Верхневилюйский район 💯 РГ "Үөһээ Бүлүү"
3.85K subscribers
20.9K photos
4.15K videos
9 files
3.63K links
🗞🗞🗞ТГ-канал редакции https://t.iss.one/uoheebuluu
Предлагайте новости @Uohee_buluu14_bot
🔸 *Мы в ВКонтакте:* vk.com/uoheebuluu
🔸 *Одноклассники:* https://ok.ru/profile/603428848914
🔸 *🔸 *Подписывайтесь по ссылке* https://podpiska.pochta.ru/press/ПИ976
Download Telegram
#кчс

Үөһээ Бүлүү нэһилиэгин аннынан ыам ыйын 15 күнүгэр сарсыарда 8 чаастааҕы көрдөрүүнэн Бүлүү эбэҕэ уу таһыма 798 см тэҥнэһэн турар (ыксаллаах быһыы-майгы 1450 см тиийдэҕинэ биллэриллэр).
8 чаас иһигэр 7 см түспүт.

Ыаллыы олорор Ньурба улууһун Дьаархан нэһилиэгэр халаан уутун таһыма элбээн, ууга барар куттал үөскээбит. Бырабыыталыстыбаны кытта вкс нөҥүө мунньах кэннэ бэҕэһээҥиттэн Сата Хайатын аннынан мууһу дэлби тэптэрэр үлэ бара турар.
Ол курдук, бэҕэһээ 2 туонна динамиты эспиттэрэ көмөлөспөтөх, ол иһин бүгүн 1,5 т. эһэн, харан сытар мууһу мууһу дэлби тэптэриэхтэрэ.

Манан сибээстээн, бэҕэһээ киэһэ Хоро нэһилиэгэр улуус баһылыгын бастакы солбуйааччыта Егор Иванов бэрэссэдээтэллээх Ыксаллаах быһыы-майгы хамыыһыйата тахсан мунньахтаата. Халаан уутун куттала суох аһарыыга нэһилиэнньэ төһө бэлэмнээҕин көрөн-истэн, бэрэбиэркэлээн, ким тугу үлэлиэхтээҕин, ыксаллаах түгэҥҥэ хайдах быһыылаахтык тэриниэхтээхтэрин кэпсэттилэр.

Бу туһунан Гражданскай оборонаҕа уонна ыксаллаах быһыыга-майгыга специалист Григорий Гурьев иһитиннэрдэ.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#иһитиннэрии #кчс

Бэс ыйын 29 күнүттэн Үөһээ Бүлүү оройуонугар ойуур баһаарыттан сибээстээн ыксаллаах быһыы-майгы балаһыанньата биллэрилиннэ

Улуус баһылыгын бастакы солбуйааччыта Егор Иванов бэрэссэдээтэллээх улуус ыксаллаах быһыыга хамыыһыйатын быһаарыытынан, маннык балаһыанньа муниципальнай суолталаах ойуурдарга биллэрилиннэ.

Бүгүҥҥү күҥҥэ балаһыанньа хайдаҕын Үөһээ Бүлүүтээҕи ойуур хаһаайыстыбатын лесничейэ Павел Тимофеев иһитиннэрдэ:

- "Кырыкый нэһилиэгиттэн 44 км тэйиччи сиргэ - Түҥҥэ бэс ыйын 24 күнүгэр турбут ойуур уота бүгүҥҥү туругунан иэнэ 832 гектарга тиийдэ. Онтон 62 га верховой. Ойуур баһаарын умуруоруу үлэтигэр уопсайа 105 киһи үлэлии-хамсыы сылдьаллар. Онтон 54 үлэһит Бүлүү, Ньурба улуустарыттан кэлэн көмөҕө тахсыбыттара. Мобилизация көмөтүнэн нэһилиэнньэттэн 23 киһи баҕа өттүнэн уоту умуруорууга үлэлии тахсыбыта. Баһаар соҕуруу өттө күүскэ умайар.

Билигин бу баһаарбытыгар икки критерий киирэн, улууспутугар бэҕэһээ ыксаллаах балаһыанньаны биллэрдибит.
Баһаарбыт иэнэ улаатан уонна ойуур баһаарын умулларар күүстэрбит 50 %-тан элбэх киһи баһаарга үлэлии сылдьалларынан сибээстээн."


Мантан сиэттэрэн, ыксаллаах балаһыанньа биллэриллибитин кэннэ ойуурга тахсыы, уоту оттуу, айылҕаҕа тахсан шашлыктааһын кытаанахтык бобулларын өссө төгүл санатабыт.

Улуус дьаһалтатын уурааҕар олоҕуран, нэһилиэктэр баһылыктара суһал хамсаныынан миэстэлэригэр ыстаап тэринэн, уоту умуруорар тэриллэринэн хааччынан, водоемнары уунан толору хааччыйан, баһаарынай сулууспа үлэһиттэрэ үлэлэрин күүһүрдэн, бэлэмнээх олороллоругар, баһаартан сэрэхтээх буолуу инструктаһын нэһилиэнньэҕэ тириэрдиини күүһүрдэргэ сорудахтанна.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
@uoheebuluu
@ulusmedia_admin
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM