Верхневилюйский район 💯 РГ "Үөһээ Бүлүү"
3.85K subscribers
20.9K photos
4.15K videos
9 files
3.63K links
🗞🗞🗞ТГ-канал редакции https://t.iss.one/uoheebuluu
Предлагайте новости @Uohee_buluu14_bot
🔸 *Мы в ВКонтакте:* vk.com/uoheebuluu
🔸 *Одноклассники:* https://ok.ru/profile/603428848914
🔸 *🔸 *Подписывайтесь по ссылке* https://podpiska.pochta.ru/press/ПИ976
Download Telegram
Бүгүн алтынньы 1 күнүгэр Аан дойду үрдүнэн Аҕам саастаах киhи күнүн бэлиэтиибит.

Күндү Үөһээ Бүлүү улууһун аҕам саастаах дьонун-сэргэтин бэлиэ бырааһынньыгынан итиитик-истиҥник "Үөһээ Бүлүү улууһа" муниципальнай оройуон дьаһалтатын аатыттан эҕэрдэлиибин!


Арассыыйаҕа 1992 сыллаахха Үрдүкү Сэбиэт президиумугар «Аҕам саастаах дьон кыһалҕата» диэн уурааҕынан бу бырааһынньык тэриллибитэ. Бу ураты суолталаах күн биһиги аҕа саастаах кырдьаҕастарбытыгар төрөөбүт улуускут сайдыытыгар сүҥкэн кылааккыт, эстибэт эрчимҥит уонна бэриниилээх үлэҕит иһин истиҥник махтанабыт.

Аҕам саастаах киһи күнүгэр анаммыт "Көхтөөх уһун үйэлэнии" Декада биһиги улууспутугар бүгүҥҥү күнтэн саҕаланна. Декада чэрчитинэн саастаах көлүөнэҕэ аналлаах араас тэрээһиннэр, акциялар улууспут үрдүнэн ыытыллыахтара.

Аҕам саастаах дьоммутугар чэгиэн-чэбдик доруобуйаны, бигэ туругу, уhун дьоллоох үйэни баҕарабыт! Эhиги олоххутугар дьоллоох түгэннэр, саҥа үөрүүлэр үксүү турдуннар! Чугас дьоҥҥут тапталынан угуттанан, сэргэхтик олоруҥ!

Эҕэрдэни кытта, Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыга Валерий Николаев.

#ДеньПожилогоЧеловека
#ВерхневилюйскийУлус

t.iss.one/ValeriNikolaev