Газета Верхневилюйского района "Үөһээ Бүлүү"
3.87K subscribers
22K photos
4.35K videos
9 files
3.86K links
🗞🗞🗞ТГ-канал редакции https://t.iss.one/uoheebuluu
Предлагайте новости @Uohee_buluu14_bot
🔸 *Мы в ВКонтакте:* vk.com/uoheebuluu
🔸 *Одноклассники:* https://ok.ru/profile/603428848914
🔸 *🔸 *Подписывайтесь по ссылке* https://podpiska.pochta.ru/press/ПИ976
Download Telegram
Муниципальнай хантыраагынан бөҕү мунньар бункер-накопительлар Үөһээ Бүлүү уонна Андреевскай сэлиэнньэлэригэр турдулар.

Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтигэр 10 бөх хомуйар бункер-накопитель: Николая Егорова, 45, М. Потапова, А.С. Пушкина, 22, Ворошилов, Үөһээ-Бүлүү, 5, Боруу Көлүйэ, Кентикский тракт, Дальняя, М. Алексеева 2а, Строительная. Интернациональная уулуссаларга турдулар.

Үөдүгэй нэһилиэгин, Андреевскай сэлиэнньэтигэр 4 бункер-накопитель турда: Солнечная, 50 лет ЯАССР уонна Күүлэ уулуссаларыгар.

Ону таһынан муниципальнай хантыраак чэрчитинэн кытаанах бытовой отходу харайар балаһааккалары өрөмүөннээһин үлэтэ ыытыллар.

Ол курдук, Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтигэр Кюрджегеляхская, 14, Ленина, 67/1, Октябрьская, 73, М. Потаповой-А.С, Пушкина, 22 уулуссаларыгар бытовой отходу харайар балаһааккалар өрөмүөннэнэллэр.

Ону тэҥэ Үөдүгэй нэһилиэгин Андреевскай сэлиэнньэтигэр Солнечная уонна Күүлэ уулуссаларыгар өрөмүөн үлэтэ ыытыллар.

#ТБО
#ҮөһээБүлүү

t.iss.one/ValeriNikolaev
Үөһээ Бүлүү улууһугар Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Сергеевич Николаев үлэ сырыытынан кэллэ.

Бүгүн, от ыйын 5 күнүгэр Үөһээ Бүлүүгэ Бүлүү бөлөх улуустарыгар тыа хаһаайыстыба сайдыытын былаанныыр сүбэ мунньах ыытыллар.

Ону тэҥэ Ил Дархан Үөһээ Бүлүү улууһугар турбут ойуур баһаардарын умуруоруу үлэтин билсиэҕэ, ыксаллаах быһыы-майгы хамыыһыйа мунньаҕын ыытыаҕа.

#ИлДархан
#АйсенНиколаев
#ҮөһээБүлүү
Ыаллыы сытар Бүлүү улууһун баһылыга Сергей Николаевич Винокуров Үөһээ Бүлүүгэ үлэ сырыытынан ыалдьыттаата.

Балаҕан ыйын 7-8 күннэригэр Бүлүү куората 390 сылын бэлиэтиир үбүлүөйүгэр анаан Хэйлунцзян провинциятыттан 5 кытай пиротехнига кэлэн Саха Сиригэр суох улахан салюту ыталларын кэпсээтэ уонна туох баар бары Үөһээ Бүлүү улууһун олохтоохторун Бүлүү куоратыгар балаҕан ыйын 7-8 күннэригэр үөрүүлэрин үллэстэ, үбүлүөйдээх тэрээһиннэргэ ыҥырда.

Сергей Николаевичка уопуттаах улуус баһылыгар биһиэхэ ыалдьыттаан ааспытын иһин, сүбэҥ-амаҥ уонна ыҥырыын иһин махтанабыт.

#Бүлүү
#ҮөһээБүлүү

t.iss.one/ValeriNikolaev
Бүлүү куората 390 сылыгар, биллиилээх судаарыстыбанай - бэлэтиичэскэй диэйэтэлэ Семен Аржаков 125 сааһыгар анаммыт Бүлүү улууһугар ыытыллар аан дойдутааҕы уустар күрэхтэригэр Үөһээ Бүлүү улууһун тимир уустара кытталлар.

3 күн устата 4 тимир уустарыттан тутулуктаах хамаандалар араас тимир оҥоһугун көрүҥнэригэр күрэхтэһиэхтэрэ.

Тэрээһин бырагыраамматынан бүгүн уһаары күнэ, сарсын хамаанданнан күрэхтэһиилэр, өйүүн тимир оҥоһуктарга мастер-класстар ыытыллаллар.

"Уһаарыыбыт этэҥҥэ баран иһэр, уолаттар санаалара бөҕө, этэҥҥэ ситиһиилээктик кыттар санаалахпыт", - диэн уустар бэйэлэрин санааларын үллэһиннилэр.

Үөһээ Бүлүү хамаандатыгар Хоро нэһилиэгин тимир ууһа - Тыымпы Ньургун Догдо уола, Балаҕаннаах нэһилиэгин тимир ууһа Чаный Сырдыын Боло уола, Кэнтик нэһилиэгиттэн уус Афанасьев Анатолий Федорович, Тамалакаан нэһилиэгин тимир ууһа Стручков Станислав Спартакович, ону кытта Кэнтик Чап уустарын салайааччыта, тимир ууһа Тумусов Егор Сысоевич кыттыыны ылаллар.

Уустарбытыгар күрэхтэһиилэригэр ситиһиилэри баҕарабыт. Кудай Бахсы бэттэх көрөн мичик гыннын, уолаттарбытыгар көмө буоллун!

#ТимирУустара
#ҮөһээБүлүү

t.iss.one/ValeriNikolaev
Бүгүн, атырдьах ыйын 23 күнүгэр Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыгын үпкэ уонна экономикаҕа солбуйааччы Саргылана Васильевна Алексеева Национальнай банк Саха Сиринээҕи салаатын салайааччытын Антон Анатольевич Коноплеву кытта көрсөн Үөһээ Бүлүүгэ үбү-харчыны сөпкө туттууну (финансовая грамотность) үөрэтэр кабинеттары арыйыыны былааннастылар.

Үөһээ Бүлүү улууһа Өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн бастакыннан нэһилиэнньэни үбү сөптөөхтүк туттууга, түөкүнньэртэн сэрэхтээх буолууга, цифровой технологиялары туттары үөрэтиигэ кабинеттары арыйарга үлэни ыытар.

#ФинансоваяГрамотность
#НациональныйБанк
#ҮөһээБүлүү

t.iss.one/ValeriNikolaev
Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыгын социальнай хайысхаҕа уонна дьиэ кэргэн бэлиитикэтигэр солбуйааччы Анна Михайловна Уларова Дьокуускай куоракка Дьахталлар тэрилтэлэрин сойууһун кытта үлэ көрсүһүүтүн ыытта.

Саха Сирин үлэһит дьахталларын съеһэ 100 сылыгар анаан Үөһээ Бүлүү улууһугар араас тэрээһиннэр ыытыллаллара былааннанар. Ону тэҥэ улууска "100 бастыҥ көҕүлээһиннэр" өрөспүүбүлүкэтээҕи хамсааһын тэриллэрэ былааннанар.

Көрсүһүүгэ биир дойдулаахтарбыт Саха Өрөспүүбүлүкэтин наукаларын Академиятын төрөөбүт тылы чинчийэр, харыстыыр уонна сайыннарар киин салайааччыта, педагогическай наука доктора, СӨ наука Академиятын чэлиэнэ Феодосия Васильевна Габышева, Камелек хампаанньыйа дириэктэрэ, урбаанньыт, Саха Өрөспүүбүлүкэтин уопсастыбанай палаататын чэлиэнэ Ольга Григорьевна Григорьева, "Союз Женских организаций" салайааччыта, СӨ уопсастыбанай палаататын аппаратын салайааччыта Анжелика Егоровна Андреева кыттыыны ыллылар.

Сүбэ мунньахха кулун тутар ыйга Үөһээ Бүлүүгэ региональнай уопсастыбанай тэрилтэлэр форумнарын ыытарга сүбэлэстилэр.

#ҮөһээБүлүү
#100ЛучшихИнициатив

Үөһээ Бүлүү улууһун дьаһалтатын пресс сулууспата.
Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыгын үпкэ уонна экономикаҕа солбуйааччы Саргылаана Васильевна Алексеева уонна улуус култууратын департаменын салайааччыта Айталина Михайловна Мойтохонова Намнааҕы М.К. Аммосов аатынан Култуура уонна духуобунай сайдыы дыбарыаһын көрдүлэр, үлэтин-хамнаһын билистилэр.

Үөһээ Бүлүү улууһун делегациятын Нам улууһун култуура салалтатын салайааччытын солбуйааччы Гоголев Андрей Прокопьевич көрсөн дьэрэкээн дьүһүннээх, аныгыы тутуулаах култуура дыбарыаһын дьиэтин көрдөрдө, тутуу ымпыгын-чымпыгын кэпсээтэ.

5000 тахса квадратнай миэтэрэ иэннээх, 3 этээстээх дьиэҕэ улуустааҕы загс, киин библиотека, норуот айымньытын дьиэтэ, оҕо модельнай библиотеката, галерея, история уонна этнография түмэлэ, 400 миэстэлээх кэнсиэртиир зал түмүллэн таһаарыылаахтык үлэлииллэр.

Култуура дыбарыаһын Алроса акционернай хампаанньыйа өйөбүлүнэн Кэлэр көлүөнэ пуондата 2022 сыллаахха тутан үлэҕэ киллэрбитэ.

Үөһээ Бүлүү улууһугар Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын Айсен Николаев сорудаҕынан Култуура Дыбарыаһын концепциятын оҥорууга Саха Өрөспүүбүлүкэтин култуураҕа уонна духуобунаска министиэристибэтин кытта кэккэ үлэ бара турар.

#ДворецКультуры
#ҮөһээБүлүү

t.iss.one/ValeriNikolaev
Кыргызтан өрөспүүбүлүкэтигэр Бишкек куоракка бастакы Аан дойдутааҕы Хапсаҕай чемпионатыгар Үөһээ Бүлүү бөҕөстөрө чемпионнаатылар!

57 киилэҕэ диэри ыйааһыҥҥа финалга Үөһээ Бүлүүттэн Пантелеймон Николаев Өрөспүүбүлүкэ хапсаҕайга чемпионун Егор Находкины кыайан Аан дойду чемпионун үрдүк аатын ылла.

75 кииэлэҕэ диэри ыйааһыҥҥа финалга Үөһээ Бүлүүттэн Тимур Николаев Саха Сирин бөҕөһүн Иван Семенову кыайан Аан дойду хапсаҕайга чемпиона буолла.

Уолаттарбытын үрдүк кыайыыгытынан эҕэрдэлиибит! Үөһээ Бүлүү хапсаҕай дойдута буоларын Аан дойду көбүөрүгэр көрдөрөн кыайыыны ситиспиккитинэн киэн туттабыт!

#Хапсаҕай
#ҮөһээБүлүү

t.iss.one/ValeriNikolaev
Быйыл Далыр оскуолатыгар "Земский учитель" федеральнай бырагыраамма конкурсугар кыайан Тыва өрөспүүбүлүкэтиттэн үрдүк категорялаах математика учуутала Донгак Шончалай Хажыт-ооловна үлэлии кэлэрэ күүтүллэр.

"Земский учитель" бырагыраамманнан улууспутугар Боотулуу, Сургуулук оскуолаларыгар - математика, Туобуйа оскуолатыгар - биология уонна химия учууталлара ситиһиилээхтик үлэлииллэр. Улуус оскуолаларыгар уопсайа 54 учуутал миэстэтэ аһаҕас.

Улуус үрдүнэн 24 оскуола, 15 оҕо уһуйаана, 6 эбии үөрэхтээһин дьиэлэрэ оҕолору көрсөргө бэлэмнэрин туһунан үөрэҕэрии салалтатын салайааччыта Юрий Васильевич Кынатов иһитиннэрдэ.

Аҕыйах хонугунан бары оскуолаларга маҥнайгы чуораан чугдаарыа. Быйылгы үөрэх сылыгар Үөһээ Бүлүү улууһугар 320 оҕо бастакы кылааска үөрэнэ киирээри маҥнайгы чуорааны долгуйа кэтэһэллэр.

#УчебныйГод
#Образование
#ҮөһээБүлүү

t.iss.one/ValeriNikolaev
Саҥа талыллыбыт Кэнтик нэһилиэгин баһылыгын Федотов Сергей Петровиһы кытта көрсөн бастакы үлэ кэпсэтиитин ыыттым. Сергей Петрович өр сылларга Кэнтик нэһилиэгин дьаһалтатыгар үлэлээбит киһи быһыытынан Кэнтик нэһилиэгэ сайдарыгар элбэх бэйэтэ көрүүлэрдээҕин, былааннааҕын үллэһиннэ.

Кэнтик нэһилиэгин саҥа талыллыбыт баһылыгын Сергей Федотову үгүс дьон эрэлин ылан кыайбытынан эҕэрдэлээн ситиһиилэри баҕардым.

#Кэнтик
#ҮөһээБүлүү
#ЕдинаяРоссия
#ИннибитХотуБарыБииргэ

t.iss.one/ValeriNikolaev
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
Бүгүн, балаҕан ыйын 15 күнүгэр Дьокуускай куоракка Исидор Никифорович Барахов скверыгар "Ураан" Үөһээ Бүлүү улууһун устудьуон ыччатын түмсүүтэ суббуотунньук тэрийдилэр.

Улуу убайбыт Исидор Барахов мэҥэ тааһын ыраастыырга ыччаттарбыт күргүөмнээх үлэ тэрийбиттэрэ Үөһээ Бүлүү улууһун ыччата күүстээх түмсүүлээҕин көрдөрөр.

Маннык көхтөөх, түмсүүлээх ыччаттардаахпытынан киэн туттабыт✊️

#ТүмсүүСыла
#ҮөһээБүлүү
#Ураан

Үөһээ Бүлүү улууһун дьаһалтатын пресс сулууспата.
Алтынньы ый 23 күнүгэр, Үөһээ Бүлүү улууһун дьаһалтатыгар оҕо сайыҥҥы сынньалаҥын тула мунньах тэрилиннэ.

Манна улуус баһылыгын социальнай хайысхаҕа солбуйааччы А. М. Уларова, үөрэх салалтатын улэhиттэрэ уонна улууспут тэрилтэлэрин салайааччылара, межведомственнай хамыыһыйа буолан үлэлээтилэр.

Анна Михайловна киирии тылыгар оҕо сайыҥҥы сынньалаҥын тэрийиитэ улахан суолталааҕын бэлиэтээтэ. Арассыыйаҕа кэлэр 2025 сыл үөрэх салаатыгар “Оҕо сынньалаҥын сыла” бэриллибитэн улууска араас тэрээһиннэр ыытыллаллара күүтүллэр. Ол курдук, оҕону лааҕырынан хабыы 40% үрдүүрүгэр сыал-сорук турда, “Трудовой-81” уонна “Эһэлээх маар” стационарнай лааҕырдар өрөмүөннэнэр бырайыактара ылыналларыгар былаан туруорулунна. Военно-патриотическай, туристическай уонна доруобуйаларынан хааччахтаах оҕолору хабааһыннаах лааҕырдары Грант нөҥүө көҕүлээһин буолуохтаах.

Онтон 2023-2024 сылга улууспутугар үлэлээбит лааҕырдар үлэлэрин туһунан үөрэх салалтатын иитии уонна эбии үөрэхтээһин салаатын исписэлииһэ Элина Эрнстовна Христофорова сырдатта. Уопсайа 12 лааҕыр, ол иһигэр 10 лааҕыр күнүнэн сылдьыы, 1 лаа5ыр стационарнай уонна 1 палаточнай лааҕыр үлэлээн 1005 оҕо хабыллыбыт. Ону таһынан, Арассыыйаҕа уонна Саха сирин лааҕырдарыгар 1077 оҕо, ол эбэтэр 33,6% о5о хабыллыбытын бэлиэтээтилэр.

Кылгас кэмҥэ дьарыктаах буолууга 14-18 саастарыгар дылы оҕолору хабааһын туһунан “Нэһилиэк дьарыктаах буолуу” киинин салайааччыта Петров Николай Константинович кэпсээтэ. Ол курдук, быйылгы сылга уопсайа 120 оҕо хабыллан араас үлэҕэ киирэннэр хамнас ыллылар.

Мунньахха лааҕыр үлэтигэр туох ыарахаттар үөскүүллэрин ырыттылар. Ол курдук, эбии 5 оскуола базатыгар лааҕыр арыллыыта наадалааҕын эттилэр.

Мунньах түмүгэр, улуус баһылыгын В. В. Николаев аатыттан Махтал суругунан лааҕыр тэрийиитигэр көмөлөрүн иһин наҕараадаланнылар:
1) Александров А.П. – Үөһээ Бүлүүтээҕи ОНД уонна ПР салайааччыта;
2) Петров Н.К. - Үөһээ Бүлүүтээҕи “Нэһилиэк дьарыктаах буолуу” киинин салайааччыта;
3) Мачахтыров В.В. – Үөһээ Бүлүүтээҕи ветеринария салалтатын салайааччыта;

Ону таһынан, оҕо сынньалаҥын тэрийэргэ аһылык боппуруоһугар бэриниилээхтик үлэлээбитин иһин:
1) Тимофеева С.С. уонна Тарасова А.И – Үөһээ Бүлүүтээҕи И. Бараахап аатынан орто оскуолатын “Бараховец” лааҕырын повардара;
2) Егорова Л.Н. – Далыр орто оскуолатын “Трудовой-81” лаа5ырын повара.

#үөһээбүлүү #оҕосынньалаҥа #ЛОК2024 #годлетнейзанятости
Сахаларга былыр былыргыттан муҥха тэрээһинэ бэйэтэ улахан бырааһынньык буолар.

Сэтинньи 4-с күнүгэр норуоттар сомоҕолоһууларын күнүн көрсө "Үөһээ Бүлүү улууһа" муниципальнай оройуон дьаһалтата Ороһу нэһилиэгин Өтөхтөөх күөлүгэр улууспутугар Түмсүү сылын чэрчитинэн "СОМОҔОЛОҺУУ МУҤХАТЫН" тэрийдибит.


Бу күн уопсайа эр киһилиин, дьахтардыын, кырдьаҕастыын, оҕолуун барыта 380-ча киһи сырытта.

Кэлбит дьону барыларын итии миининэн, чэйинэн улуус дьаһалтатын үлэһиттэрэ көрүстүлэр.

Муҥха иннигэр Алгыс тылы эттэ - Үөһээ Бүлүү улууһун бэтэрээннэрин сэбиэтин бэрэсэдээтэлэ Иван Егорович Чычахов. Алгыс кэннэ кэлбит бар дьон кытыан от буруотунан ыраастаннылар.

Муҥхаҕа кэлбит дьон ким тугу сатыырынан үөрэ-көтө, сытыытык, сымсатык туттан көхтөөхтүк үлэлээтилэр. Улахан дьону кытта оскуола саастах оҕолорбут эмиэ тэбис-тэҥҥэ сылдьыспыттара улахан хайҕабыллаах. Оҕолорбутун эр дьон көмүс хатырыктаах хайдах бултанарын үөрэттилэр. Ыччаттарбыт аҕа көлүөнэни кытта тэҥҥэ сылдьан, саха омук сатабылыгар үөрэнэллэрэ, бултка, балыкка сысталлара элбэҕи эрэннэрэр.

Муҥха түспүт эбэтэ кэлбит дьону маанылаата, Күөх Боллох тойон “мичик” гынна, бэрткэ диэн көмүс хатырыктааҕыттан бэристэ.

Бу муҥхаттан ирээт балык Үөһээ Бүлүү улууһуттан анал байыаннай дьайыыга кытта сылдьар уолаттарбытыгар ыытарга анаан Кыайыы пуондатыгар туттарылынна.

Улуус дьаһалтатын муҥхатыгар кэлэн кыттыыны ылбыт биир дойдулаахтарбытыгар көхтөөх, түмсүүлээх үлэҕит иһин махтанабыт!

#Муҥха2024
#ҮөһээБүлүү

t.iss.one/ValeriNikolaev
Ытыктабыллаах, тапталлаах далбар хотуттарбыт, күн күбэй Ийэлэрбит!

"Үөһээ Бүлүү улууһа" муниципальнай оройуон дьаһалтатын аатыттан уонна тус бэйэм ааппыттан эһигини бүтүн Россиятааҕы Ийэ күнүнэн ис сүрэхпиттэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин!


Бу бырааһынньык – ийэлэрбитигэр ытыктабылы, тапталы биллэрэр махталбыт бэлиэтэ буолар.

Хас биирдии киһи ийэттэн төрүүр, ийэттэн кэлэр. Ийэ оҕотун хайдах иитэриттэн, оҕотугар сыһыаныттан уопсастыба быһыыта-майгыта, туруга улахан тутулуктаах. Билиҥҥи балысханнаах кэмҥэ, Ийэ суолтата туохтааҕар да күүстээх.
Анал байыаннай дьайыы хорсун буойуттарын төрөтөн-иитэн улаатыннарбыт Күндү Ийэлэргэ Дьоруой уолаттаргыт иһин барҕа махтанабыт!

Күндү Ийэлэр! Эһиги дьиэ кэргэн эргийэр киинэ буолаҕыт, дьоҥҥутун-сэргэҕитин араҥаччылыыгыт, тапталынан угуттуугут, айарга-тутарга көҕүлүүгүт. Дьоллоох ийэ дьоллоох олоҕу түстүүр. Онон улууспут уйгута улаатарын, чэчирии сайдарын туһугар биһиги билигин уонна инникитин даҕаны хас биирдии ийэ дьоллоох буоларын туһугар кыһаллыах тустаахпыт.

Ийэ күнүнэн эһиэхэ уонна чугас дьоҥҥутугар чэгиэн-чэбдик доруобуйаны, этэҥҥэ буолууну, бигэ туругу, дьолу-соргуну баҕарабын!

Эҕэрдэни кытта, Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыга В.В. Николаев.

#ДеньМатери
#ИйэКүнэ
#ҮөһээБүлүү

t.iss.one/ValeriNikolaev
Нэдиэлэ устата анал байыаннай дьайыы сиригэр гуманитарнай сырыыбыт чэрчитинэн 58 биир дойдулаах байыастарбытын көрүстүбүт.

Сэтинньи 22 күнүттэн Запорожскай уобаластан саҕалаан, Херсон уобалаһыгар, Донецк, Луганск республикаларыгар уонна Курскай, Белгородскай уобаластарга биир дойдулаахтарбытын көрсөн гуманитарнай баһыылкалары тириэртибит.

Быйылгы сылга үһүс гуманитарнай сырыыбытын күһүҥҥү идэһэ, муҥха кэнниттэн былааннаабыппыт. Онон байыастарбытыгар дойдуларын аһыттан, этиттэн, балыгыттан илдьэ кэлэн тиксэрдибит. Байыастар дойдуларыттан ахтылҕаннаах астарын тутан олус сэргэхсийдилэр.

Маны сэргэ, 6 шт. матаһыыкыл, 3 шт. тепловизор, 3 шт. түүҥҥү прицел, 10 шт. "Асель" дрон детектор, биирдии устуука "Капюшон" уонна "Ромашка" РЭБ станциялар, 3 шт. FPV видео-шлем Skyzone COBRA X V4, 1 устуука дрон сигналын күүһүрдэр тэрил Инкубатор 2.0, ону кытта Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтин аатыттан, баһылык Силигиянов Максим Филиппович туттарбыт 4 устуука дроннарын байыастарга тиксэрдибит.

Сибээскэ кыайан тахсыбатах байыастарбытыгар баһыылкалары Саха Сирин опорнай пууннарыгар хааллардыбыт. Опорнай пуунун үлэһиттэрэ баһыылкалары чопчу тиксэриэхтэрэ.

Сулууспалыы сылдьар Эр хоһууттарбытын кытта көрсөн туруктарын, хааччыллыыларын, үлэлиир усулуобуйаларын билистибит. Үөһээ Бүлүүлэр олус түмсүүлээхтик, бэйэ бэйэлэрин кытта билсэн, кэпсэтэн тэҥҥэ сылдьалларыттан киэн тутуннубут.

Анал байыаннай дьайыы хонуутугар саа саадах тутан эйэлээх олох туһугар охсуһа сылдьар биир дойдулаахтарбытын өйөөн, биир санааннан салайтаран түмүстэхпитинэ, байыастарга күүстээх тыыл олохтоотохпутуна кыайыыга хайаан да кэлиэхпит!

Гуманитарнай көмөнү хомуйарга кыттыспыт Үөһээ Бүлүү улууһун олохтоохторугар, тэрилтэлэригэр, урбаанньыттарыгар, биир күннээх хамнастарын пуондаҕа анаабыт бюджет үлэһиттэригэр кыайыыга кылааккыт иһин ис-сүрэхтэн махтанабыт.

2024 сылга үһүс гуманитарнай сырыыбытын түмүктээтибит.

Иннибит хоту бары бииргэ! Түмсүүннэн - кыайыыга!


#СВОихНеБросаем
#ҮөһээБүлүү

t.iss.one/ValeriNikolaev
Сарсын, өйүүн "Үс Хоһууҥҥа" өрөспүүбүлүкэ бастыҥ көбүөрүгэр Хапсаҕай федерациятын Кубога оонньонуоҕа!

Бүгүн Үөһээ Бүлүү улууһун сүүмэрдэммит хамаандатын кытта көрүстүм. Бөҕөстөрбүт сыл устата дьарыктанан кыайыыга дьулуурдаахтар, харахтара уоттаах, күүстэригэр эрэллээхтэр.

Бары спортсменнары, ыалдьыттары Үөһээ Бүлүү улууһугар - хапсаҕай уйатыгар уруйдуубут-айхаллыыбыт!

Үөһээ Бүлүүлэр кыайыыга эрэллээхпит✊️!

#Хапсаҕай
#КубоФедерации
#ҮөһээБүлүү

t.iss.one/ValeriNikolaev
Бүгүн бүтүн Саха Сирин ааттаах-суоллаах бөҕөһө Увар Тимофеев төрөөбүт күнэ!

Улахан көбүөрдэргэ Үөһээ Бүлүү улууһун аатын чиэстээхтик элбэхтэ көмүскээбит улуу бөҕөспүтүн, Увар Тимофеевы, төрөөбүт күнүнэн, маны сэргэ, "Саха Өрөспүүбүлүкэтин национальнай спорт көрүҥнэригэр бочуоттаах спорт маастара" үрдүк ааты ылбытынан уонна Хапсаҕай федерациятын кубогар хамаандатын кыайыытынан итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит!

Күндү Увар, инникитин да үүнэр көлүөнэ ыччаттарбытыгар үтүө холобур, өйөбүл, дурда-хахха буолаҥҥын саҥа кыайыыларга Үөһээ Бүлүүлэри сирдээн ис! Чэгиэн-чэбдик доруобуйаны, бигэ туругу, таһаарыылаах үлэни, саҥа ситиһиилэри баҕарабыт!

Эҕэрдэни кытта, Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыга В.В. Николаев.

#УварТимофеев
#ҮөһээБүлүү

t.iss.one/ValeriNikolaev