Газета Верхневилюйского района "Үөһээ Бүлүү"
3.86K subscribers
22.1K photos
4.37K videos
9 files
3.89K links
🗞🗞🗞ТГ-канал редакции https://t.iss.one/uoheebuluu
Предлагайте новости @Uohee_buluu14_bot
🔸 *Мы в ВКонтакте:* vk.com/uoheebuluu
🔸 *Одноклассники:* https://ok.ru/profile/603428848914
🔸 *🔸 *Подписывайтесь по ссылке* https://podpiska.pochta.ru/press/ПИ976
Download Telegram
#дьаарбаҥка

⭐️ Үс Хоһууҥҥа тыа хаһаайыстабатын дьаарбаҥката

Тыа хаһаайыстыбатын управлениета тэрийэр күһүҥҥү дьаарбаҥкатыгар сыллата саҥа, сонун туох эмит тэрээһини киллэрэр. Быйыл олохтоохтор хаартыскаҕа түһэллэригэр анаан фотозона оҥорон дьон-сэргэ астына хаартыскаҕа түстэ.

Атыы-эргиэн дэлэгэй, дьон сырыыта үгүс, култуура үлэһиттэрэ тэрийбит куонкурустарыгар үөрэ-көтө кыттан, бириис тутуурдаах дьон кытта баар буолла.

Сайыҥҥы биир күн дьылы аһатар дииллэринии, үлэһит дьон сайын устата үүннэрбит, көрбүт-истибит оҕуруоттарын аһын, сир асчыттар хомуйан оҥорбут минньигэс отоннорун, барыанньаларын, төһө да сыаналааҕын үрдүнэн былдьаһа-тарыһа атыыластылар.

Быстах кэмҥэ оҕолору көрөр-истэр приют үлэһиттэрэ тэрилтэнэн кэлэн олус кэрэ көстүүлээх быыстапка туруордулар, эбиэт иннигэр атыыга таһаарбыт бородууксуйалара номнуо бүппүт этэ.

Дьаарбаҥкаҕа ким өссө тугу көрдө, сэҥээрдэ?

Комментарийга киирэн хаартыскаларда көрүҥ⬇️⬇️⬇️⬇️

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#дьаарбаҥка #оскуолаттан

🏃‍♂️Д.С.Спиридонов аатынан 4-с нүөмэрдээх оскуолаҕа бүгүн күһүҥҥү атыы-эргиэн дьаарбаҥката сүрдээх күргүөмнээхтик тэриллэн ыытылынна.

Оскуола аактабай уонна спортивнай саалатын былаһын тухары атыы-кутуу бэрт хамаҕатык барда. Манна туох суоҕай? Булт аһыттан мааныта, оҕуруот аһын эриэккэһэ, минньигэһэ дэлэйдик тардыллан, оҕолор да, учууталлар да астына атыыластылар. Оҕолор барахсаттар аҕалбыт астарын бэйэлэрэ атыылаан, дохуот киллэринэн астыннылар, үөрдүлэр.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
#дьаарбаҥка

⭐️ Аан дойдутааҕы дьахтар күнүн көрсө сарсын, кулун тутар 2 күнүгэр Олоҥхо дьиэтигэр илии оҥоһугун маастардарын "Сделано в Верхневилюйске" быыстапка-дьаарбаҥкалара буолар.

Көхтөөх кыттыыны ылан, сааскы маҥнайгы бырааһынньыкка бэлэхтэ ылыҥ.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
#быыбар #дьаарбаҥка

⭐️ "Сааскы кэм сандалыта" дьаарбаҥка улуус олохтоохторун крестьянскай ырыынакка күүтэр.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#дьаарбаҥка

Муус устар 12 күнүгэр "Работа России" дьиэтигэр Бүтүн Россиятааҕы үлэ дьаарбаҥката ыытыллыаҕа.

Үлэ көрдөнөр дьон, кылгас үөрэхтээһини ааһыан баҕалаахтар үлэ дьаарбаҥкатыгар көхтөөх кыттыыны ылыҥ👍

Куйаар код нөҥүө киирэн бэлиэтэниҥ.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM