Газета Верхневилюйского района "Үөһээ Бүлүү"
3.87K subscribers
22K photos
4.36K videos
9 files
3.87K links
🗞🗞🗞ТГ-канал редакции https://t.iss.one/uoheebuluu
Предлагайте новости @Uohee_buluu14_bot
🔸 *Мы в ВКонтакте:* vk.com/uoheebuluu
🔸 *Одноклассники:* https://ok.ru/profile/603428848914
🔸 *🔸 *Подписывайтесь по ссылке* https://podpiska.pochta.ru/press/ПИ976
Download Telegram
#сынньалаҥҥа #книгаобзор

📚“Айардар” урут да бэрт этилэр, бу сырыыга эриэккэс кинигэлэрэ ыһар кумах буолбут.

📕 “Күтүөккэ хомолто” диэнтэн биһиэхэ, аҕыйах ыаллаах кытыы сиргэ баар бары күтүөттэр ааҕаары уочаракка турдулар, биир да дьахтары чугаһаппаттар. Онтуларыгар күн аайы сибиэркэ! Чахчы саха киһитин сиэрэ, күүстээх санаата, тулуура уонна өйө көстөр айымньыта!
Ону Сардаана Корякина диэн (кинигэтин кэннигэр өссө илэ саҥарар уонна ыллыыр!) эдэркээн да, кэрэчээн да кыыс суруйбут эбит ээ!😍

Анисим Неустроев
#сынньалаҥҥа #книгаобзор
Үс кут, 📙“Үс купсуун”...

Маайа барахсан, манна биһиэхэ оскуолаҕа үлэлиир Өймөкөөн кыыһын көрдөһүүтүнэн, куораттан Сардаана Сивцева-Саная
“Три кувшина” диэн кинигэтин эмиэ булан аҕалбыт. Доҕоттоор, арааһа ол дойдутун ахтар барахсан, кинигэтин ытыы-ытыы аахпыт.
Аны аймахтарын туһунан буоллаҕа дуу диэн күтүрээн, түргэнник билэ-сэрэйэ охсоору, оскуолаҕа уочарат буолбут!

Кинигэ иһигэр-таһыгар видеолаах, онно отой да саха оҕолордоох курусуун оҕонньоро илэ бэйэтинэн бу кэпсии олорор!

Бэтэрээн эбит ээ!
Ити “Три кувшина”, кырдьык, саха норуотугар чуо сыһыаннаах буолан таҕыста.

❤️ Хата, сэһэн бүтүүтүгэр киһи санаата көтөҕүллүөх, ыраах Грузияны кытта аймахтаспыппыт мээнэҕэ буолумаарай дэһэбит.

Анисим Неустроев
#сынньалаҥҥа, #книгаобзор

📘Оһолу-моһолу туораан...

Константин Эверстов биллэр суруйааччы.
Бу сырыыга, ыксаллаах майгыга, анал эпэрээссийэ эҥин саҕана, киһини толкуйдатар үчүгэй кинигэтэ бэчээттэммит.
Биһиги олохпутугар Чечня, Афган, Хапкаас да сиригэр айдааннар бааллара...
Ол барыта син биир биһигини ханан эмэ таарыйан аастаҕа.
Ити сиэринэн анаардахха, бүгүҥҥү балаһыанньа тула төбөнү үлэлэтэргэ, өйү-санааны иитинэргэ суруйааччы олус да үчүгэй “мэҥиэни” ааҕааччыга быраҕан биэрбит.

🌞Күн киһитин күҥҥэ 44 моһол күүтэр дииллэр, олору туоруу сатыырбыт булгуччулаах диэн санааны иитэр үчүгэй кинигэ.📕👍

Анисим Неустроев

❤️Күндү хаһыаппыт сурутааччылара, өрөбүл күннэргитин туһалаахтык атаарыҥ❤️
#үөһээбүлүүхаһыат
#сынньалаҥҥа

Үөһээ Бүлүү олохтоохторун Сунтаардааҕы норуот тыйаатыра ыҥырар🎭🎭🎭

Аныгылыы көрүүнэн туруоруллубут Анемподист Иванович Софронов-Алампа "Олох дьэбэрэтэ" драматын кэлэн көрүҥ, сэргээҥ, тыйаатыр кэрэ эйгэлиин алтыһыҥ🤗🤗🤗

🎭 Кулун тутар 31 күнүгэр,
киэһэ 1️⃣8️⃣ чаастан.
Туруорааччы режиссер -ДИНИСЛАМ ТУУЙАС.
Буолар сирэ: ҮӨДҮГЭЙДЭЭҔИ КУЛЬТУРА КИИНЭ
Билиэт сыаната: 4️⃣0️⃣0️⃣ солк.
Билсэр төл: 89841062655
Кэлэн көрүҥ, истиҥ, сыаналааҥ!🫶🏻🫰🏻
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
#сынньалаҥҥа
🌱Сайын бэлэҕэ - сайыҥҥы кэнсиэр маҥнайгы байааннаах ырыатын чааһа саҕаланна👏👏👏👏😍

🎥түгэннэри⤵️⤵️комментарийга көрүҥ❤️

#Үөһээбүлүүхаһыат
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
#сынньалаҥҥа
🌱Сайын бэлэҕэ🌱
Күндү көмүс куоластаах, ытык мааны киһибит Лидия Степановна Афанасьева толоруутугар байааҥҥа попурри❤️👏👏👏👏👏👏
#Үөһээбүлүүхаһыат
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
#сынньалаҥҥа
🎦🎦🎦

Саха сирин биир талааннаах артыыһа Дмитрий Баишев мас хайытыытыгар тус албаһын үллэстэр👍🏻

Күлэ түһүөххэ, олохпутун уһатыахха😄

#үөһээбүлүүхаһыат