Газета Верхневилюйского района "Үөһээ Бүлүү"
3.85K subscribers
22.5K photos
4.4K videos
9 files
3.98K links
🗞🗞🗞ТГ-канал редакции https://t.iss.one/uoheebuluu
Предлагайте новости @Uohee_buluu14_bot
🔸 *Мы в ВКонтакте:* vk.com/uoheebuluu
🔸 *Одноклассники:* https://ok.ru/profile/603428848914
🔸 *🔸 *Подписывайтесь по ссылке* https://podpiska.pochta.ru/press/ПИ976
Download Telegram
#планерка

"Якутскэнерго" тэрилтэтин сүрүн инженерэ Валентин Дмитриев сыллааҕы үлэ хаамыытын иһитиннэрдэ.

Быйылгы сылга былааннаммыт өрөмүөн үлэтэ уустуктардаах ааста. Сайыҥҥы өттүгэр улахан ойуур баһаардара туран, улахан үлэ ойуур баһаардардаах нэһилиэктэргэ ааста.

3 улахан уот ситимигэр уопсайа 290 баҕана уларытылынна. Нэһилиэк иһигэр 3,5 км сип-провод тардылынна.

Туох-ханнык үлэ барбытын сиһилии хаһыакка ааҕыаххыт. Үөһээ Бүлүү" улуус хаһыатыгар чэпчэтиилээх сурутуу буола турар https://podpiska.pochta.ru/press/%D0%9F%D0%98976

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
#планерка

Улуустааҕы Олох-дьаһах, коммунальнай хаһаайыстыба тэрилтэтин салайааччыта Альберт Гаврильев тэрилтэ үлэтин билиһиннэрдэ.

339 үлэһиттээх унитарнай тэрилтэ 39 котельнайы тутан үлэлэтэ олорор. Онтон 23 күөх төлөнүнэн, 1 газо- кондесатынан уонна 15 котельнай таас чоҕунан оттуллар.

Уопсайа 56 км уһуннаах ититэр ситими хааччыйан, көрөн-истэн олороллор. Ону тэҥэ чааһынай ыаллар ититэр ситимнэрин хааччыйаллар.

Нэһилиэктэргэ оттук үгүһэ тириэрдиллэн турар. Кыһыҥҥы суол арыллан, бу кэлэр нэдиэлэттэн саҕалаан оттугу тиэйии үлэтэ саҕаланыаҕа. Бастакы сырыы Туобуйа нэһилиэгэр былааннанар. Туобуйаҕа диэри айан суолу бу нэдиэлэ бүтүүтүгэр диэри хаарын ыраастаан, оҥорон бэлэмниэхтэрэ.

Анал байыаннай дьайыыга сулууспалыы сылдьар байыастар дьиэлэрин ититэр ситимҥэ холбооһун бырагырааматыгар олоҕуран 3 ыалы ититэр ситимҥэ холбообуттар.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#планерка

Улууска сокуону, бэрээдэги кэһии туругун туһунан улуустааҕы Ис дьыала отделын бэрээдэги бөҕөргөтөр салаа салайааччыта, подполковник Владислав Поскачин иһитиннэрдэ.

Ааспыт нэдиэлэ устата дьуһуурунай чааска 42 араас ис хоһоонноох иһитиннэрии киирбит. Мантан 11 - эт-хаан эчэйиитэ (3 - охсуһан, онтон атына охтон эчэйии).

7 түөкүннээһин түбэлтэтэ бэлиэтэммит. Кирэдьииттэрин төлөөбөккө сылдьар дьон дьыалалара түөкүннээһиҥҥэ киирэллэр.

1 баһаар, 1 отравление, 2 бытархай уоруу, 1 өлөрүүнэн куттааһын түбэлтэлэрэ бэлиэтэммиттэр.

2 суол саахала тахсыбыт, киһи эчэйиитэ суох.

26 административнай боротокуол толоруллубут.

Дьуһуурунай чааска 2 киһи тутуллан киирэн тахсыбыт.

ГАИ сотрудниктарынан 109 боротокуол оҥоһуллубут.

СӨ Административнай Кодексатын 3.5 ыстатыйатыгар олоҕуран, элбэх квартиралаах уопсай дьиэлэргэ киэһээҥи өттүгэр чуумпу буолуохтаах. Маныаха Үөһээ Бүлүүгэ бу ыстатыйаҕа сыһыаннаан, чуумпуруу бириэмэтигэр айдаараннар, утуйарга мэһэйдээннэр, 11 ый устата 84 киһиттэн үҥсүүлээх сайабылыанньа киирбит. Онтон 44 сайабылыанньаҕа миэрэ көрүллэ илигэ бэлиэтэммит.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#планерка

Бүгүҥҥү улуус дьаһалтатын былаанныыр мунньаҕар саҥа анаммыт салайааччылары билиһиннэрдилэр.

Ол курдук, улууска саҥа үлэтин саҕалаабыт Дьиэ кэргэҥҥэ уонна ыччакка социально-психологическай көмөнү оҥорор киин судаарыстыбаннай бюджетнай тэрилтэтин Үөһээ Бүлүүтээҕи филиалын салайааччытынан Вера Вильгельмовна Миронова ананна.

Саҥа тэрилтэ офиһа Сбербаан дьиэтин иккис этээһигэр 2 хоһунан, 2 үлэһиттээх үлэлиэҕэ.

Ойуур хаһаайыстыбатын судаарыстыбаннай тэрилтэтин Үөһээ Бүлүүтээҕи салаатын салайааччытынан бу тэрилтэҕэ 6 сыл ойуур харыстабылын инженеринэн үлэлээбит Еремей Еремеевич Алексеев ананна.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#планерка

Авиапорт салайааччыта Дмитрий Иванов анал байыаннай дьайыыга бэйэтин тэрилтэтиттэн командировка оҥотторон баран кэлбитин туһунан кэпсээтэ.

"Биир дойдулаах уолаттарбытын кытта көрсө барарбытыгар сүрүнэ диэн үлэтэ эбит. Ол эбэтэр хастыы эмэ туонналаах гуманитарнай көмөнү Дьокуускай авиапордуттан саҕалаан айан устатын тухары хас биирдии опорнай пууҥҥа тиксэриллиэр диэри төттөрү-таары тиэйии, таһыы, сүгүү- көтөҕүү эбит. Уолбун көрсөн астынным. Уолаттар бэйэлэрин нэһилиэктэрин, чугас дьоннорун туһунан сонуннары истиэхтэрин наһаа баҕараллар эбит. Биһиги - улуус дьоно уопсай сонуну эрэ кэпсиир кыахтаах эбиппит. Онон аныгыс сырыыга нэһилиэктэртэн баһылыктар эбэтэр специалист уолаттар барыахтарын наада эбит. Хас биирдии опорнай пууҥҥа, Чурапчылар курдук, бэйэтэ анал тиэхиньикэлээх, анаммыт хамнастаах үлэһиттээх улуус представительствота үлэлиирэ буоллар бэрт буолуох эбит. Оччотугар гуманитарнай көрөбүт, аадырыстаммыт баһыылкаларбыт тиксэриллэллэригэр улахан көмө буолуох этэ", - диэн Дмитрий Дмитриевич санаатын эттэ.

Хомойуох иһин, үгүс уол инники кирбиигэ сытар буолан, хамандыырдара көҥүл биэрбэккэ, кыайан улуус делегациятын кытта көрсүһүүгэ тахсыбатахтар. Ол эрэн 58 уолу сирэй көрсөн, баһыылкалары тиксэрэн, кэпсэтэн-ипсэтэн, санааларын көтөҕөн кэлбиттэр.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#планерка

Улуус дьаһалтатын нэдиэлэтээҕи былаанныыр сүбэ-мунньаҕын улуус баһылыга Валерий Николаев салайан ыытар.

Спорт күрэхтэһиилэрин уонна тэрээһиннэрин туһунан физическэй култуураҕа уонна спортка управление салайааччыта Егор Николаев иһитиннэрдэ.

Мас тардыһыытын өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэҕэр 12 улууһу 2 лигаҕа арааран, 6-лыы улуус күрэхтэстилэр.
10:6 ахсаанынан түмүктээн, Үөһээ Бүлүү сүүмэрдэммит хамаандата 2-с миэстэни ылла.

Нам улууһугар гиирэ спордун күрэҕэр 15 улуус күрэхтэстэ. 7 улуус толору састаабынан. Николай Кардашевскай дьарыктыыр хамаандата бастакы миэстэни ылан кубок хаһаайына буолла.

Манчаары оонньууларыгар бэлэмнэнэр сыаллаах күрэхтэр түмүктэрэ үчүгэй диэн Егор Николаев бэлиэтээтэ.

Хапсаҕай Федерациятын кубогар 2 бөлөҕүнэн 170 спортсмен кытынна. Үөһээ Бүлүү киирбит бөлөҕөр Ньурба, Бүлүү, Үөһээ Дьааҥы, Уус-Алдан киирсибиттэрэ.

Чурапчы уонна Мэҥэ-Хаҥалас улуустарын хамаандалара очукуолара тэҥнэһэн, хаачыстыбаларын көрөн, судьуйалар быһаарыыларынан, Мэҥэ-Хаҥалас бөлөҕөр кыайыылаах буолан финалга киирбитэ. Үөһээ Бүлүү улууһа 11:6 ахсаанынан кыайан, кубок хаһаайынынан буолла. Быйыл иккис төгүл субуруччу кыайыы буолла.

Владимир Степанов, Платон Саввинов, Ньургун Терентьев, Кирилл Мордовской курдук бөҕөстөрбүт биир да хотторуута суох туһуннулар.

Түмүккэ Егор Николаев Ил Түмэн судаарыстыбаннай мунньах дьокутаата, Баһылай Манчаары аатынан национальнай спорт көрүҥнэрин өрөспүүбүлүкэтээҕи киинин дириэктэрэ Геннадий Васильев аатыттан улуус баһылыгар Валерий Николаевка мас тардыһыытын көрүҥүн өйүүрүн иһин анаммыт Махтал суругун туттарда.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#планерка

Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтигэр ыытыллар үлэ туһунан Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтин баһылыга Максим Силигиянов иһитиннэрдэ.

Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтигэр күн бүгүн пропискалаах 6340 киһи олорор. Онтон 6-гар диэри саастаах оҕо ахсаана - 632, 7-17 саастаах улахан оҕолор - 750, 18-29 саастаах ыччат - 759, 30-60 саастаах дьон - 2728, 60-80 саастаахтар - 1382 уонна 80-тан үөһэ саастаах ахсаана 19.

ППМИ бырагырааматынан сэлиэнньэ иһигэр 7 уулусса уота оҥоһуллан, 7 км кэриҥэ уһуннаах уулусса сырдатылынна. Ону тэҥэ 3 компенсатор саҥардылынна.

Суол-иис, транспорт министиэристибэтин үбүнэн Күрдьэҕэлээх сирэ өрөмүөннэннэ. Уопсайа сыл устата 15 уулусса өрөмүөннэннэ. Билигин ирдэбил быһыытынан 51 суол бэлиэтэ сакаастанан турар.

Исиидэр Бараахап аатынан сквер оҥоһуллан аһыллыыта буолла. Ол эрэн аны сааскыга фонтана туруоруллара, асфальт тэлгэниитэ хаалла. Ону тэҥэ көннөрүү, ситэрии-оһоруу үлэтэ барыаҕа.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#планерка

Улуустааҕы үөрэх салаатын үлэтин туһунан салайааччы Юрий Кынатов кэпсээтэ.

"Тарбаахаптыын астаа" өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэххэ Кэнтик орто оскуолатын үөрэнээччитэ Клавдий Егоров 2-с миэстэни уонна Нам орто оскуолатыттан Надя Ван-Пой-Лин 3-с миэстэни ыллылар.

2-с нүөмэрдээх детсадка ыытыллыбыт "Призвание - воспитатель" күрэххэ Евдокия Харлампьевна Платонова, Елена Семеновна Григорьева кыайыылаах аатын ыллылар.

Чурапчы улууһугар предметниктэр күрэхтэригэр история учууталларын икки ардыларыгар ыытыллыбыт күрэххэ Үөһээ Бүлүүттэн өрөспүүбүлүкэтээҕи лиссиэй-интэринээт учуутала "Верность профессии" анал ааты ылары ситистэ.

Ил Дархан харыйатыгар улуустан бастыҥ үөрэхтээх, оскуола уопсастыбаннай олоҕор көхтөөх, өрөспүүбүлүкэ, дойду таһымыгар ситиһиилэрдээх 29 оҕо бараары бэлэмнэнэр.

Үөрэх тэрилтэлэригэр Саҥа дьыллааҕы сынньалаҥ ахсынньы 30 күнүттэн тохсунньу 12 күнүгэр диэри буолар.

Эһиилги сылга оскуолаларга эдэр учууталлары аҕалар үлэ күүскэ ыытыллардыы былааннанар. Манна улуус дьаһалтатын аатыттан улууска үлэлии кэлэр эдэр кадрдарга өйөбүл үп көрүллүөҕэ диэн баһылык мэктиэлээтэ.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#планерка

Үөһээ Бүлүү улууһун ветеринария салалтатын үлэтин туһунан салайааччы Владимир Мачахтыров иһитиннэрдэ.

Улууска бүгүҥҥү күҥҥэ 1402 ыт уонна 413 куоска регистрацияланан олорор. Ол иһигэр Үөһээ Бүлүүгэ - 102, Үөдүгэй нэһилиэгэр - 87.

Бешенствоттан сыл ахсын вакцинация ыытыллар. Тыһы ыты баайыы сыаната - 4268 солк. тэҥнэһэр. Оттон куосканы эпэрээссийэлээһин - 4640 солкуобайдаах. Сылга биирдэ сыанаҕа чэпчэтии көрүллэр.

Полиция сотрудниктарын кытары ветеринария инспектора кыттыгас рейдэлэри оҥороллор. Быйыл 18 рейдэ түмүгүнэн, дьиэ кыылын бэйдиэ ыытыы иһин 19 боротокуол толоруллубут. Манна бастакы сырыыга сэрэтии быһыытынан барар, онтон иккистээн боротокуолланнахтарына харчынан ыстараап ууруллар.

Үөһээ Бүлүү сэлиэнньэтигэр 119 ыт, Үөдүгэй нэһилиэгэр 94 ыт чиптэммит.

Сылгылары чиптээһин үлэтэ бытааннык баран иһэр. Билиҥҥи туругунан 2000 кэриҥэ эрэ сылгы чиптэнэн турар. 1354 төбө бырагыраамаҕа киллэриллибит. 900-тэн тахса төбө интеграцияҕа тахсан турар. Бу уопсай ахсаантан 10-тан эрэ тахса бырыһыанын ылар.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#планерка

Норуот айымньытын киинин тэрээһиннэрин туһунан салайааччы Алена Босикова кэпсээтэ.

Норуот айымньытын киинэ - Олоҥхо дьиэтэ Саха сирин Олоҥхо дьиэтин иһинэн киирбит 11 улуус тэрилтэлэрин ахсааныгар киирэр.

Улууска ыытыллар хас биирдии тэрээһиҥҥэ тэрилтэ үлэһиттэрэ көмөлөөн үлэлии олороллор. Олус элбэх тэрээһин буолар булан, үлэһиттэр култуура эйгэтигэр сыһыаннаан ис кыахтарын толору арыйан, айымньылаах үлэҕэ ылсан үлэлиир бириэмэлэрэ суоҕун Алена Константиновна бэлиэтээтэ.

Норуот тыйаатырын 60 сыллаах, ону тэҥэ улуус кулуубун дириэктэринэн өр сылларга үлэлээбит, норуот тыйаатырын артыыһа, мелодист Семенов Иван Спиридонович төрөөбүтэ 95 сыллаах үбүлүөйдэрин тохсунньу 16-17 күннэригэр бэлиэтиэхпит.

Бу тэрээһин чэрчитинэн тэрилтэлэринэн инсценировка күрэҕэ биллэриллибитэ. Сайаапкалары номнуо тута олороллор. Билиҥҥи туругунан 5 тэрилтэ сайаапкатын киллэрбит. Кыайыылаах тэрилтэ Уйбаан Сэмиэнэп оҕолорун, сиэннэрин аатыттан 60 тыһыынча солкуобайынан наҕараадаланыаҕа.

Ону тэҥэ бииргэ үлэлээн ааспыт доҕотторун, үөлээннээхтэрин, тыйаатырга үлэлээн ааспыт дьон ааттарыттан уу харчынан бирииһи тутуохтара.

Ахсынньы 18 күнүгэр улуус доруобуйаларынан хаарчахтаах дьоно кыттыылаах кэнсиэр Олоҥхо дьиэтигэр киэһэ 18:00 чаастан буолуоҕа. Кэлэн көрүҥ, сэргээҥ, сэҥээриҥ.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM