Верхневилюйский район 💯 РГ "Үөһээ Бүлүү"
3.84K subscribers
20.9K photos
4.16K videos
9 files
3.64K links
🗞🗞🗞ТГ-канал редакции https://t.iss.one/uoheebuluu
Предлагайте новости @Uohee_buluu14_bot
🔸 *Мы в ВКонтакте:* vk.com/uoheebuluu
🔸 *Одноклассники:* https://ok.ru/profile/603428848914
🔸 *🔸 *Подписывайтесь по ссылке* https://podpiska.pochta.ru/press/ПИ976
Download Telegram
#планерка

Улуус баһылыгын бастакы солбуйааччыта Егор Иванов иһитиннэрбитинэн, МТС сибээс улууска мөлтөҕүнэн сибээстээн бу боппуруоһу туруорсубута 5 ый буолбут. Мантан сиэттэрэн улууска саҥа станция туруоруллуохтаах диэн эппиэт суругунан кэлбит.

Убаастабыллаах улуус олохтоохторо, МТС сибээһинэн туһанааччылар!

МТС сибээһэ сүттэ даҕаны 0890 нүөмэргэ эрийэн сибээс барда, быстар мөлтөх диэн эрийэн үҥсүү хаалларан бэлиэтэнэр наада буолла. Төһөнөн нэһилиэнньэтин элбэх үҥсэргээһин киирэр даҕаны, соччонон саҥа станция туруоруллар боппуруоһа түргэтиэхтээх. Онон сибээс мөлтүүр түгэнигэр 0890 нүөмэргэ харса суох эрийэн биллэриҥ. Маныаха үҥсэргээбит дьоҥҥо тарыыпка 30% чэпчэтии кытта көрүллүөн сөптөөх.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#планерка

Улуус дьаһалтатын нэдиэлэтээҕи былаанныыр сүбэ-мунньаҕын улуустааҕы административнай хамыыһыйа бэрэссэдээтэлэ Анна Васильева иһитиннэриититтэн саҕаланна.

10 ый устатыгар уопсайа 93 административнай боротокуол толоруллубут.

3.5 ыстатыйа 1 чааһыгар олоҕуран, ол эбэтэр киэһээҥи өттүгэр чуумпуну уйгуурдуу. Үлэ кэмигэр киэһэ 21:00 чаастан 8 чаас устата, өрөбүллэргэ уонна бырааһынньык күннэригэр киэһэ 22:00 чаастан 10 чаас устата элбэх квартиралаах дьиэлэргэ олохтоохтор чуумпуну тутуһуохтаахтар. Манна 48 киһиэхэ административнай боротокуол толоруллубут.

9.10 ыстатыйанан - 24 киһи эппиэккэ тардыллыбыт, 13.4 ыст. (тыллар туһунан СӨ сокуонунан ирдэбиллэрин тутуспат буолуу) - 4, 20.25 ыстатыйанан 4 боротокуол оҥоһуллан, 26 тыһыынча солкуобай ыстараап олохтоммут.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
#планерка

Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтигэр уулуссалар туруктарын көрөр үлэни тэрийии туһунан Үөһээ Бүлүү дьаһалтатын сүрүннүүр специалиһа Александр Бороннуров иһитиннэрии оҥордо.

Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтигэр 42 км 217 м уһуннаах 103 уулусса баар. Мантан 25 км 96 м уһуннаах 43 уулуссаҕа сырдатыы үлэтэ ыытыллан, уот холбонон турар.

Бу сылга эбии 7 уулуссаҕа сырдатыы үлэтэ ыытыллыахтаах. Оччоҕо 3 к 97 м уһуннаах уулуссалар сырдатыллыахтаахтар.

Алтынньы бүтэһигэр кэлэр 2024 сылга олохтоох көҕүлээһини өйүүр бырагыраамаҕа (ППМИ) эбии 2 км 961 м усталаах 7 уулусса уотун оҥорор үлэҕэ сайаапка бэриллиэхтээх.

Уулуссалары сырдатыы үлэтигэр сэлиэнньэ бюджетыттан сыллата 1 мөлүйүөн үп көрүллэ турар.

2021 сылтан "СибПроект" ГК ХЭТ нөҥүө дуогабардаһан светодиоднай лаампаларынан хааччыйа олороллор. Ону тэҥэ бу лаампаларын сылы эргиччи көрөр-истэр, өрөмүөннүүр дуогабардаах.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#планерка

Үөрэх эйгэтигэр ыытыллар үлэ туһунан үөрэх салалтатын салайааччытын солбуйааччы Николай Платонов иһитиннэрдэ.

Улуус үрдүнэн 25 оскуолаҕа 3500 оҕо үөрэнэр. Быйылгы үөрэх дьылыгар 23 эдэр специалист үлэлии кэллэ. Ол үрдүнэн 41 вакансия күн бүгүн аһаҕас турар, онтон 1 үлэ миэстэтэ эбии үөрэхтээһин тэрилтэтигэр. Үлэ миэстэтин үөрэх управлениетыттан тиийэ ыйыталаһыаххытын сөп.

Бүтүн Россиятааҕы олимпиада оскуола иһинэн ыытыллар этаба саҕаланна. Манна кыайбыттар салгыы улуус таһымнаах олимпиадаҕа киириэхтэрэ. Секциялар, кружоктар былаан быһыытынан үлэлии тураллар.

10-тан тахса киһилээх Үөһээ Бүлүү улууһун учууталларын делегацията үөрэх управлениетын салайааччыта Юрий Кынатов салалтатынан Калининград куоракка үөрэхтээһин кууруһугар баран кэллэ.

Алтынньы 15-16 күннэригэр үлэ хаамыытын чэрчитинэн 26 киһи - оскуола дириэктэрдэрэ, уһуйаан сэбиэдиссэйдэрэ, үөрэх эйгэтин специалистара Горнай улууһугар баран кэллилэр. Горнайга 15 уһуйаан, 11 үөрэх тэрилтэтэ грантовай куонкурустарга күүскэ кытта сылдьар уопуттарын кэпсээтилэр.

Оскуола үөрэнээччилэригэр күһүҥҥү сынньалаҥ алтынньы 28 күнүттэн саҕаланыаҕа уонна сэтинньи 4 күнүгэр түмүктэниэҕэ.

Федеральнай сокуон 120 ыстатыйатыгар олоҕуран үлэлиир хамыыһыйа саҥа састааба бигэргэннэ. Сокуоннай саастарын ситэ туола илик оҕолор буруйу оҥоруулара тахсыбатын туһугар атын бэрээдэгинэн үлэлииргэ былааннаатылар.

Оскуола үөрэнээччилэрин комплекснай спартакиадатыгар "Спортивная Якутия" өрөспүүбүлүкэтээҕи спартакиада 26 көрүҥүттэн 19-һун киллэрдилэр. Сэтинньи 8 күнүттэн саҕаланыахтаах уонна сыл устата барыахтаах. Саас, үөрэх дьылын бүтүүтэ түмүгэ тахсыахтаах. Ситэтэ суох орто оскуолалар, 100-кэ диэри ахсааннаах уонна 100-тэн тахса ахсааннаах үөрэнээччилээх оскуолалар диэн үс бөлөҕүнэн күрэстэһиэхтэрэ.

2025 сылга сайыҥҥы оҕо лааҕырдарын тэрийии туһунан улахан былаанныыр мунньах ыытыллыбыт.

Улуус баһылыга Валерий Николаев үөрэххэ киирии боппуруоһун таарыйда. Ол курдук, улуус үрдүнэн 11 эрэ оҕо үрдүк үөрэххэ киирбитин бэлиэтээтэ. Бу боппуруоска күүскэ үлэлиир наадатын ыйда. Сүрүн предметтэри биэрэр учууталлар улуус киинигэр үлэлии кэлэллэрин туһугар улуус дьаһалтатыттан эбии үп көрөн, күүскэ үлэлэһэргэ былааннаабытын иһитиннэрдэ.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#планерка

"Автодор" АУо РИХ "Бүлүү" федеральнай суолугар ыытар үлэтин туһунан СМР маастара Гаврил Семенов иһитиннэрдэ.

Чыбыыдаҕа диэри суолга дьаамалары суох гынар өрөмүөн үлэтэ кэлэр нэдиэлэҕэ ыытыллыаҕа.

Түүкээҥҥэ диэри Ньурба улууһун суол үлэтин хааччыйар тэрилтэтэ сылдьар.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#планерка

Улууска "Оптуорунньук - доруобуйа күнэ" бырайыак үлэтин туһунан кииннэммит библиотека ситимин дириэктэрэ Тамара Саввинова кэпсээтэ.

Бу бырайыагынан улууспут нэһилиэктэринэн улуустааҕы кииннэммит уонна оҕо библиотеканы кытта уопсайа 22 библиотека үлэлии олорор. Күн бүгүн нэһилиэктэринэн, улуус киинин аахпакка эрэ, уопсайа 9749 киһи бу бырайыак тэрээһиннэригэр, ол иһигэр сарсыардааҥы чэбдигирдэр зарядкаҕа кыттыыны ылла.

Нам, Хоро, Мэйик, Маҥаас уонна Хомустаах нэһилиэктэрэ саамай элбэх дьону кытыннарар нэһилиэктэринэн бэлиэтэннилэр.

Алтынньы 22 күнүгэр "Үрүҥ торуоска" харахтарынан доруобуйаларынан хаарчахтаах дьон декадаларын чэрчитинэн эбии тэрээһиннэр ыытыллыахтара.

Улуус баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччыта Анна Уларова улууска 12 тыһыынча киһи физкультуранан, спордунан дьарыктанар буоллаҕына олоҕу олоруу орто көрдөрүүтэ уһууругар быһаччы көмөлөөх буолуохтааҕын бэлиэтээтэ.

Манежка ыытыллар сарсыардааҥы зарядка, үгүс дьон көрдөһүүтүнэн, бириэмэтэ сарсыарда 8:30 чааска көһөн биэрдэ.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#планерка

Улууска сокуону, бэрээдэги кэһии туругун туһунан Үөһээ Бүлүүтээҕи ис дьыала отделын бэрээдэги бөҕөргөтөр салаатын салайааччытын быстах кэмҥэ эбээһинэһин толорооччу полиция лейтенана Николай Гурьев иһитиннэрии оҥордо.

Ааспыт нэдиэлэ устата ис дьыала дьуһуурунай чааһыгар уопсайа 33 иһитиннэрии киирбит. Онтон 5-һэ араас өрүттээх эт-хаан эчэйиитэ, суол саахала - 1, киһи эчэйиитэ суох. Биир уоруу бэлиэтэммит. Атын киһи бас билэр баайын, малын алдьатыы - 1. Кирэдьиити төлөөбөккө куотуна сылдьар 6 киһи дьыалата түөкүннээһиҥҥэ киирбит.

Нэдиэлэ устата 5 административнай боротокуол толоруллубут. Дьуһуурунай чааска 1 киһи тутуллан киирэн тахсыбыт.

ГАИ сотрудниктара 76 сэрэтэр, ыстарааптыыр боротокуолу толорбуттар. Онтон 1 киһи арыгы иһэн баран массыына ыыта сылдьан тутуллубут.

Ааспыт нэдиэлэ устата "Сигнал насилия" операция чэрчитинэн аадырыстарынан рейдэ ыытыллыбыт. Манна бэрээдэги көрөр-истэр үлэһиттэр чопчу ыйыллыбыт ыалларынан, ону тэҥэ быраҕыллан турар дьиэлэринэн, тутууларынан сылдьан бэрэбиэркэлээтилэр.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#планерка

Бүлүү, Үөһээ Бүлүү улуустарын көрдүүр-быыһыыр сулууспатын салайааччыта Михаил Ан "Тонкий лед" операция саҕаланан эрэринэн саҥа туран эрэр мууска олохтоохтор сэрэхтээх буолалларын санатта.

Тэрилтэ салайааччыларыгар туһаайан, өрүс уҥуортан, Бүлүү өрүскэ муус саҥа туран эрэр кэмигэр дьону араас тэрээһиннэргэ булгуччу бэрээдэгинэн модьуйан ыҥырар көҥүллэммэтин туһунан сэрэттэ. Маннык түгэҥҥэ быһылаан таҕыстаҕына тэрилтэ салайааччыта быһаччы эппиэтинэһи сүгэрин бэлиэтээтэ.

Ирбискэ дуогабардаах Роман Ильин уонна Анатолий Спиридонов эрэ көҥүллээх дуогабардаах олороллор. Тарыып 1 киһиттэн 1500 солкуобайга тэҥнэспит.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#планерка

Улуус дьаһалтатын нэдиэлэтээҕи былаанныыр сүбэ-мунньаҕа олохтоох көҕүлээһиннэри өйүүр бырагыраама үлэтин туһунан экономика салалтатын сүрүн специалиһа Сардаана Тартакынова иһитиннэриититтэн саҕаланна.

Үөһээ Бүлүү улууһугар 2017 сылтан олохтоох көҕүлээһини өйүүр бырагыраама үлэтин саҕалаабыта. Бу сылтан саҕалаан улууспутугар 93 эбийиэк оҥоһулунна. Ол курдук, сүрүн үлэлэр суол тутуутугар уонна олорор сири тупсарыыга барбыттара.

Быйылгы сылга 20 бырайыак куонкуруһу кыайбыта, 5 нэһилиэк - Нам, Өргүөт, Харбалаах, Туобуйа, Далыр бырайыактара ааспатахтара.

Билигин 20 бырайыактан 12-тэ ситэ бүтэн, олоххо киирэн тураллар. Ол курдук, Куду учаастагын ыһыахтыыр сирэ, Хоро нэһилиэгэр спорт былаһаакката, Кэнтиккэ, Тамалакааҥҥа уулуссалары өрөмүөннээһин, Үөһээ Бүлүүгэ Ленин аатынан уулусса пааркаларын тупсарыы, Ороһуга сайыҥҥы уунан хааччыйыы, Сургуулукка ыһыахтыыр сири оҥостуу бастакы түһүмэҕэ оҥоһуллан бүтэн тураллар. Онтон ордубут бырайыактар бу сыл бүтүөр диэри тутуллан бүтэн туттарыллыахтаахтар.

Маны сэргэ Үөһээ Бүлүү дьаһалтата кыттыспыт 2 бырайыага Дүллүкү-Бүтэйдээх уонна Тыалыччыма үрэҕэ-Боотулуу суолларын оҥоһуута бу ый саҥатыгар иккиэн бүтэн туттарылыннылар.

Кэлэр 2025 сылга сайаапкалары тутуу алтынньы 21 күнүттэн саҕаланна. Билиҥҥи туругунан 20 нэһилиэк кыттардыы бэлэмнэнэр.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#планерка

Комплексная кадастровая работа (ККР) үлэтин туһунан – улуус баайын-дуолун дьаһайар кэмитиэт салайааччыта Семен Колтовской иһитиннэрдэ.

ККР- комплексные кадастровые работы 2024 сылга согласительнай хамыыһыйаны 4 нэһилиэк ааһан турар: Көтөрдөөх, Мэйик, Далыр, Сургуулук. Бу нэһилиэктэр Росреестр базатыгар көнөн киирэргэ сөбүлэҥи ааһан тураллар.

Билиҥҥи туругунан толорооччу уорган Ороһу, Дүллүкү нэһилиэктэрин бүтэрэн, сөбүлэҥи баттыыр хамыыһыйа мунньаҕар бигэргэтиини аһардарын күүтэбит.

Андреевскай, Үөһээ Бүлүү нэһилиэнньэлээх пууннарын көрүүнү толорооччу 2 нэдиэлэ иһигэр бүтэриэхтээх.

Быйылгы уопсай ККР үлэтэ сэтинньи ыйынан түмүктэниэхтээх. Кэлэр сылтан ККР үлэлэрин Роскадастр тэрилтэтэ салайан ыытар буолла, бу сылга диэри МИЗО сүрүннээн кэлбитэ.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM