан, барса сылдьыбыт холобур буолар хоһуун дьоҥҥо махтанан туран улуус баһылыга Валерий Николаев Махтал суруктары туттарда.

Ол курдук, Үөдүгэй нэһилиэгин баһылыга Альберт Иванов, Үөдүгэй дьаһалтатын суоппара Иван Федоров, тыа хаһаайыстыбатын управлениетын салайааччыта Кирилл Гаврильев, Авиапорт салайааччыта Дмитрий Иванов бэлиэтэннилэр.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#планерка

⭐️ СӨ Бэйэни салайыныы Ассоциациятын Сэбиэтин 4-с уочарата суох съеһин түөскэ кэтиллэр бэлиэтинэн уонна Бочуот грамотатынан Роспотребнадзор ТО кылаабынай специалиһа Айталина Корякина улуус социальнай сайдыытыгар кылаатын иһин наҕараадаланна.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#планерка

⭐️Кыайыылаах бырайыактар биһирэннилэр

Бары билэрбит курдук, ахсынньы 16 күнүгэр улуустааҕы Култуура уонна духуобунай сайдыы департаменын көҕүлээһининэн улуус сынньалаҥын кииннэрин үлэһиттэрин икки ардыларыгар "Бастыҥ айар бырайыак" күрэҕэ биллэриллибитэ.

Маныаха үс хайысханан, ол эбэтэр Улуу Кыайыы 80 сылыгар, Үөһээ Бүлүү улууһун 90 сылыгар уонна Фольклор сайдыытыгар анаммыт бырайыактар оҥоһуллан киирбитттэриттэн Балаҕаннаах нэһилиэгин сынньалаҥ киинин "Сырдык сайын" диэн бырайыага бастакы миэстэни ылан, 100 тыһ. солк. суумалаах сертификатынан наҕараадаланна. Бырайыак салайааччыта Туяра Андреева аатыттан сынньалаҥ киин дириэктэрэ Михаил Жендринскэй сертификаты тутта.

Иккис миэстэни Оҥхой нэһилиэгин култууратын киинин "Өксөкүлээх үс сэргэтэ" бырайыага ылла. Салайааччы Мария Барахова 80 тыһ. солк. суумалаах сертификатынан наҕараадаланна.

Уонна үһүс бочуоттаах миэстэни "Норуот айымньытын киинэ" МАТ специалиһа Кэрэчээнэ Николаева "Ытык мэҥэ сирдэр" бырайыага ылан, 50 тыһ. солк. сертификаты тутта.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#планерка

Улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын салайааччыта Кирилл Гаврильев салайан олорор эйгэтин үлэтин-хамнаһын билиһиннэрдэ.

Улууска быйыл сылгынан, сүөһүнэн дьарыктанар 16 потребительскай кооператив, 2 бюджетнай тэрилтэ подсобнай хаһаайыстыбата, 2 соҕотуопка тэрилтэтэ, 74 хаһаайыстыба уонна мелиорация өҥөтүнэн хааччыйар СӨ тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин мелиорацияҕа управлениета үлэлээтэ.

Бу сылга ахсынньы 1 күнүнээҕи көрдөрүүнэн, улууска уопсайа 9395 төбө сүөһү, ол иһигэр 3843 ыанар ынах, 8096 сылгы (ол иһигэр 5152 биэ), 280 сибиинньэ, 853 дьиэ көтөрө баара учуоттаммыт.

Оту бэлэмнээһиҥҥэ өрөспүүбүлүкэттэн бэриллибит былаанынан 26 тыһ. туонна быһыллыбыта. Оттон улууска уопсайа 24 тыһ. 702 туонна от бэлэмнэммит. Уопсай былаан 5%-нан туолбата. Ону таһынан 1205 туонна сенаж, 300 туонна сиилэс бэлэмнэммит.

Улууска уопсайа 69 279 га иэннээх тыа хаһаайыстыбатын сирэ баар. Ол иһигэр 2 160 га бааһына, 25 811 га ходуһа, 39 249 га мэччирэҥ сир уонна 2 059 га туһаҕа тахсыбакка баҕарылла сытар сирдээх.

Быйыл улууска 70 т сылгы эбии аһылыга кэллэ, ол эбэтэр 35 т комбикорм уонна 35 т эбиэс.

Үүтү туттарыыга 1469 туонна былаан быһыытынан бэриллибитэ. Маныаха 1530 т 439 кг үүт туттарыллан былаан туолбут.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#планерка

РФ Ыксаллаах быһыы-майгы министиэристибэтин Үөһээ Бүлүүтээҕи кэтээн көрөр, силиэстийэлиир салаатын үлэтин туһунан салайааччы, ис сулууспа майора Андрей Александров иһитиннэрдэ.

Ааһан эрэр 2024 сыл кулун тутарыттан саҕалаан 21 муниципальнай тэриллии сиригэр-уотугар ойуур баһаардарыттан уонна да атын айылҕа баһаардарыттан сэрэхтээх буолуу бастакы миэрэлэрин толорууга туһуламмыт бэрэбиэркэлэр ыытылыннылар.

Бэрэбиэркэ түмүгүнэн 9: Боотулуу, Мэйик, Оҥхой, Харбалаах, Дүллүкү, Хомустаах, Туобуйа, Нам, Балаҕаннаах нэһилиэктэригэр баһаарынай ирдэбили кэһии көстүбүт.

Хос бэрэбиэркэ түмүгүнэн 6: Мэйик, Оҥхой, Харбалаах, Дүллүкү, Хомустаах, Туобуйа нэһилиэктэрэ ыйыллыбыт кэһиилэри туората иликтэрэ бэлиэтэммит.

Маныаха үп-харчы, сөптөөх тиэхиньикэ суоҕуттан туоратыллыбакка хаалбыт итэҕэстэри көннөрөргө 2025 сыл ыам ыйыгар диэри болдьох бэриллибит.

Итиэннэ тэрилтэ салайааччыларыгар туһаайан, Саҥа Дьыллааҕы бырааһынньыктар, өрөбүллэр бириэмэлэригэр тэрилтэ иһигэр уоту-күөһү көрүнэллэригэр, эппиэттээх сирэйдэри анаан дьуһуурустабалары олохтуулларыгар, дьуһуурунайдары хонтуруоллуулларын күүһүрдэллэригэр, пиротехникаттан сэрэхтээх буолалларыгар ыҥырда.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#планерка

Улууска сокуону, бэрээдэги кэһии туругун туһунан Ис дьыала отделын бэрээдэги бөҕөргөтөр салаатын салайааччыта, полиция подполковнига Владислав Поскачин иһитиннэрдэ.

Ааспыт нэдиэлэ устата Ис дьыала дьуһуурунай чааһыгар 33 араас ис хоһоонноох иһитиннэрии киирбитэ бэлиэтэммит. Ол иһигэр 6 эт-хаан эчэйиитэ, онтон 3-һэ охсуһуу түмүгэр.

Түөкүннээһин 5 түгэнэ бэлиэтэммит. Бу - кирэдьиит ылан баран төлөөбөккө сылдьар дьон ахсаана.

Итирдэр утаҕы сокуоннайа суох атыылыыр 2 "точка" үлэлиирэ биллибит. Маннык сокуоннайа суох дьарыктаах дьон дьарыгар дьыала тэриллэн бэрэбиэркэ саҕаламмыт.

Нэдиэлэ устата 13 административнай боротокуол толоруллубут. 5 киһи тутуллан дьуһуурунай чааска киирэн тахсыбыт. ГАИ сотрудниктара 85 сэрэтии, ыстараап боротокуолун толорбуттар. Ол иһигэр 2 итирик суоппар тутуллан суоппар быраабын былдьаппыт.

Саҥа Дьыллааҕы бырааһынньыктарга, сынньалаҥ күннэригэр олохтоохтор, чуолаан суоппардар, итирдэр утахтары иһэн баран уруулга олорбоккутун санатабыт. Бэйэҕит уонна дьон доруобуйатыгар, олоҕор кутталы үөскэппэт, суолга саахал тахсыбатын туһугар ирдэбиллэри тутуһан, эппиэтинэстээх сыһыаннаһан дьаһанаргытыгар ыҥырабыт.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#планерка

Култуура уонна духуобунай сайдыы департаменын салайааччыта Айталина Мойтохонова сылы түмүктүүр бырааһынньыктааҕы тэрээһиннэри билиһиннэрдэ.

Оҕо искусство оскуолатын дьиэтигэр:

⭐️ Ахсынньы 24 күнүгэр Оҕо искусство оскуолатын үөрэнээччилэрин "Новогодняя музыкальная сказка" утренниктара буолаары турар.

⭐️ Тохсунньу 2 күнүгэр оскуола үөрэнээччилэригэр уонна тэрилтэтэ суох оҕолорго анаммыт Саҥа Дьыллааҕы утренник тэриллиэҕэ.

⭐️ Нэһилиэнньэҕэ анаан "Саҥа Дьыл сүпсүлгэнэ" көр-күлүү киэһэтэ күүтэр.

⭐️ Тохсунньу 6 күнүгэр оҕолорго утренник.

Оҕо искусство оскуолатын араас сылларга үөрэммит выпускниктарын Ороһооспотооҕу кэнсиэртэрэ буолуоҕа.

⭐️ Ахсынньы 31 түүнүгэр - Тохсунньу 1 күнүгэр түүн 01 чаас 15 мүнүүтэҕэ "Здравствуйте, Новый 2025 год!" саҥа сылы көрсөр театрализованнай көрдөрүү муниципальнай болуоссакка сүрүн харыйа аттыгар буолуоҕа.

ОЛОҤХО ДЬИЭТИГЭР ЭҺИГИНИ КҮҮТЭР:

⭐️ Тохсунньу 2 күнүгэр киэһэ 17:00 чаастан улуус уопсастыбанньыктарын "Голубой огонек" сынньалаҥ киэһэтэ кэтэһэр.

⭐️ Тохсунньу 3 күнүгэр күнүс 15:00 чаастан гастролунан кэлбит цирка представлениета.

⭐️ Тохсунньу 4 күнүгэр киэһэ 19:00 чаастан Ирена Файрушина айар кэнсиэрэ буолар.

⭐️ Тохсунньу 7 күнүгэр - Ороһуоспа киэһэтигэр Норуот айымньытын киинэ күнүс 14:00 чаастан "Алладин" остуоруйаны көрдөрүөҕэ.

⭐️ Тохсунньу 8 күнүгэр Наталья Ильина айар бөлөҕүн кэнсиэрэ киэһэ 17:00 чаастан буолуоҕа.

⭐️ Тохсунньу 9 күнүгэр Виталий Очиров "Истиҥ иэйии сырдык түһүлгэтэ" кэнсиэрэ киэһэ 19:00 чаастан буолуоҕа.

⭐️ Тохсунньу 11 күнүгэр киэһэ 17:00 уонна 19:00 чаастан көрдөөх-нардаах ыччат "SUORAT" бөлөҕүн кэнсиэрэ күүтэр.

⭐️ Тохсунньу 13 күнүгэр СӨ култууратын туйгуна Байтыкан Батаакап айар киэһэтэ 19:00 чаастан саҕаланыаҕа.

⭐️ Тохсунньу 14 күнүгэр күнүс 14:00 чаастан улуус Баһылыгын харыйатыгар бастыҥ, чаҕылхай үөрэнээччилэри эҕэрдэлиэхтэрэ.

Киэһэ 18:00 чаастан Сахациркэ бырааһынньыктааҕы бырагырааматын көрдөрүөҕэ.

⭐️ Тохсунньу 15 кунүгэр киэһэ 17:00 уонна 20:00 чаастан Лэгэнтэй кэнсиэрин бэлэхтиэҕэ.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM