Газета Верхневилюйского района "Үөһээ Бүлүү"
3.87K subscribers
22K photos
4.35K videos
9 files
3.86K links
🗞🗞🗞ТГ-канал редакции https://t.iss.one/uoheebuluu
Предлагайте новости @Uohee_buluu14_bot
🔸 *Мы в ВКонтакте:* vk.com/uoheebuluu
🔸 *Одноклассники:* https://ok.ru/profile/603428848914
🔸 *🔸 *Подписывайтесь по ссылке* https://podpiska.pochta.ru/press/ПИ976
Download Telegram
#тэрээһин #педагогуоннауһуйааччысыла

⭐️"ҮС КӨЛҮӨНЭ КЭРЭ ЭЙГЭҔЭ"

Балаҕан ыйын 16 күнүгэр олус истиҥ, долгутуулаах, соһуччу үөрүүлээх Арассыыйаҕа Учуутал уонна уһуйааччы сылыгар туһуламмыт, Н.И.Бойлохов аатынан Үөһээ Бүлүүтээҕи Оҕо искусствотын оскуолатыгар ыытыллыбыт умнуллубат кэрэ-бэлиэ "ҮС КӨЛҮӨНЭ КЭРЭ ЭЙГЭҔЭ" тэрээһин саалаҕа кэлбит үөрэнээччилэри, эдэр уонна өр кэмнэргэ сыралаахтык үлэлээбит учууталлары ураты иэйиинэн кууста, умнуллубат түгэни тосхойдо.

Улууска аан бастаан домра курдук бүтүн аркыастырга ураты тыыны биэрэр аналлаах домра үнүстүрүмүөн кылааһын аан бастаан арыйан үгүс ыччат кэрэ эйгэҕэ сыстарыгар, сайдарыгар олук уурбут, күн бүгүҥҥэ диэри ыччат дьоҥҥо үтүө сүбэтин, муудараһын, дириҥ билиитин-көрүүтүн аныы сылдьар киһинэн Татьяна Даниловна СПИРИДОНОВА буолар.
Кини үөрэппит такайбыт, домраҕа үөрэнэригэр тылын ылыннарбыт үөрэнээччитэ Марта Анатольевна ТОНОЕВА билигин баай уопуттаах, үрдүк категориялаах учуутал, "Барҕарыы" Фонда стипендиата, СР культуратын туйгуна, үлэ бэтэрээнэ. Кини домраҕа Бүлүүтээҕи М.Н.Жирков аатынан Оҕо искусствотын оскуолатыгар үлэлиир сылларыгар уһуйбут бастакы үөрэнээччилэриттэн биирдэстэрэ, билигин С.А.Зверев-Кыыл Уола аатынан Үҥкүү тыйаатырын иһинэн айымньылаахтык үлэлиир Саха аркыастырын солистката Инна Александровна СКРЫБЫКИНА бу долгутуулаах тэрээһиҥҥэ тус бэйэлэрэ музыка эйгэтигэр хайдах тиийэн кэлбиттэрин, үөрэммит кэмнэригэр уһуйбут учууталларын олус истиҥник ахтан-санаан аастылар, санааларын үллэһиннилэр.

Көрөөччүлэргэ анаан Марта Анатольевна бастакы үөрэнээччитинээн Инна Скрыбыкиналыын Н.Будашкин "Родные просторы" айымньытын домраҕа толороннор истээччи дохсун ытыс тыаһын ыллыллар. Маны таһынан, Инна СКРЫБЫКИНА аатырбыт скрипач Линдси Стирлинг "Бегство" айымньытын домраҕа оонньоон көрөөччү биһирэбилин ылла.

Салгыытын комментарийга киирэн ааҕыҥ⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#оҕосаас #тэрээһин

⭐️Бүгүн, балаҕан ыйын 28 күнүгэр, Үөһээ Бүлүүтээҕи "Тускул" оҕо киинигэр эбии дьарыктанар оҕолору сүрэхтиир, уруйдуур тэрээһин буолла.

Манна уопсайа 10 араас холбоһуктан оҕолор кэлэн кыттыыны ыллылар. Кинилэргэ анаан араас көрдөөх күрэхтэр буоллулар, оҕолор бииргэ дьарыктанар үөрэнээччилэрин, педагогтарын иннилэригэр андаҕар тыл эттилэр.

"Тускул" оҕо киинин салайааччыта Марианна Ивановна Иванова оҕолорго инникилэригэр үрдүк ситиһиилэри баҕарда.

"Тускул" оҕо киинигэр эбии дьарыктаммыт оҕолор олоххо бэйэлэрин суолларын булан, үрдүк таһаарыылаахтык үлэлии-хамсыы сылдьаллар. Олортон биирдэстэрэ - Михаил Андреевич Алексеев республикатааҕы лицей-интернатын математикаҕа уонна информатикаҕа учуутала Дьулус Мичилович Захаров эйэҕэс эҕэрдэтин тириэртэ.

Хас биирдии холбоһук бу тэрээһиҥҥэ анаан бэйэни билиһиннэрии уонна музыкальнай нүөмэр бэлэмнээтэ. Маннык тэрээһин оҕолору түмэр, "Тускул" оҕо киинин билиһиннэрэр сыаллаах.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#тэрээһин

⭐️Саха сирин биллиилээх государственнай уонна политическай деятелэ Исидор Никифорович Барахов төрөөбүтэ 125 сылыгар аналлаах «Наследие И.Н.Барахова в аспекте проблем современности» биһиги улууспутугар сарсыҥҥаттан икки күннээх өрөспүүбүлүкэтээҕи научнай-практическай конференция буолаары турар.
Алтынньы 11 күнүгэр сарсыарда 10 чаастан Харбалаах нэһилиэгэр Исидор Барахов пааматынньыгар сибэкки дьөрбөтүн ууруу үөрүүлээх түгэнэ;
11 чаастан Оҕо искусствотын оскуолатыгар регистрация, экскурсияларга суруттарыы;
11-30 чаастан 13-00 чааска диэри «Историческое наследие И.Н.Барахова в политике, экономике, культуре» панельнай дискуссия, И.Н.Барахов төрөөбүтэ 125 сылыгар аналлаах ролик көрдөрүүтэ. Модератор – историческай наука кандидата, М.К.Аммосов аатынан ХИФУ ИФ «Всемирная, Отечественная история, этнология, археология» кафедра доцена Айтал Яковлев.
15-00 – 17-00 чааска диэри иккис панельнай дискуссия – «И.Н.Барахов и его сплодвижники». Модератор – СӨ Норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, улуустааҕы бэтэрээннэр Сэбиэттэрин бэрэссэдээтэлэ, П.Н.Тобуруокап түмэлин сэбиэдиссэйэ Иван Чычахов.
17-00 чаастан ыалдьыттар кыттыылаах Кэнтик уонна Нам нэһилиэгэр түмэллэргэ экскурсиялар.
Алтынньы 12 күнүгэр Үөһээ Бүлүү улууһун дьаһалтатын аактабай саалатыгар сарсыарда 10 чаастан 13-00 ч. диэри «Современное село – тенденции, ключевые проблемы и направления развития» төгүрүк остуол ыытыллыа. Модератор – улуус баһылыгын э.т. Семен Михалев. 13-00 – 14-00 ч. научнай-практическай конференция түмүктэрин таһаарыы.
Эбиэт кэнниттэн 15-00 – 17-00 ч. диэри И.Н.Барахов аатынан 1-кы нүөмэрдээх оскуолаҕа ыччат площадката үлэлиэҕэ. «Бараховцы» интеллектуальнай оонньууну модератор Айтал Яковлев ыытыаҕа.
Убаастабыллаах улууспут олохтоохторун, ыалдьыттарын көхтөөх кыттыыны ыларгытыгар ыҥырабыт!
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#тэрээһин

⭐️Саха сирин биллиилээх государственнай уонна политическай деятелэ Исидор Никифорович Барахов төрөөбүтэ 125 сылыгар аналлаах «Наследие И.Н.Барахова в аспекте проблем современности» биһиги улууспутугар алтынньы 11-12 күннэригэр өрөспүүбүлүкэтээҕи научнай-практическай конференция буолаары турар.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#тэрээһин
#конференция
#Бараахап

⭐️Бүгүн, алтынньы 12 күнүгэр, Үөһээ Бүлүү улууһун дьаһалтатын аактабай саалатыгар сарсыарда 10 чаастан 13:00 чааска диэри «Современное село – тенденции, ключевые проблемы и направления развития» диэн тиэмэлээх төгүрүк остуол ыытыллыа.

Модератор – улуус баһылыгын э.т. Семен Михалев.

13-00 – 14-00 ч. научнай-практическай конференция түмүктэрин таһаарыы.

Эбиэт кэнниттэн 15-00 – 17-00 ч. диэри И.Н.Барахов аатынан 1-кы нүөмэрдээх орто оскуолаҕа  ыччат былаһаакката үлэлиэҕэ.

«Бараховцы» интеллектуальнай оонньууну модератор Айтал Яковлев ыытыаҕа.

Убаастабыллаах улууспут олохтоохторун, ыалдьыттарын көхтөөх кыттыыны ыларгытыгар ыҥырабыт!

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
#ийэкүнэ #тэрээһин

⭐️ Үөһээ Бүлүү нэһилиэгин баһылыгын солбуйааччыта Егор Михайлов эҕэрдэ тыла.

@uoheebuluu
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#тэрээһин

⭐️ Нам нэһилиэгэр Сомоҕолоһуу күнэ

Анал байыаннай дьайыыга сулууспалыы сылдьыбыт биир дойдулаахпыт Дмитрий Игнатьев сырдык тыына быстан, көһөрүллэн, сэтинньи 11 күнүгэр ыытыллыбыта.

Манна түмсүүлэр, тэрилтэлэр кыттыыны ыллылар. "Дьиэрэй" ансаамбыл "Ойдуо" ырыатынан кэнсиэри арыйда, "Уран иэйиилэр" сахалыы үҥкүүнү толордулар. Марианна Былкова, Мария Романова, Евдокия Гаврильева ырыаларын бэлэх ууннулар. "Кэнчээри" оҕо сайдар киинин коллективын толоруутугар испаниялыы, оскуола коллективын индиялыы уонна "Кыталыына" үҥкүү ансаамбылын толорууларыгар узбектыы үҥкүү дохсун ытыс тыаһынан доҕуһуолланна.

Интернациональнай дьиэ кэргэттэри сырдатар видео көрөөччү болҕомтотун тарта.

Ирина Бетту долганныы, Лия Бельды нанайдыы көстүүмнэрин көрөөччү дьүүлүгэр таһаардылар.

"Намыына" ырыа ансаамбыла "Доҕордоһуу ырыатынан" кэнсиэри түмүктээтэ.

Көрүү-күрэх түмүгүнэн оскуола коллектива 1-кы миэстэни ылла, "Кэнчээри" оҕо сайдар киинэ 2-с бириистээх миэстэҕэ тигистэ.

Надежда Мутуукаба

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#тэрээһин #оскуолаттан

⭐️ТЫМНЫЫ ОҔУҺУН иккис муоһа тостор күнүгэр аналлаах үөрүүлээх тэрээһин Ю.Н. Прокопьев аатынан Үөһээ Бүлүүтээҕи спортивнай орто оскуолаҕа олус бэркэ табылынна!

Сахалыы тыыҥҥа иитиигэ, өбүгэлэрбит олохторун үйэтитиигэ, оскуолабыт үөрэнээччилэригэр уонна үөрэтээччилэригэр үтүө өйдөбүлү иҥэрбиккитигэр убаастыыр уһуйааччыбытыгар Дулусхаан Баппаҕай уола Баппаҕайга барыбыт аатыттан БАРҔА МАХТАЛ! Аны оҕуспут моонньоох баһа тостон түһүүтүгэр мустуохпут.

Сонуннарга анаан Наталья Иванова

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#эйгэ #тэрээһин

⭐️ "Эйгэ" тэрилтэ үлэһиттэрэ сонун көрсүһүүнү тэрийдилэр

Бүгүн, олунньу 24 күнүгэр, "Работа России" дьиэтигэр СӨ култууратын туйгуна, "Култуура сайдыытыгар үтүөлэрин иһин" бэлиэ хаһаайката, Үөһээ Бүлүү култууратын бочуоттаах үлэһитэ, Боотулуу нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо Аграфена Долгунова - Далбарай Айыыһыт сылынан эҕэрдэлээн, сайыны санаан, сибэкки, эмтээх от араас чэйдэрин кистэлэҥнэрин арыйда.

Киһи доруобуйатыгар туһалаах үүнээйилэр хаһан, хайдах хомуллалларын, ханнык ыарыыларга туттуллалларын сиһилии кэпсээтэ.

Эмтээх оту сэҥээрээччилэр мустан чэй арааһын амсайан, сүбэ-ама ылан тарҕастылар.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
#тэрээһин

⭐️⭐️⭐️"Эйгэ" сынньалаҥ паарката үлэтин саҕалыыр

Кулун тутар 7 күнүгэр Төҥүргэстээх алааһыгар (Ыһыахтыыр сирбитинэн киирэн ат сүүрэр алааска) "ЭЙГЭ" сааскы сынньалаҥы көй салгыҥҥа атаарар паарка үлэтин саҕалыыр.

Паарканы үөрүүлээх быһыыга арыйыы күнүс 14:00 чаастан саҕаланар.

Бу күн тэрилтэлэр икки ардыларыгар кыһыҥҥы турнир ыытыллыаҕа. Сааскы сибиэһэй салгыҥҥа ыытыллар араас күрэхтэри улуустааҕы спорт управлениетын үлэһиттэрэ тэрийиэхтэрэ. Ол курдук, тоҥуу хаарынан, хаҥкынан, салааскалаах сүүрүү күрэхтэрэ, биатлон, уо.д.а сэргэх күрэхтэр эһигини күүтэллэр.

Хамаанданан күрэххэ кыайбыттарга бириис да мааны:
🔘Бастаабыт хамаандаҕа улахан балаҕаҥҥа хайа баҕарар күҥҥэ сынньалаҥы, бэлиэ күнү босхо атаарарга көҥүл ылыахтара.
🔘 Иккис миэстэлээхтэр Үөһээ Бүлүү нэһилиэгин орто балаҕаныгар бэйэлэрэ талбыт күннэригэр бырааһынньыктыыр кыахтаныахтара.
🔘Үһүс миэстэни ылбыт хамаандаҕа бүччүм күнү кыра балаҕаҥҥа атаарарга көҥүл бэриллиэҕэ.

Хаҥкы, тюбинг, ледянкалар прокаттара, сылаас астаах "ДЬҮКЭЭБИЛ" кафе улуус олохтоохторугар уонна ыалдьыттарыгар анаан үлэлиэхтэрэ.

Кэлиҥ, сылдьыҥ, сэргэхсийиҥ
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#тэрээһин #ийэтыл

⭐️ "ЭЙГЭ" КСЭК МАТ уонна Үөһээ Бүлүү улууһун устуоруктарын уонна кыраайы үөрэтээччилэрин түмсүүтэ эһигини бу кэлэр бээтинсэҕэ, о.э. кулун тутар 22 күнүгэр Түгэхтэй сирин Кыырт Далын улахан балаҕаныгар күнүс 2 чаастан төрүччүнү үөрэтэргэ, оҥорорго анаммыт тэрээһиҥҥэ ыҥыраллар.

Кэлиҥ, көрүҥ, тускутугар туһаныҥ.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#тэрээһин

Эбэҥки талааннаах поэта, худуоһунньук Дмитрий Апросимов төрөөбүтэ 95 сылыгар анаан улууспутугар Хотугу норуоттан күннэрэ саҕаланна. Ол чэрчитинэн бааһынай ырыынагар атыы-эргиэн тардылынна, «Строганина» күрэҕэ буолла. Көрөөччү тобус-толору👍🏼

Ыалдьыттар, Дмитрий Апросимов оҕолоро күндү ыалдьыт буолан кэллилэр👍🏼

@uoheebuluu
#тэрээһин

Эбэҥки талааннаах поэта, худуоһунньук Дмитрий Апросимов төрөөбүтэ 95 сылыгар анаан улууспутугар Хотугу норуоттар күннэрэ саҕаланна.

О.Д.Федорова аатынан киин библиотекаҕа үөрүүлээх тэрээһин саҕаланан эрэр. Поэт, худуоһунньук Дмитрий Апросимов айар үлэтин быыстапката дьон көрүүтүгэр турда.

@uoheebuluu
#тэрээһин #дьиэкэргэнсыла

Эбэҥки талааннаах поэта, худуоһунньук Дмитрий Апросимов төрөөбүтэ 95 сылыгар анаан үөрүүлээх тэрээһин саҕаланна.

Тэрээһиҥҥэ Дмитрий Апросимов оҕолоро, аймахтара кэллилэр. Итиэннэ Үөһээ Бүлүүнү иккис дойду оҥостубут хоту хоһуун сирдэриттэн төрүттээх үтүө дьоммут кыттыыны ылаллар.

@uoheebuluu

@uoheebuluu
#тэрээһин

Эбэҥки поэта, худуоһунньук Дмитрий Апросимов төрөөбүтэ 95 сылынан, кини аатын үйэтитэр тэрээһиниттэн түгэннэр.

Кини оҕолоро, аймахтара аҕаларын, убайдарын үтүө аатын билиһиннэрэ, айар үлэтин кэпсии-сэргии улуустарынан сылдьан билиһиннэрэллэр эбит. Поэт дойдутугар түмэл үлэлэтэллэр.

Дмитрий Нестерович айар үлэтэ Үөһээ Бүлүүттэн саҕаламмыта. Манна , Мэйиккэ олорор сылларыгар, биллиилээх суруйааччылары кытары билсэн, бииргэ алтыһан доҕордоспута. Кини ордук айылҕа, дьиэ кэргэн туһунан хоһооннору айар эбит. Хас биирдии үөрүүлээх түгэннэрин, ыал буолбутун, оҕоломмутун о.д.а хоһооҥҥо хоһуйан хаалларара. Хомойуох иһин, эдэр сааһыгар олохтон туораабыта, өссө да элбэҕи айыа-тутуо этэ диэн тэрээһин кыттааччылара бэлиэтииллэр.

@uoheebuluu
#тэрээһин

Бүгүн киэһэ О.Д.Федорова аатынан киин библиотекаҕа сааскы күүтүүлээх "Библионочь - 2024" тэрээһин саҕаланна. Тэрээһин 13-с төгүлүн ыытыллар.

Үөрүүлээх арыллыыга быйылгы Дьиэ кэргэн куонкуруһун кыайыылаахтара Хотууна, Ариан Яковлевтар дьиэ кэргэттэрэ кытыннылар. Эҕэрдэ тыллары улуус баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччы Анна Уларова, култуура департаменын салайааччыта Айталина Мойтохонова, киин библиотека сэбиэдиссэйэ Наталья Петрова эттилэр. Оҕолор ансаамбыллара үҥкүүлээн дайдылар.

"Библионочь» киэһэ 9 чааска диэри барыаҕа. Көхтөөх кыттааччыларга "Уютный дом" маҕаһыыҥҥа сертификат уонна "Карина" киинэҕэ билиэттэри бэлэхтиэхтэрэ.

@uoheebuluu
#тэрээһин

Бүгүн оҕо библиотекатыгар "Гармония" МОО уонна улуустааҕы оҕо библиотеката тэрийиилэринэн Дьиэ кэргэн уонна оҕо саас сылларын көрсө грант бырайыактарын чэрчитинэн оҕо уонна төрөппүт конференциятын тэрийдилэр.

Конференция үөрүүлээх түгэнтэн саҕаланна. Ол курдук, оскуола уонна уһуйаан саастаах оҕолорго ыытыллыбыт "Чудо-огород" хаартыска уонна "Наш маленький город-сад" уруһуй куонкурустарын кыайыылаахтарын наҕараадалаатылар. Кыайыылаахтары социальнай педагог Маргарита Михалева эҕэрдэлээтэ.

Салгыы төгүрүк остуол буолла. Манна сибэкки үүннэрэн, тигээйилэри иитэн дохуот оҥостор кэрэ аҥардар уопуттарын үллэстэ кэлэн олороллор. Ол курдук Чинэкэттэн бэйэ дьыалалаах Мария Орлосова, Бүлүүттэн сибэкки үүннэрээччи Римма Григорьева, Үөһээ Бүлүүттэн оҕуруот арааһын үүннэрэр Светлана Обоева, волонтердар Валентина Семенова, Владимир Семенов кыттыыны ылаллар.

Салгыы маастар-кылаастар, сибэкки, мүөт атыыта буолуохтаах.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
#тэрээһин

🏃‍♂️ Оҕолор сайыны көрсөллөр, төрөппүттэр сэргэхсийэллэр

Россияҕа Дьиэ кэргэн сылын чэрчитинэн "Дьиэ кэргэн өрөбүллэрэ" диэн федеральнай таһымнаах бырайыак чэрчитинэн, бүгүн, ыам ыйын 26 күнүгэр доруобуйаларын хааччахтаах оҕолордоох дьиэ кэргэттэр сайыны көрсө айылҕаҕа тахсан сынньаннылар.

Сэргэх тэрээһини "Эйгэ" этнокомплекс түһүлгэтигэр "Тускул" оҕо киинэ, «Харысхал» аһымал пуонда уонна дьиэ кэргэн уонна ыччат политикатын отдела иилээн-саҕалаан, көҕүлээн тэрийдилэр.

Улуус баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччыта Анна Уларова улуус олоҕор көхтөөх кыттыыны ылар, доруобуйаларынан хаарчахтаах оҕолордоох төрөппүттэргэ улуус баһылыгын аатыттан махтал суруктары туттарда.

Көрбөттөр уопсастыбаларын салайааччыта Айыына Заболоцкая, "Харысхал" өрөспүүбүлүкэтээҕи пулҥда бэрэстэбиитэлэ Зария Мойтохонова эҕэрдэ тылларын эттилэр.

Сонун тэрээһиҥҥэ 12 дьиэ кэргэн кыттыыны ылан, оҕолор оонньоон-көрүлээн, бириис, бэлэх тутан, атын оҕолордуун алтыһан, билсиһэн, төрөппүттэр ирэ-хоро кэпсэтэн, астынан-дуоһуйан тарҕастылар.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
@uohee_buluu
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#тэрээһин

⭐️ Саха Өрөспүүбүлүкэтин Гражданнарын туруктарын аакталарын толорор уорган үлэһиттэрин сэминээрэ

Бүлүү бөлөх улуустарын ГТАС үлэһиттэрэ биир күннээх үөрэхтээһиҥҥэ Үөһээ Бүлүү сиригэр муһуннулар.

Ыалдьыттары "Сааскылаана" оҕо образцовай үҥкүү ансаамбыла эҕэрдэлээтэ.

Улуус салалтатын аатыттан улуус баһылыгын социальнай боппуруостарга солбуйааччыта Анна Уларова эҕэрдэ тылын этэригэр Үөһээ Бүлүү улууһугар 1927 сылтан гражданнар туруктарын суруйуу саҕаламмытын, бу нэһилиэнньэ олоҕор улахан суолталаах уоргаҥҥа үлэлээн ааспыт дьону иһирэх тылынан ахтан санаан ааста.

СӨ Бырабыыталыстыбатын иһинэн ГТАС салалтатын салайааччыта Дария Слепцова хас биирдии киһи олоҕо ГТАС нөҥүө ааһарын, онуоха хас биирдии үлэһит өрөспүүбүлүкэ, улуус, нэһилиэк историятын суруйалларын, сүрүн докумуоннары толороллорун бэлиэтээтэ.

Ону тэҥэ үлэһиттэргэ олус интэриэһинэй тиэмэлэргэ Дьокуускай куорат ГТАС салаатын салайааччытын солбуйааччыта Ирина Андреева, ГТАС архыыбын салайааччыта Наталья Алексеева иһитиннэрии оҥордулар.

Өрөспүүбүлүкэҕэ барыта 35 ГТАС үлэлиир. Ааспыт сыл устата бу уоргаҥҥа уопсайа 34369 аакта суруллубут.

"Оҕо төрөөһүнэ" суперсервис нөҥүө оҕо төрөөбүтүн туһунан туоһу суругу толорторуу сыллата элбээн иһэр. Олус табыгастаах өҥөнөн былырыын Саха сирин үрдүнэн 4140 киһи туһаммыт. Быйылгы сыл үс ыйын устата номнуо 2050 киһи бу сервис нөҥүө туоһу суругу оҥотторон ылбыт.

Бу сэминээр туһунан "Үөһээ Бүлүү" хаһыат бүгүҥҥү нүөмэригэр, 2-с балаһаҕа ааҕыаххытын сөп.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#планерка

Улуустааҕы Гражданнар туруктарын аакталарын суруйар салалта салайааччыта Татьяна Кардашевская бэс ыйын 7 күнүгэр ыытыллыбыт Бүлүү бөлөх улуустарын ГТАС үлэһиттэрин семинарын туһунан иһитиннэрии оҥордо.

Бу туһунан эрдэ биһиги телеграм ханаалбытыгар сырдатан турабыт.
Бу сигэнэн киирэн көрүөххүтүн сөп.⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️
https://t.iss.one/uoheebuluu/24721

Ону тэҥэ ГТАС (ЗАГС) үлэтин билиһиннэрдэ.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM