Верхневилюйский район 💯 РГ "Үөһээ Бүлүү"
3.85K subscribers
20.9K photos
4.15K videos
9 files
3.63K links
🗞🗞🗞ТГ-канал редакции https://t.iss.one/uoheebuluu
Предлагайте новости @Uohee_buluu14_bot
🔸 *Мы в ВКонтакте:* vk.com/uoheebuluu
🔸 *Одноклассники:* https://ok.ru/profile/603428848914
🔸 *🔸 *Подписывайтесь по ссылке* https://podpiska.pochta.ru/press/ПИ976
Download Telegram
#бэлиэкүн

⭐️ Үөһээ Бүлүүтээҕи Олоҥхо норуот тыйаатырыгар Иван Спиридонович Семенов - Кулууп Уйбаан аатын иҥэрдилэр.

"Кэрэтэ суох олох туругурбат" спектакль премьератын иннигэр улуус баһылыга Валерий Николаев илии баттааһыннаах дьаһалга олоҕуран Олоҥхо норуот тыйаатырыгар Иван Спиридонович Семенов аата иҥэриллибитин туһунан иһитиннэрдилэр.

Улуус баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччыта Анна Уларова туруорааччы режиссер Сайыына Васильеванан сирэйдээн тыйаатыр коллективын эҕэрдэлээтэ. Бүлүү эбэ күнүн бэлиэтиир бэлиэ күҥҥэ сөп түбэһиннэрэн тыйаатыр сүрэхтэммитэ суолталааҕын бэлиэтээтэ.

Дьоро киэһэҕэ Иван Спиридонович Семенов орто уола Леонид Семенов дьиэ кэргэнинээн уонна сиэннэрэ кыттыыны ыллылар. Тыйаатыр режиссеругар Сайыына Васильеваҕа махтаналларын биллэрдилэр.

Спектакль туһунан сиһилии "Үөһээ Бүлүү" хаһыат кэлэр нүөмэригэр ааҕыаххыт.

@uohee_buluu
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Убаастабыллаах Үөһээ Бүлүү улууһун урбаанньыттара! Эһигини идэлээх бырааһынньыккытынан - Урбаанньыт күнүнэн "Үөһээ Бүлүү улууһа (оройуона)" муниципальнай оройуон аатыттан уонна тус бэйэм итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин.

Урбаанньыт үлэтэ олус сыралаах, элбэх кыһамньыны уонна эппиэтинэһи ирдиир. Урбаанньыт бэйэтин эрэ туһугар буолбакка нэһилиэнньэ наадыйыытын толорорго элбэх кылааты оҥорор. Урбаанньыттар баар буолаҥҥыт улууспут социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыыта күүһүрэр, бөҕөргүүр, улуус олоҕун таһыма үрдүүр.

Урбаанньыттар улууһу табаарынан уонна араас өҥөнөн хааччыйарга эрэ буолбакка, уопсастыбаннай уонна аһымал акцияларга көхтөөхтүк кытталлар, саҥа үлэ миэстэтин таһаараллар.

Түгэни туһанан махтаныам этэ анал байыаннай дьайыыга сылдьар уолаттарбытыгар уонна Нам улууһугар халаан уутугар эмсэҕэлээбиттэргэ суһал көмөнү хомуйарга көмөлөспүт, кылааттарын киллэрбит, ону таһынан улуустааҕы араас тэрээһиннэргэ, аһымал акцияларга кыттыыны ылар урбааньыттарга.

Бүгүҥҥү бэлиэ күҥҥэ баҕарабын эһиэхэ сайдыыны. Күн аайы бигэ дохуоттаах буолун, саҥа саҕалааһыннаргыт барыстаах буоллуннар. Чэгиэн туругу, чөл доруобуйаны, үбү-харчыны, ситиһиилэри!

Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыга Валерий Николаев.

#ДеньРоссийскогоПредпринимательства
#Верхневилюйск

t.iss.one/ValeriNikolaev
Бэҕэһээ Ороһу орто оскуолатыгар тиһэх чуораан чугдаарда. Оскуоланы быйыл 4 үөрэнээччи бүтэрэр.

Выпускниктары, үөрэнээччилэри, педколлективы, үөрүүлээх түгэн кыттыылаахтарын спорт управлениетын салайааччыта Егор Николаев, улуустааҕы үөрэх салалтатын специалиһа Калиста Борисова, Ороһу нэһилиэгин баһылыга Анатолий Антонов, оскуола директора Прокопий Никонов эҕэрдэлээтилэр, выпускниктарга экзаменнарыгар ситиһиилэри, талбыт идэлэринэн үөрэххэ киирэллэригэр баҕардылар.

Выпускниктарга Мария, Василий Борисовтар ааттарынан сертификаты кинилэр оҕолоро, Маргарита Хамарова аатынан сертификаты бииргэ үөрэммит доҕотторо, Артур Павлов аатынан - бииргэ үөрэммит доҕотторо, оскуола бэтэрээн учууталларын аатыттан - учуутал Александра Прокопьева, детсад коллективын, дьонун аатынан сертификаты Лена Дордосова туттардылар,
выпускниктарга ситиһиилэри баҕардылар. Үөрүүлээх тэрээһин выпускниктар тэрээһиннэринэн саламааттаах алаадьынан, кус миининэн айах тутан, Добун оһуохайынан түмүктэннэ.

Калиста Борисова
#тэрээһин

🏃‍♂️ Оҕолор сайыны көрсөллөр, төрөппүттэр сэргэхсийэллэр

Россияҕа Дьиэ кэргэн сылын чэрчитинэн "Дьиэ кэргэн өрөбүллэрэ" диэн федеральнай таһымнаах бырайыак чэрчитинэн, бүгүн, ыам ыйын 26 күнүгэр доруобуйаларын хааччахтаах оҕолордоох дьиэ кэргэттэр сайыны көрсө айылҕаҕа тахсан сынньаннылар.

Сэргэх тэрээһини "Эйгэ" этнокомплекс түһүлгэтигэр "Тускул" оҕо киинэ, «Харысхал» аһымал пуонда уонна дьиэ кэргэн уонна ыччат политикатын отдела иилээн-саҕалаан, көҕүлээн тэрийдилэр.

Улуус баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччыта Анна Уларова улуус олоҕор көхтөөх кыттыыны ылар, доруобуйаларынан хаарчахтаах оҕолордоох төрөппүттэргэ улуус баһылыгын аатыттан махтал суруктары туттарда.

Көрбөттөр уопсастыбаларын салайааччыта Айыына Заболоцкая, "Харысхал" өрөспүүбүлүкэтээҕи пулҥда бэрэстэбиитэлэ Зария Мойтохонова эҕэрдэ тылларын эттилэр.

Сонун тэрээһиҥҥэ 12 дьиэ кэргэн кыттыыны ылан, оҕолор оонньоон-көрүлээн, бириис, бэлэх тутан, атын оҕолордуун алтыһан, билсиһэн, төрөппүттэр ирэ-хоро кэпсэтэн, астынан-дуоһуйан тарҕастылар.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
@uohee_buluu
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
С Днем российского предпринимательства!

Труд, инициатива и предприимчивость наших предпринимателей играют большую роль в развитии экономики республики. Благодаря им появляются новые рабочие места, развиваются отрасли, улучшается качество жизни людей. В Якутии сегодня более 116 тысяч человек занимаются предпринимательством.

Выражаю большую благодарность всем предпринимателям республики за их вклад в развитие республики. Благополучия, процветания и успехов во всех сферах!

t.iss.one/aisen_nikolaev
В Якутии зарегистрировано 12 лесных и 14 ландшафтных пожаров

На территории Якутии наблюдается сухая и жаркая погода. Сейчас действует пожароопасный сезон и с его начала уже зарегистрировано 12 лесных и 14 ландшафтных пожаров.

Основными причинами пожаров явились неосторожность при курении, выжигание сухой травянистой растительности и мусора.
🆘 В Якутии возбудили уголовное дело после происшествия на реке Лене вблизи села Хапчагай Мегино-Кангаласского района.

Так, было возбуждено уголовное дело по признакам преступления, предусмотренного ч. 2 ст. 263 УК РФ (нарушение правил безопасности движения и эксплуатации внутреннего водного транспорта, повлекшее по неосторожности смерть человека).

По информации ведомства, вечером 24 мая на реке Лена вблизи села Хапчагай Мегино-Кангаласского района Республике Саха (Якутия) опрокинулась моторная лодка, в которой находилось два человека. Один из них самостоятельно доплыл до берега, тело второго мужчины было обнаружено поисково-спасательной группой.

Следователи провели осмотр места происшествия. Сейчас проводится комплекс следственных действий, направленных на установление всех обстоятельств произошедшего.
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Forwarded from Дети Азии
Стартовала продажа билетов на церемонию закрытия VIII Игр «Дети Азии»🥳

Торжественная церемония закрытия VIII Игр «Дети Азии» состоится 6 июля в 19.00ч на стадионе «Туймаада» имени Н.Н. Тарского в городе Якутске🤩

Завершающее событие VIII Игр «Дети Азии» - это триумф и торжество вместе с чемпионами и призерами Игр, погружение в особую энергетическую атмосферу ритмов якутской земли на финальном шоу Игр «Мы – дети Азии! Мы – дети Солнца!».

Стоимость билетов: 2000-3000 рублей.

Для приобретения электронного билета необходимо:
- на главной странице сайта yakutsk2024.org нажать на кнопку «Купить билет»;
- перейти в раздел «Купить билет на закрытие»;
- выбрать сектор, ряд место;
- Заполнить свои данные: ФИО, номер телефона, электронную почту;
- перейти к оплате;
- билеты поступят на электронную почту, указанную при регистрации, в формате pdf.

Режиссёром финального шоу является Михаил Степанов. Режиссёр парада и официальной части – Алексей Константинов.

@childrenofasia
🎗️САЛАМА СУОЛТАТА 🎗️

- Айыы далаһата, дьолу, уйгуну-быйаҥы тардар быа.
- Айыылар сиргэ үктэммэттэр, саламаҕа олохсуйаллар.
- "Бу сири тыытымаҥ, ытыктааҥ" диэн бэлиэ.
- Дьайы, куһаҕаны киллэрбэт үрүҥ санаа утаҕа.
- Саха киһитэ айылҕалыын чугасыһар, кэпсэтэр бэлиэтэ.
- Дьону харыстыыр суолталаах.
- Салама саҥа тыыны биэрэр.
#планерка

Улуус дьаһалтатын нэдиэлэтээҕи былаанныыр сүбэ-мунньаҕын улуус баһылыга Валерий Николаев салайан ыытар.

Байыаннай дьайыы буола турар сиригэр Үөһээ Бүлүүттэн бэбиэскэнэн уонна хантыраак баттаһан тиийэн сулууспалыы сылдьар байыастары кытта көрсөн кэлбитин туһунан тэрилтэ салайааччыларыгар кэпсээтэ.

Уопсайа 8 тирэх пууҥҥа баһыылка тиксэриллибит. 58 байыаһа сирэй көрсөн кэпсэтэн, дьонноруттан илдьиттэрин тириэрдэн ирэ-хоро кэпсэппиттэр.

6 матасыыкыл, 5 квадроцикл, 5 телевизор, 5 түүҥҥү кэмҥэ көрдөрөр камера уонна утары туттарга олус наадалаах тэрили, сэби-сэбиргэли тиксэрдилэр.

Маннык көмө оҥоһуллубутугар күүс-көмө буолбут дьоҥҥо улуус дьаһалтатын аатыттан махталын биллэрдэ.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
#планерка

Ойуур баһаарыттан сэрэхтээх буолуу дьаһалларын туһунан ойуур хаһаайыстыбатын управлениетын лесничэйин солбуйааччы Мичил Егоров иһитиннэрдэ.

Үөһээ Бүлүү территориятыгар бу күннэргэ 3 ландшафтнай ойуур баһаара тахса сырытта.
Ол курдук, Маай учаастагыттан 7 км тэйиччи сиргэ, Балаҕаннаах нэһилиэгиттэн 5 км тэйиччи уонна Хоро нэһилиэгиттэн 8 км тэйиччи сирдэргэ тахса сырытта.
Ойуур уотун тута умуруорбуттара.

Ойуур баһаарыгар буруйдаахтар күүстээх эппиэтинэскэ тардыллыахтара. Баһаартан сэрэхтээх кэмҥэ айылҕаҕа тахсааччылар уоту оттубаккытыгар.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM