Верхневилюйский район 💯 РГ "Үөһээ Бүлүү"
3.84K subscribers
20.9K photos
4.16K videos
9 files
3.64K links
🗞🗞🗞ТГ-канал редакции https://t.iss.one/uoheebuluu
Предлагайте новости @Uohee_buluu14_bot
🔸 *Мы в ВКонтакте:* vk.com/uoheebuluu
🔸 *Одноклассники:* https://ok.ru/profile/603428848914
🔸 *🔸 *Подписывайтесь по ссылке* https://podpiska.pochta.ru/press/ПИ976
Download Telegram
#Бессмертныйполк

⭐️⭐️⭐️Мин хос эһээм Гурьев Михаил Федорович сэрии, үлэ ветерана, 1926 сыллаахха Сунтаар улууһугар төрөөбүт. Төрөппүттэрэ эрдэ өлөннөр, тулаайах хааланнар аймахтарыгар иитиллэн улааппыттар. 1941 сыллаахха Аҕа дойду сэриитэ буоларыгар 15 саастаах уол таайын дьиэ кэргэнин кытта Үөһээ Бүлүү Тоҥуотугар көмүс хостуур артыалга үлэлээбитэ. 1944 сылга 18 сааһын туолан сэриигэ ыҥырыллан бэбиэскэ туппут уонна бэс ыйыгар борохуотунан Бүлүү, Лена өрүстэринэн устан Мальта куоракка байыаннай чааска тиийэн сулууспатын саҕалаабыт.

Салгыыта комментарийга
#Бессмертныйполк

⭐️⭐️⭐️Васильев Петр Егорович Аҕа дойду сэриитин 1 степеннээх уордьан кавалера, "Хорсунун иһин", "Советскай Заполярьены босхолооһунун иһин", "Германияны Кыайыы иһин", элбэх үбүлүөйүнэй мэтээллэрдээх.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
#Кыайыыкүнэ
⭐️⭐️⭐️⭐️⭐️
Уруйдан, Улуу Кыайыы күнэ!!!
Бүгүн 1941-45 с.с. Аҕа дойду Улуу сэриитин кыргыһыы хонуутугар охтубут, сэрии толоонугар олохторун толук уурбут буойуттар сырдык ааттарын ахтан-санаан, биһиэхэ бэлэхтээбит эйэлээх олохторун иһин махтанар Улуу күммүт.

Аҕа дойду Улуу сэриитигэр Саха сирэ 62 тыһыынчаттан тахса бастыҥ ыччатын Ийэ дойду көмүскэлигэр атаарбыта. Олортон кыргыһыы хонуутугар 38 тыһыынчаттан тахса киһи сырдык тыынынан толук уурбута. Ордук ыар сүтүгү Үөһээ Бүлүү оройуона ылбыта. Биһиги улуустан 2163 киһи барбытыттан 1131 киһи сэрии толоонугар хаалбыта. 746 киһи тыыннаах дойдутун булбута. Улуу Кыайыы маннык ыар толугунан ситиһиллибитэ.

Аҕа дойду Улуу сэриитигэр сырдык тыыннарын толук уурбут Үөһээ Бүлүү буойун уолаттарыгар, тыылга өлбүттэр сырдык ааттарыгар, Кыайыыны уһансыбыт сэрии уонна тыыл бэтэрээннэригэр махталбыт бэлиэтин тыыннаах сибэкки дьөрбөтүн сылын ахсын уурабыт 💐

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
@ulusmedia

⭐️⭐️⭐️⭐️⭐️
#Кыайыыкүнэ

⭐️⭐️⭐️⭐️⭐️
Кыайыы болуоссатыгар полевой куукуна үлэлээтэ.

Хас биирдии кэлбит киһи минньигэс гречканы амсайда👍🏻😋

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат