#планерка #эҕэрдэ
⭐️ Нам нэһилиэгин иистэнньэҥнэрин түмэр "Уран иэйии" түмсүү салайааччыта Капитолина Матвеевна ВАСИЛЬЕВАҔА уонна Үөдүгэйдээҕи "Дьүөгэ" түмсүү салайааччытыгар Виктория Васильевна ПАВЛОВАҔА Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр общественнай тэрээһиннэр сайдыыларыгар сэмэй кылааттарын иһин Ил Түмэн судаарыстыбаннай мунньах сис кэмитиэтин аатыттан Феодосия Васильевна илии баттааһыннаах Махтал суругун туттардылар👏👏👏💐💐💐
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#планерка #эҕэрдэ
⭐️ Нам нэһилиэгин "Ситим" түмсүү салайааччыта Розалия Петровна ТАРАСОВА "Өрөспүүбүлүкэтээҕи Норуот айымньытын дьиэтэ уонна социальнай-культурнай технологиялар" судаарыстыбаннай автономнай тэрилтэ аатыттан Бочуотунай грамотатынан наҕараадаланна💐💐💐
⭐️ Елена Афанасьевна ПЕТРОВА Култуура уонна духуобунай сайдыы министиэристибэтин хамыыһыйатын быһаарыытынан "Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуот уус-уран айымньытын сайыннарыыга кылаатын иһин" бочуоттаах бэлиэнэн наҕараадаланарын туһунан дастабырыанньаны тутта👏👏👏
"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#планерка #эҕэрдэ
⭐️ Улуус Сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Николай Николаевич НИКОЛАЕВ "Муниципальнай сулууспа бэтэрээнэ" буолбутун туоһулуур дастабырыанньаны тутта👏👏👏
⭐️ "Олохтоох бэйэни салайыныыны сайыннарыыга үтүөлэрин иһин" түөскэ кэтиллэр бочуот бэлиэтин Варвара Васильевна ВАСИЛЬЕВАҔА уонна Василий Васильевич ЧЕНОХОВКА туттардылар.💐💐💐
"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#планерка #эҕэрдэ
⭐️ Ыччат политикатын дьыалаларыгар федеральнай агенствотын салайааччыта Ксения Разуваева илии баттааһыннаах Махтал суругунан Үөһээ Бүлүү дьаһалтатын ыччат политикатын дьыалаларын сүрүннүүр специалиһа Прасковья Тимофеева наҕараадаланна.
Наҕарааданы улуус баһылыга Владимир Поскачин планерка кэмигэр үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттарда.
Российскай Федерация территориятыгар ыччат политикатын олоххо киллэриигэ үтүө түмүктэрдээх үлэлэрин иһин, маннык махтал суругунан 4 эрэ улуус специалиһа наҕараадаланна: Мэҥэ-Хаҥалас, Чурапчы, Кэбээйи уонна Үөһээ Бүлүү.
"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Наҕарааданы улуус баһылыга Владимир Поскачин планерка кэмигэр үөрүүлээх быһыыга-майгыга туттарда.
Российскай Федерация территориятыгар ыччат политикатын олоххо киллэриигэ үтүө түмүктэрдээх үлэлэрин иһин, маннык махтал суругунан 4 эрэ улуус специалиһа наҕараадаланна: Мэҥэ-Хаҥалас, Чурапчы, Кэбээйи уонна Үөһээ Бүлүү.
"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#эҕэрдэ #деньреспублики
⭐️ ⭐️ ⭐️ Үтүө-мааны Үөһээ Бүлүүлэр!
“Үөһээ Бүлүү улууһа” муниципальнай оройуон дьаһалтатын аатыттан уонна тус бэйэм Эһигини саха норуотун дьылҕатыгар сүдү суолталаах судаарыстыбаннай бырааһынньыгынан - Саха Өрөспүүбүлүкэтин күнүнэн уруйдуубун-айхаллыыбын!
Саха Автономнай Сэбиэскэй Социалистическай Өрөспүүбүлүкэтэ Россия састаабыгар 1922 сыл муус устар 27 күнүгэр тэриллибитэ, 70 сыл буолан баран, 1992 сыллаахха Саха Өрөспүүбүлүкэтин Конституцията (Төрүт Сокуона) ылыныллыбыта. Сахабыт сирин эдэркээн салайааччылара бигэ түмсүүлэрин, өркөн өйдөрүн, норуоттарыгар бары өттүнэн табыгастаах суолу, автономнай өрөспүүбүлүкэни, талбыттарын киһи эрэ сөҕөр.
Саха Автономията, оччотооҕу Саха уобалаһа, өрөспүүбүлүкэ быһыытынан статустаммыта хас биирдии Саха сирин олохтооҕун дьылҕатыгар сүҥкэн суолталаах.
Салҕыыьын комментарийга ааҕыҥ⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️

#эҕэрдэ
⭐️ ⭐️ ⭐️ Бүгүн, от ыйын 17 күнүгэр, самаан сайыммыт сатыылаан турар, сылбыт биир саамай кэрэ кэмигэр, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Үөһээ Бүлүү улууһун, Үөдүгэй нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо, Улуу Кыайыы гимнэ буолбут "Тыыннаахтар умнубат сыллара" ырыаны көччөх гына көтүппүт, 50 сыл Үөһээ Бүлүүтээҕи оҕо музыкальнай оскуолатыгар эҥкилэ суох үлэлээбит Анна Петровна Иванова-Дмитриева алгыстаах 80 сааһын туолар үбүлүөйдээх күнүнэн итии истиҥ эҕэрдэ👏👏👏💐💐💐
Күндү киһибитигэр баҕарабыт ыстаал курдук доруобуйаны, дьиэ кэргэҥҥэр дьолу соргуну, оҕолоруҥ, сиэннэриҥ тапталларынан угуттанан уһун дьоллоох олоҕу💐💐💐👏👏👏
"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Күндү киһибитигэр баҕарабыт ыстаал курдук доруобуйаны, дьиэ кэргэҥҥэр дьолу соргуну, оҕолоруҥ, сиэннэриҥ тапталларынан угуттанан уһун дьоллоох олоҕу💐💐💐👏👏👏
"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#эҕэрдэ
⭐️ ⭐️ ⭐️ Үтүө-мааны Үөһээ Бүлүүлэр!
Барыгытын улуус дьаһалтатын аатыттан уонна тус бэйэм Россия Федерациятын Судаарыстыбаннай былааҕын күнүнэн истиҥник эҕэрдэлиибин!
Россия “үс өҥө” 300-тэн тахса сыл анараа өттүгэр, XVII - XVIII-с үйэлэр быыстарыгар олохтоммута. “Үс өҥ” сокуоннай аҕатынан Петр I буолар, кини 1705 с. тохсунньу 20 күнүгэр Россия бары эргиэн суудуналара үс өҥнөөх былаахтаах буолуохтаахтар диэн ыйаах таһаарбыта.
Аан маҥнай Алексей Михайлович ыраахтааҕылаан олордоҕуна, икки бастаах өксөкү кыыл быысапкалаах үс өҥнөөх былааҕы “Орел” диэн нуучча байыаннай хараабыла күөрэччи көтөхпүтэ.
1991 сыл атырдьах ыйын 22 күнүгэр үс өҥнөөх былаах саҥа Россия символын быһыытынан билиниллибитэ.
Россия былааҕын аннынан улуу суолталаах докумуоннарга илии баттыыллар, саллааттар уонна эписиэрдэр Ийэ дойду көмүскэлигэр кырыктаах кыргыска киирэллэр, холобура суох хорсун быһыылары оҥороллор, спортсменнар чаҕылхай кыайыылары ситиһэллэр...
Күн бүгүн аан дойдуну нацизмтан босхолуур туһугар, Россия көҥүл судаарыстыба буоларын туһугар үс өҥнөөх дойдубут былааҕын аннынан күндү уолаттарбыт Украинаҕа буола турар анал байыаннай дьайыыга кытта сылдьаллар... Биһиги кинилэринэн кэмэ суох киэн туттабыт!
⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️⬇️

#ытыксаас #эҕэрдэ
⭐️ Дьокуускай куоракка олорор Маҥаас нэһилиэгин ытык кырдьаҕа 85 сааһын туолла.
Александра Сергеевна Саввинова Маҥаас бочуоттаах олохтооҕо, үйэтин тухары саха литературатын учууталынан үлэлээбитэ. Кэргэнэ Дмитрий Игнатьевич математика учуутала этэ.
Дьокуускай куоракка Үөһээ Бүлүү улууһун бастайааннай бэрэстэбиитэлэ Анатолий Иванов улуустааҕы Үөрэх управлениетын салайааччыта Спиридон Борбуевынан сирэйдээн үөрэх салалтатын уонна Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыгын э.т. Семен Михалев ааттарыттан үбүлүөйдээх бэлиэ күнүнэн эҕэрдэлэрин тириэртэ.
Ытыктанар саастаах киһибитигэр чиргэл доруобуйаны, бөҕө туругу, этэҥҥэ буолууну баҕарабыт!
"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Александра Сергеевна Саввинова Маҥаас бочуоттаах олохтооҕо, үйэтин тухары саха литературатын учууталынан үлэлээбитэ. Кэргэнэ Дмитрий Игнатьевич математика учуутала этэ.
Дьокуускай куоракка Үөһээ Бүлүү улууһун бастайааннай бэрэстэбиитэлэ Анатолий Иванов улуустааҕы Үөрэх управлениетын салайааччыта Спиридон Борбуевынан сирэйдээн үөрэх салалтатын уонна Үөһээ Бүлүү улууһун баһылыгын э.т. Семен Михалев ааттарыттан үбүлүөйдээх бэлиэ күнүнэн эҕэрдэлэрин тириэртэ.
Ытыктанар саастаах киһибитигэр чиргэл доруобуйаны, бөҕө туругу, этэҥҥэ буолууну баҕарабыт!
"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#эҕэрдэ #ийэкүнэ
⭐️ Кэнтик нэһилиэгин олохтооҕо Антонина Константинова "Ийэ албан аата" 2-с степеннээх бэлиэни Ил Дархан Айсен Николаев илиититтэн тутта.
Дойду үрдүнэн бэлиэтэнэр Ийэ күнүн көрсө Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бырабыыталыстыбатын дьиэтин мааны саалатыгар наҕарааданы туттарыы үөрүүлээх түгэнигэр Үөһээ Бүлүү улууһун бэрэстэбиитэлэ Анатолий Иванов улуус баһылыгын э.т. Семен Михалев илии баттааһыннаах улуус дьаһалтатын аатыттан эҕэрдэ суруктаах сибэкки дьөрбөтүн туттарда.
Антонина Васильевна Кэнтик сынньалаҥ киинигэр култуура тэрээһиннэрин тэрийээччинэн үлэлиир. Кэргэнинээн Павел Антоновичтыын 8 оҕолоох дьоллоох ыал.
Санатар буоллахха, "Ийэ албан аата" 3-с степеннээх бэлиэни 2021 сыллаахха анаабыттара.
Уруй-айхал, элбэх оҕолоох дьиэ кэргэҥҥэ👏👏👏 Оҕолоргут - кэнчээри ыччаттаргыт үөрдэ эрэ турдуннар🙌🙌🙌

⭐️ СӨ Ил Дархана Айсен Николаев Уурааҕар олоҕуран, Мелиорация систиэмэтигэр өр сыллаах, таһаарыылаах үлэтин иһин СХВМ ГУТ Үөһээ Бүлүүтээҕи филиалын салайааччытыгар, Үөһээ Бүлүү улууһун Сэбиэтин депутатыгар Бырдакаров Афанасий Валериевичка "Саха Өрөспүүбүлүкэтин Норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ" үрдүк аат иҥэрилиннэ.
Афанасий Валерьевиһы үрдүк ааты ылбытынан итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит!!! Ситиһии, кыайыы-хотуу эҥэрдэһэ турдун!
"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Афанасий Валерьевиһы үрдүк ааты ылбытынан итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибит!!! Ситиһии, кыайыы-хотуу эҥэрдэһэ турдун!
"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Forwarded from Валерий Николаев, Глава Верхневилюйского района
Бөдөҥ партийнай-хаһаайыстыбаннай салайааччыны, судаарыстыбаннай- уопсастыбаннай диэйэтэли, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитин, СӨ профүөрэхтээһинин, Россия ниэбин-гааһын комплексын бочуоттаах үлэһитин, философия билимин дуоктарын, бэрэпиэссэри, спортсмены, айааччыны, дэгиттэр талааннаах Сургуулук чаҕылхай уолун, Үөһээ Бүлүү улууһун бочуоттаах олохтооҕун, ытыктабыллаах Лазарь Степановиһы 85 сааһын туолар Өрөгөйдөөх үбүлүөйүн күнүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин!
Эн Саха Өрөспүүбүлүкэтин социальнай — экэнэмиичэскэй сайдыытыгар киллэрбит кылаатын сүҥкэн. ССКП Ленскэйдээҕи райкомун II, онтон I сэкирэтээринэн, Саха АССР үлэҕэ уонна социальнай Судаарыстыбаннай боппуруостарга бэрэссэдээтэлинэн, оттук бырамыысыланнаһын, үлэ, бырамыысыланнас уонна геология - министиэристибэлэрин миниистиринэн үгүс өрүттээх кэскиллээх үлэни ыыппытыҥ.
Эн үлэн-хамнаһын Саха сирин дьонун-сэргэтин олоҕун-дьаһаҕын чэпчэтиигэ, өрөспүүбүлүкэ ниэптээх-гаастаах сирдэрин арыйыыга, туһаҕа таһаарыыга, сир үрдүгэр эйэни бөҕөргөтүүгэ туһуламмыта.
Күн бүгүнүгэр диэри ыччат дьоҥҥо олох суолтатын өйдөтө, көлүөнэлэр утумнарын олохтуу, сыраҕын ууран, дириҥ-далай билиигиттэн бэрсэ, күнүстэри-түүннэри түбүгүрэ, сурукка- бичиккэ тиһэ, кэлэ-бара, көрсүһэ-кэпсэтэ сылдьаргыттан бар дьонуҥ олус астынар, киэн туттар.
Эйиэхэ, ытык-мааны киһибитигэр, барҕа махталбытын этэбит, сиргэ тиийэ сүгүрүйэбит!
Дьонуҥ-сэргэн, дьиэ кэргэнин тапталыгар-махталыгар сууланан, уһуннук олор, чэгиэн сырыт, дьоллоох буол!
Алгыс баһа сыаланнын!
Дириҥ ытыктабылы кытта, Үөһээ Бүлүү улууһун Баһылыга В. В. Николаев
#Эҕэрдэ
t.iss.one/ValeriNikolaev

#сво #эҕэрдэ
⭐️ Үөһээ Бүлүү эр хоһууна Василий Николаев "Хорсунун иһин" мэтээли Российскай Федерация Бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Юрий Трутнев илиититтэн тутта.
Ил Дархан Айсен Николаев биир дойдулааҕын үрдүк наҕараадатынан эҕэрдэлээтэ.
Василий Николаев Үөһээ Бүлүү нэһилиэгин "МАРС Вервил" муниципальнай автономнай тэрилтэтигэр юриһынан үлэлиир.
Анал байыаннай дьайыыга 2022 сыллаахха бэйэтин баҕа өттүнэн хантыраак баттаһан "Боотур" этэрээт састаабыгар киирэн, дойду иннигэр ытык иэһин толорон кэлбитэ. Прапорщик званиелаах эдэр киһи взвод хамандыырынан сулуспалаабыта. Бу иннинэ Луганскай народнай өрөспүүбүлүкэ баһылыгыттан туппут "Хорсунун иһин" мэтээллээх.
"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Ил Дархан Айсен Николаев биир дойдулааҕын үрдүк наҕараадатынан эҕэрдэлээтэ.
Василий Николаев Үөһээ Бүлүү нэһилиэгин "МАРС Вервил" муниципальнай автономнай тэрилтэтигэр юриһынан үлэлиир.
Анал байыаннай дьайыыга 2022 сыллаахха бэйэтин баҕа өттүнэн хантыраак баттаһан "Боотур" этэрээт састаабыгар киирэн, дойду иннигэр ытык иэһин толорон кэлбитэ. Прапорщик званиелаах эдэр киһи взвод хамандыырынан сулуспалаабыта. Бу иннинэ Луганскай народнай өрөспүүбүлүкэ баһылыгыттан туппут "Хорсунун иһин" мэтээллээх.
"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#эҕэрдэ #үбүлүөй
⭐️ Үөһээ Бүлүү улууһун үөрэҕин салалтата, үөрэх үлэһиттэрин идэлээх холбоһуктарын улуустааҕы кэмитиэтэ, улуус педагогическай общественноһа, улууспут үөрэҕин ситимин биир киэн туттар салайааччытын, өр сылларга Балаҕаннаах сүрүн оскуолатыгар олус таһаарыылаахтык дириэктэринэн, учууталынан үлэлээбит, РСФСР үөрэҕириитин туйгунун, СӨ "Гражданскай килбиэн" анал бэлиэ хаһаайынын, СӨ учууталларын Учууталын, СӨ үөрэҕин ситимин Бочуоттаах бэтэрээнин, Үөһээ Бүлүү улууһун Бочуоттаах учууталын, Балаҕаннаах нэһилиэгэ МТ Бочуоттаах олохтооҕун, улахан дьиэ кэргэн тапталлаах Ийэтин, Эбээтин ЛИДИЯ ТИХОНОВНА ВАСИЛЬЕВАНЫ, бүгүҥҥү 75 сааһын туолар үрдүк үөрүүлээх юбилейдаах күнүнэн итиитик истиҥник эҕэрдэлиибит!
Бу үөрүүлээх күҥҥэ баҕарабыт чөл доруобай туругу, дьиэ кэргэҥҥэр уйгулаах байылыат олоҕу, айар, суруйар дьарыккар үрдүк ситиһиилэри, саҥа арыйыылары, оҕолор, сиэннэр олоххо ситиһиилэринэн күннээҕи олоххут киэркэйдин, тулаҕыт күлүмнүү сырдаатын!
"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Бу үөрүүлээх күҥҥэ баҕарабыт чөл доруобай туругу, дьиэ кэргэҥҥэр уйгулаах байылыат олоҕу, айар, суруйар дьарыккар үрдүк ситиһиилэри, саҥа арыйыылары, оҕолор, сиэннэр олоххо ситиһиилэринэн күннээҕи олоххут киэркэйдин, тулаҕыт күлүмнүү сырдаатын!
"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#үбүлүөй #эҕэрдэ
⭐️ Анатолий Кырджагасов "Үөһээ Бүлүү улууһун бочуоттаах олохтооҕо" буолла.
Биир дойдулаахпыт "Водоканал" АУо генеральнай дириэктэрэ Анатолий Андреевич 60 сааһын туолбут үбүлүөйдээх бэлиэ күнүнэн үлэтигэр бүччүм бүөмнээн эҕэрдэ тутта.
Улуус баһылыгын бастакы солбуйааччыта Егор Иванов бэлиэ күнү көрсө улуус баһылыга Валерий Николаев аатыттан эҕэрдэлээтэ уонна улуус бочуоттаах олохтооҕо буолбутун туоһулуур дастабырыанньаны, түөскэ кэтиллэр бэлиэни коллективын иннигэр туттарда.
Маны сэргэ улуус Дьокуускай куоракка бэрэстэбиитэлэ Анатолий Иванов уонна "Тутуу, промышленность уонна инфраструктураны сайыннарыы управлениета" МКТ салайааччыта Роман Хобусаров эмиэ эҕэрэдэлээтилэр.
Анатолий Кырджагасов "Ыраас уу" бырагыраама чэрчитинэн улууһу кытта бииргэ үлэлэһии салгыы күүскэ ыытылларын иһитиннэрдэ.
Анатолий Андреевич бэлиэ күнүнэн эҕэрдэлиибит! Үлэтигэр үрдүк ситиһиилэри, тус олоҕор, дьиэ кэргэнигэр кытаанах доруобуйаны, дьоллоох олоҕу баҕарабыт!

⭐️ Үрүҥ Тунах Ыһыаҕы көрсө үрдүкү наҕараадалар ананнылар
⭐️ Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дархана Айсен Николаев Ыйааҕынан «Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ» үрдүк ааты Нам нэһилиэгин баһылыгар Александр Иннокентьевич
КАРДАШЕВСКАЙГА иҥэрдилэр.
⭐️ Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын Грамотатынан үлэ бэтэрээнэ, Үөһээ Бүлүү улууһун бочуоттаах олохтооҕо Михаил Гаврильевич ДОНСКОЙ бэлиэтэннэ.
⭐️ «Гражданскай килбиэн» түөскэ кэтэр бэлиэ «Сир мелиорацията уонна тыа хаһаайыстыбатын уунан хааччыйыы управлениета» Үөһээ Бүлүүтээҕи тэрилтэтин экскаватор машиниһа Капитон Васильевич ЕГОРОВКА ананна.
Эҕэрдэ бастыҥа, үтүө суобастаах үлэһит дьоҥҥо👏👏👏💐💐💐