Газета Верхневилюйского района "Үөһээ Бүлүү"
3.84K subscribers
21K photos
4.16K videos
9 files
3.65K links
🗞🗞🗞ТГ-канал редакции https://t.iss.one/uoheebuluu
Предлагайте новости @Uohee_buluu14_bot
🔸 *Мы в ВКонтакте:* vk.com/uoheebuluu
🔸 *Одноклассники:* https://ok.ru/profile/603428848914
🔸 *🔸 *Подписывайтесь по ссылке* https://podpiska.pochta.ru/press/ПИ976
Download Telegram
#саһарбытхаартыскаларкэпсииллэр

Кыайыыны уһансыбыт, дойдуларыгар этэҥҥэ төннөн кэлбит олох, үлэ үөһүгэр сылдьар ытыктыыр дьоммут - Үөһээ Бүлүүлэр, Аҕа дойду улуу сэриитин бэтэрээннэрэ

Саныыбыт, махтанабыт, киэн туттабыт!

@uoheebuluu
#Бессмертныйполк

⭐️⭐️⭐️Мин эһээм, Николаев Василий Иннокентьевич РФ оборонатын министерствотын центральнай архивыгар киирбитинэн: “В имеющейся на хранении картотеке персонального учета Николаев Василий Иннокентьевич, 1925 года рождения, 913 стрелковый полк 244 стрелковой дивизии в период с 29 января 1943 г. по 09 мая 1945 г. входил в состав действующей армии. Основание: ЦА МО РФ, перечень №5, стр 111”.

Военнай присяганы 1944 сыл от ыйыгар ылбыт, онтон от ыйын 21 күнүгэр 1944 с. бастакы автоматчиктар роталарыгар анаммыт, 1945 с. санитарнай ротаҕа сулууспалаабыт.

1948 с. сэрииттэн эргиллэн кэлбит. Төрүт аһылыгын аһаан, уһуннук эмтэнэн аматыйбыта уонна үтүө суобастаахтык сэрии кэнниттэн норуот хаһаайыстыбата сайдарын туһугар үлэлээбитэ. Өргүөт, Быракан телефонун линията барар сирин салайан кэртэрбитэ. “Энгельс” аатынан колхозка, онтон Быракаан отделениетыгар 1970 сылга диэри сороҕор сүөһү, сороҕор хонуу биригэдьииринэн, кэлин И. Барахов аатынан совхоз Өргүөттээҕи учаастагын 2 № - дээх Быракааннааҕы учаастагын биригэдьииринэн 13 сыл таһаарыылаахтык үлэлээбитэ.

Аҕабыт  орто дойдуга төрөөбүт иэһин толорон Ийэ дойдутун  хааннаах халабырдьыттартан көмүскээн, Мария Денисовналыын ыал  буолан дьиэ уот - туттан, 9 оҕону төрөтөн,   маҥнайгы сиэннэрин көрөттөөн, буостуктаһан баран эмискэ ыарахан ыарыыттан баара-суоҕа 56 сааһыгар эрэ 1983 сыллаахха күн сириттэн барбыта.

Бүгүн күндү дьоммутун ахтан-санаан ааһар күммүт. Эһиги дьоҥҥут, эһэлэргит, эбэлэргит туһунан маннык курдук кылгас тиэкиһи кытары хаартыскаларын +7 914 820-53-43 нүөмэргэ ыытаргытын күүтэбит. Күн устата телеграммытыгар таһаарыахпыт.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
#БессмертныйПолк

Мой дед со стороны матери Усов Дмитрий Дмитриевич, был призван в армию 18.08.42 г. Вилюйским военкоматом. Прошёл воинскую учёбу с 09.11.42г.в в/ч 582, в 6-й учебной роте. С 23.11.42г. стал курсантом Забайкальского военного пехотного училища. Воевал в Белгородском направлении в составе пулеметной роты, 285-й стрелковой дивизии, 69-й армии под с.Прохоровка (Курская дуга) с 03.07.43г. по 09.07.43г. Получил ранение и в 1944г. демобилизован с рядов армии. Награждён медалью за победу над Германией в ВОВ 1941-1945г. Орденом Отечественной войны 1 степени.

Дед со стороны Отца Николаев Лазарь Маринович был призван в 1942 г. Прошёл военное обучение в Даурии. Стрелок 582 сп на Забайкальском фронте. Воевал против японцев в Монголии, и в Китае. Демобилизован в 1946 г. Умер в 1978 г. в родном наслеге. Медаль «За победу над Японией» и юбилейные медали Победы в ВОВ.

#Помним
#ДеньПобеды
#9мая
#СпасибоДедуЗаПобеду
#Бессмертныйполк

⭐️⭐️⭐️Дудуков Иван Варламович
Ветеран ВОВ, участник Японской войны, награждён медалью "За Отвагу", "За победу над Японией" и Орденом отечественной войны 2 степени.

«Үөһээ Бүлүү" хаһыат
#Улуукыайыыкүнүнэн

Бүгүн Үөдүгэйгэ Кыайыы искибиэригэр "Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат!"-Аҕа дойду сэриитигэр эйэлээх олох иһин олохторун толук уурбут буойуттарга сүгүрүйүү буолла.

Улуу Кыайыы күнүнэн эҕэрдэ тылы Үөдүгэй нэһилиэгин баһылыга А. Ю. Иванов, Үөдүгэй ыччатын аатыттан Үөдүгэйдээҕи култуура киинин дириэктэрэ И. Е. Сортолов, улуус бэтэрээннэрин сэбиэтин бэрэссэдээтэлинэн өр сылларга үлэлээбит СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ И. Е. Чычахов эттилэр.

Уоттаах сэриигэ түөрт таайа сылдьыбыт Ю. Н. Прокопьев аатынан спортивнай орто оскуола дириэктэрин иитэр үлэҕэ солбуйааччыта Н. Н. Иванова таайдарын туһунан аҕынна , СӨ култууратын туйгуна, "Дьүөгэ" түмсүү салайааччыта В. В. Павлова эҕэрдэлээн туран түмсүү кыттыылааҕар, сэрии тулаайаҕар А. П. Ивановаҕа сэмэй бэлэҕин туттарда.

#Үөдүгэйсонуннара
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
#Улуукыайыыкүнэ

Саха сирин үрдүнэн Кыайыы гимнэ буолбут Петр Одорусов тылларыгар, Николай Бойлохов мелодиятыгар "Тыыннаахтар умнубат сыллара" ырыаны көй салгыҥҥа көччөх гына көтүппүт Анна Петровна Иванова бар дьонугар 53-с сылын бу ырыаны ыллаан дуоратта, Кыайыы күнүн өрөгөйүн үрдэттэ 👍👍👏👏👏

Мустубут ыалдьыттар бары биир киһи курдук бу ырыаны ылластылар

#Үөдүгэйсонуннара