Верхневилюйский район 💯 РГ "Үөһээ Бүлүү"
3.85K subscribers
20.9K photos
4.15K videos
9 files
3.63K links
🗞🗞🗞ТГ-канал редакции https://t.iss.one/uoheebuluu
Предлагайте новости @Uohee_buluu14_bot
🔸 *Мы в ВКонтакте:* vk.com/uoheebuluu
🔸 *Одноклассники:* https://ok.ru/profile/603428848914
🔸 *🔸 *Подписывайтесь по ссылке* https://podpiska.pochta.ru/press/ПИ976
Download Telegram
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
Бүгүн саха норуодунай бэйиэтин, ССРС суруйааччыларын сойууһун чэлиэнин, биир дойдулаахпыт Бүөтүр Тобуруокап аатын сүгэр Нам орто оскуолата 95 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтиир.

Нам орто оскуолата - Өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр ааттаах-суоллаах дьону иитэн таһаарбыт оскуола. Выпускниктарын быыстарыгар 9 наука доктордара, 12 наука докторыгар кандидаттар бааллара үөрэх кыһата чахчы үрдүк таһымнаах билиини биэрэрин туоһулуур.

Билиҥҥи кэмҥэ оскуолаҕа 212 оҕо үөрэнэр, 35 учуутал үлэлиир. Араас сылларга оскуоланы 7 кыһыл көмүс, 6 үрүҥ көмүс мэдээлинэн бүтэрбит выпускниктардаах.

Нам орто оскуолатын үөрэнээччилэрин, араас сылларга үлэлээбит учуутаалларын, үлэһиттэрин, выпускниктарын тапталлаах оскуолаҕыт үбүлүөйдээх 95 сылынан Үөһээ Бүлүү улууһун дьаһалтатын аатыттан эҕэрдэлиибин.

Баҕарабыт үөрэх кыһата өссө сайда чэчирээтин, үөрэнээччилэргит бэйэлэрин ситиһиилэринэн үөрдэ, оскуолаларын ааттата турдуннар!


#НамОртоОскуолата95
#ҮөһээБүлүү

t.iss.one/ValeriNikolaev