Forwarded from Валерий Николаев, Глава Верхневилюйского района
Бүгүн биһиги улууспутугар ыксаллаах быһыы-майгы тахсар түбэлтэтигэр суһаллык быыһыыр, туоратар сыалтан 12-с нүөмэрдээх баһаарынай этэрээткэ саҥа толору хааччыллыылаах, үрдүк мэндиэмэннээх дьиэлэргэ тахсарга анаммыт уһун кирилиэстээх автоцистерна ананан кэллэ.
Маннык автоцистерна бүтүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 3 устуука бэриллибититтэн биирэ биһиги улууспутугар Үөһээ Бүлүүгэ ананна.
Этэрээт Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтигэр Бараахап аатынан уулусса 16 нүөмэрдээх дьиэтигэр тактическай үөрэтиигэ саҥа автоцистернаны үлэлэтэн билиһиннэрдэ.
Бу үөрүүлээх түгэнинэн 12-с нүөмэрдээх баһаарынай-быыһыыр чаас этэрээтин уонна салайааччытын Олимпий Вячеславович Харлампьевы эҕэрдэлиибин.
Үлэҕит ситиһиилээх буоллун!
#Автоцистерна
#ПожарныйОтряд
#ВерхневилюйскийУлус
t.iss.one/ValeriNikolaev
Маннык автоцистерна бүтүн өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн 3 устуука бэриллибититтэн биирэ биһиги улууспутугар Үөһээ Бүлүүгэ ананна.
Этэрээт Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтигэр Бараахап аатынан уулусса 16 нүөмэрдээх дьиэтигэр тактическай үөрэтиигэ саҥа автоцистернаны үлэлэтэн билиһиннэрдэ.
Бу үөрүүлээх түгэнинэн 12-с нүөмэрдээх баһаарынай-быыһыыр чаас этэрээтин уонна салайааччытын Олимпий Вячеславович Харлампьевы эҕэрдэлиибин.
Үлэҕит ситиһиилээх буоллун!
#Автоцистерна
#ПожарныйОтряд
#ВерхневилюйскийУлус
t.iss.one/ValeriNikolaev
Forwarded from Валерий Николаев, Глава Верхневилюйского района
Үөһээ Бүлүү улууһун 15 нэһилиэгиттэн ынах, сылгы аһылыгар киирбит сайаапканы толорон, уопсайа 40 тонна комбикорм, 27 тонна овес ылылынна.
Ылыллыбыт бородууксуйаны Дьокуускай куораттан нэһилиэктэринэн тиэрдии өҥөтө улуус бүддьүөтүттэн төлөнөн, нэһилиэктэринэн тиксэрилиннэ:
Харбалаах нэһилиэгэр 10 комбикорм, 16 овес;
Тамалакаан нэһилиэгэр 107 комбикорм, 93 овес;
Ороһу нэһилиэгэр 70 комбикорм, 168 овес;
Үөһээ Бүлүү, Үөдүгэй нэһилиэктэригэр 47 комбикорм, 151 овес;
Кэнтик нэһилиэгэр 54 комбикорм, 7 овес;
Өргүөт нэһилиэгэр 22 комбикорм, 26 овес, Быракаан нэһилиэгэр 40 комбикорм, 56 овес;
Ороһу нэһилиэгэр 125 комбикорм;
Хоро нэһилиэгэр 109 комбикорм, 64 овес;
Оҥхой нэһилиэгэр 18 комбикорм, 20 овес;
Мэйик нэһилиэгэр 47 комбикорм, 24 овес;
Далыр нэһилиэгэр 80 комбикорм, 97 овес;
Боотулуу нэһилиэгэр 106 комбикорм, 8 овес;
Сургуулук нэһилиэгэр 163 комбикорм, 42 овес.
#Кормозаготовка
#СельскоеХозяйство
#ВерхневилюйскийУлус
t.iss.one/ValeriNikolaev
Ылыллыбыт бородууксуйаны Дьокуускай куораттан нэһилиэктэринэн тиэрдии өҥөтө улуус бүддьүөтүттэн төлөнөн, нэһилиэктэринэн тиксэрилиннэ:
Харбалаах нэһилиэгэр 10 комбикорм, 16 овес;
Тамалакаан нэһилиэгэр 107 комбикорм, 93 овес;
Ороһу нэһилиэгэр 70 комбикорм, 168 овес;
Үөһээ Бүлүү, Үөдүгэй нэһилиэктэригэр 47 комбикорм, 151 овес;
Кэнтик нэһилиэгэр 54 комбикорм, 7 овес;
Өргүөт нэһилиэгэр 22 комбикорм, 26 овес, Быракаан нэһилиэгэр 40 комбикорм, 56 овес;
Ороһу нэһилиэгэр 125 комбикорм;
Хоро нэһилиэгэр 109 комбикорм, 64 овес;
Оҥхой нэһилиэгэр 18 комбикорм, 20 овес;
Мэйик нэһилиэгэр 47 комбикорм, 24 овес;
Далыр нэһилиэгэр 80 комбикорм, 97 овес;
Боотулуу нэһилиэгэр 106 комбикорм, 8 овес;
Сургуулук нэһилиэгэр 163 комбикорм, 42 овес.
#Кормозаготовка
#СельскоеХозяйство
#ВерхневилюйскийУлус
t.iss.one/ValeriNikolaev
Forwarded from Валерий Николаев, Глава Верхневилюйского района
Ытыктабыллаах учууталлар, педагогическай үлэ бэтэрээннэрэ!
Эһигини "Үөһээ Бүлүү улууһа" муниципальнай оройуон дьаһалтатын аатыттан итиэннэ тус бэйэм ааппыттан идэлээх бырааһынньыккытынан – Учуутал күнүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин!
Алтынньы 5 күнүгэр чугастык, сылаастык, истиҥник саныыр, ахтар, ытыктыыр дьоммутун - учууталлары чиэстиибит.
Учуутал идэтэ туохха да тэҥнэммэт үрдүк эппиэтинэстээх. Учуутал хас биирдиибит олоҕор олус суолталаах, үөрэх-билии аанын арыйар, хараҥаҕа сырдыгы аҕалар тутаах киһи буолар.
Биһиги бары учууталларбытын үйэбит тухары махталынан эрэ ахтабыт.
Учуутал идэтин суолтата уонна анала сылтан-сыл үрдээн, кэҥээн иһэр.
Учуутал сүрүн соруга –
кэнчээри ыччаты үөрэххэ угуйуу, киэҥ толкуйдаах уонна эппиэтинэстээх гынан иитэн таһаарыы.
Биһиги улууспутугар билигин учууталларга улахан болҕомто ууруллар. Ол курдук, дьиэнэн-уотунан хааччыйыыга, учуутал социальнай статуһун үрдэтэргэ тустаах үлэ ыытыллар.
Бу күннэргэ улууспут учууталларын, оскуолалар дириэктэрдэрин, үөрэҕэрии салалтатын исписэлиистэрин кытта элбэх үлэ көрсүһүүлэрэ ыытылыннылар. Сүрүн көтөҕүллэр тиэмэ - улууска үөрэҕэрии таһымын үрдэтии. Бу сыалы ситиһэргэ биһиги учууталларбытын бастатан туран өйүөхтээхпит. Учуутал илиитигэр кэлэр көлүөнэ дьылҕата баарын хаһан да умнуо суохтаахпыт. Учууталга үлэлииригэр, сайдарыгар бары усулуобуйа тэриллэрин ситиһиэхтээхпит.
Бу бэлиэ күҥҥэ баҕарыам этэ учууталларга айымньылаах, таһаарыылаах, ситиһиилээх үлэни. Идэҕитигэр бэриниилээх буолуугут кыыма, оҕоҕо истиҥ тапталгыт хаһан даҕаны уостубатын!
Эһиги сыралаах уонна бэриниилээх үлэҕитигэр сүгүрүйэбит уонна махтанабыт!
#ДеньУчителя
#УчууталКүнэ

Бүгүн Саха Өрөспүүбүлүкэтин тыа хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитигэр, СӨ тыа хаһаайыстыбатын туйгунугар, Үөһээ Бүлүү улууһуттан төрүттээн үлэни өрө туппут Саха Сирин бастыҥ сылгыһытыгар - Васильев Павел Павловичка - Кымыс Байбалга ыалдьыттаатыбыт.
Кымыс Байбалы 75 сааһын туолбут үбүлүөйүнэн эҕэрдэлээн өйдөбүнньүк бэлэҕи, махтал суругу туттардыбыт.
Павел Павлович оҥорон таһаарар кымыһа Саха Сиригэр аатырар бренд буолар. Кымыс Байбал туһунан элбэх киһи истэн билэр.
Кини энтузиаст, тыа хаһаайыстыбатыгар бэриниилээх үлэһит, саха сылгытын иитиигэ, элбэтиигэ сүҥкэн кылааты киллэрбит киһи.
Аан маҥнай сылгыһыт идэтинэн Үөһээ Бүлүү улууһун, Ороһу нэһилиэгиттэн саҕалаан баран билигин Дьокуускай куорат кытыытыгар, "Үс Хатыҥ" ыһыахтыыр сир аттыгар уһаайба тэринэн үлэлиир-хамсыыр.
Павел Павлович 2007 сыллаахха оччотооҕу ЯГСХА ректорын Леонид Владимиров ыҥырыытынан үөрэх кыһатын производственнай баазатыгар Кэнкэмэҕэ сылгылары иитэн саҕалаабыта. Онно сылгыны иитиигэ элбэх устудьуон практикатын ааһан үөрэммитэ.
Онтон 2015 сыллаахтан тыа хаһаайыстыбатын Академиятыттан арахсан, туһунан бэйэ хаһаайыстыбатын тэринэргэ санаммыта. Онуоха Ил Дархан Айсен Сергеевич Николаев Дьокуускай куоратка баһылыктаан олорор кэмигэр Кымыс Байбалга "Үс Хатыҥҥа" 8 гектардаар сири арендаҕа биэрэн күн бүгүҥҥэ диэри бу сиргэ Кымыс Байбал дьиэ кэргэнинээн сылгыларын иитэн-тутан олороллор.
Билигин Кымыс Байбал «Эйгэ» фермерскай хаһаайыстыба тэринэн үлэлиир. Хаһаайыстыбатыгар 100 кэриҥэ төбө сылгылаах, ол иһигэр 70 ыанар биэлээх.
Биэлэрин күн аайы ыаннар кымыс оҥорон, ону тэҥэ биэ үүтүн атыылаан эргинэллэр.
Павел Павлович бэйэтин өр сыллаах баҕатын - "Кымыс оҥорор киини" тэрийээһин туһунан үллэһиннэ. Тустаах тэрилтэлэри кытта холбоһуктаах үлэ ыытан, доруобуйаны бөҕөргөтүүгэ биэ үүтүн туһаныыны киэҥ эйгэҕэ тарҕатар баҕа санаалаах.
Кымыс Байбал сыралаах, бэриниилээх үлэтин түмүгэр, биир сылгыттан саҕалаан 100 төбөлөөх улахан хаһаайыстыбаҕа тиийэ кэҥээн билигин Саха Сиригэр бастыҥ сылгыһыт аатын сүгэр.
Ытыктабыллаах Павел Павлович!
Эһигини 75 сааскын туолбут үбүлүөйдээх күҥҥүнэн "Үөһээ Бүлүү улууһа" муниципальнай оройуон аатыттан уонна тус бэйэм ааппыттан итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин.
Баҕарабын чэгиэн доруобуйаны, дьиэ кэргэҥҥэр дьолу-соргуну, уйгуну-быйаҥы!
Бүтүн Саха Сирин биир бастыҥ чулуу үлэһитэ, биллэр сылгыһыта биһиги биир дойдулаахпыт буоларынан киэн туттабыт!
Павел Павловичка, кини дьиэ кэргэнигэр күннэтэ ыытар сыралаах үлэлэригэр сүгүрүйэбит уонна махтанабыт!
#КымысБайбал
#Кымыс
#ЯкутскиеЛошади

Бүгүн, алтынньы 16 күнүгэр Үөһээ Бүлүү улууһун муниципальнай тэриллиилэрин баһылыктара уонна тутаах тэрилтэлэр салайааччылара кыттыылаах сүбэ мунньах ыытылынна.
Бастатан туран, үөрүүлээх сонуну - Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын өйөбүлүнэн спортинструктордар штаттара Үөһээ Бүлүү улууһугар эбиллибиттэрин иһитиннэрдим.
Дойду Президиэнэ В.В. Путин 2024 сыл ыам ыйын 7-с күнүн №309 нүөмэрдээх Ыйааҕынан "О национальных целях развития РФ на период до 2030 г. и на перспективу до 2036 г." Уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын А.С. Николаев Сорудаҕынан Үөһээ Бүлүү улууһугар 7,5 спортинструктор штата эбилиннэ.
Үөһээ Бүлүү улууһугар билиҥҥи туругунан 2 спортинструктор штата үлэлиир (Кэнтик уонна Нам нэһилиэктэригэр).
Билигин 7,5 штаты 10 нэһилиэккэ үллэрэммит, үлэ миэстэтэ тыа сиригэр эбиллэрин ситистибит. Эһиил өссө эбии 3 спортинструктор штатын көмүскээн (Быракаан, Боотулуу, Үөдүгэй) улууска уопсайа 12,5 спортинструктор штатын тэрийэр былааннаахпыт.
Ол курдук:
Балаҕаннаах - 0,5 ставка
Далыр - 1 ставка
Дүллүкү - 1 ставка
Кырыкый - 0,5 ставка
Оҥхой - 1 ставка
Өргүөт - 0,5 ставка
Ороһу - 1 ставка
Тамалакаан - 1 ставка
Туобуйа - 0,5 ставка
Хомустаах - 0,5 ставка
Бу ситиһиибит Ил Дархаммыт Айсен Сергеевич өйөбүлүнэн тиһэҕэр тиэрдилиннэ. Спортинструктор штатын элбэтии нэһилиэнньэ көхтөөх, чөл олохтоох, спортка ситиһиилээх буоларыгар сыаллаан оҥоһулунна.
Салгыы мунньахха Үөһээ Бүлүү улууһун тыа хаһаайыстыбатын салалтатын салайааччыта Кирилл Васильевич Гаврильев өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн саҥа киирээри турар тыа хаһаайыстыбатын механизымын чымпыгын кэпсээтэ.
Үөһээ Бүлүү улууһун бырамыысылыннас, тутуу, инфраструктураны сайыннарыы салалта салайааччыта Колтовской Семен Александрович элбэх оҕолоох ыаллар уонна анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтара судаарыстыбаттан сир участогын ылар бырааптарын уонна саҥа микрорайоннары сайыннарыы туһунан сырдатта.
Улуус баһылыгын социальнай хайысхаҕа уонна дьиэ кэргэн бэлиитикэтигэр солбуйааччы Анна Михайловна Уларова "Оптуорунньук - доруобуйа күнэ" бырайыак үлэтин туһунан кэпсээтэ. Ону сэргэ, көрүүтэ суох саастарын ситэ илик оҕолор сокуону кэһиилэригэр, улууска тахсар буруйу оҥорууларга, быһылааннарга болҕомтотун ууран, муниципальнай тэриллии баһылыктарыгар бэрээдэки олохтооһуҥҥа күүстээх үлэ барыахтааҕын этиннэ.
Үөһээ Бүлүү ветеранириятын сүрүн инспектора Иннокентий Николаевич Ильин көрүүтэ суох ыттары, ону тэҥэ хаһаайыттардаах ыттары улуус үрдүнэн чиптииргэ үлэ ыытылларын иһитиннэрдэ. Инникитин улуус киинигэр көрүүтэ суох ыттары тутуу приютун тутарга үлэни ыытарга былааннастыбыт.
Сүбэ мунньах түмүгэр анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын өйүүр пуондаҕа нэһилиэктэр көхтөөхтүк кылааты киллэрэллэригэр уонна кыайыы туһугар бары тумсүөҕүҥ диэн ыҥырдым.
#СоветГлав

Үөһээ Бүлүү улууһугар өссө биир саҥа сынньалаҥ, чөл олох сквера арылынна!
Нам нэһилиэгин баһылыга Кардашевскай Александр Иннокентьевич уонна "Нам нэһилиэгэ" муниципальнай тэриллии дьаһалтатын үлэһиттэрэ "Формирование комфортной городской среды" бырагырааммаҕа ситиһиилээхтик кыттан кыайан бу бырайыак олоххо киирдэ.
Нам нэһилиэгэр оҕо уонна спорт балаһааккалаах скверы тутарга уопсайа 13 мөл. 921 тыһыынча солкуобай федеральнай бүддьүөттэн үбүлэммитэ.
Оҕо-аймах, ыччат, аҕам саастаах дьон доруобуйаларын бөҕөргөтөллөрүгэр, спордунан дьарыктаналларыгар, чөл олохтоох буолалларыгар туһаайыллан тутуллубут сквер бүгүн үөрүүлээх быһыыга-майгыга, алгыс арыаллаах арыллыбытынан Нам нэһилиэгин олохтоохторун эҕэрдэлиибин! Тупсаҕай дьүһүннээх, уоттаах-күүстээх, аныгы быһыылаах сквер олохтоохтор үөрүүлэригэр үйэлээх буоллун.
#КомфортнаяГородскаяСреда
#СтроительствоСквера
#НамскийНаслег

Ытыктабыллаах Үөһээ Бүлүү улууһун олохтоохторо!
"Үөһээ Бүлүү улууһа" муниципальнай оройуон аатыттан уонна тус бэйэм ааппыттан Саха сиригэр Ийэ күнүнэн уонна Арассыыйаҕа Аҕа күнүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин!
Россия Президиэнэ В. В. Путин Ыйааҕынан олохтоммут, дьиэ кэргэн институтун бөҕөргөтөр уонна оҕолору иитиигэ аҕа буолуу суолтатын үрдэтэр Аҕа күнүн быйыл иккис төгүлүн бэлиэтиибит. Бу ураты суолталаах күн - Саха сиригэр бастакы Президент М.Е. Николаев Ыйааҕынан 1993 сылтан бэлиэтэнэр Ийэ күнүн кытта биир күҥҥэ түбэһэн, Саха Сиригэр алтынньы үһүс өрөбүлүгэр Ийэ уонна Аҕа күнүн бэлиэтиибит.
Оҕону иитиигэ төрөппүттэр – Ийэ уонна Аҕа сүҥкэн суолталаахтар. Күн күбэй Ийэ оҕотун өрүү көмүскүүр, сылаас сыһыанынан, кыһамньытынан, үтүө тылынан угуттуур, өйүүр. Ийэлэрбит муҥура суох тапталларынан биһиги улаатабыт, сайдабыт, олоххо бэйэбит суолбутун көрдөөн булабыт, тупсабыт уонна үрдүккэ дьулуһабыт.
Аҕа үүнэр көлүөнэҕэ Аҕа дойдуга тапталы, тулалыыр эйгэҕэ харыстабыллаах сыһыаны иҥэрэр, эр санаалаах буоларга, Ийэ дойдуну таптыырга, дьоһун киһи, дьиэ кэргэн бигэ тирэҕэ буоларга иитэр-такайар.
Дьоллоох киһини иитэн таһаарыы – хас биирдии төрөппүт анала.
Бары Ийэлэргэ уонна Аҕаларга бу күн биһиги муҥура суох махталбытын биллэрэбит. Хас биирдии киһи олоҕор Иэйэхсит Ийэ, Айыыһыт Аҕа - улахан суолталаах, олохпутугар тирэҕирэр саамай чугас дьоммут.
Күндү Ийэлэр уонна Аҕалар баҕарабыт эһиэхэ чэгиэн доруобуйаны, дьоллоох олоҕу. Холумтаҥҥыт өрүү сылаас буоллун, дьиэ кэргэҥҥит бигэ туруктаах, олоххут уостубат уйгулаах, кэнчээри ыччаккыт ымыылаах буоллун!
Оҕолоргут сылаас сыһыаннарыгар бигэнэн, сиэннэргит ситиһиилэринэн кынаттанан, чөл, чэгиэн сылдьыҥ, уһуннук дьоллоохтук олоруҥ!
Эҕэрдэни, дириҥ ытыктабылы кытта, Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыга, В.В. Николаев
#ИйэКүнэ
#АҕаКүнэ
#ДеньОтца
#ДеньМатери

Forwarded from ️МР "Верхневилюйский район" - admvervil
Алтынньы 25 күнүгэр улуус дьаһалтатын актовай залыгар Үөһээ Бүлүү улууһун муниципальнай бырагырааммаларыгар эппиэтинэстээх исписэлиистэргэ үөрэтии семинар ыытылынна.
Семинары иилээн-саҕалаан улуус баһылыгын үпкэ уонна экономикаҕа солбуйааччыта Саргылана Васильевна Алексеева ыытта. Ону сэргэ семинар кыттыылаахтарыгар саҥа киирбит нормативтары улуус баһылыгын үпкэ сүбэһитэ Наталья Филипповна Гурьева билиһиннэрдэ.
Саҥа муниципальнай бырагырааммалар Россия Президиэнин В.В. Путин «О национальных целях развития Российской Федерации на период до 2030 года и на перспективу до 2036 года» Ыйааҕыгар уонна СӨ Ил Дарханын А.С. Николаев Саха Өрөспүүбүлүкэтэ инники сайдыытыгар туһаламмыт стратегическэй Ыйааҕыгар олоҕуран оҥоһуллаллар.
Дойдубут сайдыытын национальнай сыалларыгар, инникини былаанныыр соруктарыгар анаммыт бырагырааммалар олоххо киириилэрэ 2025 сылтан саҕаланаллар.
Бу бырагырааммаларга Дойдубут, Өрөспүүбүлүкэбит, улууспут, нэһилиэктэрбит биир кэлим сайдалларыгар анаммыт үлэлэр тирэҕириэхтэрэ.
#Семинар
#ВерхневилюйскийУлус
Үөһээ Бүлүү улууһун дьаһалтатын пресс сулууспата.

Алтынньы 16-с күнүттэн Оҥхой нэһилиэгэр саха ынахтарыгар анаммыт хотон тутуута саҕаламмыта.
Бүгүн сарсыарда, сэтинньи 1-кы күнүгэр үлэ тэтимэ хайдах баран иһэрин бэдэрээтчит иһитиннэрдэ. Сир буора тоҥон, акылааты буорунан сабыы үлэтэ 10 хонукка уһаабытын бэлиэтээн эттэ. Хотон акылаатын икки эргиирдээннэр, буор кутан, остуолбалары туруоруу үлэтэ бүгүҥҥэннэн түмүктэнэн, салгыы өһүөлэри таһаарар үлэҕэ киирдилэр.
Санатан этэр буоллахха, алтынньы 7 күнүгэр Дьокуускай куоракка тыа хаһаайыстыбатын миниистиригэр Артем Александрович Александровка Үөһээ Бүлүү улууһун саха ынахтарыгар саҥа хотону тутууга сүбэ мунньах ыытыллыбыта.
Билиҥҥи туругунан "Саха ынаҕа" Үөһээ Бүлүүтээҕи филиалыгар 28 улахан сүөһү, 10 борооску, 20 тарбыйах, 2 атыыр оҕус иитиллэр.
Мунньах түмүгэр Оҥхой нэһилиэгэр тутуллар 50 төбөлөөх хотон үбүлээһинин СӨ тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтэ өйүүрүн биллэрбитэ.
Бэдэрээтчит, олохтоох урбаанньыт Семенов Александр Николаевич, хотон тутуутун бэйэтин суотугар саҕалаата. Салгыы СӨ тыа хаһаайыстыбатын министиэристибэтин өйөбүлүнэн үп көрүллэн бу сыл бүтүөр диэри хотон тутуута түмүктэнэн саха ынахтара кыстыкка саҥа хотоҥҥо киириэхтэрэ диэн кэтэһэбит.
#ТыаХаһаайыстыбата
#СахаЫнаҕа
#ЯкутскийСкот

Үөһээ Бүлүү улууһугар ҮҮТ ТУТУУТУН биирдиилээн нэһилиэктэринэн алтынньы 31 күнүн туругунан көрдөрүүтэ:
🫙 Балаҕаннаах – 62,13 тонна (Былаан: 48 т.);
🫙 Боотулуу – 43,57 тонна (Былаан: 102 т.);
🫙 Быракаан – 0,6 тонна (Былаан: 12 т.);
🫙 Үөһээ Бүлүү – 22,35 тонна (Былаан: 13 т.);
🫙 Далыр – 30,78 тонна (Былаан: 54 т.);
🫙 Дүллүкү – 28,62 тонна (Былаан: 43,2 т.);
🫙 Үөдүгэй - 32,21 тонна (Былаан: 19,2 т.);
🫙 Кырыкый – 31,41 тонна (Былаан: 42 т.);
🫙 Кэнтик – 20,73 тонна (Былаан: 16,4 т.);
🫙 Маҥаас - 49,30 тонна (Былаан: 63,2 т.);
🫙 Мэйик - 16,28 тонна (Былаан: 39 т.);
🫙 Нам – 81,93 тонна (Былаан: 75 т.);
🫙 Ороһу – 443,67 тонна (Былаан: 542 т.);
🫙 Сургуулук – 139,22 тонна (Былаан: 170,4 т.);
🫙 Тамалакаан – 85,89 тонна (Былаан: 81,9 т.);
🫙 Туобуйа – 22,93 тонна (Былаан: 20,7 т.);
🫙 Харбалаах - 17,19 тонна (Былаан: 29 т.);
🫙 Хомустаах – 17,35 тонна (43,2 т.);
🫙 Хоро - 8,72 тонна (Былаан: 16 т.);
Быйыл контрагынан үүт тутуутун былаана 1430,2 тонна. Алтынньы 31 күнүн туругунан Үөһээ Бүлүү улууһугар 1154,97 тонна үүт контрагынан тутулунна (2023 сыл алтынньы 31 күнүн туругунан 2890,79 тонна үүт контрагынан тутуллубут).
#Үүт2024
#Молокозаготовка2024