Газета Верхневилюйского района "Үөһээ Бүлүү"
3.87K subscribers
22.1K photos
4.37K videos
9 files
3.89K links
🗞🗞🗞ТГ-канал редакции https://t.iss.one/uoheebuluu
Предлагайте новости @Uohee_buluu14_bot
🔸 *Мы в ВКонтакте:* vk.com/uoheebuluu
🔸 *Одноклассники:* https://ok.ru/profile/603428848914
🔸 *🔸 *Подписывайтесь по ссылке* https://podpiska.pochta.ru/press/ПИ976
Download Telegram
#бэлиэтүгэн

⭐️ Саха сиригэр 4000 ахсаанынан бэлиэтэммит оҕо Үөһээ Бүлүүгэ төрөөбүтэ

Сэминээр биир үөрүүлээх түгэнинэн эдэр ыалга сертификат туттарыыта буолла. Ол курдук, Нам нэһилиэгин эдэр ыала - Нарыйаана Сазонова уонна Алексей Харлампьев иккис оҕонон күн сирин көрбүт уол оҕолоро өрөспүүбүлүкэҕэ регистрация кинигэтигэр 4000 нүөмэринэн киирбитэ. Бу туһунан туоһу суругу үрдүк сыанаҕа Нам нэһилиэгин дьаһалтатын специалиһа Людмила Попова туттарда.

Улуустааҕы социальнай управление салайааччыта, Екатерина Николаева "Дети столетия" тус сыаллаах хапытаал, итиэннэ иккис оҕо төрөөтөҕүнэ ананар өрөспүүбүлүкэтээҕи ийэ хапытаалын сертификаттарын туттарда.

Санатар буоллахха, СӨ Ил Дархана Айсен Николаев Өрөспүүбүлүкэ төрүттэммитэ 100 сылын көрсө 2022 сылга төрөөбүт хас биирдии оҕоҕо төрөппүтэ "Дети столетия" тус сыаллаах хапытаалы биэриини олохтообута. Салгыы "Демография" национальнай бырайыакка олоҕуран, 2024 сыл устатын тухары уһатыллан, оҕо төрөөһүнүгэр төһүү күүс буолар. Бу хапытааллар суумалара сыл ахсын индексацияланан үрдүү тураллар.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#көмө

⭐️ Исиидэр Бараахап дойдутуттан Максим Аммосов дойдутугар көмө тиийдэ

Бу күннэргэ Үөһээ Бүлүү улууһун Харбалаах нэһилиэгин уолаттара халаан уутуттан эмсэҕэлээбит Нам улууһун Хатырык нэһилиэгин дьонугар 3 биригээдэнэн үлэлииллэр.

Төрдүс биригээдэ - "Сэргэ" тутуу хампаанньаҕа үлэлиир Харбалаах нэһилиэгин уолаттара 100 ынаҕын ууга былдьаппыт бааһынай хаһаайыстыбаҕа көмөлөһөн, хотоннорун өрөмүөнүгэр үлэлэрин саҕалыахтара.

"Харбалаах олохтоохторо хомуйбут көмө харчыларынан инструмент ылан, Хатырык нэһилиэгин муниципальнай тэрилтэтигэр, салайааччыга Айаал Вячеславовичка туттардыбыт. Хатырык нэһилиэгин баһылыга Артур Егорович олохтоохтор ааттарыттан махтал тылларын тириэртэ", - диэн Харбалаах нэһилиэгин баһылыга Константин Платонов кэпсээтэ.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
7 -с төгүлүн ыытыллар "Сайылык "диэн улуустааҕы тыа хаһаайыстыбатын департаменын ыһыаҕа Мэйик нэһилиэгэр киэҥ тэрээһиннээхтик ыытылынна. 8 нэһилиэктэн хамаандалар кэлэннэр көхтөөх кыттыыны ыллылар.Анаабыт курдук бэртээхэй күн туран биэрэн дьон-сэргэ астына ыһыахтаата.
#кэрээйгэ

⭐️ Ороһу норуот тыйаатыра аатын көмүскүүр харах уулаах "Кэрэ көмүскэлэ" испэктээги нэһилиэнньэ көрүүтүгэр таһаарда.

Туруорааччы режиссер Розалия Акимова

Сарсын 16:00 чаастан дьүүллүүр сүбэ иннигэр көрдөрүөхтэрэ.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM