Газета Верхневилюйского района "Үөһээ Бүлүү"
3.87K subscribers
22.1K photos
4.36K videos
9 files
3.87K links
🗞🗞🗞ТГ-канал редакции https://t.iss.one/uoheebuluu
Предлагайте новости @Uohee_buluu14_bot
🔸 *Мы в ВКонтакте:* vk.com/uoheebuluu
🔸 *Одноклассники:* https://ok.ru/profile/603428848914
🔸 *🔸 *Подписывайтесь по ссылке* https://podpiska.pochta.ru/press/ПИ976
Download Telegram
#көмө

⭐️"Чэбдик" скандинавскай хаамыынан дьарыктанар уонна "Дьулуур" түмсүүлэр чилиэннэрэ - уопсастыбаннай олоххо көхтөөх эбээлэр СВО-ҕа сылдьар байыастарга анаан улахан тиэхиньикэни кистиир сайыҥҥы сетканы оҥорон бэлэмнээтилэр.

Светлана Владимировна Иванова салайыытынан 1,5 ый устата үлэлэриттэн, дьиэтээҕи түбүктэриттэр быыс булан, илиилэрин сылааһын ууран туран оҥорбут 3*7-лээх сеткаларын алҕаан ыраах ыытардыы бэлэмнээтилэр.

Светлана Владимировна маны таһынан быстах кэмҥэ уоппускаҕа кэлэн барар уолаттарга таҥас-сап тигэн биэртэлиир. Элбэх оҕолоох, сиэннэрдээх, амарах сүрэхтээх буолан хас биирдии байыаска дууһатын ууран туран кыһаллар-мүһэллэр.

Эбээлэр барахсаттар, биһиги бары даҕаны, түргэнник эйэлээх олох, өйдөһүү буолуон, дойдубут туһугар сулууспалыы сылдьар байыастарбыт этэҥҥэ дойдуларыгар эргиллэн кэлэллэрин баҕарабыт🙌🙌🙌

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#көмө

⭐️Элбэх оҕолоох дьиэ кэргэн ипотекатын төлөбүрүгэр судаарыстыбаттан 450 тыһыынча солкуобай көрүллэр.

Маннык көмө көрүҥэ 2019 сылтан олоххо киирэн турар. 450 тыһыынча солкуобай суумалаах субсидияны элбэх оҕолоох ыал ипотеканан ылыллыбыт иэһи сабыыга туһаныахтаах.

*⃣ Бу көмөнү кимнээх туһаналлар?

- 2019 сыл тохсунньу 1 күнүттэн саҕалаан 2023 сыл ахсынньы 31 күнүгэр диэри кэм устата үһүс уонна онтон салгыы кэлэр оҕолорун төрөөбүт дьиэ кэргэн.
- Сайабылыанньа биэрээччи сокуонун бигэргэммит эр, ойох буоларын туоһулуур докумуона да суоҕун иһин хапсар.
- Элбэх оҕолоох төрөппүт буолла да туһанар кыахтаах.
- Булгуччу бэрээдэгинэн РФ гражданина буолуохтаах.
- Улахан оҕолор саастарыгар хаарчах суох.  
- Төрөппүт быраабыттан быһыллыбыт дьон эбэтэр оҕону ииттэ ылыы сокуонунан көтүрүллүбүт буоллаҕына хапсыбат.
- Ийэ (дьиэ кэргэн) хапытаалын олорор дьиэни тупсарыыга туһаммыт да буоллаххытына, бу көмөнү ылар бырааптааххыт.
- 450 тыһ. солк. хас биирдии ипотекалаах киһи олоҕор биирдэ туһаныан сөп.  

*⃣Маныаха туох ирдэнэрий?

2024 сыл от ыйын 1 күнүгэр диэри ипотеканан кирэдьиит дуогабарын оҥорсубут буолуохтааххыт. Ипотека оҥоһуллубутун эрэ кэннэ биирдэ иэһи (сүрүн иэһи эбэтэр бырыһыанын) сабарга ананар.
Саҥа тутулла турар дьиэҕэ эбэтэр иккис ырыынактан кыбартыыра атыылаһарга, олорор чааһынай дьиэни туттарга, бэйэ хаһаайыстыбатын тэриниигэ аналлаах сир учаастагын атыылаһыыга, ситэри тутуллан бүтэ илик дьиэлээх сир учаастагын атыылаһарга туһуламмыт ипотека сорох чааһын төлүөххэ сөп.

Бу испииһэк манан эрэ муҥурдаммат, ситэри баантан чуолкайдыахха сөп.

Ону тэҥэ бу сибсидияны дьиэҕэ киһи ирээтин (доля) атыылаһан бас билиигэ, дьиэни толору бас билиигэ ылар түгэҥҥэ туһаныахха эмиэ сөп.

*⃣ Ханнык кирэдьииккэ туһаныллыбатый?

Ипотеканы коммерческай хамсаабат баай-дуол атыылаһыллыбыт буоллаҕына сатаан туһаммаккыт.

*⃣ Төлөбүрү туһанар туһугар тугу гынабыт?

Бу туһунан салгыытын комментарийга киирэн ааҕыҥ⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#көмө

Социальнай пуонда клиентскай сулууспатын үлэһиттэрэ Нам улууһун сааскы халаан уутуттан эмсэҕэлээбит дьоҥҥо көмө оҥордулар, сыттыктары, суорҕаннары, суунар-соттор тэриллэри туттардылар.

@uoheebuluu
#көмө

⭐️ Исиидэр Бараахап дойдутуттан Максим Аммосов дойдутугар көмө тиийдэ

Бу күннэргэ Үөһээ Бүлүү улууһун Харбалаах нэһилиэгин уолаттара халаан уутуттан эмсэҕэлээбит Нам улууһун Хатырык нэһилиэгин дьонугар 3 биригээдэнэн үлэлииллэр.

Төрдүс биригээдэ - "Сэргэ" тутуу хампаанньаҕа үлэлиир Харбалаах нэһилиэгин уолаттара 100 ынаҕын ууга былдьаппыт бааһынай хаһаайыстыбаҕа көмөлөһөн, хотоннорун өрөмүөнүгэр үлэлэрин саҕалыахтара.

"Харбалаах олохтоохторо хомуйбут көмө харчыларынан инструмент ылан, Хатырык нэһилиэгин муниципальнай тэрилтэтигэр, салайааччыга Айаал Вячеславовичка туттардыбыт. Хатырык нэһилиэгин баһылыга Артур Егорович олохтоохтор ааттарыттан махтал тылларын тириэртэ", - диэн Харбалаах нэһилиэгин баһылыга Константин Платонов кэпсээтэ.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#көмө

⭐️ Бэйэ дьыалатынан дьарыктанааччылар аахсыйаҕа кыттыстылар

Киин бибилэтиэкэ ыытар "Норуот күүһэ - көмүөл күүһэ" диэн Үөһээ-Бүлүү улууһугар ойуур баһаарын тохтотор дьоммутугар көмөлөһөр аахсыйа салгыы барар.

"Сделано в Верхневилюйске" диэн брендинэн тахсар илиинэн оҥоһуктардаах самозанятай кыргыттар кыттыһан, анал туттар мал, буортуйбат аһылык, эмп, наскы уонна үлэҕэ кэтиллэр үтүлүктэри тиксэрдилэр.

Бу аахсыйаҕа биир сомоҕо буолан, улууспут олохтоохторун кыттыһаргытыгар, ойуур баһаарыгар үлэлиир дьоммутугар ким туох кыахтааҕынан көмөлөһөн, үлэлэрин чэпчэтиэххэ диэн ыҥырабыт.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#көмө #акция

⭐️ Үөһээ Бүлүүтээҕи история уонна этнография түмэлин дьоҕус коллектива ойуур баһаарын умуруорууга туруулаһа сылдьар дьоҥҥо анаан туттар мал-сал туттардылар.

@uoheebuluu
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#ойуурбаһаара #көмө

⭐️ Нам нэһилиэгин олохтоохторо ойуур баһаарыгар үлэлии сылдьар дьоҥҥо көмөлөрүн бородууктанан хомуйан, аҕалан ойуур хаһаайыстыбатын тэрилтэтигэр тиксэрдилэр.

@uohee_buluu
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#көмө

🕊️Анал байыаннай дьайыыга сылдьар буойуттарбытыгар анаан Афганистан, Чечня сэрии бэтэрээннэрэ ыраастанарга, арчыланарга туһааннаах кытыан тиксэрдилэр.

Ууну, уоту ортотунан ааспыт дьоммут, саатар, бэрт кыратык, кыаллары көмөлөһөр үтүө санаанан салайтаран аҕаллахтара. Уолаттарбытыгар тиийэн үрүҥ тыыннарын өллөйдүүр өлбөт мэҥэ ото буоллун.

Уолаттарбыт этэҥҥэ эргиллэн кэлэллэригэр, бары күүһү кыайыыга!

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
#көмө #спо

⭐️ Үтүө санаанан салайтаран

Балаҕан ыйын 17 күнүгэр Үөһээ Бүлүүтээҕи Техникум ыксаллаах быһыы-майгы уонна баһаартан сэрэхтээх буолуу салаатын устудьуоннара Руслан Русланович Былков, Лев Васильевич Саввинов салайааччылаах приют тэрилтэтигэр көмөҕө кэлэн бардылар. Кырачааннар быстах кэмҥэ олохсуйар дьиэлэрэ-уоттара ичигэс буоларын туһугар, иитиллээччилэр үлэлиир усулуобуйалара тупсарын туһугар сабараанньатын буорунан толорон биэрдилэр.

"Эдэр кэскиллээх ыччаттарбытыгар, кинилэри үөрэххэ, үлэҕэ угуйа сылдьар учууталларыгар баҕарыа этибит дьолу саргыны, доруобуйаны, инникитин да үтүө санаанан салайтарар күүс-көмө буола тураргытыгар", - диэн Үөһээ Бүлүүтээҕи И.И.Седалищев аатынан дьиэ кэргэҥҥэ иитиигэ көмөнү оҥорор киин үлэһиттэрэ махтал тылларын аныыллар.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#СВО #көмө

🔸🔸🔸Балаҕан ыйын 27 күнүгэр өрөспүүбүлүкэбит күнүн көрсө, Москва, Санкт - Петербург куорат госпиталларыгар эмтэнэр биир дойдулаах ЭР ХОҺУУТТАРБЫТЫГАР анаан кыракый кэһии хомуйан оҥордубут. Сиһилии ⤵️⤵️⤵️

https://xn----8sbafahlaethmnm0a1cxay7b3m.xn--p1ai/erespyybylyke-kynyn-kerse-uolattarbytygar-kehii-yyttybyt/