Газета Верхневилюйского района "Үөһээ Бүлүү"
3.84K subscribers
21K photos
4.16K videos
9 files
3.66K links
🗞🗞🗞ТГ-канал редакции https://t.iss.one/uoheebuluu
Предлагайте новости @Uohee_buluu14_bot
🔸 *Мы в ВКонтакте:* vk.com/uoheebuluu
🔸 *Одноклассники:* https://ok.ru/profile/603428848914
🔸 *🔸 *Подписывайтесь по ссылке* https://podpiska.pochta.ru/press/ПИ976
Download Telegram
#ойуурбаһаара

Ойуур баһаара Быракаантан 5 км тэйиччи суолга тахсан эрэр

Уот суолга тахсыбатын туһугар күүстээх үлэ барар. Суолга таҕыстаҕына, Өргүөт нэһилиэгин диэки барар куттала улаатар.

Үөһээ Бүлүү баһаарынай этэрээтин 3 массыыната көмөҕө таҕыста. Дэриэбинэ кытыытыгар дьуһуурустубаҕа тураллар.

Дьокуускай куораттан баһаарынайдар көмөҕө иһэллэр.
Билигин 60-тан тахса киһи үлэлии сылдьар.

Ойуур баһаарыгар үлэлиир дьон көмөтө ирдэнэр. Көмөлөһүөн баҕалаах дьон лесхоз дьиэтигэр тиийэргитин күүтэллэр. Үчүгэйдик тэринэн, үс күҥҥэ аһыыр астаах, туттар тэриллээх тиийиэххитин наада.

@uoheebuluu
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#ИннибитХотуБарыБииргэ
#ойуурбаһаара

🕊Бүгүн киин балыыһа кэлэктиибэ Үөдүгэйгэ ойуур баһаарын бохсо сылдьар дьоммутугар эмтэри, маарыла, инчэҕэй салфеткалары, кумаар эмтэрин, сиэккэлээх сэлээппэлэри аҕалан туттарда.

Дьоммут - сэргэбит өйөбүлэ бу ыарахан усулуобуйаҕа ойуур баһаарын умуруорууга үлэлии сылдьар дьоммутугар күүстэригэр күүс, сэниэ эбэр🙌

Махтанабыт, күүс-көмө, өйөбүл буолар дьоммутугар

Иннибит хоту бары бииргэ

#Үөдүгэйсонуннара
#ойуурбаһаара

Ойуур баһаардарыгар тэрилтэлэртэн дьон үлэлии тахсара ирдэннэ

Улуус дьаһалтатын аактабай саалатыгар ойуур баһаардарыгар нэһилиэнньэттэн дьону ыытыы боппуруоһун тула мунньах буолла.

Улуус баһылыга Валерий Николаев тэрилтэлэртэн 3 улахан ойуур баһаарыгар суһаллык эбии дьон үлэлии тахсыахтааҕын туһунан эттэ. Биирдии баһаарга 30-туу киһи тахсара ирдэнэр. Маныаха тэрилтэлэри биирдиилээн ыйан туран кубуота быһылынна.

Өргүөт, Үөдүгэй, Маҥаас, Быракаан нэһилиэктэригэр уонна Куду учаастагар ыксаллаах балаһыанньа биллэриллэн, бэлэмнээх буолуу кытаанах эрэсиимин ылыннылар.

Күн бүгүн улууска уопсайа 11049 гектар иэннээх 8 ойуур баһаара умайа турар. Манна уопсайа холбоон 226 киһи үлэлии сылдьар. Мантан баһаарынай химическэй станцияттан - 47, ойуур харыстабылын тэрилтэтиттэн - 3, баһаарынай парашютнай сулууспаттан - 12, десантнай баһаарынай сулууспаттан - 25, ыксаллаах быһыы-майгы сулууспатыттан - 12, улуустааҕы баһаарынай этэрээттэн 18 байыас, мобилизация көмөтүнэн баҕа өттүнэн 109 киһи тахсыбыт.

Ойуур хаһаайыстыбатын тэрилтэтин салайааччыта Павел Тимофеев киһи отой тиийбэтин, биирдии баһаарга 6-лыы, элбээбитэ 12-лии эрэ киһи үлэлии сылдьарын иһитиннэрдэ. Мобилизацияны күүһүрдэн, дьон тахсыытын хааччыйалларыгар ыҥырда. Бүгүн 14:00 чааска бөртөлүөт көтүүтэ былааннанар. Ойуур баһаардарыгар дьону илдьиэҕэ.

Баһаары умуруоруу үлэтигэр тахсар дьон сөптөөхтүк таҥнан-саптан, туттар тэриллээх, үс күҥҥэ аһыыр сухой пакеттаах, иһэр уулаах
Лесхоз тэрилтэтигэр эбэтэр олохтоох дьаһалтаҕа кэлэрбитин күүтэллэр. Биир күннээҕи хамнас илиигэ ыларынан 2900 солкуобайга тэҥнэһэр.

Күөх чээлэй ойуурдарбытын, халыҥ сис тыаларбытын уоттан өрүһүйүөххэ🙌

Ойуур - сир-дойду тыҥата буоларын умнумаҥ🙌


"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#ойуурбаһаара #көмө

⭐️ Нам нэһилиэгин олохтоохторо ойуур баһаарыгар үлэлии сылдьар дьоҥҥо көмөлөрүн бородууктанан хомуйан, аҕалан ойуур хаһаайыстыбатын тэрилтэтигэр тиксэрдилэр.

@uohee_buluu
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#ойуурбаһаара

Үөдүгэй сиригэр турбут ойуур баһаара уҥуортан маннык көстөр эбит

Подписчиктар ыыталлар

@uohee_buluu
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#ойуурбаһаара

Кудуга ойуур баһаарын бохсууга күүстээх үлэ салҕанар. Үөдүгэйтэн бүгүн 18 буолан тахсан тыраахтыр тардыбыт минерализованнай балаһатын кэҥэтиигэ, чиҥэтиигэ тэтимнээх, эрчимнээх үлэ барда.

Иннибит хоту бары бииргэ бу курдук түмсүүлээхтик ойуур баһаарын умулуннарыыга үлэлэһиэҕиҥ 🙌

#Үөдүгэйсонуннара
#ойуурбаһаара

⭐️ Хоро нэһилиэгин дьаһалтата ойуур баһаарыгар үлэлиир дьоҥҥо гуманитарнай көмөнү ыытта.

Ол курдук, бородуукта арааһын бэлэмнээн Боотулуу нэһилиэгэр аадырыстаан ыыттылар.

Күн бүгүн Боотулуу нэһилиэгиттэн 6 киһи Сургуулук Түҥүгэр турбут ойуур баһаарыгар үлэлии сылдьар.

@uoheebuluu
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#ойуурбаһаара

⭐️ Дүллүкү, Хомустаах, Хоро нэһилиэктэриттэн эр дьон түмсэн, Кырыкый сиригэр турбут ойуур баһаарыгар уоту бохсууга күүс-көмө буола бардылар.

@uoheebuluu
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#ойуурбаһаара

Суукка устата 8 ойуур баһаарын тохтоттулар

СӨ Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспата иһитиннэрбитинэн, уопсайа 105 тыһыынча га иэннээх ойуур баһаарын тохтоттулар: Алдаҥҥа - 3, Верхоянскайга - 1, Бүлүүгэ - 1, Кэбээйигэ-1, Мииринэйгэ - 1, Нерюнгрига – 1.

Бу туһунан сарсыардааҥы брифиҥҥэ СӨ «Авиалесоохрана» ГБТ салайааччыта Владимир Леонов иһитиннэрдэ.

Ону сэргэ бу кэмҥэ 3 тыһ. га иэннээх 4 ландшафтнай (айылҕа содулуттан) уонна 5 ойуур баһаара көһүннэ.

Ойуур уотун бохсооччулар көмөлөрүнэн 49 тыһыынча га иэннээх 8 ойуур баһаарын эргийэн, Үөһээ Бүлүү, Бүлүү, Горнай, Ньурба, Өлүөхүмэ, Сунтаар улуустарыгар хонтуруолга тутан тураллар.

Бүгүҥҥү күҥҥэ 14 оройуон территориятыгар 66 ойуур баһаара умайа турар: Абыйга, Үөһээ Бүлүүгэ, Верхоянскайга, Бүлүүгэ, Горнайга, Эдьигээҥҥэ, Кэбээйигэ, Ленскэйгэ, Мииринэйгэ, Ньурбаҕа, Өлүөхүмэҕэ, Орто Халымаҕа, Сунтаарга уонна Уус-Дьааҥыга.

Ойуур уотун умуруорууга 1 680 киһи сылдьар, 166 тиэхиньикэ үлэлиир. Баһаартан сэрэхтээх буолуу дьыл кэмэ биллэриллиэ- ҕиттэн 2 399 783,91 га иэннээх сири ылбыт 849 ойуур баһаара тохтотулунна.

Күн бүгүн Саха сиригэр федеральнай уонна регионнааҕы таһымнаах ойуурдарга ыксаллаах быһыы-майгы эрэсиимэ олохтонон турар.

Оттон муниципальнай суолталаах ыксаллаах быһыы-майгы эрэсиимэ Бүлүү, Үөһээ Дьааҥы, Үөһээ Бүлүү, Горнай, Кэбээйи, Сунтаар уонна Өлүөхүмэ улуустарыгар биллэриллэн турар.

Бэс ыйын 26 күнүттэн СӨ Ил Дарханын Ыйааҕынан өрөспүүбүлүкэ территориятыгар баһаартан сэрэхтээх буолуу оһуобай эрэсиимэ биллэриллэн турар.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM