Газета Верхневилюйского района "Үөһээ Бүлүү"
3.87K subscribers
22K photos
4.36K videos
9 files
3.87K links
🗞🗞🗞ТГ-канал редакции https://t.iss.one/uoheebuluu
Предлагайте новости @Uohee_buluu14_bot
🔸 *Мы в ВКонтакте:* vk.com/uoheebuluu
🔸 *Одноклассники:* https://ok.ru/profile/603428848914
🔸 *🔸 *Подписывайтесь по ссылке* https://podpiska.pochta.ru/press/ПИ976
Download Telegram
#егэ #ситиһии #кыһа

⭐️ Үөһээ Бүлүүттэн Евдокия Николаева историяҕа биир кэлим эксээмэни 100 баалга туттарда

Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн история предметигэр муҥутуур баалы ылбыт бастакы выпускник буолла.

Евдокия 9 кылааһы Үөһээ Бүлүүтээҕи лицей-интернаты бүтэрэн баран салгыы Норуоттар икки ардыларынааҕы Арктика оскуолатын ааспыт сылга түмүктээбитэ.

Былырыын нуучча тылын 100 баалга туттаран Ил Дархан Айсен Николаевтан 100 тыһыынчалаах бириэмийэни ылбыта.

"Былырыын бааллара үрдүк этэ, хас да үрдүк үөрэхтэн 100 бааллаах выпускник диэн биһиэхэ киирэн үөрэн диэн ыҥырбыттара. Ону эһиил туттарыам диэн биир сыл үөрэхтэн сынньанан, чопчу ханнык үөрэххэ киирэрбин толкуйдуом диэн докумуоннарын биэрбэтэҕэ.
История предметин таах туттарбакка хаалбыппын диэн быйыл эбии историяны уонна английскай тылы туттарда. Билигин омук тылын эксээмэнин түмүгүн күүтэбит. Историяны туттарарыгар Үөһээ Бүлүүтээҕи лицей выпускнигын быһыытынан туттарда. Онон бу ситиһии улуус туһатыгар ааҕыллар", - диэн Евдокия ийэтэ Лариса Семеновна Верховцева кэпсээтэ.

Оттон Евдокия аҕата Василий Валерьевич Николаев улууспут Аҕа баһылыга Валерий Николаев бииргэ төрөөбүт быраата. Николаевтар дьиэ кэргэттэригэр, аймахтарыгар биир кэлим эксээмэни 100-түү баалга туттарбыт ыччаты иитэн таһаарбыккытынан эҕэрдэ бастыҥа буолуохтун!

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM