Газета Верхневилюйского района "Үөһээ Бүлүү"
3.87K subscribers
22.2K photos
4.38K videos
9 files
3.9K links
🗞🗞🗞ТГ-канал редакции https://t.iss.one/uoheebuluu
Предлагайте новости @Uohee_buluu14_bot
🔸 *Мы в ВКонтакте:* vk.com/uoheebuluu
🔸 *Одноклассники:* https://ok.ru/profile/603428848914
🔸 *🔸 *Подписывайтесь по ссылке* https://podpiska.pochta.ru/press/ПИ976
Download Telegram
This media is not supported in your browser
VIEW IN TELEGRAM
#muusustar #сулуСтар

Владимир Васильев туһатыгар куоластааһын түмүктэнэрэ бэрт кыра бириэмэ хаалла. Билиҥҥи туругунан Аммалар кэннэ иккис миэстэҕэ сылдьабыт, кытаатан тарҕатыҥ уонна куоласкытын биэриҥ

https://vk.com/wall-215952995_135. Манна киирэн подпискаланыахха эрэ наада уонна лайк туруоран, комментарийга +1 суруйар аҕыйах сөкүүндэлээх дьыала.

Чаҕылхайдык ыллыыр ыччаппытын өйүөххэйиҥ🙌🙌🙌

Саамай элбэх куоластаах кыттааччы "Көрөөччү биһирэбилэ" ааты ылыахтаах👍👍👍
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#muusustar #фестиваль

⭐️Ыччат фестивалыгар «Молодежной ЭкоЛидер Якутии» күрэххэ Үөһээ Бүлүү улууһун аатыттан М.А.Алексеев аатынан өрөспүүбүлүкэтээҕи лицей-интернат химияҕа уонна биологияҕа учуутала Диана Иванова кытта сылдьар.

⭐️ Оттон «Педагоги будущего поколения Якутии» хамаанданан күрэххэ 6 учуутал кыттар.

Улууспут чиэһин көмүскүүр көхтөөх ыччаттарбытыгар ситиһиилэри баҕарыаҕыҥ🙌

@ueheebuluu "Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#muusustar #фестиваль

⭐️ "СулуСтар" эстрада театрын бырайыагар кыттыбыт Владимир Васильев финалга киирбитэ.

Ол эрэн 5 финалга киирбит ырыаһыттан 2 эрэ кыайыылааҕы быһаардылар. Гран-при үрдүк аатын Ньурба ыччатыгар анаатылар. Оттон куоластааһыҥҥа биһиги улуус эмиэ бэрт кыранан кыамматыбыт. Онон "Көрөөччү биһирэбилэ" ааттан уолбутун матардыбыт. Манна Амма ыччата бастаата.

Ол эрэн, Владимирга санаатын түһэрбэтигэр баҕарабыт. Аҥаардас бу фестивальга кыттыыта, Ника курдук күүстээх куоластаах ырыаһыкка, аҕыйах да хонукка буоллар, уһуйуллубута улахан уопуту биэрбитэ саарбаҕа суох. Финалга тиийэ кыттааһын бэйэтэ туһунан ситиһии, маладьыас

@ueheebuluu "Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#muusustar #фестиваль

⭐️"Моя профессия - ИТ" күрэххэ М.А.Алексеев аатынан өрөспүүбүлүкэтээҕи лицей-интернат үөрэнээччилэрин хамаандата кыттыыны ыла сылдьар.

Салайааччылара Николай Иванович Федоров.

Хамаандаҕа Ярослав Поскачин, Жанна Никифорова уонна Чэмэлиинэ Михайлова бааллар.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#muusustar #фестиваль

⭐️ Ыччат өрөспүүбүлүкэтээҕи фестивалын ГТО күрэҕэр кыттар хамаанда

Хаартыскаҕа устудьуоннар Инесса Окладникова, Николай Морфунов, Мичийэ Акимова уонна Хоро нэһилиэгин ыччата Вячеслав Николаев.

Видеоҕа Үөһээ Бүлүү ыччаттара улууспут хамаандатыгар ыалдьа кэлэн олороллор

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#muusustar #фестиваль

⭐️ Стартуй к бизнесу! Трек «Команда моей мечты»

Урбааҥҥа бастакы хардыыны оҥорорго туһуламмыт күрэххэ Семен Федоров, Зоя Николаева, Мария Александрова, Иннокентий Антонов кыттан эрэллэр.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#muusustar #фестиваль

⭐️ «Поколение ПРОФИ» куонкурус кыттыылаахтара Михаил Иванов, Константин Васильев.

Уолаттар иккиэн улуустааҕы ОДьКХ үлэһиттэрэ.

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#muusustar #фестиваль

⭐️Өрөспүүбүлүкэ бастыҥ ыччата «Муус устар» бэстибээлгэ түмүстэ

«Муус устар» ыччат бэстибээл чэрчитинэн «Движение первых» күрэххэ Үөһээ Бүлүү улууһуттан «Тускул» оҕо киинин иһинэн үлэлиир «Сомоҕо» оҕо хамсааһынын үөрэнээччилэрэ көхтөөх кыттыыны ыла сылдьаллар.

Икки күҥҥэ
«Первые на старте» быыстапка-презентация,
«Лучшее первичное отделение РДДМ»,
«Будущее за нами» конкурстарга күөн көрсөллөр.

Оҕолорго уонна салайааччыларга ситиһиини, дьаныары уонна умнуллубат түгэни баҕарабыт!

@ueheebuluu "Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#muusustar #фестиваль #тэрээһин #годпедагогаинаставника

⭐️ Н.И.Протопопова суолдьут сулуһа - Үөһээ Бүлүү улууһун педагогар Алена Геннадиевна Николаеваҕа ананна!

Бүгүн чахчы даҕаны оҕо туһугар үлэлии-хамсыы сылдьар өрөспүүбүлүкэбит педагогтарыгар ураты долгутуулаах, эппиэтинэстээх күн буолла.

Ол курдук, Дьокуускайдааҕы оҕо дыбарыаһыгар Саха Өрөспүүбүлүкэтин оҕо уопсастыбаннай холбоһуктарын Сойууһа Бастыҥ оҕо хамсааһынын салайааччыларыгар бириэмийэ туттарда. Бу бириэмийэ-далааһыннаах тэрээһиннэри, үгүс ыччаты түмэр, баай ис хоһоонноох үлэни тэрийэн ыытар, араас хабааннаах дьаһаллары ыыппыт оҕо түмсүүтүн салайааччыларыгар ананар.

Маннык улахан аат «Тускул» оҕо киинин иһинэн үлэлиир «Лидер» оҕо куруһуогун салайааччытыгар Алена Геннадиевна Николаеваҕа туттарылынна!

Коллегабытыгар өссө үрдүк ситиһиилэри, дабайыылары баҕарабыт!🌷🌷🌷

Сонуннарга анаан Мария Адамова

"Үөһээ Бүлүү" хаһыат
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
Please open Telegram to view this post
VIEW IN TELEGRAM
#muusustar

Бүгүн, "Муус устар" ыччат бэстибээлин чэрчитинэн, "Тайны якутских просторов" куонкурус ыытыллан эрэр.

Манна Дүллүкү эдэр ыччата дойдуларын кэрэ көстүүлэрин устубут видеоларынан кыттан эрэллэр.

Уолаттарга ситиһиилэри баҕарыаҕыҥ! 🤞🤞🤞

@uoheebuluu
#muusustar
#дүллүкүыччата


MUUS USTAR ыччат бэстибээлигэр уолаттарбыт "Тайны якутских просторов" куонкуруска кыттан, 42 үлэ киирбититтэн уон үчүгэй үлэлэр истэригэр киирдилэр.

Улахан куонкуруска ситиһиилэммиккитинэн эҕэрдэлиибит!
👏👏👏