Верхневилюйский район 💯 РГ "Үөһээ Бүлүү"
3.85K subscribers
20.9K photos
4.15K videos
9 files
3.63K links
🗞🗞🗞ТГ-канал редакции https://t.iss.one/uoheebuluu
Предлагайте новости @Uohee_buluu14_bot
🔸 *Мы в ВКонтакте:* vk.com/uoheebuluu
🔸 *Одноклассники:* https://ok.ru/profile/603428848914
🔸 *🔸 *Подписывайтесь по ссылке* https://podpiska.pochta.ru/press/ПИ976
Download Telegram
#дьиэкэргэнсыла #всейсемьей

🏃‍♂️ Көрүҥнэринэн кыайыылаахтар грамоталарынан, мэтээллэринэн наҕараадаланнылар.

Маһы суорууга - Далыр
Маһы хайытыыга - Дүллүкү
Ойбону алларыыга - Дүллүкү
Маһы эрбээһиҥҥэ - Хомустаах
Баҕанаҕа ыттыыга - Хомустаах
Биатлоҥҥа - Үөһээ Бүлүү
Кутаа уотун оттууга - Сургуулук

@uoheebuluu
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#дьиэкэргэнсыла #всейсемьей

🏃‍♂️ Биирдиилээн аймахтар, оскуола, нэһилиэк дьаһалталарын ааттарыттан кыттааччыларга Махтал суруктары, сэмэй бэлэхтэри туттардылар.

@uoheebuluu
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#дьиэкэргэнсыла #всейсемьей

🏃‍♂️ Улуустааҕы култуура департаменын салайааччыта Сардаана Ильинова видеонан уһуллубут визитка түмүгүн билиһиннэрдэ.

Кыайыылаахтар - Үөһээ Бүлүүттэн Гурьевтар дьиэ кэргэттэрэ.

@uoheebuluu
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#уһуйаан #үбүлүөй #дьиэкэргэнсыла

⭐️ "Аленушка" уһуйаан 35 сылыгар анаммыт улуустааҕы дьиэ кэргэн күрэҕэ Оҕо искусство оскуолатыгар саҕаланна.

Дьиэ кэргэн күрэҕэр 7 ыал кыттар. Ол курдук, Үөһээ Бүлүү "Аленушка" сайдар киин аатыттан Ченоховтар уонна Яковлевтар, "Ньургуһун" уһуйаан аатыттан Игнатьевтар, Ороһу нэһилиэгиттэн Никоновтар, Кэнтиктэн Семеновтар, Дүллүкүттэн Романятовтар уонна Хоро нэһилиэгиттэн Климовтар кытталлар.

4 түһүмэхтээх күрэҕи кэлэн көрүҥ, сэргээҥ, сэҥээриҥ.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
#дьиэкэргэнсыла #аҕакүнэ #всейсемьей

Үөдүгэй нэһилиэгин олохтооҕо, айар куттаах ырыа айааччы, мелодист Евгений Тихонов кыыһынаан Софиялыын бүгүҥҥү үөрүүлээх бырааһынньыгынан, Аҕа күнүнэн эҕэрдэлээн туран "Прекрасное далеко" ырыаны толороллорун истиҥ😍👏

Санатан эттэххэ, Евгений Тихонов ааспыт нэдиэлэҕэ бастакы айар киэһэтин тэрийэн дьон сэҥээриитин ылла👏👏👏

@uoheebuluu
@ulusmedia
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
#дьиэкэргэнсыла #всейсемьей

Бүгүн бииргэ төрөөбүттэр күннэрэ бэлиэтэнэр👭👫👬👫

Мэйик олохтоохторо Марта, Филипп Софроновтар 7 кыталык кыыһы кытта соҕотох уоллаахтар. Видеоҕа кинилэри көрөҕүт😍 (биир кыыстара ыраах олорор буолан кыайан кэлбэтэх)

Мэйиккэ оонньоон-көрүлээн улааппыт алаастарыгар төннөн, анаан-минээн биир таҥастанан видео уһулан үйэтиппиттэр. Көрүөххэ кэрэтин! ❤️баттаа😍

@uoheebuluu @ulusmedia
#дьиэкэргэнсыла

Россияҕа Дьиэ кэргэн, республика Оҕо-аймах, улууспутугар Түмсүү сылларын чэрчитинэн улуустааҕы киин библиотекаҕа "Олох кэрэ" бырайыак үлэтэ саҕаланна.

Бу дьоро күн улууспут бигэ тирэхтээх, таптал уйаламмыт алаһа дьиэлээх, дьоллоох оҕо саҥата чуопчаарбыт бастыҥ ыаллара көрсө, ыалдьыттыы кэллилэр.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
#дьиэкэргэнсыла

Улуус ытык-мааны ыала, үйэ аҥара тапталларын холбоон 4 оҕоҕо күн сирин көрдөрбүт ийэ, аҕа, элбэх сиэн, хос сиэн эбээтэ, эһээтэ Елена Яковлевна, Федор Федорович Неустроевтар истиҥ-иһирэх көрсүһүүнү саҕалаатылар.

Ыал Далбар Хотун ийэтэ бастаан кэргэнинээн хайдах билсибиттэрин, оҕолорун иитиигэ ханнык ньыманы туһаммыттарын кэпсиир.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
#дьиэкэргэнсыла

Кэрэ эйгэлээх, талба талааннаах, 5 оҕолоох эдэр ыал Ньургустаана Даниловна Бугулова уонна Иван Иван Харайбатов - иһирэх көрсүһүү мааны ыалдьыттара.

Ыал аҕата Иван Иванович дэгиттэр талааннаах: мас ууһа, булчут, ырыаһыт, үҥкүүһүт. Кини сатабылга хайдах уһуйуллубутун, үҥкүү, ырыа эйгэтигэр киирбитин уонна дьиэ кэргэҥҥэ сыһыан, оҕону иитии тула санааларын истиҥник үллэһиннэ.

Ыал күн-күбэй ийэтэ Ньургустаана Даниловна 15
оҕолоох Бугуловтар кэргэттэригэр төрөөбүт. Кини ырыа эйгэтигэр хайдах кэлбитин, оҕолору ырыаҕа хайдах уһуйарын кэпсээтэ.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
#дьиэкэргэнсыла

Улууспут киэн туттар эдэр ыала, аҕыс оҕолоох Анна Викторовна, Александр Саввич Дмитриевтар -- атах тэпсэн олорон кэпсэтии биир күүтүүлээх ыалдьыттара.

Александр Саввич кыра эрдэҕиттэн тапталлаах эһэтэ, Аҕа дойду улуу сэриитин ветерана, үйэтин тухары математика учуутала Савва Васильевич Дмитриев кинини хайдах ииппитин, үйэтин тухары чиэһинэй буоларга уһуйбутун олус истиҥник, ис киирбэхтик кэпсээтэ. Аныгы үйэҕэ оҕону иитии тула санаатын үллэһиннэ, билиҥҥи үйэҕэ төрөппүт биир үксүн оҕотуттан үөрэнэр кэмэ кэлбитин бэлиэтээн эттэ.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
#дьиэкэргэнсыла

Бүгүн Олоҥхо дьиэтигэр Россияҕа дьиэ кэргэн, Саха сиригэр оҕо саас, улууска түмсүү сылларын чэрчилэринэн итиэннэ республика Ийэлэрин күннэригэр сыһыары тутан, Олоҥхо дьиэтигэр "Кыыс ийэтинээн" улуустааҕы күрэх саҕаланна.
Тэрээһин өрөгөйдөөх чааһа улуус элбэх оҕолоох, көхтөөх олоҕу тутуһар дьоһун-мааны ийэлэригэр "Ийэҕэ махтал" бочуоттаах бэлиэни туттарыыттан саҕаланна. Улуус баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччыта Анна Уларова күн-күбэй ийэлэргэ киэн туттуутун, дириҥ махталын, сылаас алгыһын тиэрдэн туран, ытык бэлиэлэри туттартаата.
Далбар Хотун ийэлэри истиҥник эҕэрдэлээтэхпит буоллун!

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат