Верхневилюйский район 💯 РГ "Үөһээ Бүлүү"
3.85K subscribers
20.9K photos
4.15K videos
9 files
3.63K links
🗞🗞🗞ТГ-канал редакции https://t.iss.one/uoheebuluu
Предлагайте новости @Uohee_buluu14_bot
🔸 *Мы в ВКонтакте:* vk.com/uoheebuluu
🔸 *Одноклассники:* https://ok.ru/profile/603428848914
🔸 *🔸 *Подписывайтесь по ссылке* https://podpiska.pochta.ru/press/ПИ976
Download Telegram
#Поэзия
Бүгүн улуустааҕы модельнай бибилэтиэкэҕэ үгэскэ кубулуйбут улуустааҕы "Поэзия миэхэ уһуктар..." 6-11 кылаас оҕолоругар литературнай, театрализованнай дьүһүйүү ыытылынна. Тэрээһин 11-с төгүлүн ыытыллар.

Түһүлгэҕэ Дүллүкү, Оҥхой, Тамалакаан, Ороһу, Кэнтик, итиэннэ лиссиэй-интэринээт, оҕо спортивнай оскуолатын талааннаах оҕолоро мустан, анаммыт күнү киэргэттилэр. Оҕолор бөлөҕүнэн аатырбыт бэйиэттэр айымньыларын, итиэннэ бэйэ айбыт хоһооннорун ааҕан, көрөөччүлэр хайҕабылларын ыллылар 🕊️

@ulusmedia
#Үбүлүөй

⭐️ Үгүс үөрэхтээх үлэһит дьон куорсун анньыммыт Бүөтүр Тобуруокап аатынан Нам орто оскуолата үбүлүөйдээх 95 сылын бэлиэтиир дьоро тэрээһин саҕаланна.

Эҕэрдэ бастыҥын, маанытын улуус баһылыга Валерий Николаев, улуус мунньаҕын бэрэссэдээтэлэ Николай Николаев, Ороһу нэһилиэгин баһылыга Анатолий Антонов, Балаҕаннаах нэһилиэгин баһылыга Степан Дмитриев эттилэр.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#Үбүлүөй

⭐️ Үбүлүөй үөрүүтүн үллэстэ эҕэрдэ тыл этэ үгүс киһи муһунна.

Кимнээҕи биллигит?

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Владимир Путин присвоил звания Героев России космонавтам Дмитрию Петелину и Андрею Федяеву. Соответствующий указ глава государства подписал в пятницу, 12 апреля.

В документе отмечаются мужество и героизм космонавтов, "проявленные при осуществлении длительного космического полета на Международной космической станции", что и стало основанием для присвоения Дмитрию Петелину и Андрею Федяеву званий Героев России.

Кроме того, этим же указом обоим космонавтам присвоены почетные звания "Летчик-космонавт Российской Федерации".

▫️Ранее глава "Роскосмоса" Юрий Борисов поздравил россиян с Днем космонавтики. В своем видеообращении он напомнил, что 63 года назад Юрий Гагарин первым из землян отправился в космическое пространство и открыл человечеству путь за пределы земной атмосферы.

@rgrunews
#Үбүлүөй

⭐️ Нам орто оскуолатын дириэктэрэ Надежда Алексеева үөрэх управлениетын салайааччытын солбуйааччы Леонид Огочоновтан уонна оскуола дириэктэрдэриттэн эҕэрдэлэри тутта.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
Бүгүн саха норуодунай бэйиэтин, ССРС суруйааччыларын сойууһун чэлиэнин, биир дойдулаахпыт Бүөтүр Тобуруокап аатын сүгэр Нам орто оскуолата 95 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтиир.

Нам орто оскуолата - Өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр ааттаах-суоллаах дьону иитэн таһаарбыт оскуола. Выпускниктарын быыстарыгар 9 наука доктордара, 12 наука докторыгар кандидаттар бааллара үөрэх кыһата чахчы үрдүк таһымнаах билиини биэрэрин туоһулуур.

Билиҥҥи кэмҥэ оскуолаҕа 212 оҕо үөрэнэр, 35 учуутал үлэлиир. Араас сылларга оскуоланы 7 кыһыл көмүс, 6 үрүҥ көмүс мэдээлинэн бүтэрбит выпускниктардаах.

Нам орто оскуолатын үөрэнээччилэрин, араас сылларга үлэлээбит учуутаалларын, үлэһиттэрин, выпускниктарын тапталлаах оскуолаҕыт үбүлүөйдээх 95 сылынан Үөһээ Бүлүү улууһун дьаһалтатын аатыттан эҕэрдэлиибин.

Баҕарабыт үөрэх кыһата өссө сайда чэчирээтин, үөрэнээччилэргит бэйэлэрин ситиһиилэринэн үөрдэ, оскуолаларын ааттата турдуннар!


#НамОртоОскуолата95
#ҮөһээБүлүү

t.iss.one/ValeriNikolaev
#Үбүлүөй

⭐️ Нам 8 кылаастаах оскуолата орто оскуола буолбутун кэннэ бастакы выпускниктар - 70-с сылларга үөрэммит оҕолор, билигин номнуо ыал эбээлэрэ, эһээлэрэ, дууһалыын эдэрдии эрчимнээх "бастакыларбыт" дэнэр ытык-мааны дьон тапталлаах оскуолаларын эҕэрдэлии кэллилэр.

Василий Спиридонов - Барҕа Баһылай оскуола дириэктэригэр Надежда Алексееваҕа уйгу чороонун бэлэх уунна.

Быйыл оскуоланы бүтэрбиттэрэ 55 сыл буолбут выпускниктар ааттарыттан быйыл оскуоланы бүтэрэр, өрөспүүбүлүкэтээҕи "Басхан-2024" күрэххэ анал ааты ылбыт Илья Саввиновка харчынан бириэмийэни туттардылар.

Хаартыскалары комментарийга киирэн көрүҥ⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM