Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
#ийэкүнэ #быыстапка
⭐️ Саха сиригэр ийэ күнүн чэрчитинэн "Ийэ иһирэх иэйиитинэн" Олоҥхо дьиэтигэр быыстапка-дьаарбаҥка түгэниттэн🎥
@uoheebuluu

#быыстапка
⭐️ Үөһээ бүлүүлэр - норуоттар икки ардыларынааҕы быыстапкаҕа
Санкт-Петербурга «Новая жизнь традиций» быыстапкаҕа Саха сириттэн 5 маастар кыттар, онтон түөрдэ - үөһээ бүлүүлэр.
Людмила Егорова, Розалия Семенова, Анастасия Борисова, Айталина Семенова боолдьоҕунан хатайдаан эҥин дьикти ойуулаах, кэрэ көстүүлээз хартыыналары, таҥаһы- сабы оҥоруунан дьарыктаммыттара хаһыс да сыллара. Түгэн тосхойдор эрэ быыстапкаларга көхтөөхтүк кытталлар.
Биир дойдулаахтарбыт сэтинньи 4-6 күннэригэр "Мастер" галереяҕа «Чувство дома» экспозицияны туруордулар, итиэннэ "Снежная" диэн ааттаах дефиле көрдөрдүлэр. Маастардарга норуоттар икки ардыларынааҕы таһымнаах тэрээһиҥҥэ ситиһиилээхтик кытталларыгар баҕарыаҕыҥ🙌🙌🙌
"Үөһээ Бүлүү" хаһыат

Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#Бэйэдьыалата #быыстапка
Саргылаах Саҥа дьылы көрсө улууспут талааннаахтара, бэйэ дьыаланан дьарыгырар дьон быыстапка-дьаарбаҥкалара бүгүн Олоҥхо дьиэтигэр ыытылла турар.
Эбиэттэн киэһэ "САТА" мастарыскыай, "Клевер" арт-студия, натуральнай таастартан киэргэллэри оҥорор Анна Ефремова о.д.а. маастар-кылаастары тэрийиэхтэрэ.
Быыстапка киэһээҥҥэ диэри буолуоҕа. Саҥа дьыллааҕы бэлэххитин эрдэттэн толкуйдааҥ, илиинэн оҥоһук - саамай күндү бэлэх.

⭐️ XIV-с " Якутия мастеровая" быыстапка дьаарбаҥкаҕа Үөһээ Бүлүү улууһуттан уус уран оҥоһугунан утумнаахтык дьарыгырар иистэнньэҥнэр, тимир-мас уустара Кулаковскай аатынан Культура киинигэр түмсэн кэлэммит бэйэбит оҥоһуктарбытын дьоҥҥо-сэргэҕэ көрдөрдүбүт.
"Айар" түмсүү салайааччы Новгородова П.Ф., "Бочо" түмсүү салайааччы Борисова А.Е. валяниенан коллективнай паннолара, сонноро, таҥастара, Павлова И.Г. кыбытыктаах паннота, ат симэҕэ, Софронов Р.Е. муостан, болгуо тимиртэн, хатыҥтан чороон оҥоһуктара, Егоров М.Д. хатыҥтан хаһан оҥоһуктара айах чороон, кытыйа, Константинов П.А. тимиртэн хобо чуораана, Николаев А.В. тимиртэн оҥоһуктара саха быһаҕа, чороонноро, Николаев Л.Н. мастан кыһан музыкальнай инструменнара, Афанасьев С.В. уруһуйдара, мастан кыһан оҥоһуктара, Павлова Н.И. кылтан оҥоһуктарын араас көрүҥнэрэ, Титова Т.И. кылынан уруһуй "Удаҕан", "Хапсыһыы" хартыыналара, Петрова Е.А. эр киһи кыһыҥҥы таҥаһын комплега, Золотарева О. Л. алтантан, латуньтан киэргэллэрэ, дьаҕа оҥоһуктара, Догорова А.Е. эр киһи уостаах үтүлүгэ көрдөрүүгэ турдулар.
Уус-уран оҥоһук кыттыылаахтара маннык улахан тэрээһиҥҥэ кэлэн кытта сылдьарбытыгар Үөһээ Бүлүү улууһун дьаһалтатыгар, Норуот айымньытын киинигэр барҕа махталбытын тиэрдэбит.
XIV-с "Якутия мастеровая" тэрээһин кыттыылаахтара.

#урбаан #быыстапка
⭐️ Шанхайга быыстапкаҕа
Олунньу 28 күнүттэн кулун тутар 2 күнүгэр диэри Шанхай куоракка ыытыллыбыт "APPPEXPO-2024" аан дойдутааҕы бэчээтинэй бородууксуйа технологиятын рекламалыыр быыстапкатыгар 31-с сессиятыгар кыттыыны ыллым.
Манна 100 дойдуттан 180 тыһыынча киһи 2000 кэриҥнээх экспоненнарын туруоран, киэҥ эйгэҕэ таһааран көрдөрдүлэр. Ол курдук, быыстапкаҕа араас цифровой технология текстильнэй бэчээттиир принтердэрэ, оборудованиелара, гравировальнай массыына, расходнай матырыйааллар, чиэрниилэлэрэ, цифровой вывеска уонна знактара, светодиоднай оҥоһуктара уо.д.а. туруоруллан, киэҥ сэҥээриини ыллылар.
Урбаанньыт быһыытынан, реклама өттүнэн олус киэҥ хабааннаах быыстапкаҕа сылдьаммын үлэбит сайдарыгар элбэх уопут эбинним, көрдүм-иһиттим, сэргээтим, тус бэйэбэр умнуллубат түгэн буолла.
Александр Антонов, урбаанньыт, РФ суруналыыстарын Сойууһун чилиэнэ

#Быыстапка
Бүгүн, Н.Бойлохов аатынан Оҕо искусство оскуолатыгар биир дойдулаахтарбыт, РФ, СӨ худуоһунньуктарын Сойууһун чилиэнэ, СӨ искусствотын үтүөлээх деятелэ, АГИКИ профессора Дьулустан Бойтунов уонна скульптор, РФ худуоһунньуктарын Сойууһун чилиэнэ, В.Васильев аатынан эдэр худуоһунньуктарга бириэмийэ лауреата Николай Чоччасов персональнай "Омуннаах олоҥхо дойдута" быыстапкалара үөрүүлээх быһыыга-майгыга арылынна.
Арыллыыга талааннаах биир дойдулаахтарбыт кытыннылар, үлэлэрин билиһиннэрдилэр, улуус баһылыгын солбуйааччыта Анна Уларова, култуура департаменын салайааччыта Сардаана Ильинова эҕэрдэ тыллары эттилэр, махтал суруктары, өйдөбүнньүк бэлэхтэри туттардылар.
Быыстапканы көрө-сэргии Оҕо искусство оскуолатын иитиллээччилэрэ, уһуйааччылара, Дьулустан Бойтунов уонна Николай Чоччасов талааннарыгар сүгүрүйээччилэр кэллилэр.

Быыстапка икки күн, бүгүн уонна сарсын, Оҕо искусствотын дьиэтигэр көрдөрүүгэ туруоҕа.
Кэрэни кэрэхсээҥ😍

Биир дойдулаахтарбыт, айар куттаах үтүө дьоммут худуоһунньук Дьулустан Бойтунов уонна скульптор Николай Чоччасов бар дьоннорун быыстапкаларыгар ыҥыраллар.

"Норуот айымньытын киинэ" МАТ уонна Үөһээ Бүлүүтээҕи история, этнография түмэлин тэрийиитинэн кулун тутар 30 күнүгэр диэри "Удьуор утум" илиинэн уус-уран оҥоһукка улууспут маастардарын үлэлэрин быыстапката тэрилиннэ.
Улууспут талааннаах дьоно, норуот маастардара бу соторутааҕыта Дьокуускай куоракка "Якутия мастеровая" куонкуруска кыттан, дьон хайҕабылын ылан кэлбиттэрэ. Ол үлэлэрин улуус түмэлигэр көрүөххэ, сэргиэххэ сөп.

Улуустааҕы история уонна этнография түмэлигэр илиитигэр талааннаах Үөһээ Бүлүү олохтооҕо, аэропорт үлэһитэ Лиана Никифорова айар быыстапката буола турарын санатабыт. Быыстапка кулун тутар 22 күнүгэр диэри бара турар.
Күндү таастартан көрүөхтэн кэрэ оҥоһуктары оҥорор тарбаҕар талааннаах Лиана Никифорова үлэлэрин көрүҥ, сэргээҥ😍

Бүгүн, сэтинньи 8 күнүгэр, улуустааҕы история уонна этнография түмэлигэр норуот маастара, Саха сирин чороонньуттарын Сойууһун чилиэнэ Михаил Дмитриевич Егоров - Хаттаанай олоҕун орто омурҕанын бэлиэтигэр уус-уран оҥоһуктарын быыстапката көрөөччү дьүүлүгэр турда.
"Кэрэни кэрэхсээн" быыстапкаҕа мастан, удьурҕайтан ураты кэрэ, хас биирдиилэрэ туһунан суолталаах, ис хоһоонноох чорооннор, кытыйалар, сахалыы иһиттэр туруорулуннулар. Манна даҕатан эттэххэ, Хаттаанай уус бу сатабылыгар элбэх эдэр дьону бэйэтин сатабылыгар үөрэтэ-такайа сылдьара кэрэхсэбиллээх.
Быыстапка үөрүүлээх арыллыытыгар норуот айымньытын киинин уус-уран салайааччыта Светлана Аммосова Михаил Дмитриевичка "Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун айымньытын сайдыытыгар кылаатын иһин" түөскэ кэтиллэр бэлиэни туттарда уонна 5000 солкуобай суумалаах сертификаты бэлэх уунна. История уонна этнография түмэлин салайааччыта Изабелла Саввинова маһы ыллатар ууска иһирэх эҕэрдэтин тиэрдэн туран, 3000 суумалаах сертификаты туттарда.