Газета Верхневилюйского района "Үөһээ Бүлүү"
3.88K subscribers
22.1K photos
4.36K videos
9 files
3.87K links
🗞🗞🗞ТГ-канал редакции https://t.iss.one/uoheebuluu
Предлагайте новости @Uohee_buluu14_bot
🔸 *Мы в ВКонтакте:* vk.com/uoheebuluu
🔸 *Одноклассники:* https://ok.ru/profile/603428848914
🔸 *🔸 *Подписывайтесь по ссылке* https://podpiska.pochta.ru/press/ПИ976
Download Telegram
#муҥха #үбүлүөй

Бүгүн Сургуулукка Быһыттаах диэн Эбэҕэ булчут бастыҥа, сонордьут сорсуннааҕа, СССР норуотун хаһаайыстыбатын сайыннарыыга ситиһиилэрин иһин үрүҥ көмүс мэтээллээх чөмпүйүөн булчут Иван Иванович Иванов - Чыгыы Уйбаан 90 сааһынан улахан муҥха тэрилиннэ 👏👏👏🐟🐟🐟🐟🐟🐟🐟🐟🐟

Сылын ахсын нэһилиэнньэҕэ муҥха тэрийэн, кыстык балыгынан хааччыйар үтүөкэннээх киһибит Чыгыы Уйбаан үбүлүөйүнэн, саамай аҕа саастаах уонна саамай кыра саастаах муҥхаһыкка, муҥханы өрүү өрө тутар бастыҥ муҥхаһыттарга бириистэри туттарда👍👍👍🎁🎁🎁🎁🎁🎁
Ону тэҥэ, муҥхаҕа Чыгыы Уйбааҥҥа аналлаах викторина ыытылынна. Кыайыылаахха харчынан бирииһи туттарда.

Ытык киһибитин күөлүн иччитэ күндүлээн, бу күн муҥхаҕа кэлбит дьон төһө кууллаахтарынан көмүс хатырыктааҕы көтөҕөн, сүгэн бардылар 🐟🐟🐟🐟🐟🐟👏👏👏👏👏👏

Мантан киэһэ Сургуулукка Чыгыы Уйбаан оҕолоро нэһилиэнньэҕэ тапталлаах аҕаларын, эһэлэрин, хос эһэлэрин үбүлүөйүнэн бензопила уонна сыаналаах күлүүс наборун розыгрыш лотерея нөҥүө оонньотуохтара💫💫💫💫
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
#муҥха

Бүгүн Үөдүгэй нэһилиэгэр Чоҥоро күөлүгэр муҥха буолла.

Бу туһунан Үөдүгэй олохтооҕо Герасим Хобусаров устубут, монтажтаабыт видеотун көрүҥ, сэргээҥ👍👍👍

@uoheebuluu
#муҥха #харбалаах

⭐️ Харбалаахтар Бүгүйэх Бэрэтигэр муҥха тартылар

Муҥхаҕа 30-ча киһи сылдьан, хас биирдиилэрэ куул кэриҥэ көмүс хатырыктаахха тигистэ.

И.Н.Барахов аатынан 1-кы нүөмэрдээх орто оскуола 1-кы кылааһын үөрэнээччитэ Максим Долгунов бэҕэһээ баһылык муҥхатыгар, онтон бүгүн Харбалаах муҥхатыгар аҕатын кытта сылдьыспыт.

Кыра саастаах балыксыт икки күн субуруччу муҥхалаан, өлүү балыктанан, үөрбүт-көппүт, астыммыт.

Уол оҕону бултка, балыкка тэҥҥэ илдьэ сылдьар аҕа холобур буолуох тустаах.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#Муҥха

Муҥха саҕаланна🐟🐟🐟

Бэҕэһээ, Быракаан нэһилиэгэр Тыымпыкаан эбэҕэ муҥха буолла. Кыралыын-улаханныын мустан, тэринэн, ньиргиччи үлэлээн көмүс хатырыктааҕы кыайа-хото туттулар👍👍👍 Тыымпыкаан Эбэ күндүлээтэ👏👏👏

@uoheebuluu
#муҥха

⭐️ Ороһу нэһилиэгэр Балаҕаннаах эбэтигэр оскуола оҕолоругар муҥханы билиһиннэрии чэрчитинэн, элбэх ыалдьыттардаах балыктааһын буолла. Олохтоохтор итии чэйинэн, миининэн оскуола оҕолорун уонна ыалдьыттары күндүлээтилэр. Бары биир киһи курдук киирэн үлэлээн-хамсаан, муҥхалаан астыннылар.

Намтан дьахталлар Сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ Анна Кардашевская көҕүлээһининэн 5 ийэ муҥхаҕа сырытта. Бастакы сырыылара диэтэххэ, хас биирдиилэрэ 25-тээх куул чиэппэрин курдук балыктаах кэлэн үөрдүлэр. Бэйэлэрин күүстээх санааларыгар итэҕэйдилэр, сылаалаах да буоллар, айылҕаҕа сылдьан, сибиэһэй салгыҥҥа сынньаннылар. Маннык үгэспитин умнубакка, бары түмсэн, тэрийэн, тыа дьоно күүспүтүн билинэн иһиэххэ.

Сонуннарга анаан Валентина Заболоцкая

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#муҥха

⭐️ Дүллүкүлэр бүгүн "Күүлэлээх" эбэҕэ 70 тахса киһилээх муҥхаҕа 7 хоппо балыгы хотордулар.

Олохтоох дьаһалта, баһылык Николай Петрович Романов уонна ытык кырдьаҕаспыт Николай Руфович Руфов, Михаил Иванович Тарасов иилээн-саҕалаан,көҕүлээн тэрийдилэр. Муҥхаҕа мустубут дьону итии чэйинэн, эмис эт миининэн күндүлээтилэр.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#муҥха #БарыБииргэ #сво #СвоихНеБросаем

⭐️ Харбалаахтар байыаннай дьайыы кыттыылаахтарын дьиэ кэргэттэрин муҥха балыгынан күндүлээтилэр

Үөһээ Бүлүү Харбалааҕын Таай Күөлүгэр сэтинньи 1 күнүгэр 80-тан тахса киһи кыттыылаах дьоһуннаах муҥха буолан ааста.

Нэһилиэк баһылыга Константин Платонов: "Кэлбит дьон инчэҕэйдии иккилии куул собону үллэһиннилэр, уолаттар муҥханы халлаан хараҥарыар диэри таһаардылар. Инньэ гынан кэнники таһаарыыттан ким төһө кууллааҕынан, иһиттээҕинэн үллэстии буолла. Павлов Олимпий бураанынан кэлэн көмө буолан абыраата, анньыыһыттарга салайан, суоллаан биэрэн, хоппо таһан, дьоҥҥо тиэйсэн, маладьыастаата. Бураан суоҕа буоллар эстиэ эбиппит. Күөх Боллох Тойон күндүлээтэ, Таай Күөл Эбэбит балык бөдөҥүн, минньигэһин бэристэ. Дьон-сэргэ махтанан, үөрэн-көтөн тарҕаста. Муҥхалаах дьоммутугар Виктор Новиковка, Данил Платоновка махталбыт улахан. Бу курдук муҥхаҕа түмсэн, көхтөөхтүк сылдьар буолуохха, сахалар кыстыыр аспытын булунар төрүт үгэспитин умнубакка тута сылдьыахха. Барыгытыгар чэгиэн доруобуйаны баҕарабын."

Күөх Боллох бэлэҕиттэн нэһилиэктэн анал байыаннай дьайыыга дойду туруктаах буоларын туруулаһа сылдьар буойун уолаттар дьиэ кэргэттэригэр, төрөппүттэригэр өлүүлээн бэристилэр. Итиэннэ нэһилиэк ытык кырдьаҕастарыгар, оҕолорун соҕотохтуу иитэр ийэлэргэ эмиэ ирээт балык тиксэн үөрүүлэрэ үгүс буолла.

Ороһу нэһилиэгэр Ольга Тумусова көҕүлээһининэн байыаннай дьайыыга сылдьар байыастарга, госпитальга эмтэниини ааһар буойуттарга балык арааһын астаан баһылыкка бэлэмнээн тиксэрэр үгэстээх. Кини дьаныардаах көмөтүгэр көмө буоллун диэн, Харбалаах нэһилиэгин дьаһалтатын аатыттан бу сырыыга айанныахтаах баһыылкатыгар балык үчүгэйиттэн талан ирээттээн тиксэрдилэр.

Ону тэҥэ харбалаахтар сэтинньи 8 күнүгэр бэлиэтээри олорор Николай Золотарев - Якутскай аатынан оскуола тэриллибитэ 105 сыллаах үбүлүөйдээх тэрээһиннэригэр, сыл бүтэһигэр үлэҕэ киириэхтээх биллиилээх политическай деятель, улуу киһи Исидор Барахов аатынан култуура киинин арыллыытыгар ыалдьыттары айах тутар балыктарын ирээттээн хаһааннылар.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат @ulusmedia_admin
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#муҥха

Биллиилээх саха лиҥкибииһэ, тыл үөрэҕин хандьыдаата, ССРС суруналыыстарын Сойууһун чилиэнэ Михаил Петрович Алексеев - Дапсы төрөөбүт күнүн көрсө биир дойдулаахтара, сургуулуктар, кини төрөөбүт алааһыгар, Улахан Киһилээх күөлүгэр Дапсы муҥхатын тэрийдилэр.

Салгыы видеоҕа көрүөҕүҥ😍😍😍 Эчи, соболоро бөдөҥө, Күөх Боллох көмүс хатырыктааҕыттан күндүлээбит👍👍👍

@uoheebuluu