#бэлиэкүн
⭐️ Ыам ыйын 25 күнэ - Оһуохай күнэ
Ил Дархан Айсен Николаев Ыйааҕынан анаммыт Оһуохай күнүгэр Оһуохай декадатын үөрүүлээх тэрээһинэ аһаҕас халлаан анныгар Олоҥхо дьиэтин иннигэр буолла.
Эҕэрдэ тыллары Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччыта Анна Уларова, улуус култууратын уонна духуобунай сайдыытын департаменын салайааччыта Айталина Мойтохонова эттилэр.
Оһуохай күнүгэр анаммыт эҕэрдэ кэнсиэргэ саха төрүт ырыата-тойуга дуораһыйда, үҥкүүтэ дьиэрэйдэ.
Ол курдук, Кэнтик нэһилиэгиттэн "Удьуор утум" үҥкүү бөлөҕө "Күн үҥкүүтүн" көрдөрдө, "Чөмчүүнэ" оҕо образцовай ансаамбыла, оһуохай күрэхтэрин Дархан этээччитэ Валентина Семенова, "Үрдэл" вокальнай ансаамбыл, Д.С.Спиридонов аатынан 4-с нүөмэрдээх орто оскуола үөрэнээччилэрэ, Марианна Хобусарова, Айаан Саввинов, "Айылгы" түмсүү, Оҕо искусствотын оскуолатын үөрэнээччитэ Айхалина Ситникова, Спиридианна Николаева көрөөччүлэргэ бэйэлэрин ырыаларын-тойуктарын бэлэх ууннулар.
Кэнсиэр түгэннэриттэн устуулары, хаартыскалары комментарийга киирэн көрүҥ⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️
"Үөһээ Бүлүү" хаһыат

Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Оһуохайдаан ойуоҕуҥ, эһиэхэйдээн тэбиэҕиҥ!
Үөрүүлээх бырааһынньыгынан эҕэрдэ оһуохайы Дархан этээччи Валентина Семенова арыйда.
@uoheebuluu

⭐️ Ыам ыйын 25 күнэ - Бүлүү эбэбит күнэ
Бэлиэ күн чэрчитинэн ыам ыйын 24 күнүгэр улууска ыытыллыбыт "День реки Вилюй" бырайыакка, Д.С.Спиридонов аатынан 4-с нүөмэрдээх орто оскуола “Сайдыы” оҕо хамсааһынын оҕолоро Бүлүү өрүс кытылын ыраастааһыҥҥа көхтөөх кыттыыны ыллылар.
Бу бырайыак эдэр көлүөнэни Бүлүү өрүскэ ытыктабыллаах, харыстабыллаах сыһыаны иҥэрэргэ аналлаах.
@uohee_buluu
Бэлиэ күн чэрчитинэн ыам ыйын 24 күнүгэр улууска ыытыллыбыт "День реки Вилюй" бырайыакка, Д.С.Спиридонов аатынан 4-с нүөмэрдээх орто оскуола “Сайдыы” оҕо хамсааһынын оҕолоро Бүлүү өрүс кытылын ыраастааһыҥҥа көхтөөх кыттыыны ыллылар.
Бу бырайыак эдэр көлүөнэни Бүлүү өрүскэ ытыктабыллаах, харыстабыллаах сыһыаны иҥэрэргэ аналлаах.
@uohee_buluu
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#бэлиэкүн #Бүлүүэбэкүнэ
О.Д.Федорова аатынан киин модельнай библиотекаҕа СӨ үтүөлээх суруналыыһа, бэйиэт, суруйааччы, "Кэрэтэ суох олох туругурбат" музыкальнай испиктээк "Сюзанна" айымньы ааптара Борис Иванович Павловы кытары истиҥ-иһирэх көрсүһүү буолла.
Көрсүһүүгэ Борис Павлов "Сахалар дьылҕа - хаан ыйааҕынан", "Кэм" сурунаал 1-кы нүөмэрин бэлэх уунна. Бу сурунаалга Үөһээ Бүлүүттэн муусука учуутала Наталья Ильина ыстатыйата киирбит.
Автор "Сюзанна" айымньытын хайдах суруйбутун сиһилии кэпсээтэ.
Ол курдук, Борис Иванович: "Рок-музыканы сөбүлүүбун, "Чолбон" группаҕа сүгүрүйэбин. Бу айымньыбар "Чолбоннор" музыкаларын киллэрбитим. Спектаклы долгуйа кэтэһэбин", - диэн санаатын үллэһиннэ.
Кэпсэтии кэмигэр улуустааҕы культура департаменын салайааччыта Айталина Мойтохонова - Сахаайта: "Борис Иванович, биһиги ыҥырыыбытын ылынан кэлбиккэр истиҥник махтанабыт. Бүгүн көстөр "Сюзанна" спектаклы автор быһыытынан көрүөҥ, сыаналыаҥ диэн эрэнэбит", - диэн сылаас махталын тириэртэ.
Онтон улууска ураты харыстанар сирдэргэ старшай инспектор
Василий Титов: "Эн суруйууларгын республика ааҕааччылара бары улаханнык сэҥээрэн ааҕабыт, кэтэһэбит", - диэн Борис Ивановичка туһаайан, ааҕааччы быһыытынан санаатын тириэртэ.
Түмүккэ улуус ветераннарын сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Иван Чычахов: "Борис Иванович кэмигэр ааттамматах биллиилээх дьоннору хасыһан булан суруйар үтүөлээх-өҥөлөөх. Биһиги, Бүлүү сүнньүн олохтоохторо, эйиэхэ улахан махталлаахпыт. Сахалар дьоно эйигинэн киэн туттабыт", - диэн улуус олохтоохторун аатыттан барҕа махталын, үтүө баҕарыылары эттэ.
Бу эриэккэс көрсүһүүттэн мустубут дьон ураты астынан, дуоһуйан тарҕастыбыт.
Тамара Саввинова