Верхневилюйский район 💯 РГ "Үөһээ Бүлүү"
3.85K subscribers
20.9K photos
4.15K videos
9 files
3.63K links
🗞🗞🗞ТГ-канал редакции https://t.iss.one/uoheebuluu
Предлагайте новости @Uohee_buluu14_bot
🔸 *Мы в ВКонтакте:* vk.com/uoheebuluu
🔸 *Одноклассники:* https://ok.ru/profile/603428848914
🔸 *🔸 *Подписывайтесь по ссылке* https://podpiska.pochta.ru/press/ПИ976
Download Telegram
Убаастабыллаах Үөһээ Бүлүү улууһун муниципальнай тэриллиилэрин баһылыктарын, депутаттарын уонна дьаһалталар үлэһиттэрин Олохтоох бэйэни салайыныы күнүнэн Үөһээ Бүлүү улууһун дьаһалтатын аатыттан итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин!

Тыа сирин тупсаҕай оҥорууга, сайыннарыыга, элбэх тыын кыһалҕалары миэстэтигэр быһаарыыга туһалаах, суолталаах үлэлэри күннэтэ ыыталлар улуустар уонна нэһилиэктэр баһылыктара, депутаттара уонна дьулуурдаах үлэһиттэрэ.

Олохтоох бэйэни салайыныы 2003 сылтан Арассыыйа үрдүнэн үлэҕэ киирбитэ. Онтон ыла муниципальнай тэриллиилэр сайдыы суолунан инники диэки дьулуһаллар.

Нэһилиэктэр баһылыктара, депутаттара РФ Президиэнэ Владимир Путин, Саха Сирин Ил Дархана Айсен Николаев уонна Бырабыыталыстыба ыытар үлэлэрин сөпкө өйдөөн, онно күүс буолан, билиҥҥи үйэ ирдиир түргэн тэтимиттэн хаалсыбакка, бары биир өйгө-санааҕа түмсэммит, элбэх өрүттээх үлэни дьон-сэргэ туһугар дьоһуннаахтык ыытары ситиһиэхтээхпит!

Күндү кэллиэгэлэр, бу күн эһиэхэ баҕарабын тулуурдаах буолууну. Талбыт суолгутуттан, нэһилиэнньэ туһугар үлэлииргэ торумҥутун туора турбакка, эппиэтинэстээх үлэҕэ сылдьаргытын өйдөөн, инники сайдыыга бэйэҕит кылааткытын киллэрэргэ кыһаллан, Үөһээ Бүлүү дьоллоох олоҕун туһугар түмсэммит үлэлиэҕиҥ!

Эһиэхэ сыралаах үлэҕит, тыа сирин олоҕо тупсаҕай буоларыгар кыһамньыгыт иһин ис сүрэхтэн махтанабын!

Түмсүөҕүҥ! Үлэлиэҕиҥ! Ситиһиилээх буолуоҕуҥ!

Эҕэрдэни кытта, Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыга Валерий Николаев.

#ҮөһээБүлүү
#ТүмсүүСыла
#ИннибитХотуБарыБииргэ
#ДеньМестногоСамоуправления

t.iss.one/ValeriNikolaev