Forwarded from МО "Едюгейский наслег"
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
#бэлиэкүн
Бүгүн үлэни өрө туппут Үөдүгэй сопхуос үтүө өйдөбүлүн үйэтитэр "Үөдүгэй сопхуос үлэнэн дьолломмут дьонун" искибиэрин үөрүүлээх арыллыыта буолла.
Үөдүгэйбит дьоно - сэргэтэ, Үөдүгэй сопхуоска үлэлээн ааспыт ытык-мааны дьоммут, кинилэр оҕолоро нэһилиэкпит историятын үйэтитэр биир бэлиэ күҥҥэ кэлэн кыттыыны ыллылар.
Искибиэри арыйыы алгыһын сиэрин-туомун сахалыы сайдам санаалаах алгысчыппыт Трофим Миронов оҥордо.
Бу үөрүүлээх түгэҥҥэ искибиэри туппут тэрилтэ бэдэрээччигигэр Родион Ефремовка уонна тэрилтэ реставраторыгар Кэнчээри Ефремовка нэһилиэк Баһылыга А. Ю. Иванов махтал суруктары туттарда.
#Үөдүгэйсонуннара

⭐️ Намнар сынньалаҥ уонна чөл олох сквердэннилэр.
Үөрүүлээх түгэнтэн видеоларда көрүҥ.
"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Үөрүүлээх түгэнтэн видеоларда көрүҥ.
"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#бэлиэкүн
⭐️ Россияҕа сэтинньи 10 күнүгэр бэлиэтэнэр Ис Дьыала уорганнарын сотрудниктарын күнүн көрсө Үөһээ Бүлүүтээҕи полиция отдела техникумҥа оскуола выпускниктарыгар, студеннарыгар анаан дириҥ ис хоһоонноох киэһэни тэрийдэ.
Сулууспалыы сылдьан өлбүт сотрудниктарга аналлаах кэриэстэбил бэсиэдэ, идэни сөпкө таларга сыһыаннаах аһаҕас кэпсэтии, полиция анал уонна бойобуой техникатын быыстапката о.д.а. тэрээһиннэр буоллулар.
Оскуола оҕолоро массыыналарга олорон анал түгэҥҥэ эрэ холбонор сигналы тыаһатан, бураҥҥа, лодкаҕа олорсон көрөн олус сэргээтилэр.
"Маннык интэриэһинэй киэһэни эдэр ыччакка бэлэхтээбиккитигэр Үөһээ Бүлүүтээҕи ИДьО бары сотрудниктарыгар махталбытын тиэрдэбит" - диэн техникум дириэктэрэ Матрена Осипова махталын биллэрдэ.
Идэни өрө тутуу, талан ылбыт идэнэн киэн туттуу - ыччакка улахан холобур буолар.
Барыта, быһа холоон, 100 тахса орто уонна кыра сүһүөх оскуола оҕолоро бу тэрээһиннэргэ кыттыыны ыллылар.
@uoheebuluu

⭐️ Быйыл улууска 11 фельдшер үлэлии кэллэ
Бу сылга саҥа үлэлии кэлбит фельдшер идэлээх эмчиттэри олус эппиэтинэстээх үлэни саҕалаабыттарынан улуус кылаабынай бырааһа Сардаана Павлова эҕэрдэлээн туран киин балыыһа аатыттан "Стильный доктор" медицинэ таҥаһын маҕаһыыныттан бастакы үлэ таҥастарын бэлэх уунна.
Ахмед Романович Варфоломеев саҥа үлэһиттэргэ бэйэтин үтүө санаатын, кэс тылын аныырыгар эппиэтинэстээх үлэлэригэр бэриниилээх буолалларыгар баҕарда.
"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Бу сылга саҥа үлэлии кэлбит фельдшер идэлээх эмчиттэри олус эппиэтинэстээх үлэни саҕалаабыттарынан улуус кылаабынай бырааһа Сардаана Павлова эҕэрдэлээн туран киин балыыһа аатыттан "Стильный доктор" медицинэ таҥаһын маҕаһыыныттан бастакы үлэ таҥастарын бэлэх уунна.
Ахмед Романович Варфоломеев саҥа үлэһиттэргэ бэйэтин үтүө санаатын, кэс тылын аныырыгар эппиэтинэстээх үлэлэригэр бэриниилээх буолалларыгар баҕарда.
"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#бэлиэкүн
⭐️ Киин балыыһа сиэстэрэлэрэ наҕараадалары туттулар
Доруобуйа харыстабылын эйгэтигэр үтүө суобастаах үлэлэрин уонна нэһилиэнньэ доруобуйатын харыстабылыгар киллэрсэр сэмэй кылааттарын иһин
Улуустааҕы киин балыыһа оҕону эмтиир салаатын сиэстэрэтэ Наталья Огочонова "СӨ доруобуйа харыстабылын туйгуна" түөскэ кэтэр бэлиэнэн наҕараадаланна.
Анестезист-сиэстэрэ Татьяна Прокопьева СӨ доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин Бочуот грамотатынан бэлиэтэннэ.
Улуустааҕы киин балыыһа сиэстэрэтэ Любовь Семенова СӨ доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин Махтал суругун тутта.
Эҕэрдэ буоллун, наҕараадалаах эмчит идэлээх эдэр үлэһиттэргэ.

⭐️ Саха Өрөспүүбүлүкэтин бочуоттаах бэтэрээннэрэ
Улуус бэтэрээннэрин Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Иван Чычахов улаханнык ытыктанар үтүөлээх бырааһа Ахмед Романович Варфоломеевы уонна кини олоҕун аргыһын Раиса Ивановнаны "СӨ бочуоттаах бэтэрээнэ" дастабырыанньалаах түөскэ кэтэр бэлиэнэн наҕараадалаата.
Ону тэҥэ Ахмед Романович үбүлүөйүн көрсө улуус хаһыатыгар балаһанан тахсыбыт ыстатыйатын бэлэх уунна.

⭐️ Эмчит бэтэрээннэр эҕэрдэлэлииллэр
Үөһээ Бүлүү улууһуттан төрүттээх Дьокуускай куоракка олорор доруобуйа харыстабылын бэтэрээннэрин ааттарыттан СӨ үтүөлээх бырааһа, РФ уонна СӨ доруобуйатын харыстабылын туйгуна Светлана Сибирякова анаан-минээн кэлэн, үбүлүөйдээх киэн туттар биир дойдулаахпытыгар Ахмед Варфоломеевка эҕэрдэтин анаата.

Бүгүн, сэтинньи 29 күнүгэр, Д.С. Спиридонов аатынан 4 нүөмэрдээх орто оскуолаҕа улуустааҕы гимназия үрдүк, эппиэттээх аата иҥэриллибитин бэлиэтиир үөрүүлээх тэрээһин ыытылынна. Бу бэлиэ түгэн Россияҕа Дьиэ кэргэн, Саха Республикатыгар Оҕо саас сылларыгар түбэспитэ ураты суолталаах, ис хоһоонноох.
"Саха таҥарата - ыччата" диэн өбүгэлэрбит мындыр этиилэригэр олоҕуран, "Бииргэ барҕарыы суолунан" дьоро киэһэни оскуола ытыктыыр салайааччыта, уһуйааччыта, "Удьуор утум" барыл автора Бурхалей Степанович Макаров алгыс үтүөтүнэн арыйда.
Улуустааҕы гимназия директора Сергей Кардашевскай бу үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ истиҥ эҕэрдэтин холбоото.
Өрөгөйдөөх чаас гимназистар күүстэринэн туруоруллубут эҕэрдэ кэнсиэринэн киэркэйдэ. Кэнсиэр кэнниттэн "Байанай" уолаттар уонна аҕалар икки ардыларыгар күрэх ыытылынна.
Оҕо ситиһиитэ, этэҥҥэ буолуута - дьиэ кэргэни дьолунан толорор. Күндү гимназистарга дьаныардаах үөрэҕи, чиҥ билиини, бары учууталларга дириҥ махталы, айымньылаах үлэни баҕарабыт!

⭐️ Үтүөлээх быраас Яков Егоров төрөөбүтэ 110 сылын бэлиэтээн...
Саха АССР уонна РСФСР үтүөлээх бырааһа, доруобуйа харыстабылын туйгуна, Ленин уордьанын кавалера ЯКОВ ПЕТРОВИЧ ЕГОРОВ төрөөбүтэ 110 сылыгар анаммыт мунньах улуус аактабай саалатыгар тэрилиннэ.
Яков Егоров улахан кыыһа РФ доруобуйатын харыстабылын туйгуна, үрдүкү категориялаах акушер-гинеколог, СӨ үтүөлээх бырааһа, Ньурба оройуонун бочуоттаах олохтооҕо, Егорова - Жиркова Вера Яковлевна кэргэнинээн СӨ үтүөлээх бырааһа, үрдүкү категориялаах хирург-онколог, Ньурба улууһун бочуоттаах олохтооҕо Жирков Руслан Захариевичтыын итиэннэ кинилэр кыыстара Айталина Данилова уонна уоллара Айсен Жирков бу бэлиэ күҥҥэ тэрээһиҥҥэ кыттыыны ыла кэллилэр.
Төгүрүк остуолга тэрилтэ салайааччылара, уопсастыбаннас, нэһилиэк аҕам саастаах дьоно-сэргэтэ, Кэнтик нэһилиэгин олохтоохторо уонна М.А.Алексеев аатынан лиссиэй-интэринээт уонна М.Т. Егоров аатынан 2-с нүөмэрдээх орто оскуола медицинскэй кылаастарын үөрэнээччилэрэ кыттыыны ыллылар.
Социальнай боппуруостарга уонна дьиэ кэргэн политикатыгар улуус баһылыгын солбуйааччыта Анна Уларова улуус салалтатын аатыттан эҕэрдэ киирии тылын анаата. Итиэннэ улуус баһылыга Валерий Николаев аатыттан эҕэрдэ суругу Яков Егоров төрөппүт улахан кыыһыгар, доруобуйа харыстабылыгар 50 сылы анаабыт, күн бүгүн Дьокуускайдааҕы клиническэй балыыһаҕа үлэлии-хамсыы сылдьар Вера Яковлевна Егорова-Жирковаҕа уонна Кэнтик нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕор, өр сылларга салайар үлэҕэ сылдьыбыт ытык кырдьаҕас Федор Лазаревич Николаевка туттарда.
Кэнтик нэһилиэгин баһылыга Сергей Федотов эҕэрдэ тылын анаата. "Чап уустарын түмэлин" пуондатын харайааччы Любовь Васильева Яков Егоров олорон ааспыт олоҕун, үлэтин туһунан мунньах кыттыылаахтарыгар билиһиннэрдэ.
Вера Яковлевна олус долгутуулаах, умнуллубат бэлиэ түгэн тосхойбутуттан долгуйан туран бииргэ төрөөбүттэрин, сиэннэр, хос сиэннэр ааттарыттан аҕаларын, эһэлэрин, хос эһэлэрин Яков Петрович Егоров аата үйэтитиллибитигэр Кэнтик нэһилиэгин олохтоохторугар, Үөһээ Бүлүү улууһун салалтатыгар барҕа махтал тылларын анаата.
Бэлиэ күҥҥэ Үөһээ Бүлүү улууһун киин балыыһатын комплексыгар медицинэ эйгэтигэр бэйэтин дьулуурунан, бэриниилээх үлэтинэн ыарахан ыарыһахтары эмтээн, бу дьыалаҕа бу олохтон букатынныы барыар диэри бүтүн олоҕун анаабыт, үтүмэн дьон олоҕун быыһаабыт уһулуччулаах быраас Яков Петрович Егоров үтүө аата иҥэрилиннэ.

Бүгүн, ахсынньы 20 күнэ - улууспут аҕам саастаах дьонугар бэлиэ күн. Ол курдук, улуустааҕы социальнай фонда клиеннэрин сулууспатын иһинэн "Сэргэх" аҕам саастаах көлүөнэ алтыһар, билсэр кииннэрин арыллыыта үөрүүлээх быһыыга-майгыга ыытылынна. Бу кииҥҥэ көмүс саастарыгар үктэммит ытык-мааны дьоммут тоҕуоруһа мустан, айар-тутар, сэргэхтик билсэр, үөрэнэр, кэпсэтэр кыахтаныахтара.
"Сэргэх" киин хоһун арыйар аалай кыһыл лиэнтэни республика пенсионердарын сойууһун салайааччыта Юрий Михайлов, улуус баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччыта Анна Уларова уонна улуустааҕы социальнай фонда салайааччыта Альбина Николаева быстылар.
Бүгүҥҥү үөрүүлээх, бэлиэ түгэнинэн ытык-мааны ыалдьыттары республика социальнай фондатын салайааччыта Марина Герман видеосибээһинэн ис сүрэҕиттэн эҕэрдэлээтэ уонна бу киин республикаҕа ахсыс киин буоларын бэлиэтээн эттэ. Бу киин бэйэ-бэйэҕэ болҕомто, истиҥ сыһыан хоһо буоллун диэн баҕа санаатын эттэ, улуус олохтоохторо олус көхтөөхтөрүн махтана аҕынна.

Улуус тэрилтэлэрин салайааччылара бүгүҥҥү дьоро күнүнэн клиент сулууспатын иһинэн тэриллибит "Сэргэх" киининэн сирэйдээн Альбина Ивановнаны, бары үлэһиттэри, аҕам саастаах дьону эҕэрдэлээтилэр. Улуус баһылыгын махтал суругун Альбина Николаеваҕа Анна Уларова туттарда. Киин салайааччытынан Нам нэһилиэгин олохтооҕо, көхтөөх позициялаах Виктория Абрахова ананан, салгыы айымньылаахтык, киэҥ былааннаахтык үлэлиэҕэ.
Маны сэргэ аҕам саастаах дьон түмсүүлэрин улууспутугар 30 сыл устата салайан үлэлэппит Люция Егоровна Тарасоваҕа Юрий Антонович Михайлов махтал суругу, түөскэ кэтиллэр бэлиэни туттарда.
Хаартыскалары комментарийга көрүҥ⏬⏬⏬
"Үөһэээ Бүлүү" хаһыат