#эйгэ #тэрээһин
⭐️ "Эйгэ" тэрилтэ үлэһиттэрэ сонун көрсүһүүнү тэрийдилэр
Бүгүн, олунньу 24 күнүгэр, "Работа России" дьиэтигэр СӨ култууратын туйгуна, "Култуура сайдыытыгар үтүөлэрин иһин" бэлиэ хаһаайката, Үөһээ Бүлүү култууратын бочуоттаах үлэһитэ, Боотулуу нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Аграфена Долгунова - Далбарай Айыыһыт сылынан эҕэрдэлээн, сайыны санаан, сибэкки, эмтээх от араас чэйдэрин кистэлэҥнэрин арыйда.
Киһи доруобуйатыгар туһалаах үүнээйилэр хаһан, хайдах хомуллалларын, ханнык ыарыыларга туттуллалларын сиһилии кэпсээтэ.
Эмтээх оту сэҥээрээччилэр мустан чэй арааһын амсайан, сүбэ-ама ылан тарҕастылар.
"Үөһээ Бүлүү" хаһыат

Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#эйгэ
⭐️ "Эйгэ" тэрилтэ бастакы экскурсиятын ыытта.
М.А.Алексеев аатынан лиссиэй-интэринээт "Тоҥуочаан" лааҕырын оҕолоро Үөһээ Бүлүүбүт ытык сирдэринэн, Түгэхтэй, Төҥүргэстээх, Кыырт Дала алаастарынан сырыттылар.
Улууспут алгысчыта Трофим Миронов оҕолорго саха норуотугар ыһыах өйдөбүлүн, ыһыахтыыр сиргэ тутуулар суолталарын, ыһыах кэмигэр оҥоһуллар сиэри-туому кэпсээтэ. Туоһунан оҥоһуллубут Моҕол ураһаҕа оҕолору арчылыыр сиэри-туому ыытта.
Олоҥхо сылыгар ананан тутуллубут эбийиэктэри электрокарынан сылдьан көрдүлэр. 22 оҕо 5 салайааччыны кытта кэлэн көрөн-истэн, саҥаны билэн, айылҕаҕа сынньанан бардылар.
Алгысчыт Трофим Васильевич Мироновка уонна Норуот айымньытын дьиэтин салайааччытыгар Алена Константиновна Босиковаҕа бу тэрээһиммитигэр сүбэ-ама буолбуттарыгар "Эйгэ" тэрилтэ салалтата махталын биллэрэр.
@uoheebuluu

#Эйгэ
"Эйгэ" архитектурнай бириэмийэ ЯСИА сайтыгар норуот куоластааһына түмүктэннэ ❌❌❌
Куоластааһыҥҥа бастыҥнарга Үөһээ Бүлүүттэн кыттар 4 эбийиэк хапсыбата эрээри, Дьүүллүүр Сүбэ сыанабылыгар эрэнэбит🙌🙌🙌 Түмүк сэтинньи 30 күнүгэр биллиэхтээх.