Газета Верхневилюйского района "Үөһээ Бүлүү"
3.87K subscribers
22.1K photos
4.36K videos
9 files
3.87K links
🗞🗞🗞ТГ-канал редакции https://t.iss.one/uoheebuluu
Предлагайте новости @Uohee_buluu14_bot
🔸 *Мы в ВКонтакте:* vk.com/uoheebuluu
🔸 *Одноклассники:* https://ok.ru/profile/603428848914
🔸 *🔸 *Подписывайтесь по ссылке* https://podpiska.pochta.ru/press/ПИ976
Download Telegram
#ойуурбаһаара

🌳🔥Үөдүгэйгэ Хампа диэн сиргэ турбут ойуур баһаарыгар нэһилиэк ыччаттара тута тиийэн умуруорар үлэлэри ыыттылар

Кинилэргэ улуустааҕы ойуур хаһаайыстыбатын үлэһиттэрэ тиийэн көмөлөстүлэр.

Билигин ойуур баһаара умулунна. Бу умуруоруллубут ойуур баһаарын салгыы маныахтара 🙌🙌

Ойуур хаһаайыстыбатын үлэһиттэрэ салгыы Кэнтиккэ тахсыбыт ойуур баһаарыгар суһаллык бардылар.

#Үөдүгэйсонуннара
#ситиһии

💠Бүгүн Саха сирин Ил Дархана Айсен Николаев эрэгийиэннээҕи уонна федеральнай таһымнаах грантовай күрэхтэр кыайыылаахтарын кытары көрүстэ.

Бу көрсүһүүгэ алта грант кыайыылаахтара тыл эттилэр. Ол иһигэр Үөһээ Бүлүүттэн О. Д. Федорова аатынан кииннэммит бибилэтиэкэ сэбиэдиссэйэ Тамара Саввинова бэйэтин бырайыагын туһунан кэпсээтэ. Кини Үөдүгэйдээҕи бибилэтиэкэ сэбиэдиссэйинэн үлэлии сылдьан, "Ситис" коммерческайа суох тэрилтэ аатыттан кыттан, "Чехов сахалыы тылынан" диэн испэктээги туруоруутун бырайыага кыайыылаах буолбута 👍👍🌟💫💫💫

Санатан эттэххэ, сылын ахсын ыытыллар культурнай инициативалар пуондаларын Граныгар Үөһээ Бүлүү улууһа аан бастакытын кыайбыта бэлиэтэнэр.

#Үөдүгэйсонуннара
#ИннибитХотуБарыБииргэ

🕊Үөдүгэйгэ Муҥур үрэх диэн сиргэ турбут ойуур баһаарыгар сылдьар дьоммутугар бүгүҥҥүттэн аһы-үөлү, утары туттар малы хомуйан саҕалаатыбыт.

Үөдүгэй нэһилиэгин тэрилтэлэрэ : 7 нүөмэрдээх "Остуоруйа", 4 нүөмэрдээх "Сардаана" оҕо уһуйааннарын, аптека кэлэктииптэрэ, биирдиилээн дьонтон Кудуттан Валентина Васильева, 1978 сыллаахха И. Н. Барахов аатынан орто оскуола 10"б" уонна 10 "в" кылаас выпускниктара, биир бастакынан бэрэски, хобуорас, лэппиэскэ, алаадьы астаан, буорту буолбат астары- кэнсиэрбэлэри, ыраас ууну, кофе, үүт, ону тэҥэ былаат, маарыла, кумаар эмтэрин, инчэҕэй салфеткалары, о. д. а. атыылаһан аҕаллылар.

Бу ойуур баһаарыгар көмө салҕанар. Сарсын үлэ чааһыгар Үөдүгэй нэһилиэгин дьаһалтатыгар аҕалан туттарыаххытын сөп.

Бүгүн көмө акцияҕа кыттыбыт күндү дьоммутугар ис сүрэхпититтэн махтанабыт. Өрүү маннык бэйэ - бэйэни өйөһөр күүстээх түмсүүлээх буолуоҕуҥ 🙌

Үөдүгэй нэһилиэгин дьаһалтата

#Үөдүгэйсонуннара
#ИннибитХотуБарыБииргэ

🕊Үөдүгэйгэ Муҥур үрэх диэн сиргэ турбут ойуур баһаарын умуруорууга дьону ыытыы уонна көмө оҥоруу салҕанар.

Нэһилиэкпит киэн туттар "Дьүөгэ" бэтэрээн дьахталларын түмсүүтэ, салайааччы Виктория Васильевна Павлова, 11000 солкуобайы бородууктаҕа, утары туттар малы-салы атыылаһарга диэн аҕалан туттардылар. Ону тэҥэ Лариса Никифоровна Николаева ойуур баһаарын бохсууга үлэлэһэ сылдьар дьоммутугар көмө аҕалла👍👍👍

Нэһилиэкпит кыһалҕатыгар сүрэхтэринэн - быардарынан "ыалдьар" күндү дьоммутугар барҕа махталбытын тириэрдэбит ❤️❤️❤️

Иннибит хоту бары бииргэ🙌🙌🙌

#Үөдүгэйсонуннара
#ИннибитХотуБарыБииргэ
#ойуурбаһаара

🕊Бүгүн киин балыыһа кэлэктиибэ Үөдүгэйгэ ойуур баһаарын бохсо сылдьар дьоммутугар эмтэри, маарыла, инчэҕэй салфеткалары, кумаар эмтэрин, сиэккэлээх сэлээппэлэри аҕалан туттарда.

Дьоммут - сэргэбит өйөбүлэ бу ыарахан усулуобуйаҕа ойуур баһаарын умуруорууга үлэлии сылдьар дьоммутугар күүстэригэр күүс, сэниэ эбэр🙌

Махтанабыт, күүс-көмө, өйөбүл буолар дьоммутугар

Иннибит хоту бары бииргэ

#Үөдүгэйсонуннара
#ойуурбаһаара

Кудуга ойуур баһаарын бохсууга күүстээх үлэ салҕанар. Үөдүгэйтэн бүгүн 18 буолан тахсан тыраахтыр тардыбыт минерализованнай балаһатын кэҥэтиигэ, чиҥэтиигэ тэтимнээх, эрчимнээх үлэ барда.

Иннибит хоту бары бииргэ бу курдук түмсүүлээхтик ойуур баһаарын умулуннарыыга үлэлэһиэҕиҥ 🙌

#Үөдүгэйсонуннара
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
Бүгүн Үөдүгэй бибилэтиэкэтигэр биир дойдулаахпыт Иван Шамаевы кытары көрсөн кэскиллээх, киэҥ кэпсэтии буолан ааста.

Нэһилиэкпит историятын хасыһан, үөрэтэн сырдатар сорук турда. Ону тэҥэ Үөдүгэйгэ түөлбэ литературатын күүскэ ылсан сайыннаран, дьоммут - сэргэбит, дойдубут туһунан суруйуохха, айыахха диэн саргылаах санааҕа кэллибит.

Ол барыта төрөөбүт төрүт дойдутун таптыыр, ийэ тылынан ыраастык саҥарар, ааҕар, сырдыкка тардыһар дьоһуннаах көлүөнэни иитэн таһаарыыга тирэх буолуоҕа.

Бүгүҥҥү тэрээһинтэн 🎥
киирэн көрүҥ, истиҥ 😍👍🙌

#Үөдүгэйсонуннара
#үөрүүлээхсонун

Д. С. Спиридонов аатынан 4 нүөмэрдээх орто оскуола "Өбүгэ ыллыктарынан" диэн "Трудовой-81"лаагыр баазатыгар тэриллибит оҕо сайыҥҥы лааҕыра Саха сирин 10 бастыҥ үлэлээх лааҕырдарын иһигэр киирдэ 🌟🌟🌟

Удьуор утумун, өбүгэ үөрэҕин бигэтик олоххо киллэрэр дьоһуннаах, үйэлээх үлэни ыыта сылдьар оскуола үлэтэ сыаналаммытынан эҕэрдэлээн биэриэҕиҥ👏👏👏🫶🫶🫶

#Үөдүгэйсонуннара
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
#бэлиэкүн

Бүгүн үлэни өрө туппут Үөдүгэй сопхуос үтүө өйдөбүлүн үйэтитэр "Үөдүгэй сопхуос үлэнэн дьолломмут дьонун" искибиэрин үөрүүлээх арыллыыта буолла.

Үөдүгэйбит дьоно - сэргэтэ, Үөдүгэй сопхуоска үлэлээн ааспыт ытык-мааны дьоммут, кинилэр оҕолоро нэһилиэкпит историятын үйэтитэр биир бэлиэ күҥҥэ кэлэн кыттыыны ыллылар.
Искибиэри арыйыы алгыһын сиэрин-туомун сахалыы сайдам санаалаах алгысчыппыт Трофим Миронов оҥордо.

Бу үөрүүлээх түгэҥҥэ искибиэри туппут тэрилтэ бэдэрээччигигэр Родион Ефремовка уонна тэрилтэ реставраторыгар Кэнчээри Ефремовка нэһилиэк Баһылыга А. Ю. Иванов махтал суруктары туттарда.

#Үөдүгэйсонуннара
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
Бүгүн Үөдүгэйгэ "Барыта эйиэхэ-Ытык киһиэхэ!" диэн аҕам саастаах дьоҥҥо аналлаах тэрээһин буолла.

Тарбахтарыгар талааннаах ытык дьоммут оҥоһуктарын быыстапката тардылынна. Эмтээх оттортон оҥоһуллубут араас утахтары, чэйдэри "Үнүгэс" түмсүү Далбар Хотуттара оҥорон аҕалан амсаттылар.

Парикмахер, визажист-косметолог Сайдыына Ким уонна Наталья Павлова Далбар Хотуттары киэргэттилэр.
Бу күҥҥэ анаан оҥоһуллубут тупсаҕай фото-зонаҕа "Үөһээ Бүлүү" хаһыат редакциятыттан фотограф Айаал Григорьев кэлэн хаартыскаҕа түһэрэн үйэтиттэ.
Гипсэнэн оҥоһуктарга маастар-кылааһы Саргылана Семенова ыытта.

Салгыы "АЛГЫС" банкетнай саалаҕа нэһилиэк баһылыгын бырааһынньыктааҕы баай-талым астаах остуолун тула олорон ирэ-хоро сэлэһэн, ыллаан-туойан, үҥкүүлээн, оонньоон астынан тарҕастылар

#Үөдүгэйсонуннара
🔸Куду учаастагар быйылгы кыстыгы көрсө икки ыал саҥа хотон тутуннулар.
Саввинов Николай Васильевич дьиэ кэргэнэ сана хотон туттаннар, бэйэлэрин сүөһүлэрин таһынан икки ыал сүөһүтүн кыстатан туруораллар.

Иккис ыал Павлова Розалия Николаевна дьиэ кэргэнэ эмиэ саҥа хотон туттубуттар.
Сүөһүнү кытта куурусса, куруолук кыстаталлар.

Бу курдук саҥа хотон туттан, сүөһүнү, сылгыны таһынан түргэнник ситэр салааны сайыннаран, көтөрү, куруолугу кыһыннары - сайыннары эргиччи иитэн, дьон сүөһүтүн эбии тутан, Кудулар бэркэ тэринэн олороллоро барыбытыгар холобур буолар 👍👍🙌🙌

#Үөдүгэйсонуннара
#кыстык
🎊Бүгүн "Хоптолоох" территориятыгар сабыс - саҥа, сып- сырдык "Мааппа" маҕаһыына арылынна👏👏👏

Үөрбүт - көппүт бастакы атыылаһааччылар көтөх муҥунан атыылаһан тахсан иһэллэрин көрүстүбүт.

Маҕаһыыҥҥа киирбитим - талбыт курдук бу эргин олорор улууспут киэн туттар устуоруктара, устуоруйа билимин дуоктара Никита Деевич Архипов уонна улуустааҕы устуоруйа уонна этнография түмэлин дириэктэринэн үлэлээбит Петр Алексеевич Сыбахов саҥа маҕаһыыны көрө, атыылаһа сылдьаллар эбит.

Эһиги болҕомтоҕутугар, бастакы атыылаһааччылартан биирдэстэрэ буолан, Никита Деевич Архипов "Мааппа" маҕаһыынтан анал бэлэҕи тутта🛍🎁🎁🎁

#Үөдүгэйсонуннара
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
👫👭👬Бүгүн Үөдүгэйдээҕи култуура киинигэр Сомоҕолоһуу күнүнэн оҕотуттан оҕонньоругар тиийэ тоҕуоруһа мустан үүттээх чэйи иһэ - иһэ, арыылаах алаадьыны амсайдылар.

Саҥа сатабылларга үөрэннилэр, саахыматтаан, теннистээн да ыллылар.

Эмтээх үүнээйи чэйдэрин истилэр, араас дойду сувенирдарын, үгүс сылларга мунньуллубут коллекциялары өөр да өр астына көрдүлэр.

Чэ, быһата, чахчы Сомоҕолоһуу күнэ буолла. Сиһилии видеоҕа киирэн көрүҥ, биһигинниин бииргэ буолуҥ 😍😍😍👍🙌

#Үөдүгэйсонуннара
#Сомоҕолоһуукүнэ
#түмсүүсыла
Бүгүн Үөдүгэйдээҕи култуура киинигэр🏛️ В.Каратаев "Модун Эр Со5отох" олоҥхотуттан быһа тардан "Моҕул кугас аттаах Модун Эр Соҕотох"  мүччүргэннээх сырыыларын М.А.Алексеев аатынан өрөспүүбүлүкэтээҕи лицей - интернат 5-с "а" кылааһын оҕолоро куукула дьоруойдарын көмөтүнэн көрдөрдүлэр.

Салайааччы - СӨ култууратын туйгуна, өрөспүүбүлүкэ үтүөлээх этээччитэ, Н.И Бойлохов аат. Оҕо искусство оскуолатыгар фольклор салаатын учуутала Марианна Хобусарова

Сахалыы мааны астаах сандалы тардылынна, дьон -сэргэ олоҥхону сэргии иһиттилэр, сэргэх күн Үөдүгэйгэ буолла 👍👍👍

#ҮөһээБүлүүгэОлоҥхоДекадата
#Үөдүгэйсонуннара
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
🤩🤩🤩Ю.Н.Прокопьев аатынан спортивнай хайысхалаах орто оскуолаҕа  Эһээ Дьулусхан үгэс быһыытынан сыл ахсын Дьыл оҕуһун уонна Мыкытыа Игорь Уйбаан Уола Чысхаан Хаарчааналыын сиэтиһэн  туралларын талба талааннаах тарбахтарынан оҥорон Саҥа дьыллааҕы эйгэни саргылаахтык тэрийэн саҕалыыллар.

Бүгүн Эһээ Дьулусхан бэйэтэ салайар "Сатабыл" куруһуогун оҕолоругар Дьыл оҕуһун уонна бу Сахабыт сиригэр саамай кылгас, кыһыҥҥы күннэр, мындыр өбүгэлэрбит тустарынан сэһэргиир.

Оҕолор харахтыын уоттанан сэҥээрэ истэллэр, интэриэһиргээн бэрт чобуотук ыйытыктары биэрэллэр 🎄🎄🎄

Саҥалыы дьыллааҕы остуоруйа дойдутун санатар алыптаах эйгэни сиһилии 🎥 видеоҕа киирэн көр 📷📸🎥🎞

#Үөдүгэйсонуннара
🔸Бүгүн Үөдүгэй нэһилиэгин Баһылыга Альберт Юрьевич Иванов уонна социальнай хайысхаҕа кылаабынай исписэлиис Лидия Валериевна Явловская Кудуга тахсан анал байыаннай дьайыы кыттыылааҕын дьиэ кэргэнигэр уонна соҕотох олорор кырдьаҕастарга баһаарынай сигнализациялары биэрдилэр.

🎄🛍Оскуола- саад оҕолоругар хас биирдиилэригэр Баһылык Саҥа дьыллааҕы бэлэхтэри туттартаан үөрүүлэрин үксэттэ🎊🎉🎉🎁🎁🎁

Оҕолор түннүккэ Саҥа дьыллааҕы  оһуор ойууну түһэрэн уруһуйдаабыт ❄️❄️❄️ уонна хаартысканан  бастыҥнары быһаарар күрэхтэригэр дьүүллүүр сүбэҕэ киллэрэн кыттыһыннардылар.
Оҕолорго, кэлэктиипкэ бүгүн биир умнуллубат күн буолла👍👍👍🫶🫶🫶

#Үөдүгэйсонуннара