Газета Верхневилюйского района "Үөһээ Бүлүү"
3.87K subscribers
22K photos
4.35K videos
9 files
3.86K links
🗞🗞🗞ТГ-канал редакции https://t.iss.one/uoheebuluu
Предлагайте новости @Uohee_buluu14_bot
🔸 *Мы в ВКонтакте:* vk.com/uoheebuluu
🔸 *Одноклассники:* https://ok.ru/profile/603428848914
🔸 *🔸 *Подписывайтесь по ссылке* https://podpiska.pochta.ru/press/ПИ976
Download Telegram
#Олоҥхокүнэ

Сахабыт сиригэр Олоҥхо дэкээдэтэ саҕаланна. Саха тыла, саха төрүт үгэһэ, аан дойдуга сүппэт албаһа - биһиги олоҥхобут буолар.

Бу күн 2005 сыл сэтинньи 25 күнүгэр ЮНЕСКО саха эпоһын киһи-аймах материальнайа суох шедеврин быһыытынан билиммитэ. Олоҥхо — Саха норуотун былыргы эпоһын ускуустубата, саха фольклорун тиһигэр киин миэстэни ылар. Бүгүн улуустааҕы О.Д.Федорова аатынан киин модельнай бибилэтиэкэ Олоҥхо дьыктаанын ыытта, уопсайа 30 киһи кэлэн суруйда. Дьыктааны икки сааланан Д.С.Спиридонов аатынан улуустааҕы гимназия алын сүһүөх кылааһын учуутала Альбина Макаровна Алексеева уонна И.Н.Барахов аатынан №1 орто оскуола саха тылын уонна литературатын учуутала Матрена Пантелеймоновна Андреева аахтылар. Түмүк ахсынньы ый 8 күнүгэр СӨ национальнай бибилэтиэкэ сайтыгар тахсыаҕа.

Сонуннарга анаан Мария Адамова
#Олоҥхокүнэ

⭐️
Ф.Н.Тимофеев – Биэчэрэ "Киндили Хаадыат" олоҥхотунан аан тыллаах
4 көстүүлээх, 7 хартыыналаах "Түмэн Түүрэй" оҕо олоҥхотун премьерата Олоҥхо дьиэтин көрөөччүлэринэн толордо.

Олоҥхону сэргээччилэри арыылаах алаадьынан айах тутан көрүстүлэр.

Киирии ааҥҥа Кирилл Никифоров - Лөкөчөөн олоҥхотунан туруоруллубут испиктээх персонажтарын таҥастарын быыстапка турда.

Н.И.Бойлохов аатынан Оҕо искусство оскуолатын үөрэнээччилэрэ кыттыылаах олоҥхо испиктээгин туруорааччы режиссера СӨ култууратын туйгуна Дария Яковлева.

Сүрүн худуоһунньук - СӨ култууратын уонна үөрэҕириитин туйгуна Майя Саввина.

Хореографтар СӨ култууратын үөрэҕириитин туйгуна Сардана Иванова, Уйгулана Павлова.

Оҕо оркестрын салайааччыта - СӨ култууратын туйгуна Никифор Афанасьев.

Фольклор кылааһын учууталлара - СӨ култууратын туйгуна Марианна Хобусарова, Кондратий Герасимов.

Уус уран салайааччы - Анатолий Иванов.
Бырайыак салайааччыта - СӨ култууратын туйгуна Алена Босикова.

Сценарийы Арассыыйа үөрэҕириитин бочуоттаах үлэһитэ Бурхалей Макаров суруйда.

Сиһилии "Үөһээ Бүлүү" хаһыат кэлэр нүөмэригэр ааҕыаххыт.

Сорох хаартыскалары комментарийга киирэн көрүҥ⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
#олоҥхокүнэ

💬💬💬Олоҥхону истэ кэлбит Алеша Григорьев бэйэтэ эмиэ фольклорунан Марианна Хобусароваҕа утумнаахтык дьарыктанар. Олоҥхоһут Василина Баланова толоруутугар олоҥхону сөбүлээн иһиттим диэтэ👍👏

@uoheebuluu
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
#олоҥхокүнэ

💬💬💬Улуустааҕы култуура уонна духуобунас сайдыытын департаменын салайааччыта Айталина Мойтохонова - Сахаайта бука барыгытын Олоҥхо декадатынан эҕэрдэлээн туран, олоҥхоҕо аналлаах тэрээһиннэргэ көхтөөх кыттыыны ыларгытыгар ыҥырда. Олоҥхо декадата ахсынньы 5 күнүгэр диэри буолуоҕа.

@uoheebuluu
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
#Олоҥхокүнэ

💬💬💬Олоҥхо тыйаатырын артыыската Василина Баланова 2 чаас устата тохтоло суох "Турбутунан төрөөбүт Дуо бухатыыр" олоҥхону толордо. Сынньанан баран олоҥхо салгыытын ааҕыаҕа.

Санатан эттэххэ, бүгүн киэһэ хойукка диэри олоҥхо истиитэ Кыырт Далыгар улахан балаҕаҥҥа буола турар.

@uoheebuluu
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
#Олоҥхокүнэ

Саха сиригэр биллэр-көстөр уһуйааччы, 93 саастаах олоҥхоһут Никандр Прокопьевич Тимофеев Үөһээ Бүлүүгэ уһуйуллааччыларын кытары кэлэн ыалдьыттыы сылдьар. Бүгүн сарсыарда ким баҕалааххха тойуктааһын маастар-кылааһын көрдөрдө, маастарыстыбатын тарҕатта.

💬💬💬 Никандр Прокопьевич этэринэн, олоҥхолуон баҕарар киһи, сүрүннээн, тулуурдаах буолуохтаах Ытык киһи тылын-өһүн истин, сүбэтин иҥэриниҥ🙌🙌

@uoheebuluu