Газета Верхневилюйского района "Үөһээ Бүлүү"
3.86K subscribers
22.5K photos
4.41K videos
9 files
3.99K links
🗞🗞🗞ТГ-канал редакции https://t.iss.one/uoheebuluu
Предлагайте новости @Uohee_buluu14_bot
🔸 *Мы в ВКонтакте:* vk.com/uoheebuluu
🔸 *Одноклассники:* https://ok.ru/profile/603428848914
🔸 *🔸 *Подписывайтесь по ссылке* https://podpiska.pochta.ru/press/ПИ976
Download Telegram
#планерка

Авиапорт салайааччыта Дмитрий Иванов анал байыаннай дьайыыга бэйэтин тэрилтэтиттэн командировка оҥотторон баран кэлбитин туһунан кэпсээтэ.

"Биир дойдулаах уолаттарбытын кытта көрсө барарбытыгар сүрүнэ диэн үлэтэ эбит. Ол эбэтэр хастыы эмэ туонналаах гуманитарнай көмөнү Дьокуускай авиапордуттан саҕалаан айан устатын тухары хас биирдии опорнай пууҥҥа тиксэриллиэр диэри төттөрү-таары тиэйии, таһыы, сүгүү- көтөҕүү эбит. Уолбун көрсөн астынным. Уолаттар бэйэлэрин нэһилиэктэрин, чугас дьоннорун туһунан сонуннары истиэхтэрин наһаа баҕараллар эбит. Биһиги - улуус дьоно уопсай сонуну эрэ кэпсиир кыахтаах эбиппит. Онон аныгыс сырыыга нэһилиэктэртэн баһылыктар эбэтэр специалист уолаттар барыахтарын наада эбит. Хас биирдии опорнай пууҥҥа, Чурапчылар курдук, бэйэтэ анал тиэхиньикэлээх, анаммыт хамнастаах үлэһиттээх улуус представительствота үлэлиирэ буоллар бэрт буолуох эбит. Оччотугар гуманитарнай көрөбүт, аадырыстаммыт баһыылкаларбыт тиксэриллэллэригэр улахан көмө буолуох этэ", - диэн Дмитрий Дмитриевич санаатын эттэ.

Хомойуох иһин, үгүс уол инники кирбиигэ сытар буолан, хамандыырдара көҥүл биэрбэккэ, кыайан улуус делегациятын кытта көрсүһүүгэ тахсыбатахтар. Ол эрэн 58 уолу сирэй көрсөн, баһыылкалары тиксэрэн, кэпсэтэн-ипсэтэн, санааларын көтөҕөн кэлбиттэр.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#планерка

Улуус дьаһалтатын нэдиэлэтээҕи былаанныыр сүбэ-мунньаҕын улуус баһылыга Валерий Николаев салайан ыытар.

Спорт күрэхтэһиилэрин уонна тэрээһиннэрин туһунан физическэй култуураҕа уонна спортка управление салайааччыта Егор Николаев иһитиннэрдэ.

Мас тардыһыытын өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэҕэр 12 улууһу 2 лигаҕа арааран, 6-лыы улуус күрэхтэстилэр.
10:6 ахсаанынан түмүктээн, Үөһээ Бүлүү сүүмэрдэммит хамаандата 2-с миэстэни ылла.

Нам улууһугар гиирэ спордун күрэҕэр 15 улуус күрэхтэстэ. 7 улуус толору састаабынан. Николай Кардашевскай дьарыктыыр хамаандата бастакы миэстэни ылан кубок хаһаайына буолла.

Манчаары оонньууларыгар бэлэмнэнэр сыаллаах күрэхтэр түмүктэрэ үчүгэй диэн Егор Николаев бэлиэтээтэ.

Хапсаҕай Федерациятын кубогар 2 бөлөҕүнэн 170 спортсмен кытынна. Үөһээ Бүлүү киирбит бөлөҕөр Ньурба, Бүлүү, Үөһээ Дьааҥы, Уус-Алдан киирсибиттэрэ.

Чурапчы уонна Мэҥэ-Хаҥалас улуустарын хамаандалара очукуолара тэҥнэһэн, хаачыстыбаларын көрөн, судьуйалар быһаарыыларынан, Мэҥэ-Хаҥалас бөлөҕөр кыайыылаах буолан финалга киирбитэ. Үөһээ Бүлүү улууһа 11:6 ахсаанынан кыайан, кубок хаһаайынынан буолла. Быйыл иккис төгүл субуруччу кыайыы буолла.

Владимир Степанов, Платон Саввинов, Ньургун Терентьев, Кирилл Мордовской курдук бөҕөстөрбүт биир да хотторуута суох туһуннулар.

Түмүккэ Егор Николаев Ил Түмэн судаарыстыбаннай мунньах дьокутаата, Баһылай Манчаары аатынан национальнай спорт көрүҥнэрин өрөспүүбүлүкэтээҕи киинин дириэктэрэ Геннадий Васильев аатыттан улуус баһылыгар Валерий Николаевка мас тардыһыытын көрүҥүн өйүүрүн иһин анаммыт Махтал суругун туттарда.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#планерка

Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтигэр ыытыллар үлэ туһунан Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтин баһылыга Максим Силигиянов иһитиннэрдэ.

Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтигэр күн бүгүн пропискалаах 6340 киһи олорор. Онтон 6-гар диэри саастаах оҕо ахсаана - 632, 7-17 саастаах улахан оҕолор - 750, 18-29 саастаах ыччат - 759, 30-60 саастаах дьон - 2728, 60-80 саастаахтар - 1382 уонна 80-тан үөһэ саастаах ахсаана 19.

ППМИ бырагырааматынан сэлиэнньэ иһигэр 7 уулусса уота оҥоһуллан, 7 км кэриҥэ уһуннаах уулусса сырдатылынна. Ону тэҥэ 3 компенсатор саҥардылынна.

Суол-иис, транспорт министиэристибэтин үбүнэн Күрдьэҕэлээх сирэ өрөмүөннэннэ. Уопсайа сыл устата 15 уулусса өрөмүөннэннэ. Билигин ирдэбил быһыытынан 51 суол бэлиэтэ сакаастанан турар.

Исиидэр Бараахап аатынан сквер оҥоһуллан аһыллыыта буолла. Ол эрэн аны сааскыга фонтана туруоруллара, асфальт тэлгэниитэ хаалла. Ону тэҥэ көннөрүү, ситэрии-оһоруу үлэтэ барыаҕа.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#планерка

Улуустааҕы үөрэх салаатын үлэтин туһунан салайааччы Юрий Кынатов кэпсээтэ.

"Тарбаахаптыын астаа" өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэххэ Кэнтик орто оскуолатын үөрэнээччитэ Клавдий Егоров 2-с миэстэни уонна Нам орто оскуолатыттан Надя Ван-Пой-Лин 3-с миэстэни ыллылар.

2-с нүөмэрдээх детсадка ыытыллыбыт "Призвание - воспитатель" күрэххэ Евдокия Харлампьевна Платонова, Елена Семеновна Григорьева кыайыылаах аатын ыллылар.

Чурапчы улууһугар предметниктэр күрэхтэригэр история учууталларын икки ардыларыгар ыытыллыбыт күрэххэ Үөһээ Бүлүүттэн өрөспүүбүлүкэтээҕи лиссиэй-интэринээт учуутала "Верность профессии" анал ааты ылары ситистэ.

Ил Дархан харыйатыгар улуустан бастыҥ үөрэхтээх, оскуола уопсастыбаннай олоҕор көхтөөх, өрөспүүбүлүкэ, дойду таһымыгар ситиһиилэрдээх 29 оҕо бараары бэлэмнэнэр.

Үөрэх тэрилтэлэригэр Саҥа дьыллааҕы сынньалаҥ ахсынньы 30 күнүттэн тохсунньу 12 күнүгэр диэри буолар.

Эһиилги сылга оскуолаларга эдэр учууталлары аҕалар үлэ күүскэ ыытыллардыы былааннанар. Манна улуус дьаһалтатын аатыттан улууска үлэлии кэлэр эдэр кадрдарга өйөбүл үп көрүллүөҕэ диэн баһылык мэктиэлээтэ.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#планерка

Үөһээ Бүлүү улууһун ветеринария салалтатын үлэтин туһунан салайааччы Владимир Мачахтыров иһитиннэрдэ.

Улууска бүгүҥҥү күҥҥэ 1402 ыт уонна 413 куоска регистрацияланан олорор. Ол иһигэр Үөһээ Бүлүүгэ - 102, Үөдүгэй нэһилиэгэр - 87.

Бешенствоттан сыл ахсын вакцинация ыытыллар. Тыһы ыты баайыы сыаната - 4268 солк. тэҥнэһэр. Оттон куосканы эпэрээссийэлээһин - 4640 солкуобайдаах. Сылга биирдэ сыанаҕа чэпчэтии көрүллэр.

Полиция сотрудниктарын кытары ветеринария инспектора кыттыгас рейдэлэри оҥороллор. Быйыл 18 рейдэ түмүгүнэн, дьиэ кыылын бэйдиэ ыытыы иһин 19 боротокуол толоруллубут. Манна бастакы сырыыга сэрэтии быһыытынан барар, онтон иккистээн боротокуолланнахтарына харчынан ыстараап ууруллар.

Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтигэр 119 ыт, Үөдүгэй нэһилиэгэр 94 ыт чиптэммит.

Сылгылары чиптээһин үлэтэ бытааннык баран иһэр. Билиҥҥи туругунан 2000 кэриҥэ эрэ сылгы чиптэнэн турар. 1354 төбө бырагыраамаҕа киллэриллибит. 900-тэн тахса төбө интеграцияҕа тахсан турар. Бу уопсай ахсаантан 10-тан эрэ тахса бырыһыанын ылар.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#планерка

Норуот айымньытын киинин тэрээһиннэрин туһунан салайааччы Алена Босикова кэпсээтэ.

Норуот айымньытын киинэ - Олоҥхо дьиэтэ Саха сирин Олоҥхо дьиэтин иһинэн киирбит 11 улуус тэрилтэлэрин ахсааныгар киирэр.

Улууска ыытыллар хас биирдии тэрээһиҥҥэ тэрилтэ үлэһиттэрэ көмөлөөн үлэлии олороллор. Олус элбэх тэрээһин буолар булан, үлэһиттэр култуура эйгэтигэр сыһыаннаан ис кыахтарын толору арыйан, айымньылаах үлэҕэ ылсан үлэлиир бириэмэлэрэ суоҕун Алена Константиновна бэлиэтээтэ.

Норуот тыйаатырын 60 сыллаах, ону тэҥэ улуус кулуубун дириэктэринэн өр сылларга үлэлээбит, норуот тыйаатырын артыыһа, мелодист Семенов Иван Спиридонович төрөөбүтэ 95 сыллаах үбүлүөйдэрин тохсунньу 16-17 күннэригэр бэлиэтиэхпит.

Бу тэрээһин чэрчитинэн тэрилтэлэринэн инсценировка күрэҕэ биллэриллибитэ. Сайаапкалары номнуо тута олороллор. Билиҥҥи туругунан 5 тэрилтэ сайаапкатын киллэрбит. Кыайыылаах тэрилтэ Уйбаан Сэмиэнэп оҕолорун, сиэннэрин аатыттан 60 тыһыынча солкуобайынан наҕараадаланыаҕа.

Ону тэҥэ бииргэ үлэлээн ааспыт доҕотторун, үөлээннээхтэрин, тыйаатырга үлэлээн ааспыт дьон ааттарыттан уу харчынан бирииһи тутуохтара.

Ахсынньы 18 күнүгэр улуус доруобуйаларынан хаарчахтаах дьоно кыттыылаах кэнсиэр Олоҥхо дьиэтигэр киэһэ 18:00 чаастан буолуоҕа. Кэлэн көрүҥ, сэргээҥ, сэҥээриҥ.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#планерка

Улууска сокуону, бэрээдэги кэһии туругун туһунан Ис дьыала отделын бэрээдэги бөҕөргөтөр салаатын салайааччыта, полиция подполковнига Владислав Поскачин иһитиннэрдэ.

Ааспыт нэдиэлэ устата Ис дьыала дьуһуурунай чааһыгар 23 иһитиннэрии киирбит. Ол иннинээҕи нэдиэлэтээҕи көрдөрүүгэ тэҥнээтэххэ, икки төгүл аҕыйаабыт.

Мантан 5 - эт-хаан эчэйиитэ, 5 - түөкүннээһин, 1 - өлөрүүнэн куттааһын.

Административнай эппиэтинэскэ 12 киһи тардыллыбыт.

Дьуһуурунай чааска 2 киһи тутуллан киирэн тахсыбыт.

ГАИ сотрудниктара нэдиэлэ устата 95 боротокуол толорбуттар. Ол иһигэр 1 арыгы испит туруктаах суоппар уруулга олорон тутуллубут.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#планерка

⭐️ Ахсынньы 23 күнүнээҕи улуус дьаһалтатын нэдиэлэтээҕи былаанныыр сүбэ-мунньаҕа үөрүүлээх түгэнтэн саҕаланна.

Ол курдук, анал байыаннай дьайыыга сылдьар биир дойдулаахтарбытыгар өйөбүлү оҥорууга баҕа санааларынан кыттыһан, барса сылдьыбыт холобур буолар хоһуун дьоҥҥо махтанан туран улуус баһылыга Валерий Николаев Махтал суруктары туттарда.

Ол курдук, Үөдүгэй нэһилиэгин баһылыга Альберт Иванов, Үөдүгэй дьаһалтатын суоппара Иван Федоров, тыа хаһаайыстыбатын управлениетын салайааччыта Кирилл Гаврильев, Авиапорт салайааччыта Дмитрий Иванов бэлиэтэннилэр.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#планерка

⭐️ СӨ Бэйэни салайыныы Ассоциациятын Сэбиэтин 4-с уочарата суох съеһин түөскэ кэтиллэр бэлиэтинэн уонна Бочуот грамотатынан Роспотребнадзор ТО кылаабынай специалиһа Айталина Корякина улуус социальнай сайдыытыгар кылаатын иһин наҕараадаланна.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#планерка

⭐️Кыайыылаах бырайыактар биһирэннилэр

Бары билэрбит курдук, ахсынньы 16 күнүгэр улуустааҕы Култуура уонна духуобунай сайдыы департаменын көҕүлээһининэн улуус сынньалаҥын кииннэрин үлэһиттэрин икки ардыларыгар "Бастыҥ айар бырайыак" күрэҕэ биллэриллибитэ.

Маныаха үс хайысханан, ол эбэтэр Улуу Кыайыы 80 сылыгар, Үөһээ Бүлүү улууһун 90 сылыгар уонна Фольклор сайдыытыгар анаммыт бырайыактар оҥоһуллан киирбитттэриттэн Балаҕаннаах нэһилиэгин сынньалаҥ киинин "Сырдык сайын" диэн бырайыага бастакы миэстэни ылан, 100 тыһ. солк. суумалаах сертификатынан наҕараадаланна. Бырайыак салайааччыта Туяра Андреева аатыттан сынньалаҥ киин дириэктэрэ Михаил Жендринскэй сертификаты тутта.

Иккис миэстэни Оҥхой нэһилиэгин култууратын киинин "Өксөкүлээх үс сэргэтэ" бырайыага ылла. Салайааччы Мария Барахова 80 тыһ. солк. суумалаах сертификатынан наҕараадаланна.

Уонна үһүс бочуоттаах миэстэни "Норуот айымньытын киинэ" МАТ специалиһа Кэрэчээнэ Николаева "Ытык мэҥэ сирдэр" бырайыага ылан, 50 тыһ. солк. сертификаты тутта.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM