Газета Верхневилюйского района "Үөһээ Бүлүү"
3.89K subscribers
22.1K photos
4.36K videos
9 files
3.87K links
🗞🗞🗞ТГ-канал редакции https://t.iss.one/uoheebuluu
Предлагайте новости @Uohee_buluu14_bot
🔸 *Мы в ВКонтакте:* vk.com/uoheebuluu
🔸 *Одноклассники:* https://ok.ru/profile/603428848914
🔸 *🔸 *Подписывайтесь по ссылке* https://podpiska.pochta.ru/press/ПИ976
Download Telegram
#баһылыкотчуота
#ороһу

Ороһу нэһилиэгэр бүгүҥҥү отчуот кутурҕан түгэнтэн саҕаланна...

Ороһу нэһилиэгэ байыаннай дьайыыга үс киһитин сүтэрдэ😞

Хаарыан үс ыччаппыт: Котоконов Егор Михайлович, Егоров Ньургун Сергеевич уонна Моюлосов Геннадий Никитич сырдык тыыннарын толук уурдулар...

Икки уол уһун айаны айаннаан, дойдуларыгар, төрөөбүт төрүт буордарыгар хараллыахтара.

Уолаттары кытта бырастыылаһыы чэппиэр күн, ол эбэтэр тохсунньу 18 күнүгэр Ороһу нэһилиэгин олохтоох кулуубар буолуоҕа.

Үс бүк кутурҕан, үс бүк сүтүк... 🕯️🕯️🕯️

Быдан дьылларга быраһаайдарыҥ, уолаттарбыт барахсаттар😢

@ulusmedia
@uoheebuluu
#баһылыкотчуота
#ороһу

Ороһу орто оскуолатын тутуута хаһан салгыы ыытылларын туһунан бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор Анна Степановна Ласточкина туоһуласта.

Бэлиэтээн этэр буоллахха, 120 үөрэнээччигэ анаммыт баараҕай тутуу сыбаайата түһэн турар👍🏻

Ыйытыкка улуустааҕы промышленность уонна тутуу управлениетын салайааччыта Николай Дмитриев хоруйдуур.

@ulusmedia
@uoheebuluu
#баһылыкотчуота
#ороһу
#манчаарыоонньуулара

"Успех, который сложно повторить" диэн 2017 сыллаахха биһиги улууспутугар ыытыллыбыт XX-c үбүлүөйдээх оонньуулары бүүс-бүтүннүү кэпсиир, көрдөрөр кинигэ-альбом, бэртээхэй нэһилиэстибэ күн сирин көрдө🤩👏🏻👏🏻👏🏻

Бу туһунан кинигэҕэ үлэлэспит дьонтон биир чулуулара, улуустааҕы кииннэммит бибилэтиэкэ дириэктэрэ Наталья Кирилловна Петрова киэн тутта кэпсиир👍🏻👏🏻

@ulusmedia
@uoheebuluu
#Бырабыыталыстыбаотчуота
#Ороһу

Ороһу сынньалаҥ киинин дириэктэрэ Анна Артуровна оҕо сахалыы бырагырааманан оскуолаларга үөрэниэхтээҕин туруоруста.

Маныаха Николай Прокопьевич бу кыһалҕа сытыытык турарын бэлиэтээтэ. Үөрэх управлениета, министиэристибэтэ элбэхтик кэпсэтэн, толкуйдаан, араас кэмпириэнсийэлэри ыытан биир санааҕа кэлиэххэ сөбүн ыйда.
#Бырабыыталыстыбаотчуота
#Ороһу

- Норуот педагогикатын музейын салайааччыта Раиса Васильева музей тутуутун туруоруста.

- Олохтоох Валентин Лебедкин баһаарынай чааска штат көрүллэрин көрдөстө

- СВО кыттыылаахтарыгар көмө харчыны анааһыны, льготалары көрөллөрүгэр этиннилэр
#Бырабыыталыстыбаотчуота
#Ороһу #СВО

Анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар тустаах көмө бара турарын туһунан гражданскай оборона дьыалаларын миниистирин солбуйааччы Никита Павлов иһитиннэрдэ.

Нэһилиэнньэни кытары биирдиилээн үлэлэһэн, сүппүт байыастары көрдүүргэ, чаастарын хамандыырдарын кытары сибээскэ тахсан ыйыталаһаллар, сураһаллар эбит.

Никита Александрович: "Бэйэ-бэйэбитин харыстабыллаахтык сыһыаннаһыаххайыҥ. Интэриниэт ситимигэр кэлэр провокационнай видеоларга киирэн биэримэҥ, мэнээх тарҕатымаҥ. Кыайыыга эрэллээхпит! - диэтэ.

@uoheebuluu
#Бырабыыталыстыбаотчуота
#Ороһу

Ороһу орто оскуолатын учуутала Федора Алексеевна Васильева саха оҕотун иитиитигэр санааларын этэн туран уонна Норуот педагогикатын музейа тутулларыгар баҕа санаалаах үп-харчы миниистирин солбуйааччытыгар Николай Прокопьевичка сабыс-саҥа буруолуу сылдьар "Норуот педагогикатыгар тирэҕирэн" кинигэни бэлэх уунна.

@uoheebuluu