Газета Верхневилюйского района "Үөһээ Бүлүү"
3.87K subscribers
22.1K photos
4.37K videos
9 files
3.89K links
🗞🗞🗞ТГ-канал редакции https://t.iss.one/uoheebuluu
Предлагайте новости @Uohee_buluu14_bot
🔸 *Мы в ВКонтакте:* vk.com/uoheebuluu
🔸 *Одноклассники:* https://ok.ru/profile/603428848914
🔸 *🔸 *Подписывайтесь по ссылке* https://podpiska.pochta.ru/press/ПИ976
Download Telegram
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
#саҥадьыл

Дүллүкү орто оскуолата "Саҥа Дьыл Саха сириттэн саҕаланар" акцияҕа кыттан, харыйа уотун уматта🎄

«Үөһээ Бүлүү» хаһыат
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
#Саҥадьыл

Саҥа дьылга диэри 21 хонук хаалла😍😍😍👏👏👏

Оттон эһиги Саҥа дьыллааҕы харыйаҕытын туруоран эрэҕит дуо?😍😍😍
#саҥадьыл

⭐️ Баһаарынайдар урукку кэмнэри санатар истиэнэ хаһыатын оҥорон күрэхтэстилэр.

Үөһээ Бүлүүтээҕи баһаарынай этэрээт 1-кы нүөмэрдээх чааһын карауллара уонна хонтуора үлэһиттэрэ Саҥа Дьыллааҕы хаһыаттары оҥордулар.

Эһиги санааҕытыгар хайа караул хаһыата бастаабыта буолуой?

Барытыгар дэгиттэр үлэһиттэри Саргылаах Саҥа Дьыл салаллан кэлэн иһэринэн эҕэрдэлиибит!

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
#эҕэрдэ #саҥадьыл

⭐️ СӨ "Ил Түмэн" судаарыстыбаннай мунньаҕын депутата Владимир Поскачин кэлэн иһэр саҥа сылынан эҕэрдэтэ.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#Саҥадьыл

Кыырт далыгар күлүмүрдэс уотунан симэммит тыыннаах, мааны харыйаны ким көрдө? Таһыгар ким хаартыскаҕа түстэ?🙋🏻‍♀️

Саҥа дьыллааҕы настырыанньаны бэлэхтээбит "ЭЙГЭ" КСЭК коллективыгар эҕэрдэ, махтал буоллун! Чахчы да бу мааны харыйаны көрөөрү ыраахтан-чугастан ыалдьыттар, олохтоохтор сөбүлээн мустар сирдэринэн буолла😍😍👍🏼👍🏼👍🏼

@uoheebuluu
#саҥадьыл

⭐️ Кырыкыйтан төрүттээх Дүллүкүгэ, Далырга кийиит кыргыттар төрөөбүт-үөскээбит Кырыкыйдарын олохтоохторун Саҥа үүммүт сылынан эҕэрдэлээн, сэмэй ырыаларын-хоһооннорун бэлэхтээн биир дойдулаахтарын үөртүлэр-сэргэхситтилэр.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#саҥадьыл

🎄🏛️🎄Н.Бойлохов аатынан оҕо искусство оскуолатын саалатыгар Саҥа дьыллааҕы өрөбүллэргэ быыстала суох араас тэрээһиннэр бара тураллар.

Ол курдук, тохсунньу 3 күнүттэн 6 күнүгэр диэри кырачааннарга саңа дьыллааҕы утренник ыытыллар. Оскуола учууталларын уонна үлэһиттэрин күүһүнэн “уон икки ый” диэн нуучча остуоруйатын туруоран көрдөрдүлэр, восточнай халандаарынан быйылгы 2024 сыллааҕы бэлиэни художественнай кылаас оҕолоро бэйэлэрэ оҥорбут улахан драконун үҥкүүтэ элбэх оҕо сэҥээриитин ылла. Араас оонньуулар, маска күрэҕэ, флешмобтар ыытылыннылар. Буоларын курдук Эһээ Дьыл Хаарчааналыын киирэн ырыа-хоһоон иһиттилэр, кэрэчээн харыйа тула хоровод эргийдилэр, оҕолорго бэйэлэрин бэлэхтэрин биэрдилэр. Кэлбит оҕолор, төрөппүттэр астынан тарҕастылар.

Бүгүн, ол эбэтэр тохсунньу 6 күнүгэр кырачааннарбытыгар аналлаах саҥа дьыллааҕы утренникка ыҥырабыт.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
#Саҥадьыл

⭐️ "Үтүө санаа харыйата"

Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтин дьаһалтата сыллата көҕүлээн ыытар Саҥа Дьыллааҕы аахсыйатын быйыл иккис сылын анал байыаннай дьайыыга сулууспалыы сылдьар байыастар оҕолоругар анаата.

Ол курдук, улуус киинин тэрилтэлэрин салайааччылара оҕолор ааттара, саастара суруллубут аккырыыккаларыттан талан ылан, ол оҕоҕо бэлэх оҥороллор. Оттон бэлэхтэри Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтиттэн
сулууспалыы сылдьар байыастар оҕолоругар Саҥа дьыл саҕана туттарыахтара.

Аахсыйаны өйөөн бэлэхтэри бастакынан "Инблавер" ХЭТ салайааччыта Иван Николаев, "Алекс" маҕаһыын хаһаайката Александра Александрова, "Охоноос" ХЭТ салайааччыта Василий Оконосов уонна Үөһээ Бүлүүтээҕи история уонна этнография түмэлин дириэктэрэ Изабелла Саввинова аҕалан харыйа анныгар уурдулар.

Тэрилтэ салайааччыларын, улуус киинин урбаанньыттарын бу бырааһынньыктааҕы аахсыйаны өйдүүргүтүгэр, байыастар оҕолоругар соһуччу бэлэхтэр оҥороргутугар ыҥырабыт.

Үтүө санаа харыйата Үөһээ Бүлүү бөһүөлэгин дьаһалтатын дьиэтигэр турар.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#СаҥаДьыл

⭐️ Кэнтик олохтооҕо Платон Саввинов көҕүлээһининэн Ньурба, Сунтаар, Дьааҥы, Бүлүү, Үөһээ Бүлүү улуустарын балыксыттарын бөлөҕө кыттыһан, анал байыаннай дьайыыга сылдьар Үөһээ Бүлүү балыксыттарын оҕолоругар соһуччу үөрүүнү бэлэхтээтилэр.

Түөрт уол буолан дьиэлэри кэрийэн, Тымныы Моруос оруолун толорон, саҥа дьыллааҕы бэлэхтэри түҥэттилэр. Саҥа дьыл тыынын биллэрэн, оҕолору дьоллоотулар.

Сонуннарга анаан Ороһуттан Ольга Захарова

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
#СаҥаДьыл

⭐️ Үөһээ Бүлүү олохтооҕо Алексей Семенович Павлов толоруутугар "Москва слезам не верит" киинэттэн "Александра" ырыаны истиҥ👏👏👏

@ueheebuluu
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
#СаҥаДьыл #СВО

⭐️ Байыаннай дьайыыга сылдьар байыастарбытыттан эҕэрдэ кэллэ ⭐️

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM