Газета Верхневилюйского района "Үөһээ Бүлүү"
3.87K subscribers
22K photos
4.36K videos
9 files
3.87K links
🗞🗞🗞ТГ-канал редакции https://t.iss.one/uoheebuluu
Предлагайте новости @Uohee_buluu14_bot
🔸 *Мы в ВКонтакте:* vk.com/uoheebuluu
🔸 *Одноклассники:* https://ok.ru/profile/603428848914
🔸 *🔸 *Подписывайтесь по ссылке* https://podpiska.pochta.ru/press/ПИ976
Download Telegram
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
#спорт
#өйдөбүл

Улуустааҕы спорт управлениетын начаалынньыга Егор Николаев истиҥ эҕэрдэтэ.

#үөһээбүлүүхаһыата
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
#өйдөбүл
Макар Анатольевич бииргэ төрөөбүт балта Кэскилээнэ Федорова махталын тиэрдэр.

#үөһээбүлүүхаһыата
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
#өйдөбүл

"Үөһээ Бүлүү" нэһилиэгэ муниципальнай тэриллии баһылыгын солбуйааччы Егор Михайлов бииргэ үлэлээн ааспыт кэллиэгэтин, доҕорун туһунан ахтан-санаан ааста.

#үөһээбүлүүхаһыата
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
#өйдөбүл

Бильярд күрэҕин кэргэнэ Юлия Михайловна Федорова арыйда👏🏻

#үөһээбүлүүхаһыата
#өйдөбүл

Макар Федоров сырдык кэриэһигэр аналлаах икки күннээх күрэххэ Ньурба, Бүлүү бильярдистара кэллилэр.

Кэлиҥ, сэргээҥ, уолбутун ахтан-санаан ааһыаҕыҥ🕯️🎱🎱🎱

#үөһээбүлүүхаһыата
#СВО #өйдөбүл

⭐️Бүгүн, алтынньы 25 күнүгэр, анал байыаннай эппэрээсийэҕэ хорсуннук дойдутун туһугар тыынын толук уурбут уолбут Михайлов Алексей Иванович - Спецназ аатынан олорбут түөлбэтин, уулуссатын ааттыыр тэрээһин буолан ааста.

Төрөппүттэрэ, доҕотторо, аймахтара кэлэн сылаас тылынан уолбутун ахтан-санаан аастылар.

Алексей наҕараадалара:
“Медаль за Отвагу”, “За отличие в службе”, “За службу на Кавказе”, “За верность долгу”, “Участник боевых действий”, “5-летию 21 отряда специального назначения (Тайфун)”, “25 лет окончания Чеченской войны”, “Кавалера Ордена Мужества (посмертно)”.

Алексей Иванович чахчы да икки сэриигэ сылдьан ылбыт мэтээллэрэ, наҕараадалара бэйэтэ дьонугар, норуотугар бэриниилээҕин көрдөрөр.

Маннык уолу иитэн таһаарбыт төрөппүттэригэр Иван Петровичка, Ирина Семеновнаҕа бар дьоммут аатыттан махталбытын тириэрдиэх тустаахпыт.

Алексей сырдык аата олорбут түөлбэтин үйэлэргэ ааттата турдун!

Устин Иванов, Өргүөт нэһилиэгин сынньалаҥ киинин дириэктэрэ

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#өйдөбүл

⭐️ Айыы Уолугар Дьокуускайга сквер арылларыгар көмөлөһүөҕүҥ!

Чаҕылхай сулус буолан сүүрбэччэ сыллааҕыта сандаара тыган ааспыт Александр Самсоновка-Айыы Уолугар тапталлаах ийэтэ оҕотун аатын үйэтитэн сылын ахсын ырыа күрэҕин ыытар, олорбут дьиэтигэр түмэл арыйбыт, хас да кинигэни таһаартарбыт, уулуссатыгар сквер туттарбыт саха мааны далбар-хотуна Марфа Иннокентьевна билигин Дьокуускайга ыччат тоҕуоруһар сиригэр, Октябрьскай уокурукка сир анатан пааматынньыктаах сквер туттараары тэринэр.
Манан сибээстээн ийэ барахсан үп мунньаары хас да аахсыйа-кэнсиэри тэрийдэ.

Онон Саша талааныгар сүгүрүйээччилэр, биир телеграмм-бөлөххө киирэн, Марфа Самсонова аатыгар ким төһөнү кыайарынан (Сбербаан) 89143005924 №-дээх төлөпүөнүгэр харчы уган дьоһун өйдөбүнньүк- стела эһиил ситэн-хотон тутулларыгар харчы эбэн көмөлөһүөҕүҥ. Үтүө дьыала олоххо киирдин!

https://xn--80aaaaaqpp6as1cq2a.xn--p1ai/ajyy-uolugar-dokuuskajga-skver-aryllarygar-kemelehye5yn/

Людмила Аммосова, "Хаҥалас" хаһыат

@gazetahangalas

☑️Присоединяйтесь к нам в ватсап группу по ссылке⤵️
https://chat.whatsapp.com/ECbGSrmIJzuJylMcs2F2TP
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#өйдөбүл

⭐️ Атырдьах ыйын 7 күнэ - бу күн 1975 сыллаахха Ороһу нэһилиэгэр Гаврил Николаев күн сирин көрбүтэ

Николаев Гаврил Гаврильевич 1999 с. М. Жирков аатынан музыкальнай училище иккис кууруһугар үөрэнэ сылдьан «Туймаада» судаарыстыбан- най вокальнай ансаамбылга артыыһынан үлэлии киирбитэ. Айылҕаттан ураты күүстээх куоластаах буолан, оҕо сааһыттан ыллыыра. 1997 сыллаахха оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан аан бастакы ситиһиитэ кэлбитэ - "Туой Хайа" ырыа күрэҕэр "Киэһээҥи Бүлүү" ырыатынан Гран-при үрдүк аатын ылбыта.

"Туймаада" ансаамбылы кытта Саха сирин улуустарынан сылдьан ыллаан, көрөөччү-истээччи кутун туппута. Эр дьон квартетын састаабыгар ыллыыр кэмигэр өрөспүүбүлүкэ араас таһымнаах күрэхтэригэр лауреат аатын ылбыттара.

2002 сыллаахха Гаврил Николаев СӨ Музыка үрдүкү оскуолатын вокал факультетыгар киирбитэ. Ырыаһыт быһыытынан маастарыстыбатын чочуйар, таһымын үрдэтэр санааттан 2004 сыллаахха Италия биллэр уһуйааччыларыгар стажировка ааспыта. Бу сыл Саха театрын улахан сыанатыгар бастакы сольнай концерын туруорбута.

Гаврил Николаев хатыламмат кэрэ, ураты күүстээх куолаһынан ыллаабыт ырыалара «Сибэккилэр түһүүллэр» , «Кэрэ кыыска», «Ыра санаа», «Песнь Земли Олонхо», «Дайдар дабайан…», «Махтал эйиэхэ, Сахам сирэ» альбомнарга, «Таптал аптаах хонуутугар», «Мелодии и ритмы Азии», «Снег кружится, летает и тает…» видео-кэнсиэртэргэ, «Таптыырга буруй суох» уус-уран киинэҕэ уһуллан, номнуо дьон-сэргэ таптаан истэр ырыалара буолан сылдьаллар.

2007-2008 сс «Туймаада» ансаамбыл састаабыгар сылдьан Россия култуураҕа Академиятын "Песни России" бэстибээлин чэрчитинэн Гаврил Россия үгүс куораттарыгар кэнсиэртээннэр көрөөччү биһирэбилин ылбыта. Икки төгүллээн Кремль Дыбарыаһын сыанатыгар ыытыллыбыт бэстибээл гала-кэнсиэртэригэр кыттыыны ылан турар.

Гаврил Николаев сыанаҕа тахсарын ханна да буоллун олус кэтэһэллэрэ, ытыс дохсун тыаһынан доҕуһуоллаан көрсөллөрө.

Дьиэ кэргэҥҥэ кэриэтэ истиҥ сыһыаннаах «Туймаада» ансаамбылын састааба - айымньылаах үлэтин, тус олоҕун устатын тухары алтыһа сылдьыбыт чугас доҕотторо, кинини мэлдьи саҥа бырайыактарыгар ыҥыра тураллара. Ол курдук, «Дайдар дабайан..» диэн 2012 сыл сэтинньитигэр туруорбут биэчэрдэригэр ыҥыран, үрдүк сыанаҕа таһааран «Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна» үрдүк ааты иҥэрбиттэрэ. Онтон Суорун Омоллоон аатынан Опера уонна балет тыйаатырыгар ыытыллыбыт үбүлүөйдээх киэһэтигэр Гаврил Николаевы сааланы толору мустубут көрөөччүлэр сүһүөхтэригэр туран эрэ ытыс дохсун тыаһынан айхаллыы көрсүбүттэрэ. Бу буоллаҕа норуот билиниитэ, көрөөччү таптала...

Үгүс ааптардар ырыаларын дууһа кылын таарыйардыы ыллыыр Саха сирин көмүс куолаһа баара-суоҕа 40 сааһыгар олус соһуччу бу орто дойду олоҕуттан букатыннаахтык барбыта...

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM