Газета Верхневилюйского района "Үөһээ Бүлүү"
3.87K subscribers
22K photos
4.35K videos
9 files
3.86K links
🗞🗞🗞ТГ-канал редакции https://t.iss.one/uoheebuluu
Предлагайте новости @Uohee_buluu14_bot
🔸 *Мы в ВКонтакте:* vk.com/uoheebuluu
🔸 *Одноклассники:* https://ok.ru/profile/603428848914
🔸 *🔸 *Подписывайтесь по ссылке* https://podpiska.pochta.ru/press/ПИ976
Download Telegram
Өргүөт нэһилиэгэр ойуур баһаара бэҕэһээ киэһээ күөдьүйэн, аһаҕас уот таҕыста. Бу сарсыарда ойуур харысхалын, баһаарынай чаас эппиэтинэстээх үлэһиттэрин кытта умуруоруу үлэтин сүбэлэстибит, дьону хомуйан Өргүөткэ айаннаатыбыт.

Салгыы тахсыбыт ойуур баһаарын умуруорар үлэҕэ кыттыһаммыт, аһаҕас уоту тохтоторго бары күүһү быраҕабыт.

Билигин былаан быһыытынан, оҥоһуллубут минерализованнай балаһалартан утары уоту ыытыы үлэтэ саҕаланар.

#Өргүөт
#Оргет
#ЛесныеПожары

t.iss.one/ValeriNikolaev
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
Бүгүн ыксаллаах быһыы хамыыһыйатын быһаарыытынан Өргүөт нэһилиэгэр оперштаб тэриллэн үлэтин саҕалаата.

Оперштаб былаанынан ойуур баһаарын кытыытынан минерализованнай балаһалар тардылыннылар. Баһаар үлэтигэр эбии Бүлүү улууһуттан 19 Авиалесохрана үлэһиттэрэ көмөҕө кэлэн Тыалааныга түстүлэр.

Дириҥ уулаах күөл кытыытыгар Сунтаар улууһуттан 20 авиалесохрана, Өймөкөөн, Уус-Майа, Алдан улуустарыттан 19 Якутлесресурс үлэһиттэрэ уоту утары охсуһаллар. Ону таһынан агромаш плугтаах трактор ойуур баһаарыгар үлэлиир.

Эбэттэн Сэйэкэҕэ дылы минерализованнай балаһаны ууруу үлэтэ ыытыллар. Баһаарынай постар тэриллэн эбии биир водовоз (ОАЗИС тэрилтэттэн), үс баһаарынай массыына (Ороһутааҕы МПСС, Үөһээ Бүлүүтээҕи ГПС, Якутлесресурс), биир бульдозер (Бүлүүтээҕи Якутлесресурс), икки сокол (улуус дьаһалтата) үлэлии сылдьаллар.

Сарсын бульдозер баһаартан харыстыыр балаһалары саҥардан, кэҥэтэн, тиһэҕэр тиэрдэн биэриэ.

Бу киэһээ Сунтаар улууһуттан эбии биир агромаш плугтаах трактор айаннаан иһэр.

Билиҥҥи туругунан нэһилиэккэ уот киирэр куттала суох. Умуруоруу үлэтэ бара турар.

#ЛесныеПожары
#ВерхневилюйскийУлус
#Оргет

t.iss.one/ValeriNikolaev
Балаҕай ыйын 11 күнүн туругунан Үөһээ Бүлүүгэ уопсайа 1929 га иэннээх 2 ойуур баһаара буола турар. Ойуур баһаарын умуруорууга 194 киһи, ол иһигэр 24 олохтоох нэһилиэнньэ үлэлииллэр.

Маҥаас нэһилиэгэр Түҥ сиригэр 94 га иэннээх ойуур баһаара төгүрүлүннэ (локализацияланна). Ойуур баһаарын кытыытынан уоту манааһын үлэтэ бара турар.

Өргүөт нэһилиэгиттэн 4 км тэйиччи сиргэ тахсыбыт 1835 га иэннээх ойуур баһаарын кытыытынан минерализованнай балаһалары оҥоруу уонна уоту ситэри умуруоруу үлэтэ бара турар.

Аһаҕас уоту ардах уонна утары уоту ыытыы көмөтүнэн тохтоттубут.

#ЛесныеПожары
#Оргет
#ВерхневилюйскийУлус

t.iss.one/ValeriNikolaev