#күрэх #култуура 💃💃💃
🌞Арассыыйаҕа биллэриллибит "Педагог уонна наставник" сылын чэрчитинэн улуустааҕы үҥкүү уһуйааччыларын икки ардыларыгар көрүү- күрэх буолан ааста.
💃💃💃💃💃💃💃💃
Бүгүн муус устар 29 күнүгэр Аан дойдутааҕы үҥкүү күнүгэр
биһиги улууспутугар МИН ОЛОҔУМ ХАМСАНЫЫТА диэн саҥа бырайыак, "Норуот айымньытын киинэ" муниципальнай автономнай тэрилтэ хореографтара Июлия Петрова уонна Саргы Кардашевская көҕүлээһиннэринэн ыытылынна.
✨✨✨✨✨✨✨✨
Күрэх кыттыылаахтарын гала концердыттан видеолар📸📹

#күрэх
✅ Былатыан Ойуунускай 130 сааһыгар анаммыт уус-уран ааҕыы онлайн-күрэҕэр көхтөөх кыттыыны ылыҥ.
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#күрэх
⭐️ "Веревочные курсы" диэн спортивнай-туристическай тэрээһин номнуо алтыс сылын Үөһээ Бүлүү техникума устудьуоннарыгар тэрийэн ыытар.
Түгэхтэй алааһыгар барыта 13 хамаанда 9 араас станцияны ааһарга күрэхтэстилэр. Ону тэҥэ сибиэһэй салгыҥҥа көрүлүү оонньоотулар, флешмоб үҥкүүлээтилэр, салама ыйаатылар, үөрдүлэр-көттүлэр, дуоһуйа сынньаннылар.
Тэрээһин түмүгүнэн 1-кы миэстэни "Пожарная безопасность" 4-с куурус бастакы хамаандата ылла.
2-с миэстэ - "Лесное и лесопарковое хозяйство" устудьуоннара.
3-с миэстэ - "Пожарная безопасность" 4-с куурус иккис хамаандата буолла.
Сонуннарга анаан Лев Саввинов
"Үөһээ Бүлүү" хаһыат

Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
#күрэх
⭐️ МУУС УСТАР өрөспүүбүлүкэтээҕи фестиваль видеороликтары көрүү-күрэҕэр Үөһээ Бүлүү улууһун аатыттан биир видеоролик "киирсэ" сылдьар...
Куоластааһын олунньу 11 күнүгэр диэри ыытыллар. Эһиги "куоласкыт", чахчы, санаабыт санаабытын ситиһэргэ, ылсыбыппытын ыпсарарга, толкуйдаабыппытын олоххо киллэрэргэ төһүү күүс буолуоҕар, кыратык даҕаны саарбахтаабаппыт, онон, аллараа баар сигэнэн киирэн 3️⃣1️⃣ нүөмэргэ Романятов К.В. куоластыыргытыгар ыҥырабыт🙌
https://vk.com/poll-211619445_924987508
Куоластааһын олунньу 11 күнүгэр диэри ыытыллар. Эһиги "куоласкыт", чахчы, санаабыт санаабытын ситиһэргэ, ылсыбыппытын ыпсарарга, толкуйдаабыппытын олоххо киллэрэргэ төһүү күүс буолуоҕар, кыратык даҕаны саарбахтаабаппыт, онон, аллараа баар сигэнэн киирэн 3️⃣1️⃣ нүөмэргэ Романятов К.В. куоластыыргытыгар ыҥырабыт🙌
https://vk.com/poll-211619445_924987508
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#күрэх #спорт
⭐️ Дьокуускай куоракка сервис технологическай техникумугар "Патриот" күрэх ааста.
Анал байыаннай дьайыыга сулууспалыы сылдьан сырдык тыыннарын толук уурбут Бүлүүтээҕи педагогическай колледж выпускниктара - Хотугу многоборьеҕа РФ, СӨ спордун маастара, "Эр санааланыы иһин" уордьан кавалера, "Патриот сүрэҕэ" Советскай Сойуус дьоруойа Федор Попов аатынан Бочуот бэлиэлээх Тарабукин Владислав уонна биһиги биир дойдулаахпыт, Дүллүкү нэһилиэгиттэн төрүттээх хотугу многоборьеҕа СӨ спордун маастара, "Хорсунун иһин" мэтээллээх, "Эр санааланыы иһин" уордьан кавалера Степан Руфов сырдык кэриэстэригэр анаммыт интеллектуальнай- военизированнай күрэххэ орто үөрэх кыраларыттан 11 хамаанда кыттыыны ылла.
Үөһээ Бүлүү улууһун бэрэстэбиитэлэ Анатолий Иванов тэрээһиҥҥэ кыттыыны ылан, "дьоруой уолаттар сырдык ааттарын үйэтитэр ытык иэспит" диэн туран, тэрийээччилэргэ күрэхтэһиигэ кыттыбыт устудьуоннарга улуус дьаһалтатын аатыттан махтал тылларын тириэртэ.

#күрэх #кэрээйгэтэ
⭐️ "Дорҕоон" эр дьон ансаамбыла Ньурба улууһугар ыытыллыбыт ырыа күрэҕэр кыайыылаах буолла.
Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, Саха сиригэр Оҕо саас, Ньурба оройуонугар Олох-дьаһах эйгэтин тупсарыы, Марха улууһа тэриллибитэ 200 сылларын чэрчитинэн Чаппанда нэһилиэгэр Бүлүү бөлөх оройуоннарын икки ардыларыгар онус төгүлүн ырыа күрэҕэ ааста.
«Иһийбит иэйиини күөдьүтэн» үбүлүөйдээх күрэххэ Дүллүкү нэһилиэгин "Дорҕоон" эр дьон ырыа ансаамбыла Гран-При үрдүк аатын ылары ситистэ.
Соторутааҕыта эрэ куйаар ситимнэринэн киэҥник тарҕанан үгүс дьон сэҥээриитин ылбыт ырыа куттаах эр дьоммутун өссө биирдэ истэ сэргэҕэлээҥ.
Видеолар комментарийга⬇️⬇️⬇️
"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, Саха сиригэр Оҕо саас, Ньурба оройуонугар Олох-дьаһах эйгэтин тупсарыы, Марха улууһа тэриллибитэ 200 сылларын чэрчитинэн Чаппанда нэһилиэгэр Бүлүү бөлөх оройуоннарын икки ардыларыгар онус төгүлүн ырыа күрэҕэ ааста.
«Иһийбит иэйиини күөдьүтэн» үбүлүөйдээх күрэххэ Дүллүкү нэһилиэгин "Дорҕоон" эр дьон ырыа ансаамбыла Гран-При үрдүк аатын ылары ситистэ.
Соторутааҕыта эрэ куйаар ситимнэринэн киэҥник тарҕанан үгүс дьон сэҥээриитин ылбыт ырыа куттаах эр дьоммутун өссө биирдэ истэ сэргэҕэлээҥ.
Видеолар комментарийга⬇️⬇️⬇️
"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#күрэх #спорт
⭐️ Боотулууга үбүлүөйдээх ат сүүрдүүтэ
Бүгүн, кулун тутар 10 күнүгэр, Боотулуу нэһилиэгэр Баҕадьа эбэҕэ "Дьөһөгөй оҕото” күрэх V-с төгүлүн ыытылынна.
Түһүмэхтээн сүрдүү түмүктэрэ маннык буолла:
I миэстэ – Толоон хамаандата (хамандыыр Иванов Афанасий Афанасьевич, Никитин Юрий Юрьевич, Неустроев Владимир Анатольевич, Максимов Анатолий Анатольевич), бириистэрэ - 60 000 солкуобай (спонсор "ВЕРХНЕВИЛЮЙСКИЙ" ХЭТ, салайааччы Саввинов Александр Васильевич);
II миэстэ – Ороһу хамаандата (хамандыр - Данилов Роман Алексеевич, Иванов Айсен Викторович, Васильев Степан Владимирович, Ларионов Дмитрий Дмитриевич), бириистэрэ - 50 000 солкуобай ( спонсор Герасимов Петр Петрович аатынан кэргэнэ, аймахтара туруорбут 20 000 солк., Тимофеева Сусанна Николаевна аатынан оҕолоро, аймахтара туруорбут 20 000 солк., Боотулуу орто оскуолата туруорбут 10000 солк.);
III миэстэ –Онхой хамаандата (хамандыыр – Федоров Дьулус Валерьевич, Федоров Поликарп Поликарпович, Алексеев Иннокентий Николаевич, Михайлов Станислав Павлович), бириистэрэ - 35 000 солк.(спонсор Талонов Егор Афанасьевич аатынан оҕолоро);
Салгыытын уонна видеолары комментарийга киирэн көрүҥ ⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️

#кыһа #күрэх
⭐️ Бүгүн Дьокуускай куоракка "Саха тылын уонна литературатын бастыҥ учуутала-2024" өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэх саҕаланна.
Тэрээһини СӨ Үөрэҕин министиэристибэтэ уонна С.Н. Донской-II аатынан Үөрэҕириини сайыннарар уонна таһымы үрдэтэр институт көҕүлээн ыыталлар.
Куонкуруска Саха сирин оскуолаларыттан улуус таһымнаах күрэҕи ааспыт 13 учуутал кыттар.
Үөһээ Бүлүү улууһун аатыттан М.А.Алексеев аатынан өрөспүүбүлүкэтээҕи лиссиэй-интэринээт саха тылын уонна литературатын учуутала Маргарита Николаевна Анисимова кыттар.
Кэтэхтэн ыытыллыбыт түһүмэххэ учууталлар бары медиавизитка ыытан олороллор.
Бүгүн уонна сарсын үөрэхтээһин араас тиэмэлээх былаһааккаларыгар куонкурус тургутук түһүмэхтэрин ааһыахтара.
Ол курдук, "Методическай мастарыскыайга" идэлэригэр бэриниилэрин, учуутал быһыытынан дьоҕурдарын "Уруокка", оҕону кытта ыкса үлэни "Кылаас чааһыгар", педагог быһыытынан ньымаларын, сатабылларын "Маастар-кылааска" көрдөрүөхтэрэ.
Санатар буоллахха, 2023 сыллааҕы куонкуруска Горнай улууһун учуутала бастыҥ аатын сүкпүтэ уонна Арассыыйа таһымыгар Саха сирин чиэһин ситиһиилээхтик көмүскээн турар.
Маргарита Николаевнаҕа улахан күрэххэ ситиһиини баҕарабыт.

#Күрэх #уруһуй
Оҕо искусство оскуолатыгар Бүлүү бөлөх улуустарын искусство оскуолаларын методическай холбоһук куонкурус-сэминээрэ саҕаланан эрэр. Бу тэрээһин чэрчитинэн араас куонкурустар ыытыллан эрэллэр. Олортон биирдэстэринэн - уруһуй кылааһын үөрэнээччилэрин икки ардыларыгар уруһуй күрэҕэ.
Дьүүллүүр сүбэ састааба оҕолор үлэлэрин сыаналыыр. Бүлүү бөлөх оҕолоро живопись, рисунок ньыматынан араас тиэмэҕэ уруһуйдаабыттар. Лауреаттар, кыайыылаахтар үлэлэрэ дьон дьүүлүгэр тахсыаҕа. Оҕолор үлэлэрин биллиилээх худуоһунньук Дьулустан Бойтунов сыаналыыр.
@uoheebuluu

«Весенняя ярмарка" куонкурус-сэминээр чэрчитинэн уруһуй кылааһын үөрэнээччилэригэр лепкаҕа күрэх буола турар. Манна Бүлүү бөлөх оҕолоро, оҕо искусство оскуолаларын үөрэнээччилэрэ кытталлар.
Бэриллибит сорудаҕы көрө-көрө, этиллибит бириэмэ иһигэр үлэлэрин оҥорон таһаарыахтаахтар. Оҕолор үлэлэрин биллиилээх скульптор Николай Чоччасов сыаналыаҕа.

Бүлүү бөлөх оҕолорун холбоһук быыстапкалара.
Оҕолорбут талааннара өссө да арыллан истин👏🏻👏🏻👏🏻

#уһуйаан #кыһа #күрэх #всейсемьей
⭐️ Уһуйааннар төрөппүттэригэр аналлаах күрэх аҕалары түмтэ
Бүгүн 3-с нүөмэрдээх оҕо сайдар киинин "Үрүйэчээн" уһуйаан иитээччилэрин көҕүлээһининэн, Аҕа күнүн көрсө, Үөһээ Бүлүүтээҕи оҕо уһуйааннарын иитиллээччилэрин аҕаларын икки ардыларыгар улууспутугар үһүс төгүлүн "Квест-оонньуу 2024" буолан ааста.
Күрэххэ уопсайа 5 хамаанда кытынна. Биирдии уһуйаантан 4-түү төрөппүт кыттара ирдэниллибитэ.
Күрэхтэһээччилэр 6 станциянан сылдьан сорудахтары толордулар.
Бүлүү эбэҕэ сыал ытыыта, тоҥуу хаарынан сүүрэн тиийэн мууһу буурдааһын, хапсаҕайдааһын, канат тардыһыыта курдук күрэхтэргэ аҕалар күөн көрүстүлэр.
Кыайыылааҕынан Нам нэһилиэгин «Кэнчээри» уһуйааһын аҕаларын хамаандата буолла.
Иккис миэстэни Дүллүкү уһуйаанын "Молния" хамаандата ылла.
Үһүс миэстэ - "Теремок" уһуйаан "Крепкие парни" хамаандата буолла.
Маны таһынан үс көрүҥҥэ аҕаларга анал аат олохтонно. Ол курдук, хапсаҕайга Саввинов Гаврил, "Теремок" уһуйаан, сыалы ытыыга - Петров Сергей , Дүллүкү "Кустук" уһуйаан уонна мууһу буурдааһыҥҥа Романятов Константин, Дүллүкү "Кустук" уһуйаан, муҥутуур кыайыылаахтарынан буоллулар.
Түгэнинэн туһанан, Үөһээ Бүлүү нэһилиэгин дьаһалтатыгар, үөрэх салалтатын профсойууһун бэрэссэдээтэлигэр Лазарев Леонид Гаврильевичка, Үөһээ Бүлүүтээҕи Ис Дьыала уорганын, ГИБДД управлениетын, Үөһээ Бүлүүтээҕи О. Д. Федорова аатынан киин модельнай библиотека, оҕо технопарката,
Үөһээ Бүлүүтээҕи баһаарынай этэрээт, Госпожнадзор коллективтарыгар улахан махталбытын тиэрдэбит.
Сонуннарга анаан Вероника Протопопова

#күрэх #оҕосаассыла
🏃♂️ Бүгүн, муус устар 7 күнүгэр Н.И.Бойлохов аатынан оҕо искусство оскуолатыгар икки сылга биирдэ ыытыллар IX регионнааҕы “Сааскылаана” үҥкүү күрэҕэ үрдүк тэрээһиннээхтик буолан ааста.
Сүрүн тэрийээччилэр “Сааскылаана” оҕо образцовай үҥкүү ансаабылын салайааччылара - СӨ Үөрэҕэриитин, култууратын туйгуна Сардаана Иванова уонна хореография кылааһын бастакы категориялаах учуутала Уйгулаана Павлова буолаллар.
Быйылгы күрэх Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн уонна Саха сиригэр Оҕо сылыгар ананна. Күрэх оҕолорго уонна улахан дьоҥҥо саастарынан арахсан ыытылынна.
Оҕолорго уопсайа 30 нүөмэринэн 285 кыттааччы, улахан дьоҥҥо 9 нүөмэринэн 74 кыттааччы күөн көрүстүлэр.
Ол курдук, Ньурба улууһуттан, Үөһээ Бүлүү, Нам, Дүллүкү, Хоро, Харбалаах, Кырыкый, Далыр, Сургуулук нэһилиэктэрин оскуолаларыттан, уһуйааннарыттан, сынньалаҥ кииннэриттэн үҥкүү ансаамбыллара кыттыыны ыллылар.
Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн уонна Саха сиригэр Оҕо сылыгар дьиэ кэргэнинэн кыттыбыт Игнатьевтарга бастакы үрдэл уонна «Бастыҥ үҥкүүһүт дьиэ кэргэн” диэн анал аат иҥэрилиннэ.
«Кылаан Чыпчаал” үрдүк аатын оҕолорго Ньурба улууһун “Сир симэхтэрэ” үҥкүү бөлөҕө “Күөрэгэй” диэн үҥкүүтүнэн ылла, салайааччы Седалищева А.Г. уонна Н.И. Бойлохов аатынан оҕо искусство оскуолатын директора Анптолий Иванов туруорбут 5000 суумалаах сертификаты тутта.
Улахан дьоҥҥо “Норуот айымньытын киинэ” МАТ “Тосхол” үҥкүү коллектива, салайааччы Июлия Петрова, «Кылаан чыпчаал” үрдүк аатын ылла уонна Үөһээ Бүлүүтээҕи култуура уонна духовнай сайдыы департамена туруорбут 5000 суумалаах сертификатын бэлэх ылла.
Нам нэһилиэгин “Намыына” общественнай түмсүү коллектива, тэриллибитэ 30 сылын көрсө, П.Н.Тобуроков аатынан сынньалаҥ киинэ туруорбут бирииһин ылла.
Күрэххэ биирдиилээн спонсордаабыт күндү дьоммутугар - СӨ култууратын туйгунугар Татьяна Спиридоноваҕа уонна Сардаана Ильиноваҕа махталбытын тиэрдэбит.
Кыттааччылар бары миэстэҕэ, номинацияҕа тигистилэр, үөрэн-көтөн тарҕастылар.
Сонуннарга анаан Анастасия Данилова

‼️‼️Болҕойуҥ, куонкурус‼️‼️
⭐️ "Үөһээ Бүлүү" хаһыат төрөөбүт күнүн көрсө почта дьааһыгын күрэҕин биллэрэбит. 📮📮📮📬📬📬
Күрэххэ илиинэн оҥоһуллубут почта дьааһыга кыттар. Ураты тупсаҕай көстүүлээх, аныгылыы көрүҥнээх, кимиэхэ да, ханна да суох дьааһык буоллаҕына өссө үчүгэй👍🏻👍🏻👍🏻😍😍😍
Почта дьааһыгын хаартыскаҕа түһэрэн📸📸📸 редакция нүөмэригэр +7 914 820-53-43 эбэтэр [email protected] электроннай почтаҕа атырдьах ыйын 28 күнүгэр диэри ыытаргытын күүтэбит✅✅✅
✍️✍️✍️Хаартысканы ыытаргытыгар толору ааккытын-суолгутун, аадырыскытын суруйан ыытаҕыт.
Күрэх түмүгэ хаһыаппыт төрөөбүт күнүгэр - атырдьах ыйын 29 күнүгэр, хаһыат бэчээккэ барар күнүгэр, биллэриллиэҕэ📰📰📰
👏👏👏Көхтөөх кыттыыны ылыҥ, кыайыылаахтары редакцияттан астык бириистэр күүтэллэр🤩🤩🤩. Ону тэҥэ Россия Почтатын анал бирииһин бастыҥ почтальон илиититтэн тутуоххут🥳🥳🥳.
⭐️ Ураты көстүүлээх почта дьааһыгын оҥостон олбуоргут биир ураты миэстэтин оҥостуҥ, ону сэргэ бэрт судургу күрэххэ кыттан сэргэхсийиҥ диэн ыҥырабыт🤗🤗🤗

#күрэх #тимируустара
Бүлүү куората 390 сылыгар, биллиилээх судаарыстыбанай - бэлэтиичэскэй диэйэтэл Степан Аржаков 125 сааһыгар анаммыт Бүлүү улууһугар ыытыллар аан дойдутааҕы уустар күрэхтэрэ буола турар. Манна Үөһээ Бүлүү улууһун тимир уустара көхтөөхтүк кытталлар.
Үөһээ Бүлүү хамаандатыгар Хоро нэһилиэгин тимир ууһа - Тыымпы Ньургун Догдо уола, Балаҕаннаах нэһилиэгин тимир ууһа Чаный Сырдыын Боло уола, Кэнтик нэһилиэгиттэн уус Афанасьев Анатолий Федорович, Тамалакаан нэһилиэгин тимир ууһа Стручков Станислав Спартакович, ону кытта Кэнтик Чап уустарын салайааччыта, тимир ууһа Тумусов Егор Сысоевич кыттыыны ылаллар.
Тимир уустарыгар ситиһиилэри баҕарабыт!

Forwarded from Верхневилюйский район 💯 РГ "Үөһээ Бүлүү"