Газета Верхневилюйского района "Үөһээ Бүлүү"
3.87K subscribers
22K photos
4.35K videos
9 files
3.86K links
🗞🗞🗞ТГ-канал редакции https://t.iss.one/uoheebuluu
Предлагайте новости @Uohee_buluu14_bot
🔸 *Мы в ВКонтакте:* vk.com/uoheebuluu
🔸 *Одноклассники:* https://ok.ru/profile/603428848914
🔸 *🔸 *Подписывайтесь по ссылке* https://podpiska.pochta.ru/press/ПИ976
Download Telegram
#түмэл #уһуйаан

⭐️ Үрүйэчээн уһуйаан "Кэнчээри" улахан бөлөх оҕолоро бүгүн, ыам ыйын 23 күнүгэр, Үөһээ Бүлүүтээҕи этнография уонна история түмэлигэр экскурсияҕа сырыттылар.

Экскурсовод Елизавета Иванова кэрэхсэбиллээх кэпсээнинэн сирдэтэн, түмэл бииртэн-биир эриэккэс экспонаттарын остуоруйатын иһиттилэр көрдүлэр.

Елизавета Алексеевна өйдөнүмтүө, дириҥ ис хоһоонноох экскурсиятыттан оҕолор элбэҕи биллилэр. Ордук интэриэһиргээн былыргы өбүгэлэрбит иһиттэрин-хомуостарын, таӊастарын-саптарын ааттарын, туохха туттуллар аналлаахтарын билистилэр. Улахан махталбытын түмэл үлэһиттэригэр Елизавета Ивановаҕа, Тайыына Кононоваҕа, Чэмэлиинэ Чыычахабаҕа биллэрэбит.
Оҕолорбутугар биир кэрэхсэнэр күн ааста.

Сонуннарга анаан Вероника Протопопова.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
#Харбалаах
#уһуйаан

Харбалаах уһуйаана - урукку УСПО маҕаһыынын дьиэтэ диэн баһылык кэпсээтэ.

Билиҥҥи туругунан, уһуйаан дьиэтэ аварийнай туруктаах. Истиэнэтэ суулла турар, муоста хамсыыр, түспүт, тэллэй үүнэн оҕолор доруобуйаларыгар охсор, олохторугар кутталы үөскэтэр.

Иитээччилэр: "биирдэ бу барыта сууллан хаалыа диэн куттанабыт" - дииллэрин истэн киһи сонньуйар.

Бырабыыталыстыба отчуотун иккис бөлөҕө баар балаһыанньаны кытары билистилэр.

@uoheebuluu
@ulusmedia
#спорт #уһуйаан

⭐️ "Сонор" интеллектуальнай биатлон уһуйааннары түмтэ

Бүгүн, Үөһээ Бүлүү оройуонун төрөөбүт күнүгэр Үс Хоһуун спортсаалатыгар 8 нүөмэрдээх "Аленушка" оҕо сайдар киинэ сыл аайы Варвара Алексеевна Яковлева кэриэһигэр "Сонор" биатлон күрэҕин тэрийэр.

Быйылгы күрэх номнуо үбүлүөйдээх, улууска Варвара Яковлева кэриэһигэр ыытыллар "Сонор" күрэҕэ тэриллибитэ 10-с сыла.

Улуус уһуйааннарыттан 6-лыы киһиттэн састааптаах 9 хамаанда кыттар. Ол курдук улуус киинин"Аленушка", "Сказка", "Кэнчээри", "Солнышко", "Үрүйэчээн", "Ньургуһун", "Сардаана" уонна Хоро, Кэнтик нэһилиэктэрин уһуйааннарын төрөппүттэрэ, эбээлэр, эһээлэр күрэхтэһэллэр.

Варвара Яковлева "Сонор" оонньууга улууска биир бастакынан оҕолору дьарыктаан саҕалаабыта. Билигин буулдьанан ытыыга улуус холбоһуктаах хамаандатын тренерэ Лаврентий Карадчин "Аҕалар" түмсүүнү салайан, бу күрэххэ уһуйуллан, ситэн-хотон тахсыбыт номнуо буулдьанан ытыыга СӨ спордун маастара буолар.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#спорт #уһуйаан

⭐️⭐️⭐️ Интеллектуальнай биатлон кыттааччыларын "Аленушка" оҕо сайдар киинин бэлэмнэнии бөлөҕүн иитиллээччилэрэ "Саха Ньургун уолаттара" ырыанан эҕэрдэлээтилэр.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
#спорт #уһуйаан

⭐️⭐️⭐️ Варвара Алексеевна Яковлева сырдык кэриэһигэр анаан 10-с төгүлүн ыытыллар "Сонор" интеллектуальнай биатлон күрэҕин кыттыылаахтарын парада.

Инники кэскилбитин, кэнчээри ыччаппытын иитэр-үөрэтэр, көрөр-истэр иитээччилэрбит сыралаах үлэлэригэр, уһуйаан тэрийэр тэрээһиннэригэр күүс-көмө буолар, мэлдьи инники күөҥҥэ сылдьар, көхтөөх кыттыыны ылар төрөппүттэргэ, эбээлэрэ, эһээлэргэ уруй-айхал буолуохтун

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
#оҕосаассыла #уһуйаан

⭐️ "Аленушка" оҕо сайдар киинэ төрүттэммитэ 35 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтиэҕэ

Бэлиэ сыл чэрчитинэн төрөппүттэргэ "Аленушка"
диэн куукула күрэҕин биллэрбитэ. Манна уопсайа 26 үлэ киирбит.

Көрүҥ, сэргээҥ, хайдахтаах курдук кэрэ куукулалары оҥорбуттарый?

Куонкурус түмүгүн уһуйаан үбүлүөйдээх тэрээһинигэр, муус устар 4 күнүгэр Оҕо искусство оскуолатын үрдүк сыанатыгар таһаарыахтара.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#уһуйаан #кыһа

⭐️ Бүгүн, кулун тутар 28 күнүгэр, «Аленушка» оҕо сайдар киинэ 35 сыллаах үбүлүөйүгэр анаммыт улуустааҕы «Дьиэ кэргэним оонньуур оонньуута» диэн төрөппүттэр оҥорон таһаарбыт дидактическай оонньуурдарын күрэҕэ буолла.

Уопсайа 34 араас көрүҥнээх үлэ киирдэ. Дьүүллүүр сүбэҕэ эбии үөрэхтээһин педагогтара Татьяна Анисимова, Ульяна
Андреева, педагог-психолог Георгианна Афанасьева үөрэх управлениетын информационнай-методическай салаатын сүрүн специалиһа
Сардаана Павлова салайыытынан үлэлээтилэр. Киирбит үлэлэртэн 3 бастыҥы быһаардылар.

Күрэх түмүгүн уһуйаан 35 сыллаах үбүлүөйүн бэлиэтиир үөрүүлээх тэрээһинигэр, муус устар 4 күнүгэр Оҕо искусство оскуолатын дьиэтигэр иһитиннэриэхтэрэ. Хас биирдии киирбит үлэ бу күн быыстапкаҕа туруоруллан дьон көрүүтүгэр тахсыахтара.

Биһиги куонкуруспутугар кыттыбыт төрөппүттэргэ, иитээччилэргэ улахан махталбытын тиэрдэбит.

Сонуннарга анаан Георгианна Афанасьева

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#уһуйаан #кыһа #күрэх #всейсемьей

⭐️ Уһуйааннар төрөппүттэригэр аналлаах күрэх аҕалары түмтэ

Бүгүн 3-с нүөмэрдээх оҕо сайдар киинин "Үрүйэчээн" уһуйаан иитээччилэрин көҕүлээһининэн, Аҕа күнүн көрсө, Үөһээ Бүлүүтээҕи оҕо уһуйааннарын иитиллээччилэрин аҕаларын икки ардыларыгар улууспутугар үһүс төгүлүн "Квест-оонньуу 2024" буолан ааста.

Күрэххэ уопсайа 5 хамаанда кытынна. Биирдии уһуйаантан 4-түү төрөппүт кыттара ирдэниллибитэ.

Күрэхтэһээччилэр 6 станциянан сылдьан сорудахтары толордулар.

Бүлүү эбэҕэ сыал ытыыта, тоҥуу хаарынан сүүрэн тиийэн мууһу буурдааһын, хапсаҕайдааһын, канат тардыһыыта курдук күрэхтэргэ аҕалар күөн көрүстүлэр.

Кыайыылааҕынан Нам нэһилиэгин «Кэнчээри» уһуйааһын аҕаларын хамаандата буолла.

Иккис миэстэни Дүллүкү уһуйаанын "Молния" хамаандата ылла.

Үһүс миэстэ - "Теремок" уһуйаан "Крепкие парни" хамаандата буолла.

Маны таһынан үс көрүҥҥэ аҕаларга анал аат олохтонно. Ол курдук, хапсаҕайга Саввинов Гаврил, "Теремок" уһуйаан, сыалы ытыыга - Петров Сергей , Дүллүкү "Кустук" уһуйаан уонна мууһу буурдааһыҥҥа Романятов Константин, Дүллүкү "Кустук" уһуйаан, муҥутуур кыайыылаахтарынан буоллулар.

Түгэнинэн туһанан, Үөһээ Бүлүү нэһилиэгин дьаһалтатыгар, үөрэх салалтатын профсойууһун бэрэссэдээтэлигэр Лазарев Леонид Гаврильевичка, Үөһээ Бүлүүтээҕи Ис Дьыала уорганын, ГИБДД управлениетын, Үөһээ Бүлүүтээҕи О. Д. Федорова аатынан киин модельнай библиотека, оҕо технопарката,
Үөһээ Бүлүүтээҕи баһаарынай этэрээт, Госпожнадзор коллективтарыгар улахан махталбытын тиэрдэбит.

Сонуннарга анаан Вероника Протопопова

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#үбүлүөй #уһуйаан

⭐️ Кииннэммит модельнай бибилэтиэкэ дьиэтигэр 8-с нүөмэрдээх "Аленушка" оҕо сайдар киинин 35 сыллаах үбүлүөйүн бастакы тэрээһинэ саҕаланна.

Үбүлүөйү көрсө уһуйаан бэтэрээннэрин, урукку сылларга үлэлээн ааспыт үлэһиттэр истиҥ-иһирэх ахтыыларыттан түмүллүбүт кинигэлэрэ "Үөһээ Бүлүү" хаһыат редакциятыгар таҥыллан, бэчээттэнэн таҕыста.

Кинигэ ис хоһоонун, тутулун бу детсадка өр сылларга методиһынан үлэлээбит Раиса Павлова бэлэмнээн, ааптар быһыытынан ис хоһоонун кэлбит дьоҥҥо билиһиннэрдэ.

Кинигэ сүрэхтэниитин уһуйаан иитээччилэрэ Туйаара Федорова, Светлана Варварикова салайар "Үнүгэсчээн" орто бөлөҕүн оҕолоро сахалыы иһит-хомуос, өбүгэбит туһана сылдьыбыт тэриллэрин туһунан хоһооннорун ыалдьыттары көрүстүлэр.

Арианна Афанасьева, Надежда Герасимова иитээччилэрдээх бэлэмнэнии бөлөҕүн оҕолоро эҕэрдэ нүөмэрдэрин көрдөрдүлэр.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#үбүлүөй #уһуйаан

⭐️ Исидор Барахов аатынан 1-кы нүөмэрдээх орто оскуола 10-с кылааһын үөрэнээччитэ, Петр Одорусов хос сиэнэ Антон Иванов иитиллибит оҕо саадын иитээччилэрин ахтан-санаан кэлэн, эҕэрдэлээн, Тыас Уус "Мин хаалыаҕым" ырыатын бэлэх уунна.

"Аленушка" оҕо саадыгар сэбиэдиссэйинэн үлэлээн ааспыт Людмила Егорова аан бастаан уһуйаан боруогун атыллаан киириэҕиттэн үлэлээн ааспыт сылларыттан истиҥник саныыр түгэннэрин ыалдьыттары кытта үллэһиннэ.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#үбүлүөй #уһуйаан

⭐️ Дьааһылаҕа 70-с сылларга сэбиэдиссэйдээбит, кэлин, 1989 сыллаахха медицинскэй сиэстэрэнэн төннөн кэлэн үлэлээбит Тамара Чоросова билигин да биир идэлээхтэрин кытта сибээһин быспакка, уһуйаан олоҕун билэн-көрөн олороруттан үөрэнэн биллэрдэ.

Иитээччилэргэ, бары үлэһиттэргэ үтүөнү, кэрэни, ситиһиини баҕарда.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
#үбүлүөй #уһуйаан

⭐️ Үөһээ Бүлүү нэһилиэгин баһылыга Максим Силигиянов тыа сирин уһуйаана оҕоҕо бастакы укулааты уурар улахан суолталаах тэрилтэ буоларын бэлиэтээн туран эҕэрдэлээтэ.

"Оҕону иитэр диэн манан дьыала буолбатах, чахчы идэтигэр бэриниилээх дьон үлэлиир идэтэ. Инники өттүгэр салгыы үлэлэһиэхпит"- диэн эрэннэрдэ.

Уһуйаан сэбиэдиссэйигэр Александра Михайловаҕа уонна бөһүөлэккэ күүс-көмө буолар үлэһиккэ, иитээччи көмөлөһөөччүтэ Альбина Григорьеваҕа дьаһалта аатыттан Махтал суруктары туттарда.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#үбүлүөй #уһуйаан

⭐️ Үбүлүөйдээх "Аленушка" уһуйааны улуус дьаһалтатыттан дьыалалары дьаһайар салаа сүрүн специалиһа Евгений Николаев эҕэрдэлии кэллэ.

Улуус баһылыга Валерий Николаев илии баттааһыннаах Бочуот грамотатын Раиса Павлова ытыс дохсун тыаһыгар туттарда.

Улуус Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Николай Николаев илии баттааһыннаах Бочуот грамотатын уһуйаан үлэһитигэр Ньургуйаана Тимофееваҕа уонна оҕолору минньигэс аһынан күндүлүүр асчыт идэлээх Валентина Федороваҕа туттарда.

Марианна Хобусарова бэйэтин ырыатын бэлэх уунан манна мустубут ыалдьыттары сэргэхситтэ.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
#үбүлүөй #уһуйаан

⭐️ Үөһээ Бүлүү олохтоохторо Туйаара, Николай Тарагаевтар дьиэ кэргэн 2011 сыллаахха, үгүс оҕо уһуйаанынан хабыллыбакка олорор кэмнэригэр "Аленушка" оҕо сайдар киинин иһинэн 10 оҕолоох дьиэ кэргэн бөлөҕүн тэрийэн үлэлэппиттэрэ. Бу уопуттара өрөспүүбүлүкэҕэ киэҥ сэҥээриини ылбыта.

Бу күн бииргэ үлэлэспит уһуйааннарын үлэһиттэрин эҕэрдэлии, үлэлээбит кэмнэрин ахта-саныы кэллилэр.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#үбүлүөй #уһуйаан

⭐️ Үөрэх управлениетын салайааччытын солбуйааччыта Леонид Огочонов кырачааннар бөлөхтөрүн иитээччитигэр Долгуяна Ивановаҕа, бэлэмнэнии бөлөҕүн иитээччитигэр Арианна Афанасьеваҕа сыралаах үлэлэрин бэлиэтээн туран Бочуот грамотатын туттарда.

Үөрэх үлэһиттэрин идэлээх Сойуустарын бэрэссэдээтэлэ Леонид Лазарев уһуйаан физкультураҕа инструкторыгар Алена Сергееваҕа, улахан бөлөз иитээччитигэр Надежда Степановаҕа, иитээччи көмөлөһөөччүтүгэр Любовь Ивановаҕа өр сыллаах үтүө суобастаах үлэлэрин иһин Грамотанан бэлиэтээтэ.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
#уһуйаан #үбүлүөй #кыһа

⭐️ "Аленушка" оҕо сайдар киинэ тэриллибитэ 35 сыллаах бэлиэ күҥҥэ анаммыт клибы көрүҥ🤩

"Аленушка" уһуйаан гимнэ буолбут ырыа тылларын Уйбаан Ороһуунускай, матыыбын олохтоох мелодист Николай Чуручанов айбыта.

Билигин бу ырыаны хас биирдии уһуйаан иитиллээччитэ билэр.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM