Газета Верхневилюйского района "Үөһээ Бүлүү"
3.86K subscribers
22.3K photos
4.39K videos
9 files
3.96K links
🗞🗞🗞ТГ-канал редакции https://t.iss.one/uoheebuluu
Предлагайте новости @Uohee_buluu14_bot
🔸 *Мы в ВКонтакте:* vk.com/uoheebuluu
🔸 *Одноклассники:* https://ok.ru/profile/603428848914
🔸 *🔸 *Подписывайтесь по ссылке* https://podpiska.pochta.ru/press/ПИ976
Download Telegram
#БКЭ #кыһа

⭐️Төрөппүттэр биир кэлим эксээмэни туттараллар

"Төрөппүттэр БКЭ туттарар күннэрэ" Бүтүн Россиятааҕы акция бүгүн дойду үрдүнэн ыытыллар. Үөһээ Бүлүү улууһун хас биирдии нэһилиэгин оскуолатыгар, оттон улуус киинигэр Д.С.Спиридонов аатынан 4-с нүөмэрдээх оскуолаҕа саҕаланна.

Үөһээ Бүлүү нэһилиэгин оскуолаларыттан төрөппүттэр, общественность кыттыылаах эксээмэни туттарыыга 15 киһи кэллэ.

Улуус дьаһалтатын дьыалаларын дьаһайар салаа сүрүн специалиһа Евгений Николаев, нэһилиэк дьаһалтатыттан аппарат салайааччыта Александр Бороннуров, улуус Сэбиэтин депутата, култуура департаменын салайааччыта Сардаана Ильинова кыттыыны ылаллар.

Үөрэх управлениетын салайааччытын солбуйааччыта Леонид Огочонов:
- Ааспыт сылга 20-чэ киһи кыттыбыта. Эксээмэн хайдах ааһарын бэйэлэринэн кэлэн билэллэрэ туһалаах дии саныыбын. Киирэр аантан саҕалаан тимири көрдүүр тэрилинэн бэрэбиэркэни ааһан баран төлөпүөннэрин туттаран, суумкаларын хаалларан, паспордарын уонна гелевай уруучуканы эрэ илдьэ киирэллэр. Уруучуканы саппаастаах илдьэ кэлэр ирдэнэр. Хас биирдии эксээмэни туттарааччы иккилии уруускалаах буолуохтаах. Төрөппүттэр БКЭ толорортон толлубакка, Ол оннугар толоруу процедуратын кытта билсиһэ кэлиэхтээхтэр.

Бүгүҥҥү биир кэлим эксээмэҥҥэ история предметин 9 сорудахтаах кылгатыллыбыт тиэһин 40 мүнүүтэ устата толоруохтара. Сорудахтаах лиистэри эксээмэн хаамыытын билиһиннэрэн баран утары бэчээттээн таһааран түҥэтиллэр. Эксээмэни саха тылын уонна литературатын учуутала Герасим Егоров ыытар.

Маннык акцияҕа ОГЭ, БКЭ туттарыахтаах оҕолор төрөппүттэрэ ордук интэриэстээх буолуохтаахтар эбит. Төрөппүт бэйэтинэн БКЭ буолар эйгэтин кытта билсэн, оҕотугар сиһилии быһааран биэрэр түгэнигэр үөрэнээччи эксээмэнтэн долгуйбакка, толлубакка, өй-санаа өттүнэн бэлэмнээх кэлэн туттарарыгар кыах бэриллэр.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM