Газета Верхневилюйского района "Үөһээ Бүлүү"
3.87K subscribers
22K photos
4.35K videos
9 files
3.86K links
🗞🗞🗞ТГ-канал редакции https://t.iss.one/uoheebuluu
Предлагайте новости @Uohee_buluu14_bot
🔸 *Мы в ВКонтакте:* vk.com/uoheebuluu
🔸 *Одноклассники:* https://ok.ru/profile/603428848914
🔸 *🔸 *Подписывайтесь по ссылке* https://podpiska.pochta.ru/press/ПИ976
Download Telegram
#бырабыыталыстыбаотчуота

СӨ былаас уорганнарын үлэтин Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччыта Джулустан Борисов сырдатта.

Джулустан Анатольевич биир дойдулаахпыт, Үөһээ Бүлүүгэ төрөөбүт-үөскээбит киһи, 40-ча сыл устата Москва куоракка үлэлээн, ааспыт сылтан бэрэссэдээтэл солбуйааччытынан ананан үлэлии олорор.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#бырабыыталыстыбаотчуота

КУМИ дириэктэрэ Артем Филиппов хамнас боппуруоһун ыйытта. Специалистар орто хамнастара, төһө да стимулирующай чааһа эбиллибитин да үрдүнэн, хамнас алын кээмэйигэр тиийбэтин бэлиэтээн туран, үрдэтии боппуруоһун боротокуолга киллэрэллэригэр көрдөстө.

Артем Владимирович этиитэ боротокуолга киирдэ.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#бырабыыталыстыбаотчуота

50 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтээбит Үөдүгэй нэһилиэгин "Сардаана" оҕо уһуйаана олус эргэ дьиэҕэ үлэлии олорор. Сэбиэдиссэй Марианна Стручкова саҥа дьиэ тутуутун боппуруоһа хайдах быһыылаахтык түргэтиэн сөбүн ыйытта.

"Үөрэх министиэристибэтин эбийиэктэрин тутууга бу оҕо саада 12-с миэстэҕэ сылдьар, бырайыагын, сметатын докумуоннара оҥоһулуннаҕына уочарата өссө инники тахсан биэриэҕэ" - диэн СӨ экономика миниистирэ Петр Попов хоруйдаата.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#бырабыыталыстыбаотчуота

Историческай билим доктора, "Бүлүү" экологическай түмсүү бэрэссэдээтэлэ Никита Архипов СӨ бэрэссэдээтэлин тыа хаһаайыстыбатын боппуруостарыгар солбуйааччыта миэстэтин сөргүтэллэригэр, этиитин боротокуолга киллэрэллэригэр көрдөстө.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
#бырабыыталыстыбаотчуота

Үөдүгэй нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, "Иэйии" сынньалаҥ киинин дириэктэринэн 20-тэн тахса сыл үлэлээбит Виктория Павлова 280 миэстэлээх Үөдүгэйдээҕи сынньалаҥ киин тутуутун боппуруоһун туоһуласта.

Бу киин тутуута 68-с миэстэҕэ турар эбит. Бастакы уочаракка Хомустаахха култуура киинин тутуута сылдьар.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#бырабыыталыстыбаотчуота

Үөрэх управлениетын салайааччыта Спиридон Борбуев тиэхиньикэ гааһынан хааччылыннаҕына субсидияланарын бэлиэтээн туран, балаһыанньатыгар метан гааһынан эрэ диэн ыйыллыбытын эттэ. Маныаха Бүлүү бөлөх улуустарыгар пропанынан эрэ хааччыллан олорорун ыйда. Метаны сэргэ пропан диэн киллэттэрэри курдук үлэлэтэллэригэр көрдөстө.

Учууталлар хамнастарын култуура, бибилэтиэкэ үлэһиттэрин хамнастарыгар тэҥнииллэригэр этиннэ.

Үөрэх эйгэтин эбийиэктэрин тутуутун, улуус дивиденин суумата баһа-атаҕа биллэрин бэлиэтээн туран, инвестиционнай бырагыраамаларга киллэрэллэригэр этиннэ.

М.А.Алексеев аатынан өрөспүүбүлүкэ таһымнаах лицей-интернат үлэҕэ, үөрэххэ көрдөрүүтэ улуус үөрэҕириитин уопсай көрдөрүүтүгэр холбуу тутан көстөрүгэр баҕа санаатын этиннэ.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#Бырабыыталыстыбаотчуота

Харбалаах орто оскуолатын дириэктэрэ Васмар Руфов элбэх дьону долгутар тыын боппуруостарга тохтоон ааста. Ол курдук, эдэр салайааччы бастатан туран оҕону сааһыттан, кылааһыттан тутулуга суох босхо аһатыыны хааччыйарга үлэ тоҕо барбатын, үөрэх босуобуйалара, кинигэлэрэ федеральнай үптэн тоҕо көрүллүбэтин туоһуласта.

Итиэннэ оҕоҕо көрүллэр көмө харчы (билигин көрүллэр араас төлөбүрдэр, оҕоҕо төлөнөр босуобуйалар) төрөппүтүттэн тутулуга суох барыларыгар төлөнүөхтээҕин бэлиэтээтэ. Ыал баайа-дуола, дьиэтэ, тиэхиньикэтэ манна сабыдыаллыа суохтааҕын ыйда.
Маны сэргэ, Исиидэр Бараахап төрөөбүт дойдутугар 90 миэстэлээх орто оскуола уонна 40 миэстэлээх оҕо саада биир бастакынан тутуллуохтааҕын эттэ. Дириэктэр этэринэн, бырайыага бүтэн, государственнай экспертизаны ааспакка турарын санатта. Бу тутуу уочаракка үһүс миэстэҕэ турар. Боротокуолга киллэриэх, бу боппуруостар тула үлэ ыытыах буоллулар.

@ulusmedia
@uoheebuluu
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#Бырабыыталыстыбаотчуота
#Куду

Олохтоох депутат Варвара Васильева Үөдүгэйтэн 28 км ыраах сытар Куду участагар күөх төлөн киирэ илигин бэлиэтээтэ. Кудуга 20 ыал олорор. Квартальнай котельнай хаьан тутуллуой диэн ыйытта.

Итиэннэ З0 миэстэлээх оскуола-саад тутуута хаһан быһаарыллыаҕын туоһуласта.

Отчуокка этиллибит боппуруостары, онно хоруйдары сиһилии улуус хаһыатыгар уонна Верхневилюйск-газета.РФ сайтпытыгар ааҕыаххыт.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
#бырабыыталыстыбаотчуота
#сво

Анал байыаннай дьайыыга сулууспалыы сылдьар уол оҕолоох ийэ Валентина Тарасова араанньы буолбут байыастарга регионнааҕы биир кэмнээх көмө харчы биирдэ эрэ төлөнөрүн ыйан туран, иккистээн төхтөрүйэн араанньы буоллахтарына, федеральнай төлөбүр курдук, иккис төгүлүн төлөнүөхтээҕин ыйда. Бу боппуруоһу көрөллөрүгэр этиннэ.

Итиэннэ байыас ыал буолбатах, бэйэтэ төрөппүт оҕото суох буоллаҕына, ийэтин, аҕатын сэргэ бииргэ төрөөбүттэрин (Эдьиий, убай, балыс, быраат) анал байыаннай дьайыыга сулууспалыы сылдьар байыас дьиэ кэргэнин статуһугар киллэрэллэригэр этиннэ.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#бырабыыталыстыбаотчуота

Ил Түмэн депутата Владимир Поскачин биир дойдулааҕа Джулустан Борисовы Бырабыыталыстыба бэрэссэдээтэлин солбуйааччытынан анаммытыттан, ону тэҥэ эдэр миниистирдэр, салайааччылар үлэлэриттэн астынарын биллэрэн туран тыа хаһаайыстыбатын салаатыгар ананар үбү-харчыны быһаччы тыа сиригэр - нэһилиэктэргэ биэрии боппуруоһун көрөллөрүгэр диэн этии киллэрдэ. Оччотугар өрөспүүбүлүкэ 400 нэһилиэгэ сайдыа, тыа дьонун олоҕо тупсуо, үлэтэ-хамнаһа таһаарыылаах буолуо этэ диэн бэлиэтээтэ.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM