Газета Верхневилюйского района "Үөһээ Бүлүү"
3.88K subscribers
22.1K photos
4.36K videos
9 files
3.88K links
🗞🗞🗞ТГ-канал редакции https://t.iss.one/uoheebuluu
Предлагайте новости @Uohee_buluu14_bot
🔸 *Мы в ВКонтакте:* vk.com/uoheebuluu
🔸 *Одноклассники:* https://ok.ru/profile/603428848914
🔸 *🔸 *Подписывайтесь по ссылке* https://podpiska.pochta.ru/press/ПИ976
Download Telegram
#грант

⭐️ "НКО Якутии - вместе вперед!" уопсастыбаннай десант Үөһээ Бүлүүгэ үлэлиир

Улуус дьаһалтатын аактабай саалатыгар гражданскай уопсастыбаны сайыннарарга туһуламмыт СӨ Ил Дарханын Граннарын туһунан сырдатар семинар саҕаланна.

Ил Дархан Граннарын кыайыылаахтара бэйэлэрин уопуттарын үллэстэ, сүбэ-ама биэрэ кэллилэр.

Бүгүҥҥү күн устата социальнай бырайыактааһын, НКО регистрациятын уонна отчуотун, аччыгый уонна орто урбааҥҥа өйөюүл, түөлбэни (ТОС) регистрациялааһыны юридическай өттүнэн көрдөрүү, туһунан кэпсиэхтэрэ.

Маны сэргэ хас да былаһаакка тэҥинэн үлэлиир. Ол курдук, "Якутия" технопарк үлэтин уонна инновационнай бырайыактары өйөөһүн туһунан сырдатыахтара. Байыаннай дьайыыга сулууспалыы сылдьар байыастар дьиэ кэргэттэрин кытта биирдиилээн көрсөн кэпсэтиэхтэрэ. Социальнай хантыраак туһунан тыа хаһаайыстыбатын быоаһааккатыгар кэпсэтиэхтэрэ.

Граннарга кыттар туһунан докумуон толоруу үлэтин билиэн баҕалаахьар, түөлбэни докумуон өттүнэн көмүскэллээх буоларыгар кыһаллар дьон, бэйэ дьарыктаахтар салгыы сайдыахтарын баҕарар буоллаххытына, бу күн устата улуус дьаһалтатын аактабай саалатыгар кэлэн истиэххитин сөп.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#грант

⭐️ Култуура эйгэтин көҕүлээһиннэригэр Президент пуондатын иккис грант куонкуруһун түмүгэ билиннэ.

Пуонда тэриллиэҕиттэн бу 12-с сүүмэрдээһин буолла.

Гранынан өйөбүл иккис сүрүн куонкурсугар сайаапкалары тохсунньу 11 күнүттэн олунньу 20 күнүгэр диэри туппуттара. Бу кэм устата 10 758 сайаапка киирбит.

Бу киирбит сайаапкалартан 7 бырайыак Саха сириттэн кыайыылаах аатын ылла! Ол иһигэр Үөһээ Бүлүү улууһун Үөдүгэй нэһилиэгин бырайыага киирдэ.👏👏👏

⭐️ Үөдүгэй нэһилиэгин "Ситис" уопсастыбаннас координационнай Сэбиэтэ социальнай эйгэни сайыннарыы уопсастыбаннай тэрээһинэ култуура, искусство
уонна креативнай индустрия эйгэтигэр эдэр талааннары көрдөөһүҥҥэ уонна өйөөһүҥҥэ анаммыт "Чехов ҥа якутском" бырайыага кыайыылаахтар ахсааннарыгар киирдэ.

Уонна бу бырайыак 213 506 солкуобайдаах федеральнай пуонда өйөбүлүн ылар буолла.

Бырайыак салайааччыта Тамара Саввинова, кииннэммит бибилэтиэкэ ситимин дириэктэрэ.

Үөдүгэйдэр бырайыактара олоххо киирэн, улуус, өрөспүүбүлүкэ култууратын эйгэтэ сайдарыгар, инникигэ хардыылыырыгар төһүү күүс буоллун!

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
@uoheebuluu
@ulusmedia_admin
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#годдетства #грант #басхан

Саха сирин оҕо хамсааһынын сайдыытыгар анаммыт 🏆Ил Дархан Гранын кыайыылаахтарынан ааттаннылар Үөһээ Бүлүүтээҕи "Тускул" оҕо киинин "Сомоҕо" оҕо хамсааһынын «БАСХАН" бырайыага (салайааччылар - Ильина Саргылана Лукична, Николаева Алена Геннадиевна) уонна Ороһу орто оскуолатын "Оҕо саас кустуга" бырайыак ( салайааччы Кысылбаикова Татьяна Гаврильевна)

Эҕэрдэлиибит 👍🏻👏🏻👏🏻👏🏻✊🏻✊🏻✊🏻
Саргылана Ильина
@uoheebuluu