Верхневилюйский район 💯 РГ "Үөһээ Бүлүү"
3.85K subscribers
20.9K photos
4.15K videos
9 files
3.63K links
🗞🗞🗞ТГ-канал редакции https://t.iss.one/uoheebuluu
Предлагайте новости @Uohee_buluu14_bot
🔸 *Мы в ВКонтакте:* vk.com/uoheebuluu
🔸 *Одноклассники:* https://ok.ru/profile/603428848914
🔸 *🔸 *Подписывайтесь по ссылке* https://podpiska.pochta.ru/press/ПИ976
Download Telegram
Бүгүн, бэс ыйын 27 күнүгэр Дьокуускай куоракка үлэ сырыытынан Ил Дархан Айсен Сергеевич Николаев сорудаҕынан Үөһээ Бүлүүгэ Култуура дыбарыаһын тутуутун бырайыактааһын заданиятын оҥоһуллуутун туһунан Саха Өрөспүүбүлүкэтин култуураҕа уонна духуобунаска миниистирин Афанасий Иванович Ноевы кытта мунньахтыы кэллибит.

Мунньахха улуус баһылыгын экономикаҕа солбуйааччыта Саргылана Васильевна Алексеева, улуус баһылыгын дьаһалта дьыалатын салайыыга солбуйааччы Михаил Михайлович Егоров уонна Үөһээ Бүлүү улууһун култуура департаменын салайааччыта Айталина Михайловна Мойтохонова буолан көрүстүбүт.

Мунньахха Култуура дыбарыаһын ис, тас туругун, дьүһүнүн, бырайыагын, архитектуратын былааннастыбыт.

#ДворецКультуры
#ВерхневилюйскийУлус

t.iss.one/ValeriNikolaev

Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыгын үпкэ уонна экономикаҕа солбуйааччы Саргылаана Васильевна Алексеева уонна улуус култууратын департаменын салайааччыта Айталина Михайловна Мойтохонова Намнааҕы М.К. Аммосов аатынан Култуура уонна духуобунай сайдыы дыбарыаһын көрдүлэр, үлэтин-хамнаһын билистилэр.

Үөһээ Бүлүү улууһун делегациятын Нам улууһун култуура салалтатын салайааччытын солбуйааччы Гоголев Андрей Прокопьевич көрсөн дьэрэкээн дьүһүннээх, аныгыы тутуулаах култуура дыбарыаһын дьиэтин көрдөрдө, тутуу ымпыгын-чымпыгын кэпсээтэ.

5000 тахса квадратнай миэтэрэ иэннээх, 3 этээстээх дьиэҕэ улуустааҕы загс, киин библиотека, норуот айымньытын дьиэтэ, оҕо модельнай библиотеката, галерея, история уонна этнография түмэлэ, 400 миэстэлээх кэнсиэртиир зал түмүллэн таһаарыылаахтык үлэлииллэр.

Култуура дыбарыаһын Алроса акционернай хампаанньыйа өйөбүлүнэн Кэлэр көлүөнэ пуондата 2022 сыллаахха тутан үлэҕэ киллэрбитэ.

Үөһээ Бүлүү улууһугар Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын Айсен Николаев сорудаҕынан Култуура Дыбарыаһын концепциятын оҥорууга Саха Өрөспүүбүлүкэтин култуураҕа уонна духуобунаска министиэристибэтин кытта кэккэ үлэ бара турар.

#ДворецКультуры
#ҮөһээБүлүү

t.iss.one/ValeriNikolaev