Верхневилюйский район 💯 РГ "Үөһээ Бүлүү"
3.85K subscribers
20.9K photos
4.15K videos
9 files
3.63K links
🗞🗞🗞ТГ-канал редакции https://t.iss.one/uoheebuluu
Предлагайте новости @Uohee_buluu14_bot
🔸 *Мы в ВКонтакте:* vk.com/uoheebuluu
🔸 *Одноклассники:* https://ok.ru/profile/603428848914
🔸 *🔸 *Подписывайтесь по ссылке* https://podpiska.pochta.ru/press/ПИ976
Download Telegram
ГКУ РС(Я) "Верхневилюйское лесничество" тэрилтэ үлэһиттэрин иннигэр билигин ыытылла турар үлэлэри, инники былааннары сырдаттым.

Улууска баар тыын кыһалҕалары суох гынарга улуус салалтатын саҥа хамаандатын бастакы кыайыыларын: суол тутууларыгар, өрөмүөннээһиҥҥэ, социальнай объектары ситэри тутууларыгар үбүлээһини туруорсан ситиспиппитин туһунан кэпсээтибит.

Инникитин улуус сайдарын туһугар бары олохтоохтор, тэрилтэлэр биир санааннан, биир киһи курдук түмсэммит үлэлиэххэйиҥ диэн ыҥырдым.

Дойду Президиэнэ "Совет Федерации РФ" иннигэр туһаайан этиитигэр ойуур хаһаайыстыбатын үлэһиттэрин хамнастарын үрдэтэргэ этии киллэрбитэ. Бу этиини тэрилтэ үлэһиттэрэ үөрэ истибиттэр, ылыммыттар. Саха Сирэ баай тыалаах, ойуурдаах, ону таһынан элбэх кыһалҕалаах, ойуур баһаардаах буолан, хаһаайыстыба үлэһиттэрэ күннээҕи үлэлэригэр элбэх ыарахаттары көрсөллөр. Онон хамнас үрдэтиитэ чахчы туһалаах, сөптөөх быһаарыныы.

Көрсүһүүгэ Үөһээ Бүлүүтээҕи ойуур хаһаайыстыбатын үлэһиттэрэ Владимир Путины буолаары турар сүрүн быыбарга өйүүллэрин этиннилэр.

#ИннибитХотуБарыБииргэ
#Лесничество

t.iss.one/ValeriNikolaev