#тэрээһин
Эбэҥки талааннаах поэта, худуоһунньук Дмитрий Апросимов төрөөбүтэ 95 сылыгар анаан улууспутугар Хотугу норуоттан күннэрэ саҕаланна. Ол чэрчитинэн бааһынай ырыынагар атыы-эргиэн тардылынна, «Строганина» күрэҕэ буолла. Көрөөччү тобус-толору👍🏼
Ыалдьыттар, Дмитрий Апросимов оҕолоро күндү ыалдьыт буолан кэллилэр👍🏼
@uoheebuluu

Эбэҥки талааннаах поэта, худуоһунньук Дмитрий Апросимов төрөөбүтэ 95 сылыгар анаан улууспутугар Хотугу норуоттар күннэрэ саҕаланна.
О.Д.Федорова аатынан киин библиотекаҕа үөрүүлээх тэрээһин саҕаланан эрэр. Поэт, худуоһунньук Дмитрий Апросимов айар үлэтин быыстапката дьон көрүүтүгэр турда.

#тэрээһин #дьиэкэргэнсыла
Эбэҥки талааннаах поэта, худуоһунньук Дмитрий Апросимов төрөөбүтэ 95 сылыгар анаан үөрүүлээх тэрээһин саҕаланна.
Тэрээһиҥҥэ Дмитрий Апросимов оҕолоро, аймахтара кэллилэр. Итиэннэ Үөһээ Бүлүүнү иккис дойду оҥостубут хоту хоһуун сирдэриттэн төрүттээх үтүө дьоммут кыттыыны ылаллар.

Эбэҥки поэта, худуоһунньук Дмитрий Апросимов төрөөбүтэ 95 сылынан, кини аатын үйэтитэр тэрээһиниттэн түгэннэр.
Кини оҕолоро, аймахтара аҕаларын, убайдарын үтүө аатын билиһиннэрэ, айар үлэтин кэпсии-сэргии улуустарынан сылдьан билиһиннэрэллэр эбит. Поэт дойдутугар түмэл үлэлэтэллэр.
Дмитрий Нестерович айар үлэтэ Үөһээ Бүлүүттэн саҕаламмыта. Манна , Мэйиккэ олорор сылларыгар, биллиилээх суруйааччылары кытары билсэн, бииргэ алтыһан доҕордоспута. Кини ордук айылҕа, дьиэ кэргэн туһунан хоһооннору айар эбит. Хас биирдии үөрүүлээх түгэннэрин, ыал буолбутун, оҕоломмутун о.д.а хоһооҥҥо хоһуйан хаалларара. Хомойуох иһин, эдэр сааһыгар олохтон туораабыта, өссө да элбэҕи айыа-тутуо этэ диэн тэрээһин кыттааччылара бэлиэтииллэр.

Бүгүн киэһэ О.Д.Федорова аатынан киин библиотекаҕа сааскы күүтүүлээх "Библионочь - 2024" тэрээһин саҕаланна. Тэрээһин 13-с төгүлүн ыытыллар.
Үөрүүлээх арыллыыга быйылгы Дьиэ кэргэн куонкуруһун кыайыылаахтара Хотууна, Ариан Яковлевтар дьиэ кэргэттэрэ кытыннылар. Эҕэрдэ тыллары улуус баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччы Анна Уларова, култуура департаменын салайааччыта Айталина Мойтохонова, киин библиотека сэбиэдиссэйэ Наталья Петрова эттилэр. Оҕолор ансаамбыллара үҥкүүлээн дайдылар.
"Библионочь» киэһэ 9 чааска диэри барыаҕа. Көхтөөх кыттааччыларга "Уютный дом" маҕаһыыҥҥа сертификат уонна "Карина" киинэҕэ билиэттэри бэлэхтиэхтэрэ.

Бүгүн оҕо библиотекатыгар "Гармония" МОО уонна улуустааҕы оҕо библиотеката тэрийиилэринэн Дьиэ кэргэн уонна оҕо саас сылларын көрсө грант бырайыактарын чэрчитинэн оҕо уонна төрөппүт конференциятын тэрийдилэр.
Конференция үөрүүлээх түгэнтэн саҕаланна. Ол курдук, оскуола уонна уһуйаан саастаах оҕолорго ыытыллыбыт "Чудо-огород" хаартыска уонна "Наш маленький город-сад" уруһуй куонкурустарын кыайыылаахтарын наҕараадалаатылар. Кыайыылаахтары социальнай педагог Маргарита Михалева эҕэрдэлээтэ.
Салгыы төгүрүк остуол буолла. Манна сибэкки үүннэрэн, тигээйилэри иитэн дохуот оҥостор кэрэ аҥардар уопуттарын үллэстэ кэлэн олороллор. Ол курдук Чинэкэттэн бэйэ дьыалалаах Мария Орлосова, Бүлүүттэн сибэкки үүннэрээччи Римма Григорьева, Үөһээ Бүлүүттэн оҕуруот арааһын үүннэрэр Светлана Обоева, волонтердар Валентина Семенова, Владимир Семенов кыттыыны ылаллар.
Салгыы маастар-кылаастар, сибэкки, мүөт атыыта буолуохтаах.
"Үөһээ Бүлүү" хаһыат

🏃♂️ Оҕолор сайыны көрсөллөр, төрөппүттэр сэргэхсийэллэр
Россияҕа Дьиэ кэргэн сылын чэрчитинэн "Дьиэ кэргэн өрөбүллэрэ" диэн федеральнай таһымнаах бырайыак чэрчитинэн, бүгүн, ыам ыйын 26 күнүгэр доруобуйаларын хааччахтаах оҕолордоох дьиэ кэргэттэр сайыны көрсө айылҕаҕа тахсан сынньаннылар.
Сэргэх тэрээһини "Эйгэ" этнокомплекс түһүлгэтигэр "Тускул" оҕо киинэ, «Харысхал» аһымал пуонда уонна дьиэ кэргэн уонна ыччат политикатын отдела иилээн-саҕалаан, көҕүлээн тэрийдилэр.
Улуус баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччыта Анна Уларова улуус олоҕор көхтөөх кыттыыны ылар, доруобуйаларынан хаарчахтаах оҕолордоох төрөппүттэргэ улуус баһылыгын аатыттан махтал суруктары туттарда.
Көрбөттөр уопсастыбаларын салайааччыта Айыына Заболоцкая, "Харысхал" өрөспүүбүлүкэтээҕи пулҥда бэрэстэбиитэлэ Зария Мойтохонова эҕэрдэ тылларын эттилэр.
Сонун тэрээһиҥҥэ 12 дьиэ кэргэн кыттыыны ылан, оҕолор оонньоон-көрүлээн, бириис, бэлэх тутан, атын оҕолордуун алтыһан, билсиһэн, төрөппүттэр ирэ-хоро кэпсэтэн, астынан-дуоһуйан тарҕастылар.
"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
@uohee_buluu

Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#тэрээһин
⭐️ Саха Өрөспүүбүлүкэтин Гражданнарын туруктарын аакталарын толорор уорган үлэһиттэрин сэминээрэ
Бүлүү бөлөх улуустарын ГТАС үлэһиттэрэ биир күннээх үөрэхтээһиҥҥэ Үөһээ Бүлүү сиригэр муһуннулар.
Ыалдьыттары "Сааскылаана" оҕо образцовай үҥкүү ансаамбыла эҕэрдэлээтэ.
Улуус салалтатын аатыттан улуус баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччыта Анна Уларова эҕэрдэ тылын этэригэр Үөһээ Бүлүү улууһугар 1927 сылтан гражданнар туруктарын суруйуу саҕаламмытын, бу нэһилиэнньэ олоҕор улахан суолталаах уоргаҥҥа үлэлээн ааспыт дьону иһирэх тылынан ахтан санаан ааста.
СӨ Бырабыыталыстыбатын иһинэн ГТАС салалтатын салайааччыта Дария Слепцова хас биирдии киһи олоҕо ГТАС нөҥүө ааһарын, онуоха хас биирдии үлэһит өрөспүүбүлүкэ, улуус, нэһилиэк историятын суруйалларын, сүрүн докумуоннары толороллорун бэлиэтээтэ.
Ону тэҥэ үлэһиттэргэ олус интэриэһинэй тиэмэлэргэ Дьокуускай куорат ГТАС салаатын салайааччытын солбуйааччыта Ирина Андреева, ГТАС архыыбын салайааччыта Наталья Алексеева иһитиннэрии оҥордулар.
Өрөспүүбүлүкэҕэ барыта 35 ГТАС үлэлиир. Ааспыт сыл устата бу уоргаҥҥа уопсайа 34369 аакта суруллубут.
"Оҕо төрөөһүнэ" суперсервис нөҥүө оҕо төрөөбүтүн туһунан туоһу суругу толорторуу сыллата элбээн иһэр. Олус табыгастаах өҥөнөн былырыын Саха сирин үрдүнэн 4140 киһи туһаммыт. Быйылгы сыл үс ыйын устата номнуо 2050 киһи бу сервис нөҥүө туоһу суругу оҥотторон ылбыт.
Бу сэминээр туһунан "Үөһээ Бүлүү" хаһыат бүгүҥҥү нүөмэригэр, 2-с балаһаҕа ааҕыаххытын сөп.

#планерка
✅ Улуустааҕы Гражданнар туруктарын аакталарын суруйар салалта салайааччыта Татьяна Кардашевская бэс ыйын 7 күнүгэр ыытыллыбыт Бүлүү бөлөх улуустарын ГТАС үлэһиттэрин семинарын туһунан иһитиннэрии оҥордо.
Бу туһунан эрдэ биһиги телеграм ханаалбытыгар сырдатан турабыт.
Бу сигэнэн киирэн көрүөххүтүн сөп.⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️
https://t.iss.one/uoheebuluu/24721
Ону тэҥэ ГТАС (ЗАГС) үлэтин билиһиннэрдэ.
"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Бу туһунан эрдэ биһиги телеграм ханаалбытыгар сырдатан турабыт.
Бу сигэнэн киирэн көрүөххүтүн сөп.⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️
https://t.iss.one/uoheebuluu/24721
Ону тэҥэ ГТАС (ЗАГС) үлэтин билиһиннэрдэ.
"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#Тэрээһин
О.Д.Федорова аатын улуустааҕы киин библиотекаҕа "Мин сааһым - мин баайым" аҕам саастаах дьон декадаларын чэрчитинэн үөрүүлээх тэрээһин буола турар.
Көрсүһүүгэ улууспут талба талааннаах, интэриэһинэй дьарыктаах, кэрэ кэпсээннээх аҕам саастаахтарбыт мустан олох-дьаһах, төрүччү, дьарык, таптал о.д.а. туһунан ирэ-хоро кэпсэттилэр.
Ыҥырыылаах ыалдьыттар Раиса Семеновна, Геннадий Алексеевич Долгуновтар, Диана Дмитриевна Тарасова, Людмила Егоровна Бугулова о.д.а. кэпсээннэрин тардан кыттааччылар болҕомтолорун тартылар.
"Көмүс сүүтүк" түмсүү салайааччыта Елена Афанасьевна Петрова иис кистэлэҥин кэпсээтэ, ийэтэ тикпит быысабай сыттыгын көрдөрдө. Түмсүү кыттыылааҕа Февронья Гаврильевна Чоросова биир да тоһоҕото суох ийэлээх аҕатын шкатулкатын, урут иҥиири хайдах хатаран сап оҥостоллорун кэпсээтэ.
Аҕам саастаахтары ырыаһыттар Юрий Васильев, Ульяна Варварикова, "Санаа ситимэ" литературнай түмсүү, Кэнтик эдэр ийэлэрэ "Арылы Хотун" тэтимнээх үҥкүүнэн киэргэттилэр.