Forwarded from МО "Едюгейский наслег"
#Улуукыайыыкүнүнэн
⭐Бүгүн Үөдүгэйгэ Кыайыы искибиэригэр "Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат!"-Аҕа дойду сэриитигэр эйэлээх олох иһин олохторун толук уурбут буойуттарга сүгүрүйүү буолла.
Улуу Кыайыы күнүнэн эҕэрдэ тылы Үөдүгэй нэһилиэгин баһылыга А. Ю. Иванов, Үөдүгэй ыччатын аатыттан Үөдүгэйдээҕи култуура киинин дириэктэрэ И. Е. Сортолов, улуус бэтэрээннэрин сэбиэтин бэрэссэдээтэлинэн өр сылларга үлэлээбит СӨ норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ И. Е. Чычахов эттилэр.
Уоттаах сэриигэ түөрт таайа сылдьыбыт Ю. Н. Прокопьев аатынан спортивнай орто оскуола дириэктэрин иитэр үлэҕэ солбуйааччыта Н. Н. Иванова таайдарын туһунан аҕынна , СӨ култууратын туйгуна, "Дьүөгэ" түмсүү салайааччыта В. В. Павлова эҕэрдэлээн туран түмсүү кыттыылааҕар, сэрии тулаайаҕар А. П. Ивановаҕа сэмэй бэлэҕин туттарда.
#Үөдүгэйсонуннара