Forwarded from МО "Едюгейский наслег"
#биирдойдулаахпыт #күрэхтэһии #спорт
Кулун тутар 20-21 күннэригэр Аллараа Бэстээххэ биир дойдулаахпыт, Саха АССР спордун маастара, Улуу Кыайыы буойуна Василий Тихонович Ильин - Күүстээх Ылдьыын төрөөбүтэ 100 сылыгар аналлаах 2009-2010 сс төрүөх уолаттарга хапсаҕайдаһан тустууга күрэхтэһии саҕаланна.
Барыта 24 улуустан 264 бөҕөс күөн көрсүөхтэрэ. Күрэхтэһиини Үөһээ Бүлүүлэр киэн туттар тустуукпут Былатыан Саввинов тэрийсэ сылдьар. Комментатор - Александр Васильев - Көрдүгэн үлэлиир.
Бүгүҥҥү күҥҥэ бөҕөстөргө ситиһиилэри баҕарыаҕыҥ. Ким кыахтаах - ол кыайдын!

Василий Ильин - Күүстээх Ылдьыын аатынан хапсаҕайдаһан тустуу күрэхтэһиитин кини оҕолоро, аймахтара улууска 1999 сылтан, өрөспүүбүлүкэҕэ 2005 сылтан үрдүк таһымнаахтык ыыталлар.
Бу тустуу күрэхтэрин түһүлгэлэриттэн элбэх спорт маастардара үүнэн таҕыстылар. Быйылгы турнир кыайыылаахтара - "Азия оҕолоро" норуоттар икки ардыларынааҕы спортивнай оонньууга путевка ылыахтара.
Үөдүгэй нэһилиэгин дьаһалтата биир дойдулаахпыт Күүстээх Ылдьыын төрөөбүтэ 100 сылыгар аналлаах тустуу күрэхтэһиитигэр бириискэ 30000 солк. сэртэпикээти туруорда.

Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
#Күрэхтэһии
Бүгүн, Үс Хоһуун спорт саалатыгар Бүлүү бөлөх улуустарын көрбөттөр уопсастыбаларын көхтөөх дьоно интеллектуальнай-спортивнай, культурнай бэстибээлгэ кыттаары мустан эрэллэр.
Бу туһунан Үөһээ Бүлүүтээҕи көрбөттөр уопсастыбаларын бэрэссэдээтэлэ Айыына Заболоцкая санаатын этэр. Итиэннэ күүс-көмө буолбут дьоҥҥо махтанна.
Кэккэ биричиинэлэринэн үөрүүлээх арыллыы 2 чааска көстө.
@uoheebuluu

#күрэхтэһии
Дартс күрэхтэһиитин түгэннэриттэн
Санатан эттэххэ, Үс Хоһууҥҥа көрбөттөр уопсастыбалара эрэгийиэннээҕи культурнай, спортивнай бэстибээл ыыта сылдьаллар.

Үс Хоһууҥҥа көрбөттөр уопсастыбалара эрэгийиэннээҕи культурнай, спортивнай бэстибээл түгэннэриттэн.
Голбол, дартс, дуобат, квиксо, катамино, "что, где, когда?" көрүҥнэргэ спортсменнар күөн көрүстүлэр👏

#күрэхтэһии #мастардыһыы
Бу сыл ахсынньы 6-8 күннэригэр Үөһээ Бүлүү нэһилиэгэр "Үс хоһуун" спорт саалатыгар СӨ 3-с спортивнай оонньууларын муҥутуур чөмпүйүөнэ, СӨ спордун маастара Александр Кузнецов сырдык аатыгар мас тардыһыыга "А" категориялаах өрөспүүбүлүкэтээҕи турнир буолаары турар💥💥💥
Күрэхтэһиигэ 60, 65, 70, 75, 80, 90, 105 уонна 105 кг үөһээ ыйааһыннаах эр дьон, 55, 65, 75 уонна 75 кг үөһээ ыйааһыннаах дьахталлар, 55, 65, 75 уонна 75 кг үөһээ ыйааһыннаах уол оҕолор, кыра саастаах уолаттарга - 50, 55, 65, 72, 72 кг үөһээ.
Кыайыылаахтарга харчынан бириистэр уонна бастаабыт эр дьон, дьахталлар, эр дьон - бэтэрээннэр икки ардыларыгар Александр Кузнецов аймахтара туруорбут убаһаны оонньотуохтара👍👍👍
Бүгүн күрэхтэһиини былаанныыр сүбэ-мунньах буола турар. Мунньаҕы спорт управлениетын салайааччыта Егор Николаев ыытар. Күрэхтэһии тыҥааһыннаах буоларын туһугар култуура, спорт, Ороһу дьаһалтата, о.д.а. санааларын түмэн сүбэлэһэллэр.