#үлэкиһитэ #ытыксаас
⭐️ Кардашевскай Иннокентий Васильевич тыыл, холкуос, сопхуос тутулун бэтэрээнэ эдэр сааһыгар үлэ бөҕөнү үлэлээн-хамсаан 5 оҕону атахтарыгар туруортаан, үөрэттэрэн, үлэһит оҥортолообут киһи.
Кини эдэр сааһыгар хапсаҕайдаһан тустууга элбэхтик тустан, оройуон күрэхтэригэр элбэхтик бастаабыта. Кэлин бэтэрээннэргэ республика күүстээх тустууктарын Саха АССР хапсаҕайга маастардарын Выбор Быкалыровы, Уйбаан Григорьевы оройуон ыһыаҕар кыайталаан турар.
Уолаттара аҕаларын утумнаан, спордунан дьарыктанан, Аскалон Кардашевскай ССРС көҥүл тустууга, Саха Республикатын хапсаҕайга, Александр Саха Республикатын хапсаҕайга спордун маастардара, республикаҕа бэйэлэрин кэмнэригэр күүстээх тустууктар этилэр. Спартак Кардашевскай улуус күүстээх мадьыныта.
Александр Иннокентьевич Нам нэһилиэгэр үһүс болдьоҕор баһылыгынан үлэлиир. Кини үлэлиир кэмигэр Нам нэһилиэгэ биллэ тубуста, элбэх социальнай объектар, ол иһигэр оскуола, оҕо саада, КРСТ программатынан 2 квартиралаах дьиэ, уулусса уотун ситимэ, РФ хаарбах дьиэттэн көһөрүү программатынан 16 квартиралаах таас дьиэ үлэҕэ киирдилэр. Култуура киинэ үлэҕэ киирээри турар. Элбэх оҕо оонньуур, спорт былаһааккалара, стадион үлэҕэ киирдилэр.
Иннокентий Кардашевскай 2022 сылга оҕолорун, сиэннэрин, хос сиэннэрин үөрүүлэригэр уйдаран 90 сааһын бэлиэтээбитэ. Ытык кырдьаҕас 91 сааһыгар диэри Верхоян диэн атын миинэн айылҕаҕа сылдьарын сөбүлүүр.
Киэсэ Кардашевскайы бүгүн көрсөн, кэпсэтэн, кырдьаҕас киһи алгыһын ылан хааллым.
Балаҕаннаах нэһилиэгин баһылыга Степан Дмитриев
"Үөһээ Бүлүү" хаһыат

Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#ытыксаас #эҕэрдэ
⭐️ Дьокуускай куоракка олорор Маҥаас нэһилиэгин ытык кырдьаҕа 85 сааһын туолла.
Александра Сергеевна Саввинова Маҥаас бочуоттаах олохтооҕо, үйэтин тухары саха литературатын учууталынан үлэлээбитэ. Кэргэнэ Дмитрий Игнатьевич математика учуутала этэ.
Дьокуускай куоракка Үөһээ Бүлүү улууһун бастайааннай бэрэстэбиитэлэ Анатолий Иванов улуустааҕы Үөрэх управлениетын салайааччыта Спиридон Борбуевынан сирэйдээн үөрэх салалтатын уонна Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыгын э.т. Семен Михалев ааттарыттан үбүлүөйдээх бэлиэ күнүнэн эҕэрдэлэрин тириэртэ.
Ытыктанар саастаах киһибитигэр чиргэл доруобуйаны, бөҕө туругу, этэҥҥэ буолууну баҕарабыт!
"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Александра Сергеевна Саввинова Маҥаас бочуоттаах олохтооҕо, үйэтин тухары саха литературатын учууталынан үлэлээбитэ. Кэргэнэ Дмитрий Игнатьевич математика учуутала этэ.
Дьокуускай куоракка Үөһээ Бүлүү улууһун бастайааннай бэрэстэбиитэлэ Анатолий Иванов улуустааҕы Үөрэх управлениетын салайааччыта Спиридон Борбуевынан сирэйдээн үөрэх салалтатын уонна Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыгын э.т. Семен Михалев ааттарыттан үбүлүөйдээх бэлиэ күнүнэн эҕэрдэлэрин тириэртэ.
Ытыктанар саастаах киһибитигэр чиргэл доруобуйаны, бөҕө туругу, этэҥҥэ буолууну баҕарабыт!
"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
#үбүлүөй #ытыксаас
СӨ култууратын туйгуна, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Үөдүгэй, Харбалаах нэһилиэктэрин, Үөһээ Бүлүү улууһун Бочуоттаах олохтооҕо Анна Петровна Иванова - Дмитриева 80 сааһын туолар үбүлүөйдээх күнүгэр аналлаах "Көтөллөр ол көмүс дорҕооннор" кэнсиэр саҕаланна 👍👍👍👏👏👏👏
Бу үбүлүөйдээх улахан кэнсиэр туһунан хаһыаппыт кэлэр нүөмэригэр астына, дуоһуйа ааҕаарыҥ 🤩🤩🤩💫💫💫

Media is too big
VIEW IN TELEGRAM
#үбүлүөй #ытыксаас
Ытык эдьиийбит Анна Петровна алгыстаах 80 сааһын бэлиэтиир дьоро киэһэҕэ биир дойдулаахпыт, бөдөҥ общественнай- политическай деятель Исидор Никифорович Бараховка аналлаах ырыаны Үөһээ Бүлүүлэр сүһүөхтэрин үрдүгэр туран, бары биир киһи курдук ыллаһан, ытыс тыаһынан доҕуһуоллаатылар 👏👏👏👏❤️❤️❤️❤️

Бары таптыыр поэппыт Пётр Одорусов тылларыгар, Николай Бойлохов мелодиятыгар " Тыыннаахтар умнубат сыллара" ырыаны бар дьонугар ырыа гынан көтүппүт Анна Петровна Иванова бу ырыаны ыллаан үйэтиппит үтүөкэн киһи 👍👍👍
Саха сирин хас биирдии олохтооҕо кыратыттан улаханыгар диэри бу гимн буолбут ырыаны күн бүгүҥҥэ диэри өрө тутан, уостан түһэрбэккэ ыллаан кэллэ 🎼🎼🎼🎹🎹🎹🎤🎤🎤🎤
Эһиги болҕомтоҕутугар элбэх уус- уран фестиваллар лауреаттара, Үөһээ Бүлүү улууһун Бочуоттаах олохтооҕо Владимир Сидоров Анна Петровна репертуарыттан " Тыыннаахтар умнубат сыллара" ырыаны ыллыыр 🎤🎤🎤🎤
Бу үөрүүлээх дьоро киэһэ үтүө, соһуччу, кэрэ түгэннэрин кэлэр хаһыаппытыгар толору сырдатыахпыт 🙌🙌🙌