#планерка
✅Улуустааҕы үөрэх салалтатын үлэтин туһунан үөрэх салалтатын салайааччытын солбуйааччыта Леонид Огочонов иһитиннэрдэ:
- Бу нэдиэлэҕэ бүтүн Россиятааҕы улуус таһымнаах олимпиадалар түмүктэнэллэр. 50 баалтан элбэҕи ылбыт оҕолор республикаҕа бэрэбиэркэҕэ барар, уопсайа 42 оҕо үлэтэ барда.
11-с кылаастар итоговай сочинениелары суруйарга бэлэмнэнэллэр. Ахсынньыга туттарбатахтарга олунньуга уонна кулун тутарга перезачет буолар. Урукку сылларга оҕолор туттарыылара үчүгэй этэ.
Сэтинньи 30 күнүгэр норуоттар икки ардыларынааҕы В.Д. Михайлов сырдык кэриэһигэр НПК буолла. Манна Саха сириттэн эрэ буолбакка, онлайн нөҥүө Узбекистантан, Казахстантан о.д.а кытыннылар.
Бу ыйга уһуйаан, оскуола үбүлүөйдээх дааталара буолаары тураллар, ол иһигэр ахсынньы 6,7 күннэригэр М.Т.Егоров аатынан 2-с нүөмэрдээх орто оскуола үбүлүөйэ буолаары турар.
Ахсынньы 13 күнүгэр сылын аайы ыытыллар "Сыл бастыҥ учуутала" куонкурус буолуохтаах.
@uoheebuluu

✅Спорт тэрээһиннэрин туһунан спорт управлениетын салайааччыта Егор Николаев:
- Ааспыт нэдиэлэҕэ бэтэрээннэр спартакиадалара буолла. 13 көрүҥҥэ 14 нэһилиэктэн 200-тэн тахса кыттааччы кытынна.
Чэппиэргэ Дьиэ кэргэн спортивнай күрэхтэһиилэр буолла, барыта 9 ыал кытынна.
Оҕолорго гиирэ спордугар күрэхтэһии буолла. 24 уолаттар, 8 кыргыттар гиирэ астылар. Федерация бэрэссэдээтэлэ Ньургун Саввин бэйэтэ бириистэри туруорда.
Ахсынньыга 6,7 күннэригэр иккис сылын К.Мандаров сырдык кэриэһигэр оҕолорго, улахан дьоҥҥо хапсаҕайга тустуу күрэҕэ Дүллүкүгэ буолаары турар.
7,8 күннэригэр А.Кузнецов сырдык аатыгар республикатааҕы мас тардыһыыта Үс Хоһууҥҥа буолуоҕа.
Бу нэдиэлэҕэ Федерация кубогар остуол оонньууларыгар спортсменнарбыт Дьокуускайга бараары сылдьаллар.
Ахсынньы бүтэһигэр чемпионнар бааллара буолара былааннанар.

✅ Үөһээ Бүлүү улууһугар сокуону, бэрээдэги кэһии туругун туһунан Ис дьыала отделын бэрээдэги бөҕөргөтөр салаатын салайааччыта, полиция подполковнига Владислав Поскачин иһитиннэрдэ.
Ааспыт нэдиэлэ устата Ис дьыала дьуһуурунай чааһыгар 34 иһитиннэрии киирбит. Мантан араас өрүттээх эт-хаан эчэйиитэ - 10, онтон иккитэ охтуу түмүгэр, 8-һа охсуһуу. Бэрэбиэркэ барар.
11 түөкүннээһин, өлөрүүнэн куттааһын түбэлтэтэ - 1, Маҥаас нэһилиэгэр ыаллар уһун кэмнээх арыгылааһыннарын түмүгүнэн, 4 сокуоннай саастарын туола илик оҕолору Приюкка киллэрдилэр.
Дьуһуурунай чааска 4 киһи тутуллан киирэн тахсыбыт.
Уопсайа нэдиэлэ устата 32 административнай боротокуол оҥоһуллубут. ГАИ үлэһиттэринэн 109 боротокуол толоруллубут. Итирик туруктаах 2 киһи тутулунна.

✅ Бүгүҥҥү улуус дьаһалтатын нэдиэлэтээҕи былаанныыр сүбэ-мунньаҕа улуус баһылыга Валерий Николаев салайан ыытар.
Байыаннай дьайыы буола турар сиригэр 12 күннээх сырыы туһунан кылгастык билиһиннэрдэ.
Биир дойдулаахтарбытын, байыаннай дьайыы саҕаланыаҕыттан бэбиэскэ тутан, хантыраак баттаан барбыт байыастарбытын көрсөн, наадалаах тэриллэри, кыһыҥҥы таҥаһы-сабы, Саҥа дьылы көрсө улууһунан бэлэмнэммит тоҥ аһы-үөлү тиксэрэн, улуус бары олохтоохторугар, дьиэ кэргэттэригэр, "Дойдум тыына" иистэнэр сыахха махтаналларын тириэрдибиттэрин иһитиннэрдэ. Уолаттар дойдуларын аһын ахтыбыттарын, баһыылкалары олус күүтэллэрин, эргиллэн кэлэргэ эрэллээхтэрин этиммиттэр.
Улуус тэрилтэлэриттэн үс ыйга биирдэ биирдии күннээх хамнас хомуллан, ону тэҥэ спонсордар көмөлөрүнэн 6 мөлүйүөн солкуобай кэриҥэ суумаҕа сулууспалыырга көмө буолар олус наадалаах тэриллэри атыылаһан ылан тиксэрдилэр.
Аны саас былааннанар сырыыга нэһилиэктэр баһылыктарыттан барсаллар буоллар диэн улуус баһылыга бэлиэтээтэ. Улуус баһылыгын солбуйааччыта, дьаһалта дьыалаларын дьаһайааччы Михаил Егоров салайааччылаах бөлөх көмө оҥоро барыаҕа.
"Үөһээ Бүлүү" хаһыат

Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#планерка
✅ Улуустааҕы дьарыктаах буолуу киинин салайааччыта Николай Петров 11 ый түмүгүнэн тэрилтэ үлэтин билиһиннэрдэ.
Бу ааһан эрэр сылга дьарыктаах буолуу киинигэр 470 үлэтэ суох киһи учуокка туран бэлиэтэммит. Онтон 306 киһи быстах кэмнээх эбэтэр бастайааннай үлэни булбут. Бу уопсай үлэтэ суох киһи ахсааныттан 61,5% ылбыт.
Күн бүгүн бу кииҥҥэ үлэ көрдүүр 97 киһи учуокка турар. Мантан 63-һэ босуобуйа ылар.
Урбаанынан дьарыктаныан баҕалаах дьоҥҥо аналлаах бырагыраамаҕа олоҕуран, бу сылга уопсайа 4 киһи 150-нуу тыһ. солк. өйөбүлү туһаммыт.
Сайыҥҥы өттүгэр барыта 120 сокуоннай сааһын ситэ туола илик оҕо үлэлээн хамнас аахсыбыт. Бу бырагыраамаҕа анаммыт үп толору туһаныллыбыт.
Саха сирин промышленнай тэрилтэлэригэр 12 киһи үлэлии киирбит.
Билигин үлэлээбэт киһи ылар босуобуйатын алын кээмэйэ 2578 солк. 80 харчыга тэҥ. Оттон үрдүк босуобуйа - 21 тыһ. 982 солкуобай.
Анал байыаннай дьайыыга сулууспалыы сылдьар байыастар дьиэ кэргэттэриттэн, чуолаан байыастар кэргэттэрэ - 6 киһи учуокка туран, 3-һэ үлэ булбут.
Дьарыктаах буолуу киинин нөҥүө үлэ көрдүүр дьонтон 11 киһи анал бырагырааманан араас таһымнаах үөрэххэ үөрэммит.
"Байыаннай дьайыыга сулууспалаан кэлбит уолаттары үлэнэн хааччыйыы боппуруоһа сытыытык турар. Маныаха, кэллэхтэринэ үчүгэй хамнастаах үлэҕэ, промышленнай тэрилтэлэргэ киирэллэрин хааччыйыахтаахпыт. Манна хас биирдии тэрилтэ салайааччыта үлэлэһиэхтээх", - диэн Валерий Николаев бэлиэтээтэ.

✅ "Якутскэнерго" тэрилтэтин сүрүн инженерэ Валентин Дмитриев сыллааҕы үлэ хаамыытын иһитиннэрдэ.
Быйылгы сылга былааннаммыт өрөмүөн үлэтэ уустуктардаах ааста. Сайыҥҥы өттүгэр улахан ойуур баһаардара туран, улахан үлэ ойуур баһаардардаах нэһилиэктэргэ ааста.
3 улахан уот ситимигэр уопсайа 290 баҕана уларытылынна. Нэһилиэк иһигэр 3,5 км сип-провод тардылынна.
Туох-ханнык үлэ барбытын сиһилии хаһыакка ааҕыаххыт. Үөһээ Бүлүү" улуус хаһыатыгар чэпчэтиилээх сурутуу буола турар https://podpiska.pochta.ru/press/%D0%9F%D0%98976

✅ Улуустааҕы Олох-дьаһах, коммунальнай хаһаайыстыба тэрилтэтин салайааччыта Альберт Гаврильев тэрилтэ үлэтин билиһиннэрдэ.
339 үлэһиттээх унитарнай тэрилтэ 39 котельнайы тутан үлэлэтэ олорор. Онтон 23 күөх төлөнүнэн, 1 газо- кондесатынан уонна 15 котельнай таас чоҕунан оттуллар.
Уопсайа 56 км уһуннаах ититэр ситими хааччыйан, көрөн-истэн олороллор. Ону тэҥэ чааһынай ыаллар ититэр ситимнэрин хааччыйаллар.
Нэһилиэктэргэ оттук үгүһэ тириэрдиллэн турар. Кыһыҥҥы суол арыллан, бу кэлэр нэдиэлэттэн саҕалаан оттугу тиэйии үлэтэ саҕаланыаҕа. Бастакы сырыы Туобуйа нэһилиэгэр былааннанар. Туобуйаҕа диэри айан суолу бу нэдиэлэ бүтүүтүгэр диэри хаарын ыраастаан, оҥорон бэлэмниэхтэрэ.
Анал байыаннай дьайыыга сулууспалыы сылдьар байыастар дьиэлэрин ититэр ситимҥэ холбооһун бырагырааматыгар олоҕуран 3 ыалы ититэр ситимҥэ холбообуттар.
"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
339 үлэһиттээх унитарнай тэрилтэ 39 котельнайы тутан үлэлэтэ олорор. Онтон 23 күөх төлөнүнэн, 1 газо- кондесатынан уонна 15 котельнай таас чоҕунан оттуллар.
Уопсайа 56 км уһуннаах ититэр ситими хааччыйан, көрөн-истэн олороллор. Ону тэҥэ чааһынай ыаллар ититэр ситимнэрин хааччыйаллар.
Нэһилиэктэргэ оттук үгүһэ тириэрдиллэн турар. Кыһыҥҥы суол арыллан, бу кэлэр нэдиэлэттэн саҕалаан оттугу тиэйии үлэтэ саҕаланыаҕа. Бастакы сырыы Туобуйа нэһилиэгэр былааннанар. Туобуйаҕа диэри айан суолу бу нэдиэлэ бүтүүтүгэр диэри хаарын ыраастаан, оҥорон бэлэмниэхтэрэ.
Анал байыаннай дьайыыга сулууспалыы сылдьар байыастар дьиэлэрин ититэр ситимҥэ холбооһун бырагырааматыгар олоҕуран 3 ыалы ититэр ситимҥэ холбообуттар.
"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#планерка
✅ Улууска сокуону, бэрээдэги кэһии туругун туһунан улуустааҕы Ис дьыала отделын бэрээдэги бөҕөргөтөр салаа салайааччыта, подполковник Владислав Поскачин иһитиннэрдэ.
Ааспыт нэдиэлэ устата дьуһуурунай чааска 42 араас ис хоһоонноох иһитиннэрии киирбит. Мантан 11 - эт-хаан эчэйиитэ (3 - охсуһан, онтон атына охтон эчэйии).
7 түөкүннээһин түбэлтэтэ бэлиэтэммит. Кирэдьииттэрин төлөөбөккө сылдьар дьон дьыалалара түөкүннээһиҥҥэ киирэллэр.
1 баһаар, 1 отравление, 2 бытархай уоруу, 1 өлөрүүнэн куттааһын түбэлтэлэрэ бэлиэтэммиттэр.
2 суол саахала тахсыбыт, киһи эчэйиитэ суох.
26 административнай боротокуол толоруллубут.
Дьуһуурунай чааска 2 киһи тутуллан киирэн тахсыбыт.
ГАИ сотрудниктарынан 109 боротокуол оҥоһуллубут.
СӨ Административнай Кодексатын 3.5 ыстатыйатыгар олоҕуран, элбэх квартиралаах уопсай дьиэлэргэ киэһээҥи өттүгэр чуумпу буолуохтаах. Маныаха Үөһээ Бүлүүгэ бу ыстатыйаҕа сыһыаннаан, чуумпуруу бириэмэтигэр айдаараннар, утуйарга мэһэйдээннэр, 11 ый устата 84 киһиттэн үҥсүүлээх сайабылыанньа киирбит. Онтон 44 сайабылыанньаҕа миэрэ көрүллэ илигэ бэлиэтэммит.

✅ Бүгүҥҥү улуус дьаһалтатын былаанныыр мунньаҕар саҥа анаммыт салайааччылары билиһиннэрдилэр.
Ол курдук, улууска саҥа үлэтин саҕалаабыт Дьиэ кэргэҥҥэ уонна ыччакка социально-психологическай көмөнү оҥорор киин судаарыстыбаннай бюджетнай тэрилтэтин Үөһээ Бүлүүтээҕи филиалын салайааччытынан Вера Вильгельмовна Миронова ананна.
Саҥа тэрилтэ офиһа Сбербаан дьиэтин иккис этээһигэр 2 хоһунан, 2 үлэһиттээх үлэлиэҕэ.
Ойуур хаһаайыстыбатын судаарыстыбаннай тэрилтэтин Үөһээ Бүлүүтээҕи салаатын салайааччытынан бу тэрилтэҕэ 6 сыл ойуур харыстабылын инженеринэн үлэлээбит Еремей Еремеевич Алексеев ананна.
"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Ол курдук, улууска саҥа үлэтин саҕалаабыт Дьиэ кэргэҥҥэ уонна ыччакка социально-психологическай көмөнү оҥорор киин судаарыстыбаннай бюджетнай тэрилтэтин Үөһээ Бүлүүтээҕи филиалын салайааччытынан Вера Вильгельмовна Миронова ананна.
Саҥа тэрилтэ офиһа Сбербаан дьиэтин иккис этээһигэр 2 хоһунан, 2 үлэһиттээх үлэлиэҕэ.
Ойуур хаһаайыстыбатын судаарыстыбаннай тэрилтэтин Үөһээ Бүлүүтээҕи салаатын салайааччытынан бу тэрилтэҕэ 6 сыл ойуур харыстабылын инженеринэн үлэлээбит Еремей Еремеевич Алексеев ананна.
"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#планерка
✅ Авиапорт салайааччыта Дмитрий Иванов анал байыаннай дьайыыга бэйэтин тэрилтэтиттэн командировка оҥотторон баран кэлбитин туһунан кэпсээтэ.
"Биир дойдулаах уолаттарбытын кытта көрсө барарбытыгар сүрүнэ диэн үлэтэ эбит. Ол эбэтэр хастыы эмэ туонналаах гуманитарнай көмөнү Дьокуускай авиапордуттан саҕалаан айан устатын тухары хас биирдии опорнай пууҥҥа тиксэриллиэр диэри төттөрү-таары тиэйии, таһыы, сүгүү- көтөҕүү эбит. Уолбун көрсөн астынным. Уолаттар бэйэлэрин нэһилиэктэрин, чугас дьоннорун туһунан сонуннары истиэхтэрин наһаа баҕараллар эбит. Биһиги - улуус дьоно уопсай сонуну эрэ кэпсиир кыахтаах эбиппит. Онон аныгыс сырыыга нэһилиэктэртэн баһылыктар эбэтэр специалист уолаттар барыахтарын наада эбит. Хас биирдии опорнай пууҥҥа, Чурапчылар курдук, бэйэтэ анал тиэхиньикэлээх, анаммыт хамнастаах үлэһиттээх улуус представительствота үлэлиирэ буоллар бэрт буолуох эбит. Оччотугар гуманитарнай көрөбүт, аадырыстаммыт баһыылкаларбыт тиксэриллэллэригэр улахан көмө буолуох этэ", - диэн Дмитрий Дмитриевич санаатын эттэ.
Хомойуох иһин, үгүс уол инники кирбиигэ сытар буолан, хамандыырдара көҥүл биэрбэккэ, кыайан улуус делегациятын кытта көрсүһүүгэ тахсыбатахтар. Ол эрэн 58 уолу сирэй көрсөн, баһыылкалары тиксэрэн, кэпсэтэн-ипсэтэн, санааларын көтөҕөн кэлбиттэр.