Газета Верхневилюйского района "Үөһээ Бүлүү"
3.87K subscribers
22K photos
4.35K videos
9 files
3.86K links
🗞🗞🗞ТГ-канал редакции https://t.iss.one/uoheebuluu
Предлагайте новости @Uohee_buluu14_bot
🔸 *Мы в ВКонтакте:* vk.com/uoheebuluu
🔸 *Одноклассники:* https://ok.ru/profile/603428848914
🔸 *🔸 *Подписывайтесь по ссылке* https://podpiska.pochta.ru/press/ПИ976
Download Telegram
#үбүлүөй #уһуйаан

⭐️ Исидор Барахов аатынан 1-кы нүөмэрдээх орто оскуола 10-с кылааһын үөрэнээччитэ, Петр Одорусов хос сиэнэ Антон Иванов иитиллибит оҕо саадын иитээччилэрин ахтан-санаан кэлэн, эҕэрдэлээн, Тыас Уус "Мин хаалыаҕым" ырыатын бэлэх уунна.

"Аленушка" оҕо саадыгар сэбиэдиссэйинэн үлэлээн ааспыт Людмила Егорова аан бастаан уһуйаан боруогун атыллаан киириэҕиттэн үлэлээн ааспыт сылларыттан истиҥник саныыр түгэннэрин ыалдьыттары кытта үллэһиннэ.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#үбүлүөй #уһуйаан

⭐️ Дьааһылаҕа 70-с сылларга сэбиэдиссэйдээбит, кэлин, 1989 сыллаахха медицинскэй сиэстэрэнэн төннөн кэлэн үлэлээбит Тамара Чоросова билигин да биир идэлээхтэрин кытта сибээһин быспакка, уһуйаан олоҕун билэн-көрөн олороруттан үөрэнэн биллэрдэ.

Иитээччилэргэ, бары үлэһиттэргэ үтүөнү, кэрэни, ситиһиини баҕарда.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
#үбүлүөй #уһуйаан

⭐️ Үөһээ Бүлүү нэһилиэгин баһылыга Максим Силигиянов тыа сирин уһуйаана оҕоҕо бастакы укулааты уурар улахан суолталаах тэрилтэ буоларын бэлиэтээн туран эҕэрдэлээтэ.

"Оҕону иитэр диэн манан дьыала буолбатах, чахчы идэтигэр бэриниилээх дьон үлэлиир идэтэ. Инники өттүгэр салгыы үлэлэһиэхпит"- диэн эрэннэрдэ.

Уһуйаан сэбиэдиссэйигэр Александра Михайловаҕа уонна бөһүөлэккэ күүс-көмө буолар үлэһиккэ, иитээччи көмөлөһөөччүтэ Альбина Григорьеваҕа дьаһалта аатыттан Махтал суруктары туттарда.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#үбүлүөй #уһуйаан

⭐️ Үбүлүөйдээх "Аленушка" уһуйааны улуус дьаһалтатыттан дьыалалары дьаһайар салаа сүрүн специалиһа Евгений Николаев эҕэрдэлии кэллэ.

Улуус баһылыга Валерий Николаев илии баттааһыннаах Бочуот грамотатын Раиса Павлова ытыс дохсун тыаһыгар туттарда.

Улуус Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Николай Николаев илии баттааһыннаах Бочуот грамотатын уһуйаан үлэһитигэр Ньургуйаана Тимофееваҕа уонна оҕолору минньигэс аһынан күндүлүүр асчыт идэлээх Валентина Федороваҕа туттарда.

Марианна Хобусарова бэйэтин ырыатын бэлэх уунан манна мустубут ыалдьыттары сэргэхситтэ.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
#үбүлүөй #уһуйаан

⭐️ Үөһээ Бүлүү олохтоохторо Туйаара, Николай Тарагаевтар дьиэ кэргэн 2011 сыллаахха, үгүс оҕо уһуйаанынан хабыллыбакка олорор кэмнэригэр "Аленушка" оҕо сайдар киинин иһинэн 10 оҕолоох дьиэ кэргэн бөлөҕүн тэрийэн үлэлэппиттэрэ. Бу уопуттара өрөспүүбүлүкэҕэ киэҥ сэҥээриини ылбыта.

Бу күн бииргэ үлэлэспит уһуйааннарын үлэһиттэрин эҕэрдэлии, үлэлээбит кэмнэрин ахта-саныы кэллилэр.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#үбүлүөй #уһуйаан

⭐️ Үөрэх управлениетын салайааччытын солбуйааччыта Леонид Огочонов кырачааннар бөлөхтөрүн иитээччитигэр Долгуяна Ивановаҕа, бэлэмнэнии бөлөҕүн иитээччитигэр Арианна Афанасьеваҕа сыралаах үлэлэрин бэлиэтээн туран Бочуот грамотатын туттарда.

Үөрэх үлэһиттэрин идэлээх Сойуустарын бэрэссэдээтэлэ Леонид Лазарев уһуйаан физкультураҕа инструкторыгар Алена Сергееваҕа, улахан бөлөз иитээччитигэр Надежда Степановаҕа, иитээччи көмөлөһөөччүтүгэр Любовь Ивановаҕа өр сыллаах үтүө суобастаах үлэлэрин иһин Грамотанан бэлиэтээтэ.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
#уһуйаан #үбүлүөй #кыһа

⭐️ "Аленушка" оҕо сайдар киинэ тэриллибитэ 35 сыллаах бэлиэ күҥҥэ анаммыт клибы көрүҥ🤩

"Аленушка" уһуйаан гимнэ буолбут ырыа тылларын Уйбаан Ороһуунускай, матыыбын олохтоох мелодист Николай Чуручанов айбыта.

Билигин бу ырыаны хас биирдии уһуйаан иитиллээччитэ билэр.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#уһуйаан #үбүлүөй #дьиэкэргэнсыла

⭐️ "Аленушка" уһуйаан 35 сылыгар анаммыт улуустааҕы дьиэ кэргэн күрэҕэ Оҕо искусство оскуолатыгар саҕаланна.

Дьиэ кэргэн күрэҕэр 7 ыал кыттар. Ол курдук, Үөһээ Бүлүү "Аленушка" сайдар киин аатыттан Ченоховтар уонна Яковлевтар, "Ньургуһун" уһуйаан аатыттан Игнатьевтар, Ороһу нэһилиэгиттэн Никоновтар, Кэнтиктэн Семеновтар, Дүллүкүттэн Романятовтар уонна Хоро нэһилиэгиттэн Климовтар кытталлар.

4 түһүмэхтээх күрэҕи кэлэн көрүҥ, сэргээҥ, сэҥээриҥ.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
#бэлиэкүн #уһуйаан

⭐️Кырачааннар Судаарыстыбаннас күнүн кытта билистилэр

Хоро нэһилиэгин уһуйаанын кырачаан бөлөҕүн иитиллэччилэрэ СӨ Судаарыстыбаннаһын күнүн көрсө Сахабыт сирин былааҕын кытта билистилэр. Билиилэрин чиҥэтэн, оҥоһуктарын кумааҕыга тистилэр.

Нэһилиэк библиотекатыгар тахсан Мария Чиряева бэлэмнээбит иһитиннэриитин болҕомтолоохтук истэн сэҥээрдибит.

Саха Судаарыстыбаннаһын күнэ бэрт сэргэхтик ааста.

Сонуннарга анаан Хоро уһуйаанын иитээччилэрэ Евдокия Корякина уонна Сахая Николаева.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#уһуйаан #оҕосаас

🏃‍♂️ Хоро кырачааннара бырайыакка кытыннылар

Уһуйааммыт иһинэн сыллата ыытыллар "Тыа кыылларын харыстаа" бырайыак чэрчитинэн оҕолорго аралдьыйыы буолан ааста.

Саамай кыра "Үнүгэсчээн" бөлөх иитиллээччилэрэ төрөппүттэрин кытта чыычаахтарга араас уйалары оҥорон аҕаллылар.

Нэдиэлэ устата кыыллар тустарынан араас иһитиннэриилэри, остуоруйалары сэргээн истэн, хамсаныылаах, остуол оонньуулары оонньоон, оҕолор билиилэрин хаҥатыы буолла.

Кыра саастарыттан тулалыыр эйгэҕэ, айылҕаҕа харыстабыллаах сыһыаны иитии-иҥэрии күннэтэ ыытыллара оҕо сайдарыгар, кэрэҕэ тардыһара туһалаах буолара саарбахтаммат.

Сонуннарга анаан Евдокия Корякина, Сахая Николаева

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#уһуйаан #СПО

🏃‍♂️ Үөһээ Бүлүүтээҕи техникум спорт саалатыгар 6 №дээх "Солнышко" уһуйаан иитээччилэрэ "Ийэм, аҕам уонна мин - чөл олоҕу өрө тутабыт" ыҥырыылаах Саха сиригэр оҕо аймах, Россияҕа Дьиэ кэргэн сылларыгар аналлаах спортивнай күрэҕи ыыттылар.

Күрэххэ уопсайа 3 ыал кытынна, ол курдук Эрхан Левин, Климентий Григорьев, Ильдар Николаев төрөппүттэрин уонна убай, эдьий.

Дьүүллүүр сүбэ Үөһээ Бүлүүтээҕи техникум физкультураҕа учуутала Лев Васильевич Саввинов уонна "Солнышко" уһуйаан төрөппүт кэмитиэтин бэрэссэдээтэлэ Уруйдаана Уйгурова сыаналаатылар.

Оҕолор уонна төрөппүттэр билиилэрин, сатабылларын киллэрэн туран, үөрэ-көтө оонньоотулар, оҕо саастарын санаатылар. Күрэх түмүгүнэн "Ильдар и команда" бастаата, "Звездочкалар" иккис, "Дружба" хамаанда бочуоттаах үһүс миэстэ ыллылар. Кыайыылаахтар мэтээл кэттилэр, бириистэринэн наҕараадаланнылар.

Техникум салалтатыгар уонна коллективыгар уһуйаан коллектива махталларын тиэрдэллэр. "Ил-эйэ эҥэрдэстин, байылыат олоҕу баҕарабыт. Түгэнинэн туһанан Ийэлэр уонна Аҕалар күннэринэн "Солнышко" коллектив аатыттан итии истиҥ эҕэрдэ этэбит" - дииллэр.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#уһуйаан

🏃‍♂️ "Аленушка" уһуйааҥҥа төрөппүттэр уопсай мунньахтара

Үөһээ Бүлүү улууһун Сэбиэтин дьокутаата Александра Михайлова сэбиэдиссэйдээх 1989 сылтан тэриллэн үлэлиир "Аленушка" оҕо сайдар киинэ 52 үлэһиттээх. Сэттэ бөлөҕүнэн 22 педагог үлэлиир, ол иһигэр логопед, психолог курдук сэдэх идэлээх педагогтар логопедическай бөлөххө мөлтөх саҥалаах оҕолору кытта ыкса дьарыктаналлар. Илиитигэр дьоҕурдаах оҕолору көрөн ылан туой буорунан дьарыктыыр улууска ураты эбии дьарык куруһуога үлэлиир. Ааптар бырагыраамата оҥоһуллан бу сыл бүтэһигэр күн сирин көрүөҕэ.

"Оҕо быраабын туһунан кэпсэтиэххэ" диэн тиэмэлээх сэтинньи 6 күнүгэр тэриллибит төрөппүт уопсай мунньаҕар 2022 сылтан саҥа ананан үлэлээн эрэр Үөһээ Бүлүү улууһугар оҕо быраабын боломуочуйалааҕа, бу уһуйааҥҥа иитиллэн тахсыбыт Гаврил Волков "Оҕо бырааба - төрөппүт эбээһинэһэ" диэн тиэмэнэн кыттыыны ылла.

Иитиллээччилэр уйулҕа өттүнэн чөл туруктарыгар анаммыт ыйга ыытыллар тэрээһиннэр чэрчилэринэн үөрэх управлениетын психолого-педагогическай сулууспатын сэбиэдиссэйэ, эмиэ бу уһуйааҥҥа иитиллибит, билигин бу уһуйааҥҥа иитиллэр оҕолордоох элбэх оҕолоох ыал ийэтэ Мария Спиридонова "Педагогтар уонна төрөппүттэр түмсүүлэрэ бииргэ үлэлэһии түмүгэр уйулҕа өттүнэн куттала суох эйгэни хааччыйыы" туһунан бэсиэдэлээтэ.

Оттон үөрэх управлениетын логопедическай арыаллааһынын сүрүн специалиһа Любовь Алексеева "Оҕо саҥарар саҥатыгар, тылын сайдыытыгар кэһиллии" диэн аныгы гаджет үйэтигэр иитиллэн тахсан эрэр оҕолор ортолоругар сытыытык турар боппуруоска кэпсэтиини ыытта.

Төрөппүттэргэ оҕо сааһынан уратыларын, хайа сааһыгар туох-ханнык хамсаныылары оҥоруохтааҕын, ханнык тыллары саҥарыахтааҕын, хайа өйдөбүллэри билиэхтээҕин быһаарда.

3 сааһыгар кэлэн оҕо чуолкайдык саҥарбат, тыл оннугар илиитин-атаҕын, хамсаныы көмөтүнэн туһанан бэйэтин наадатын быһаарсар буоллаҕына, саҥарар эрээри өйдөммөт буоллаҕына төрөппүт долгуйара тоҕоостоох. Маннык түгэҥҥэ логопед көмөтө быһаччы наадатын умнумаҥ.

Төрөппүт оҕотун кытта сахалыы чуолкайдык саҥаран кэпсэтиэхтээх, күннээҕи олоҕу токкоолоһон сэһэргэһиэхтээх. Оҕону кытта күннэтэ дьарыктаныахтаах. Кинигэтэ ааҕыҥ, остуоруйата кэпсэтиҥ, бииргэ оонньоһуҥ.

Статистика быһаарбытынан, 4 саастаах оҕолор гаджеты туттуулара, 7 саастаах оҕолор тус телефоннаахтара уопсай көрдөрүүттэн 35% ылар эбит. Оттон оскуолаҕа киирэр саастаах оҕолор өйгө тутар дьоҕурдара мөлтөөбүтэ бэлиэтэммит.

Өр телефоҥҥа олорор оҕо 10 тылтан 6 эрэ тылын өйдөөн хаалыан сөп. Оҕо сирэйин былчыҥнара ситэри сайдыбакка хаалыахтарын сөп. Киһи саҥатын кыайан өйдөөн истибэттэр. Хорутуулаах ураты толкуйа, оҥорон көрөр дьоҕура ситэ сайдыбат. Атын оҕону кытары бодоруһарыгар, бииргэ алтыһарыгар уустуктары көрсөр.

Онон, төрөппүттэр, оҕо төрөөбүт сахалыы тылынан саҥарар саҥата сайдарыгар күннэтэ төрөппүт ыкса алтыһыыта, көмөтө, дьарыга ирдэнэрин төрүт умнумаҥ.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#үбүлүөй #уһуйаан

⭐️ "Кынаттаах санаалар кый ыраах көтөллөр"

Дойду үрдүнэн "Дьиэ кэргэн" Саха сиригэр "Оҕо саас", Үөһээ Бүлүү улууһугар "Түмсүү" сылларын чэрчитинэн норуот үөрэҕириитин туйгуна, методист-иитээччи, "Дети Саха Азия" фонда стипендиата, Үөһээ улууһун бочуоттаах олохтооҕо, СӨ бочуоттаах бэтэрээнэ Вера Герасимовна Мачахова 85 сааһын үбүлүөйүгэр анаан айар куттаах уһуйаан үлэһиттэригэр уонна төрөппүттэригэр кистэлэҥ талааннарын арыйар, бэйэ айбыт хоһооннорун ааҕыыга улуустааҕы "Кынаттаах санаалар кый ыраах көтөллөр" диэн күрэххэ, биһиги бөлөх Хоротооҕу "Кэскил" уһуйаан иитээччилэрэ уонна төрөппүппүт Саввинова Елизавета Афанасьевна кыттыыны ыллыбыт.

Ол курдук, олохтоох хоһоон айааччыта Хоротооҕу оскуола учуутала Назарова Анна Ефимовна айбыт хоһооннорун "Бу баар курдук көрөбүн" уонна "Билигин соҕотох хаалан көрөбүн" диэн хоһоонун дорҕоонноохтук ааҕан бочуоттаах бастакы урдэл номинация ылан ситистибит.

Биһиги, иитээччилэр, Николаева Сахая Вальеревна уонна Корякина Евдокия Анатольевна хоһоон айар ураты дьоҕуру бэйэбит ааҕан биллибит. Маннык күрэхтэр тиһигин быспакка ыытыллан, өссө да айар талааннар арылла турдуннар.

Сонуннарга анаан Сахая Николаева, Евдокия Корякина

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM