Forwarded from Валерий Николаев, Глава Верхневилюйского района
Ытыктабыллаах учууталлар, педагогическай үлэ бэтэрээннэрэ!
Эһигини "Үөһээ Бүлүү улууһа" муниципальнай оройуон дьаһалтатын аатыттан итиэннэ тус бэйэм ааппыттан идэлээх бырааһынньыккытынан – Учуутал күнүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин!
Алтынньы 5 күнүгэр чугастык, сылаастык, истиҥник саныыр, ахтар, ытыктыыр дьоммутун - учууталлары чиэстиибит.
Учуутал идэтэ туохха да тэҥнэммэт үрдүк эппиэтинэстээх. Учуутал хас биирдиибит олоҕор олус суолталаах, үөрэх-билии аанын арыйар, хараҥаҕа сырдыгы аҕалар тутаах киһи буолар.
Биһиги бары учууталларбытын үйэбит тухары махталынан эрэ ахтабыт.
Учуутал идэтин суолтата уонна анала сылтан-сыл үрдээн, кэҥээн иһэр.
Учуутал сүрүн соруга –
кэнчээри ыччаты үөрэххэ угуйуу, киэҥ толкуйдаах уонна эппиэтинэстээх гынан иитэн таһаарыы.
Биһиги улууспутугар билигин учууталларга улахан болҕомто ууруллар. Ол курдук, дьиэнэн-уотунан хааччыйыыга, учуутал социальнай статуһун үрдэтэргэ тустаах үлэ ыытыллар.
Бу күннэргэ улууспут учууталларын, оскуолалар дириэктэрдэрин, үөрэҕэрии салалтатын исписэлиистэрин кытта элбэх үлэ көрсүһүүлэрэ ыытылыннылар. Сүрүн көтөҕүллэр тиэмэ - улууска үөрэҕэрии таһымын үрдэтии. Бу сыалы ситиһэргэ биһиги учууталларбытын бастатан туран өйүөхтээхпит. Учуутал илиитигэр кэлэр көлүөнэ дьылҕата баарын хаһан да умнуо суохтаахпыт. Учууталга үлэлииригэр, сайдарыгар бары усулуобуйа тэриллэрин ситиһиэхтээхпит.
Бу бэлиэ күҥҥэ баҕарыам этэ учууталларга айымньылаах, таһаарыылаах, ситиһиилээх үлэни. Идэҕитигэр бэриниилээх буолуугут кыыма, оҕоҕо истиҥ тапталгыт хаһан даҕаны уостубатын!
Эһиги сыралаах уонна бэриниилээх үлэҕитигэр сүгүрүйэбит уонна махтанабыт!
#ДеньУчителя
#УчууталКүнэ
#ВерхневилюйскийУлус
t.iss.one/ValeriNikolaev