Верхневилюйский район 💯 РГ "Үөһээ Бүлүү"
3.85K subscribers
20.9K photos
4.15K videos
9 files
3.63K links
🗞🗞🗞ТГ-канал редакции https://t.iss.one/uoheebuluu
Предлагайте новости @Uohee_buluu14_bot
🔸 *Мы в ВКонтакте:* vk.com/uoheebuluu
🔸 *Одноклассники:* https://ok.ru/profile/603428848914
🔸 *🔸 *Подписывайтесь по ссылке* https://podpiska.pochta.ru/press/ПИ976
Download Telegram
Балаҕан ыйын 27 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин судаарыстыбыннаһын күнүгэр анаммыт Үөһээ Бүлүү улууһун Сэбиэтин уонна муниципальнай тэриллиилэр депутаттарын бастакы Спартакаидалара ыытылынна.

Спартакиада "Үс Хоһуун" спорткомплекска 7 спорт көрүҥүгэр ыытылынна.

Депутаттар дуобакка, шахматка, булдьанан ытыыга, дартска, городкига, корнходка, эстафетаҕа күөн күрэхтэстилэр.

Спартакиада кыттыылаахтарын икки бөлөххө арааран дьүүллүүр сүбэ түмүгү таһаарда.

Бастакы бөлөххө: Улуус Сэбиэтэ, Үөһээ Бүлүү, Кэнтик, Мэйик, Нам, Хоро күрэхтэстилэр.

7 көрүҥҥэ тыҥааһыннаах киирсии кэнниттэн ким бочуоттаах 1, 2, 3 миэстэ буолбутун дьүүллүүр сүбэ иһитиннэрдэ.

Ол курдук, бастакы бөлөххө үһүс бочуоттаах миэстэни ылла Мэйик нэһилиэгэ, иккис миэстэҕэ таҕыста Хоро нэһилиэгэ, кыайыылаах үрдүк аатын сүктэ Нам нэһилиэгэ.
Иккис бөлөххө кыайда Оҥхой нэһилиэгэ.

Спартакиада үрдүк таһымнаахтык ыытыллан, дьон-сэргэ биһирэбилин ылла. Инникитин сыл аайы ыытыллар былааннаах

#СпартакиадаДепутатов
#ВерхневилюйскийУлус

Үөһээ Бүлүү улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспата